Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Олунньу » 2 » Дьиҥнээх учуонай киһи син биир айылҕаттан айдарыылаах, этиттэриилээх киһи. “Ойуун кэриэтэ аһаҕас айылгылаах киһи”, - диэн ОКОНЕШНИКОВ этэн т
Дьиҥнээх учуонай киһи син биир айылҕаттан айдарыылаах, этиттэриилээх киһи. “Ойуун кэриэтэ аһаҕас айылгылаах киһи”, - диэн ОКОНЕШНИКОВ этэн т
19:17
Учуонай Василий ОКОНЕШНИКОВ:
"Ойууннааһыны өрө туталлар диэн буруйдаан сайтпын да сабыахтарын сөп”
Воскресенье, 02 Февраля 2014 12:21



Учуонай Василий ОКОНЕШНИКОВ: "Ойууннааһыны өрө туталлар диэн буруйдаан сайтпын да сабыахтарын сөп”
Үгэһирбит наука дарвинныы көрүүтүн түҥнэри эргитэр научнай арыйыылары оҥорбут саха учуонайа Василий Иванович ОКОНЕШНИКОВ  "сотору интернети даҕаны хааччахтыыр суут-сокуон олохтоохтук киириэҕэ” диэн дьаахханар. Онуоха холобурдар саҕаланнылар.
ОКОНЕШНИКОВ аан дойду научнай эйгэтигэр биллэр ааттаах учуонай. Биһиги аттыбытыгар улахан ааттаах-суоллаах  киһи сылдьарын ситэри билбэппит, сыаналаабаппыт. Биир үксүн боростуой дьон наука тылыгар-өһүгэр, тиэрминигэр кыайан быһаарсар кыахпыт суоҕуттан ити тахсар. "Квант”, "триплер”, "новеомология” диэн тылы иһиттэхпитинэ эргим-ургум көрүнэбит. Арай, Василий Иванович "наука өттүнэн ылсыһан ыарыыны булар, эмтиир үһү” диэн эрэ бэрт бүдүмүк өйдөбүллээхпит. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, бу киһибит туох да сүҥкэннээхэй суолталаах, баһылаан кэлбит материализм идеологиятын бүтүннүү урусхаллыыр бүтүн киһи-аймах сайдыытыгар дьайар НАУЧНАЙ АРЫЙЫЫНЫ оҥорбут киһи эбит!
***
Ис иһигэр киирдэххэ, аныгы наука эйгэтэ туох да аһара улахан, түгэҕэ көстүбэт бэйэтэ тутуллаах, быраабылалаах, иерархиялаах, улахан харчы эргийэр улуу дьаалыта буолан турар.
 
Хаһан эрэ сир түннүгэ эмээхсини кытары кэпсэтэ олордохпуна, эмискэ баҕайы кимиэхэ да туһаайбакка олорон эрэ ыйытар: "Харчы... Дьикти ээ, ким быһаарыытынан, ким оҥоһуутунан, ким соҥнооһунунан, бу, көрдөххө - уруһуйдаммыт кумаахы эрэ, хайдах икки атахтаах үҥэр-сүктэр Таҥарата буолан хаалла?” Салгыы:
- ...Кыһарыйар кырылас таас, сут кумах дойдулаах төрөөбүт төрүт буоруттан өҥү сонордоһо тэлэһийбит, кэнчээри ыччатын дойду диэҥҥэ ииппэтэх кырыыстаах омук сордоох, сор-муҥ суолланан, наар атыҥырынар ыйаахтанан, абааһы көрүллэр дьылҕаланан сир ийэ киэҥ көхсүнэн араа-бараа тарҕаспыт. Ханна да тиийдэр кынчарыллар кыһалҕаттан улаҕалаах өйдөммүт, үктэтиилээх үөрбэлэммит, ханна да бардар атыҥыранар аналлаах саҥнаах санааламмыт, одурдаах оҥоһууламмыт. Омугу омукка, улаханы оччугуйга тиксиһиннэрэн ас таһаарынар, иһит салаһар  амырыын адьынаттаммыт.   Олоҕун оҥосторго, байылыаттык сылдьарга туох баар эйгэҕэ өтөн киирэн быраабыла толкуйдаппыт, сокуон ылларбыт, суут олохтоппут. Харчыны өрө туппут, атыттары кыһарыйан эмиэ харчы Таҥаратыгар умса астарбыт. Истибэтэхтэри иһиллии сылдьан имири эстэрбит, чуҥнуу сылдьан чооҥкуларын тосту оҕустарбыт. Собус-соруйан кыһалҕалаах олоҕу тарҕатан, тар туһугар тараһаны харыстаабат, ийэни-аҕаны баардылаабат оҥорорго дьулуспут. Үгэс буолбут олохторун оҥкулун алдьатыылах идиэйэнэн эһэттээри, туора омук оҕотун көлүнэр көйгө оҥостоору, аһыыны-ньулууну араара илигиттэн, аһара арбаан "личноскын” диэн манчыыктаан төрөппүтүн утары ыыппыт. Дьиэ кэргэн туллар тутааҕын төттөрү ытыйан, содуом майгыны иҥэрэн көҥүл таҕыл ханнарыыны "сайдыылаах” диэн ааттаабыт.  Эр киһи эр киһилиин хоонньоһорун, дьахтар дьахтары баҕарарын "тэҥ быраап” диэн айхаллаабыт. Үөрэнэн билии-көрүү ылар кыһаларга үөмэн киирэн иһиттэн олорон ыччаты ыспыт. Күннээҕинэн олорор ордугун ойон туран лэбэйдээбит, уһуну-киэҥи толкуйдуох кэриэтин көрү-нары батыһар бастыҥ диэн   кикпит. Көҥүл дьаһайар үүрбэ сүөһүгэ кубулуппут.
Оттон бэйэтин оҕотун, үүрбэ норуоттары муоһулуурга анаан, хоонньугар укта сытан уһун киэн уонна, кылгас күн биэстэ уон араас үөрэххэ үөрэппит, биэс араас дьарыкка дьалкыйбыт. Эргиччи билиилээх буоларыгар эккирэтэ сылдьан эгэлгэ  үөрэхтэринэн соскойдообут. Ыалга ийэ, аҕа оруолун өрө туппут, былыргыттан иһэр үгэстэригэр кыһанан туран уһуйбут, кэргэн ылар күннэригэр биир хааннаахтарын, биир итэҕэллээхтэрин эрэ дьиэлэригэр киллэриэхтээхтэрин эллэһэн туран иҥэрбит. Дойдута суох норуот, атын омуктар олорор дойдуларыгар хайдах гыннаҕына тыыннаах хааларын кистээн-кигэн үөрэтии бөҕөтүн үөрэппит. Ол иһин сымыйа итэҕэллэри, сыаннастары, идиэйэлэри тарҕатар ньымалары баһылаабыттар. Иирсээн-иирээн тэрийэри толору сатаабыттар. Хаһан баҕарар халбас харата буолан кыайыылаах өттүгэр халбарыс гынар таҥнарар майгыламмыттар, сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһар кубулҕаттаммыттар, суохтан баары оҥорор дьиктилэммиттэр, салгынтан харчыны оҥорор албастаммыттар...
 
Эмээхсин этэрин өйдөөн-дьүүллээн иһиттэххэ уста турар олохпут ис дьиҥэ тахсан кэлэр. Итини тоҕо кэпсээтиҥ диэн ыйытар эбит буоллаххына, наукаҕа сол кэриэтэ эмиэ "талыллыбыт омуктар” олохтообут сокуоннара өрө тутуллан кэллэ. Сымыйа учуонайдар, диссертациялар, сымыйа ирдэбиллэр, куомуннаһыылар, кэмитиэттэр, бириэмийэлэр дьиҥнээхтик өркөн өйдөөх учуонайдары киэҥ эйгэҕэ тахсалларын, айалларын-туталларын моһуоктаан, хара ааныттан хараҕа маһын курдук бопсон кэбиһэллэр.
Ханнык баҕарар эйгэ түмүгэр харчыга тиийэн иҥнэр буолан хаалла. Харчы, биллэн турар, киһиэхэ наада бөҕө буоллаҕа: аһыырыгар-таҥнарыгар, дьиэ-уот тэринэригэр, оҕотун, ойоҕун иитэригэр. Күннээҕи кыһалҕатыгар ыктара сылдьар киһи саҥаны тугу айыай-тутуой.
Владимир ПУТИН Россия наукатын академиятыгар сыһыаннаах хабыр этиилэрин кэннилэриттэн, наука үлэһиттэрин ортолоругар улахан аймалҕан тахсыбыта. Дойду баһылыга үс академияны – РАН, РАСХН, РАМН холботолоон ФАНО (федеральное агенство научных организаций) бас билиитигэр биэрэргэ этии киллэрбитэ. Онон, науканы бизнес оҥостубут "учуонайдар” уйаларыгар уу киирбитэ. Араас куолу "үөрэхтээхтэр” (гуманитарнай – философия, история о.д.а.) бюджеттан ыла олорбут сүҥкэн суумаларыттан матар кутталланнылар. Атын өттүнэн,  дьиҥнээхтик техническэй эйгэҕэ үлэлиир учуонайдар салыннылар. Тоҕо диэтэххэ, бу үс академия ыһыллар буоллаҕына, 70 сыл устата тутуллан турбут систиэмэ реформатыгар  точнай наукалар - инженернэй-техническэй наука үлэтэ улаханнык эмсэҕэлиир чинчилээх.  Онон ПУТИН реформаны киллэрэр сокуоҥҥа мораторий биллэрдэ.
***
Дьиҥнээх учуонай киһи син биир айылҕаттан айдарыылаах, этиттэриилээх киһи. "Ойуун кэриэтэ аһаҕас айылгылаах киһи”, - диэн ОКОНЕШНИКОВ этэн турардаах. Ол курдук, Дм.МЕНДЕЛЕЕВ химия элеменнэрин таблицата этиттэрии быһыытынан түүлүгэр киирбитин биһиги бары билэбит.
Дарвин үөрэҕинэн сирдэтиммит, материалист учуонайдар чараас эйгэни билиммэттэр. Ол да буоллар, дарвинистар төһө да киһи төрдө эбисийээнэ диэбиттэрин иһин, бу теорияларын кыайан дакаастаабатылар. Киһи, дууһа, кут-сүр диэн өйдөбүллэри билиммэт, икки атахтаах биирдэ олорорун өрө тутуу – бу эмиэ идеология биир көрүҥэ буолар. Биирдэ олорор киһи "кэнним кээнчэ да буоллун” диэн быстах санаалаах олоххо сыһыаннаһар, уһуну-киэҥи толкуйдуу барбат. Ол аата эппиэтинэс, иэстэбил диэҥҥэ кыһаллыбат, тугу барытын оҥоруон, тугу барытын өлөрүөн-өһөрүөн сөп. Накаастабыл диэн суох буоллаҕа.
Көстүбэт, чараас  эйгэни,  аан дойдуга наука үлэһиттэрэ ылыналларын курдук чинчийиини аан бастаан Василий ОКОНЕШНИКОВ инженернэй философияҕа оҥорбут. Кини бу үлэтин 1990 сыллаахха Швецияҕа ыытыллыбыт улахан учуонайдар түһүлгэлэригэр иһитиннэрэн улахан долгуйууну таһаарбытын интернет-ресурстар суруйаллар. Итини сэргэ, саха учуонайын үлэтин бэйэлэрин тус сыалларыгар туһаммыт "учуонайдар”, "норуот эмчиттэрэ, "көрбүөччүлэр” баалларын, кини аатын туһанан эмиэ бизнес оҥостубут да дьон баарын эмиэ истэбит. Анаан науканан дьарыктанар дьон В.И.ОКОНЕШНИКОВ аатын билэллэр. Оттон философияттан ыраах боростой дьон бу киниэнэ, киниэнэ буолбатах” диэн арааран өйдүүр кыахпыт суох.  Ол биһиги буруйбут буолбатах, наука тылын-өһүн дьарыктаммыт эрэ дьон өйдүүр кыахтаах.
Василий Иванович киһи өйдүүр дьоҕурун, билиини ылар кыаҕын сайыннарарга  НОВЕМОЛОГИЯ ньыматын толкуйдаан айбыт киһи буолар. Судургутук быһаардахха, бу ньыманан үөрэммит киһи өйүгэр туох да элбэх сыыппараны төгүллүүр кыахтанар. Элбэх кээмэйи ырыта, тэҥнии үөрэнэр. "Үүрбэ норуот” аналыгар сылдьар дьон оннук билиини ыларбытын - дойдута суох омуктар утарсаллар. "Былааннара” ыһылларыгар тиийэр.  Киэҥ билиилээх, үөрэхтээх дьон бэйэлэрэ толкуйдуур, анаарар талааннара аһылыннаҕына хайдах  "көлүүр оҕус” буолуохпутуй?! Ол иһин ОКОНЕШНИКОВ наукаҕа арыйыытыттан сүрдээҕин куттаналлар, араастаан иэҕэн самнара сатыыр кубулҕаттары толкуйдууллар.
***
ОКОНЕШНИКОВ атом кыаҕын арыйбыт учуонай. Киһи дууһата өлбөт аналлааҕын, аан дойдуну айбыт Улуу Компьютер энергияны халтай ыыппат диэн дакаастыыр. Бу научнай үлэлэрин ОКОНЕШНИКОВ саха киһитин хараҕынан, сахалыы толкуйунан көрөн быһаарар. Оччотугар биһиги өбүгэлэрбит аан дойдуну анаарыылара, олохторун философията барыта олохтооҕун, кырдьыктааҕын аныгы наука өттүнэн кини дакаастыыр. Биир килиэккэ биир ядротун биир  атома аан дойду компьютерын барытын холбоон баран өссө хас да бүк улаатыннарбыт саҕа информацияны илдьэ сылдьар эбит! Киһи биологическай хаҕа  кырдьан, эргэрэн эбэтэр ыалдьан үрэлиннэҕинэ (өллөҕүнэ) иһинээҕи сүрүн атомнар бэйэ-бэйэлэригэр чугасыһан – концентрацияланан хаалаллар. Хомуһуннаах ойуун (эбэтэр ханнык эрэ усулуобуйа үөскээтэҕинэ) ол атомнары араартаан, киһи биологическай эттиктэрэ тыыннаах эрдэхтэрин курдук бэйэ-бэйэлэриттэн тэйитэн "миэстэлэригэр” туруордаҕына киһи голографическай уруһуйа (фантома) тахсан кэлэр кыахтаах. Ону биһиги абааһы да, дууһа да диэхпитин сөп.
ОКОНЕШНИКОВ үлэтэ, арыйыыта  аан дойдуга атылыыта суох. Кини айылҕаны, куйаары барытын биир квантовай метакомпьютер курдук көрөн чинчийиитэ электричество, араадьыйа глобальнай экономикаҕа көдьүүһүн тэҥэ сыаналаныахтаах диэн улахан учуонайдар сыаналыылаллар.
Аан дойдуга элбэх атомнаах (элбэх ядролаах) компьютердары айарга туох да үлүгэрдээх үп баранар. Отто айылҕа бэйэтэ биир атомнаах (биир ядролаах)   квантовай компьютерынан бүтүн куйаары, сирдээҕи олоҕу салайан олорор. Элбэх атомнаах компьютеры толкуйдуу сатыахтааҕар айылҕа биир атомнаах метакомпьютерын үөрэтэн, ону үтүктэн компьютер оҥоруохха наада диэн ОКОНЕШНИКОВ этэр. Кини "Халыматааҕы бырайыагар” аан дойду өркөн өйдөөхтөрө  түмсэн ити хайысхаҕа үлэлиир  "силиконовай хочотун” тэрийиэххэ диир бырайыактаах эбит.  Оччотугар учуонайдар бэйэлэрин информацияларынан үллэстэн, биир сыаллаах - квантовай метакомпьютеры чинчийдэхтэринэ, билиҥҥээҥҥэ диэри баһылаан кэлбит дарвинизм олорчу сүтүөхтээх. Наука дьиҥнээҕинэн дьарыктанан барыахтаах.  Ону биллэн турар, утарсар күүс улахан – тоҕо диэтэххэ, үөһэ ахтыбыппыт курдук науканы бизнескэ, харчы оҥорууга кубулуппут омуктар ас таһаарынар салааларын быстарыахтарын баҕарбаттар. Дьиҥнээхтик науканан дьарыктаммыт 50-ча учуонайы Россияҕа Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн, Маркс материальнай идеологиятын ылымматахтарын иһин хоргутан өлөрбүттэрин билэбит. Бу – науканы сымыйа суолунан ыытар соругу ситиһэргэ тугу да, кими да кэрэйбэтэхтэрин туоһулуур.
Биһиги саныахпытыгар, ОКОНЕШНИКОВ бастаан үлэтин саҕалыырыгар  кини арыйыыта улахан күүс интэриэһин таарыйыаҕын сэрэйбэтэх да буолуохтаах. Сахалыы мындыр толкуйдаах киһи, билэр-көрөр баҕаттан үлэлээн, чинчийэн арыйыытын оҥордоҕо. Онтон баараҕай систиэмэ утарылаһыытыгар түбэспитин, былааһы ылбыт идеология адьырҕаларын интэриэһин таарыйарын кэлин билбит буолуохтаах.   
***
ОКОНЕШНИКОВЫ өйүүр учуонайдар этэллэринэн, атомнай информатика сайыннаҕына кэнэҕэс гуманитарнай наука саҥа теоретическэй базата – сайдар тирэҕэ оҥоһуллуохтаах. Сирдээҕи олох, киһи тоҕо олорорун арыйар эппиэттэр көстүөхтээхтэр.
Билиҥҥи сабардаабыт материализм киһи-аймаҕы сэймэктээтэ, экологическай саахалга тиэртэ. Айылҕабыт буомуруута, киһи-киһиэхэ сыһыана барытыгар материалистическай сыаннас дьайда диэн аһаҕастык билинэр учуонайдар баар буолан эрэллэр.
***
Эмээхсин этэр: "Туох баар таптал, киһилии сыһыан төрөөбүт дойдуга тапталтан саҕаланар. Сахалар дьоллоохпут – биһиги төрөөбүт төрүт дойдубутугар олоробут. Ол дьолу үйэлээх оҥорорго үөрэниэххэ, үөрэниэххэ уонна өссө төгүл үөрэниэххэ наада. Элиэнньини  дойдута суохтар тоҕо абааһы көрөллөрүй? Тоҕо диэтэххэ, кини ол омук кистэлэҥин аспыта – үөрэх, билии - өлбөт үөстэнии буоларын. Сахалар тоҕо тыыннаах ордубуттарай? Тоҕо диэтэххэ, кинилэр үөрэҕи өрө туппуттара, үөрэҕи батыспыттара. Оттон атын кыра омуктар үөрэхтэммэккэ эстибиттэрэ, сиик буолан симэлийбиттэрэ”.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру


Источник: aartyk.ru
Category: Образование и наука. Школа. Детсад | Views: 1588 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
2425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 36
Ыалдьыттар (гостей): 36
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024