News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Олунньу » 6 » М.Е. Николаев: «Бар дьонум, норуотум ту´аннын», диэн тэрийбит промышленнай тэрилтэлэрин кµн--ый ы´ыа±а о²орон атыылаа´ы²²а салайсан, кытты´
М.Е. Николаев: «Бар дьонум, норуотум ту´аннын», диэн тэрийбит промышленнай тэрилтэлэрин кµн--ый ы´ыа±а о²орон атыылаа´ы²²а салайсан, кытты´ | 18:32 |
«Умна´ыт курдук ха´аа²²а диэри ытыспытын то´уйан турабыт?!»
Николай Шарапов Туймаада ха´ыакка итинник ааттаах ыстатыйатын аа±ан баран т³б³тµттэн са±алаан араас санаа±а ыллардым аххан. Ордук «Ытыспытын то´уйан турабыт»,--диэнтэн и´им оргуйда. Убайбыт Ньукулай дьэ, суруйан суруйбут. Искусство биир сэдэх идэлээх улахан маастара, дири² к³рµµлээх ки´и ыстатыйата республикабытыгар бµгµн буола турар бы´ыыны-майгыны с³рµ-с³пк³ хаарыйбыт. Кини хомойоро оруннаах. Би´иги боростуой дьон ону арааран к³рµµ суох. Арай к³рд³хпµтµнэ кэрэ-бэлиэ миэстэбитигэр сахалар киэн туттар улуу убайбытыгар пааматынньык турар да турар, баар! Барыта с³п курдук. Онтубут кырдьык да и´э истээх эриэхэбэй дьыала буолан тахсар эбит. Би´иги биир мындыр ³йд³³х, уран уус илиилээх дэгиттэр дьээбэ кэпсээнньит, хо´оонньут, дьо´ун суруналыыс убайбыт, Саха искусствотын µтµ³лээх диэйэтэлэ биллиилээх скульптор Василий Бочкарев аан бастакынан ону ³йд³³н к³р³н сэмэлээбитин с³хтµм. Ити та²а´а-саба имиллэн долборук и´иттэн ³р³ сµгµллэн тахсыбыт Ойуунускай: «Ээ, э´иги эрэйдээхтэр би´иги дирбийэн-дарбыйан, кыа хааммытын то±он туран Сэбиэт былаа´ын олохтообуппутун мэлиттигит, суох о²ордугут», диэн кэлэйии б³±³тµн кэлэйэн у²а илиитин «нэлэс» гыннарбыт. Ойуунускай ити а´а±ас ыты´а: «Сирбит баайын-дуолун онно-манна туох да ту´ата суох туора-маары ыскайдаабыппытын, кµлµµ-элэк гынан к³рд³р³р дуу», диэн саныыбын. Хата о±олорбут пааматынньык турар µктэлиттэн сыыртан тµ´э оонньуурдуу астына хатыыскалаан µ³рэллэр-к³т³лл³р. Саатар бу µрдэлбит--олохпут табыллыбатах. Улуу оло²хобутуттан ойу тутан ойуулаабыттар. Итини барытын ³йд³³н-дьµµллээн аа±ар ки´и суох ини. Ону хата биир эр бэрдэ аа±ан сыы´а б³±³тµн булбут этэ.
«Кэриэ´им—кэннибэр хааларым: Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…» Бу биир этии араарыллан икки а²ы суруллуо суохтаах этэ. Би´иги «³йд³³хт³рбµт» ону иннигэр онтон эргийэн кэннигэр суруйбуттар. Кэнниттэн кэлбит ки´и «Кэхтибэт…», диэнтэн са±алыыр. Барыта сахалыы сурук. Э²инэ бэйэлээх омуктарга дойдубутун к³рд³р³бµт а±ай. Англия, Кытай тылларыгар, саатар нууччалыы тылбаас чээрэтэ да к³стµбэт. Би´иги кинилэри олох аанньа ахтыбаппыт итиччэ дуу, били араатардыыр духовноспыт эбэтэр киэмсийиибит оччо дуу?! Дьи²нээх ынырык иэдээннээх «хартыына» ³сс³ Петр Алексеев аатынан уулусса диэкиттэн к³ст³р. Аарка анныгар… Оо, айыы да±аны! Ки´ини--Ойуунускайы ыйаары туруорбуттар… Эчи сµрµµн!!! «Ээ-ээй! Ити аарканы ылан киэр быра±ы² эрэ!»--диэн биир да ки´и аймамматыттан с³±³бµн. Хайа хай±аллаах ки´и итини толкуйдаан о²отторбута буолуой? £сс³ итиннэ бириэмийэ ылан µгµ³рµ со±ус харчыламмыттара чуолкай. Судаарыстыба эрэйдээ±и таа±ы-таах албыннаатахтара. Бу барыта би´иги чычырбас, татым ³йбµтµн, намы´ах та´ыммытын, дьада²ыбытын, кыаллыбаппытын, ³рк³н ³йд³³х салайааччыларбыт суо±ун, сатаан дьа´аммаппытын, холумтаммытыттан ыраахппатахпытын, о.д.а. итэ±эстэрбитин барытын ырылыччы к³рд³р³р. Сайдыылаах омуктар маны к³р³-к³р³л³р т³´³ эрэ истэригэр кэлэйэллэр, сэнииллэр?! Би´иги кыбыстарбыт, саатарбыт эбитэ буоллар бу пааматынньыгы ааргы ааркалары ба±астары «давным—давно» ылан бырахпыт буолуо этибит.
Николай Шарапов эппитинии, кырдьык т³рдµс ма±а´ыыны, кэннинээ±и мас дьиэлэри кµрдьэн ыраастаан кэбистэххэ улахан хоромньу буолбата буолуо. Эргэ ма±а´ыын тутуллубут ороскуотун былыр µйэ сапта±а. Кэ²этиллибит болуоссаты «Оло²хо болуоссата» диэн ааттаан баран Ойуунускай са²а тупсарыллыбыт пааматынньыгын с³пт³³х сирин булларыа±ы². £сс³ эбэн эттэххэ, «Оло²хо болуоссатын» хабыллар хаба ортотугар били Республика±а ыытыллыбыт б³д³² куонкуруска кыайбыт скульптордар С.Прокопьев, В.Бочкаревтаах олус табыллыбыт Аал-Луук мастарын туруорарбыт буоллар на´аа да астык буолуо этэ. Ити билигин фонтан сабыыта сандаарарын курдук Аал-Луук мас сандааран турдун. Билигин улуустар ахсын Оло²хо ы´ыа±ын тэрийэн э²ин эгэлгэ Аал-Луук мастары о²ортоон эрэллэр. То±о киин куораппытыгар буолаары буолан авиапортан аан бастакы болуоссаппытыгар туруорар табыллыбатый? «Умна´ыт курдук ха´аа²²а диэри ытыспытын то´уйан турабыт?!» Дьокутааттарбыт ити гына сылдьан бу сµµрбэ сыл тухары саха норуотун дьи²нээхтик ытыспытын то´уйа сылдьар умна´ыт о²ордулар. Араа´а ону уобарастаан бу Ойуунускай пааматынньыга ¥³´ээ Айыылартан анаан айдарыллан ыты´а нэлэйэн о²о´уллубут дуу дии саныыбын. Дьи² и´игэр би´иги республикабыт сирин баайа элбэ±инэн Арассыыйа±а тэ²нээ±э суох. Кµндµ тµµлээхтээх, к³мµстээх, алмаастаах баай кыраай о±олоробут, диэн хабар±а хайдарынан ыллыыбыт эрээри бу баайтан би´иги урукку депутаттарбыт µтµ³лэринэн к³р³ маттыбыт. Барытын кинилэр ³рк³н ³йд³рµнэн с³бµлэ´эн, эт илиилэринэн куоластаан босхону эрэ µрдµнэн атыылаан кэбиспиттэрэ.
Республикабытыгар лицензиялээх кыра артыаллары холбуу аахтахха 480 тэрилтэ сир баайын хостоо´унан дьарыктанар. К³мµ´µ хостуур 161, кµндµ сыаналаах таастары хостоо´унунан дьарыктанар 51 тэрилтэ, углеводороднай сырьену хостуур 52 тэрилтэ, таас чоххо 22 тэрилтэ баара биллэр. Кинилэр 29 оройуо²²а бааллар. Сылын аайы би´иэхэ промышленнай тэрилтэлэр ахсааннара элбии турар. Бу µлэ билигин баар уопсай баайтан 10%-ын хабар µ´µ. Саха сиригэр чинчиллибит сир баайын саппаа´а бы´а холуйан 30-90 триллион дуоллар буолуо, диэн специалистар саба±алыыллар. Т³рµт олохтоох дьон тус олохпут уйгутун тупсарыыга мантан дуоннаа±ы ту´аммакка олоробут. Инвестордар ири²эни тэ´эн ыгар курдук олоччутун бэйэлэрин барыстарыгар хаарыан хампа кµ³х айыл±абытын то±о кэ´эн, дьаатынан сутуйан баайбытын супту уулуу олороллор. Ону ханна эрэ кыра µрэ±и туоруур муоста туппуттар онон µрэ±и туораатым, диэн махтана, µ³рэ-к³т³ олоробут. Би´иги мантан ту´анар ту´угар депутаттарбыт ³ттµлэриттэн µбµ-харчыны туруорсуохтаа±ар му² саатар экологияны харыстаа´ы²²а ханнык да боччумнаах туруорсуу суох. Ол тµмµгэр Арассыыйа сыалай бухаа²ка килиэби ылан баран бэйэбитигэр эн тот-тотума биир бы´ыы а²арын биэрбитигэр тэ²нээх бюджеппытыгар чооруос тумсун са±аны ³лµµлээтэ. Ки´и кµлбэт, олус сааттаах абаккалаах да ба±айы! Ити ааспыт депутаттарбыт «Бэлэхтэрэ»
А²ардас ВСТО-нан 9,9 м³лµйµ³н ньиэп уопсай сууммата 3 миллиардтан ордук дуоллардаах баай-дуол хостонор. АЛРОСА-±а аан дойдуга хостонор алмаас 27-28%-на хостонор. Атыыланар сыанатын сууммата 3 миллиард кэри²э дуоллар. Би´иги сирбититтэн 20 тонна к³мµс, 12 м³лµйµ³н тонна таас чох хостонор. Биир миллиард 600 м³лµйµ³н кубическай миэтэрэ гаас хачайданар. Бу µлµгэрдээх элбэх баайтан би´иги республикабыт бюджетын о²орууга АЛРОСА эрэ бэрт кыратык к³м³л³´³р. Ону баара АЛРОСА-бытын да±аны араас алба´ынан бэрт кыра сыана±а атыылыы олоробут. АЛРОСА-ттан ураты улахан хампаанньалар «Мечел»-тэн, «Сургутнефтегаз»-тан, «ВСТО»-ттан уо. д. а. улахан хампаанньалартан нолуогунан да, ³лµµлээх чаа´ынан да би´иэхэ соххор солкуобай киирбэт. Бэл диэтэр, бэйэбит бас билэн туппут о²орбут Кы´ыл Сыырбыт гаа´ын дагестанецтар бас билэллэр. Онон бэйэлээх бэйэбит гааспытын µрдэтиллибит сыананан атыыла´ан т³тт³рµтµн кинилэри, туора дьону байытабыт. Дьэ, оннук дьа´анан олорор буоламмыт, «а´ара сайдан» кэлбити-барбыты ³р³ тутан чахчы байымсыйбыт дьоммут дуу?
Атын ³йд³³х омуктар гаастарын, ниэптэрин атыылаа´ын суотугар бэйэлэрэ гаа´ы, ГСМ-мы буор босхо ту´аналлар. Массыыналаах ки´и заправкаттан тиийэн буор босхо куттар. Оттон би´иги гааспытын дагестанецтар µрдэппит сыаналарынан атыыла´абыт. Атын судаарыстыбаларга тастан кэлии ки´и тэрилтэ тэрийэрэ булгуччу бобуллар. Кэлии ки´и сууйар-сотор, ыраастыыр бытархай µлэни толордо±уна, ба´ыыба. Би´иги курдук тыа сиригэр улахан а²ардара µлэтэ суох олорон кэлии дьо²²о ыйга 6-7 ты´ыынча±а хамначчыттаабаттар, сэнэбилгэ киирбэттэр. Кэлии омуктар олохтоохтору кэ´э сылдьан µ³хпэттэр. Сир баайын хостоо´унтан биллиилээх эколог Иван Бурцев сытыытык суруйарын курдук би´иги айыл±абыт экологията ха´ан да ³рµттµбэттик алдьанар. Промышленноска туттуллубут а´ара кµµстээх дьааттаах уулар хараллыбакка хаалаллар, сирдэрбит тµ³рэ ха´ыллан с³±µмэр хайа буолан ч³лл³рµгэр тµ´эриллибэккэ таах быра±ыллаллар, о. д. а. элбэх омсолоох бы´ыы-майгы µтµмэн µгµс. Ити µлµгэрдээх элбэх кµндµ сир баайын миинэн олорон ол баайтан ылыллар µптэн-астан ту´аммаппыт. Кэлтэй айыл±абытын тэбистэрэн сµ´µрэ эрэ олоробут. Кэлин кэлиэхтээх к³лµ³нэ маны бука хай±аабата чуолкай. История кэрэ´илииринэн атын дойду баайын, сирин-уотун былдьа´ан улахан хаан тохтуулаах сэриилэр буолаллар. Онтон би´иги сахалар µлµгэрдээх µрдµк сыаналаах сирбит баайын буор босхо эбэтэр быстар кыра сыана±а кэлбиккэ-барбыкка нэлэгэр илиилээх, а´а±ас ытыстаах буоламмыт ы´а-то±о, ыскайдыы, саккырата, тµ²этэ олордохпут. Бу ту´унан Саха Республикатын Судаарыстыбаннай мунньа±ын норуодунай депутата А.С.Уаров Ил Тµмэн ха´ыакка тохсунньу 17 кµнµгэр суруналыыс Прокопий Ивановка биэрбит интервьютугар бэри диэн бэркэ сырдаппыт. Кини диэтэх ки´и, аарыгыран аамсыгыран туран билигин толорор былаа´а, кыа±а суох буолбут бастакы президеммитигэр М.Е.Николаевка таас тамнаан, эргитэ сылдьан алаадьылаан сырылаппыт. Ха´ан эрэ бастаан депутаттыы сырытта±ына М.Е.Николаев кинини ³р³ туппутун умнубут курдук. Салгыы промышленнай тэрилтэлэри, сир баайдаах сирдэри атыылаа´ы²²а кэлин кэлбит куомуннаахтарын то±о эрэ бы´ааран интервьютугар си´илии суруйтарбатах. Сир баайын атыылаа´ы²²а Уаров кимнээ±эр да±аны кини ордук кµннµµр курдуга. Ааспыт сыл АЛРОСА 7 быры´ыанын атыылаа´ы²²а Ил Тµмэ²²э мунньа±ы кини илэ бэйэтинэн салайбыта. «7 быры´ыаны атыылыахха», диэн уоттаах-кµ³стээх тылы кини этэн хай±аммыт этэ. Итэ±эйбэтэхтэр Ил Тµмэн сайтын арыйан к³рµ². Ол эрээри олус ³йд³³х, сэргэх, сэрэх Уаров бада±а былааска олорор кинини хайгыыр биир куомуннаахтарыттан балачча дьаархаммыт, атыылаа´ы²²а кыттыспыттар ааттарын то±о эрэ ааттаабатах. Промышленнай тэрилтэлэри уонна сир баайдаах сирдэри атыылаа´ыны ³рµµ утарыла´ар депутаттары дьон-сэргэ олус µчµгэйдик арааран билэр, ³йдµµр. Кинилэр ортолоругар Уаров олох суох. Александр Сергеевич, эн промышленнай тэрилтэлэр акцияларын ту´унан СР ¥рдµкµ Сэбиэтин Х11-ис ы²ырыылаах мунньа±ын депутаттара туруорсубут этиилэрин бэйэ±эр суруна²²ын чуолаан М.Е.Николаевы уоттаах-кµ³стээх кириитикэ кутаатыгар олордубуккун. Дьэ, талбыккынан тойугулаан чахчы кыах ки´игин. Эчи хаартыска² да сµрдээх киэптээх. «К³рµ², мин манныкпын», диэбит курдук. Харыгар Ил Тµмэн кы´ыл к³мµс ча´ыыта к³ст³р. Тарба±ар балачча доргуччу сыаналаах бриллианнаах печатка би´илэ±и кэтэн олорон ¥³´ээ Бµлµµ ба´ылыгын Владимир Поскачины Дьокуускай куоракка мээринэн, оттон Дьокуускай мээрин А.С.Николаевы Кириэмилгэ киллэрэр ту´унан со´уччу сонун этиини киллэрбит. Кырдьык Дьокуускай ба´ылыгынан В. Поскачин кэллэр кэлии омуктары бэрээдэктиэ этэ.
Би´иги тойотторбут улахан талааннаах, дьо±урдаах, ³рк³н ³йд³³х, толкуйдаах, µµнµ³ххэ-тахсыахха айылаах дьоммутун политикаттан, µрдµк µлэттэн туоратан, то±о эрэ кыыллыыр, тэпсэр идэлэннилэр. Уаров маны салгыы бы´ааран ситэри си´илии суруйбута буолар.
Кырдьык, Татарстан Кириэмилгэ элбэх ки´илэрин киллэрэн Арассыыйа±а µлэлиир араас программалартан µгµ³рµ µбµ то±у тардан сµрдээ±ин сайыннылар. Итинник ньыма ту´алаа±ын би´иги министрбит И.И.Слепцов µлэтигэр эмиэ к³р³бµт. Иван Иванович µбµ-харчыны булууга тус бэйэтэ Кириэмили кытары ыкса µлэлэ´эн бюджекка 3-4 сыллаа±ыта сылга 400-чэкэ м³лµйµ³нµ быдан кыайбат µбµ Арассыыйаттан ыла олорбут буоллахпытына билигин миллиартан быдан ордук суумманы кµµскэ туруорсан тыа ха´аайыстыбатын сайыннарыыга би´иэхэ а±алар. Бу кырыымчык µптээх тыа ха´аайыстыбатын µлэтигэр, тыа сирин оло±ун сайыннарыыга улахан к³м³. Соторутаа±ыта Александр Сергеевич дойдутугар Сунтаарга сылдьан И.И.Слепцову: «Эдэр ки´и бэркэ сµµрэн-к³т³н, кэбэ±эстик кэлэн-баран µбµ-харчыны хама±атык булар-талар, тустаах µлэтигэр а´ара бэриниилээх µлэ´ит, сµрэхтээх буолан а²ардас бу би´иэхэ сыл и´игэр 4-´µн, 5-´ин кэлиитэ исти², и´ирэх кы´амньытын к³рд³р³р диэн бэркэ хай±аан тыл эппитэ. Оттон Слепцов министр бы´ыытынан µлэтин са±алыырыгар биир олус сыаналаах сыа ки´и «ээ±и» кытта сылдьар суруналыыстары µллэр µптээх-астаах кабинетыгар ы²ыттаран эриэн-мыраан матырыйаалларынан хааччыйан суруйарга сорудахтаан унньуктаах у´ун, ки´и кэлэйэр кириитикэ баламатын тэрийтэрбитин билэбин. Ол «сордоо±у» Уаров обургу хоонньугар уктубут сурахтаа±а. Дьэ Александр Сергеевич оннук µтµ³кэннээх, µтµ³лээх ки´и.
Арассыыйа аарымаларын кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтэр µп-ас тойоно, чахчы кыахтаах А.С.Уаров Арассыыйа тыатын ха´аайыстыбатыгар к³рµллэр программаларга у´ун кы´ыннаах тыйыс кыраай усулуобуйатыгар с³п тµбэ´эр чэпчэтиилэри о²отторон µгµ³рµ со±ус µбµ то±о тардан а±алыыга сµµрбэ сыл тухары то±о эрэ µлэлэспэтэ курдук дуу? 2002 сылга тэ²нээтэххэ бюджет µбэ сэттэ т³гµлтэн ордук µµннэ, оттон тыа ха´аайыстыбатыгар икки бµгµ кыайбат µп к³рµлµннэ. 2007 сылтан µµт харчыта то±о эрэ, то±о эрэ µрдээбэт. Чаа´ынай ыаллар µµт харчытыттан т³рµт да матар туруктаннылар. ¥п-харчы тыа ха´аайыстыбатын µлэтигэр тиийбэтин ту´унан бастакы баа´ынай Роман Барашков саамай с³пк³ му²атыйар. Ол тµмµгэр сµ³´µ иитиитэ бары´а суох салаа±а кубулуйда. Кµµстээх, кыахтаах экономист Александр Сергеевич бу боппуруоска µлэлээбитин устата µбµ-харчыны булууга тыа ха´аайыстыбатын сайдыытыгар дьэ тугу туруоран, µлэлэ´эн к³м³л³ст³? £ск³тµн би´иги бэйэбит куоластаан талар президеннээх, парламеннаах дьон бы´ыытынан, Кириэмили кытары сокуоннары о²орууга ыга ылсан µлэлээбиппит, онуоха с³пт³³х сокуоннары о²орбуппут буоллар, сир баайыттан ³лµµлэ´э олоруо этибит. Промышленностан киирэр нолуогу бы´аччы Арассыыйа±а ыыппакка Саха сиригэр т³л³³´µн сокуонугар депудаттарбыт µлэлэспиттэрэ буоллар бюджеппыт билигин олох атын та´ым²а туруохтаа±а. Бэйэбит да а±ыйах ахсааннаах Саха сирин олохтоохторо бары кы´ал±аларбытыгар дэлэччи туттар µптээх-харчылаах буолуохпутун с³п этэ. Устар уубут, тыабыт бэйэбит бас билиибитигэр баар буолуо этэ. Сµµрбэ сыл тухары куттанан кутуйах иинин кэ²этэн баран, билигин кэлэн буруйдаа±ы тымтыктанан к³рдµµ сатыыр, арбанар хайда±ый? Эбэтэр бу уоппуттаах кырдьа±ас депутат тус бэйэтигэр µп-харчы ту´уттан т³рµт олохтоох омуктары, аймахтарын та²нарбыт аньыыта-харата кини µрдµгэр сохсо буолан тµ´ээри куттаан куотуна сатыыр дуу? Эбэтэр Арассыыйа президенэ В.В.Путин «Регионнартан ким элбэх µбµ киллэрбиккэ к³м³ µгµ³рµ буолуохтаах» диирин истэн, Аассыыйаттан µбµ-а´ы то±о тардан а±алыыга µлэлэ´ээри гынна±а дуу, эбэтэр тыа дьонун, бараан µ³рµн син биир тугу да ³йд³³н к³рб³т мас акаары сахалары албынныыр, бутуйар бы´ыыта дуу?!
Николай Шарапов суруйарыныы умна´ыт курдук ытыспытын то´уйа сылдьарбытын саа´ын тухары республика бюджетын бы´ааран олорбут А.С. Уаров оччоттон бачча±а диэри парламе²²а баар ки´и чахчы билэн эрдэ±э. Ону кырдьыгынан, чуолкайдык дьыаланы а²ардастыы бэйэтин ту´атыгар иэ±э сатаабакка хайдах буолбутунан суруйара буоллар чахчы аа±арга сэргэх, сонун буолуо этэ. Кини сµµрбэ сыл тухары былааска сылдьыбыт ки´и былаас итэ±э´ин суруйа сорунна±ына кэпсиирэ, этэрэ туох да ба´аам буолла±а. Норуот ону интэриэ´иргиир.
Ол эрээри сахалар тустарыгар саамай элбэх µтµ³-мааны дьыаланы о²орбут Михаил Ефимови´ы билигин бы´аччы салайар, тутар-хабар былаа´а суох, диэн эйигин политика±а эттээн-эллээн у´уйбут ки´ини депутат Уаров тэпсэ сатыыра сэмэйэ суох бы´ыы. Би´иги сахалар барахсаттар былаас уларыйар кэмигэр кы´ылга, µрµ²²э арахсан утарыта туран кыа хааммытынан суунар кэмнэрбит эмиэ бааллара. Уларыйыы кэмигэр олус ыарахан бала´ыанньа±а этэ²²э µлэлээбит ки´ини тарбыыр хайдах эрэ сиэргэ-майгыга барсыбат. Санатан эттэххэ М.Е.Николаев кэмигэр Саха сирэ Арассыыйа±а дьи²нээхтик донор республика этэ. Михаил Ефимович сирбит баайын, промышленнай тэрилтэтэлэрбитин республика инники кэскилин ара²аччылыыр, сайыннарар баайы-дуолу о²ороллор, диэн бы´ааран этэрин, µ³рэтэрин, бэркэ харыстыырын норуот билигин да ³йдµµр.
Ытыктабыллаах Александр Сергеевич, ити аата эн республикабытыгар баар сир баайын, М.Е. Николаев: «Бар дьонум, норуотум ту´аннын», диэн тэрийбит промышленнай тэрилтэлэрин кµн--ый ы´ыа±а о²орон атыылаа´ы²²а салайсан, кытты´ан, илии батта´ан бара²²ын онуоха кыттыспатах бастакы президеммитин кµлэ-кµлэ кµлµн-курунньугун таптайда±а буоллу² дуу?
Уонна билигин кэлэн эрийэ тэбэн бэйэтин буруйдаары гына±ыт дуо? Дьэ, сµрдээх э²силгэннээх, толкуйдаатахха и´э-истээх интервьюну биэрбиккин. Инникитин эн: «Систиэмэлээх µлэ наада. Каадыр ту´унан ³сс³ атын да санаалардаахпын. Ону дьон сэргиир буолла±ына, этиэхпин, са²арыахпын с³п»,--диэн туораттан кураана±ы куолулаабакка ону салайар аарыма тойотторго тус бэйэлэригэр «к³ст³р дьµ´µннµµн, ³йдµµн-санаалыын, тыллыын-³стµµн ала-бэлиэ ки´и» илэ бэйэ±инэн кабинеттарыгар ааттаан-суоллаан аарыгыран киирэ²²ин атах тэпсэн олорон туруорсан, кэпсэтэн, с³бµлэ´иннэрэн, тылларын ылан бырайыактаргын олоххо дьи²нээхтик киллэттэрэри² буоллар, дьэ кырдьык норуот ытыктыыр ки´итэ буолуо² этэ. Оннук эрэ буоллун! «Ха´аа²²а диэри ытыспытын то´уйан туруохпутуй?!!» Арамаан Дь³гµ³рэп.
|
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии |
Views: 1386 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 110 Ыалдьыттар (гостей): 110 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|