Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Олунньу » 15 » “НЮГЗ” ААО кредитин кыайан саппатаҕыттан сибээстээн атыыланар диэн улуус дьокутааттара, дьаһалта быһаарда. Собуот дириэктэрэ Николай КЫЧКИН
“НЮГЗ” ААО кредитин кыайан саппатаҕыттан сибээстээн атыыланар диэн улуус дьокутааттара, дьаһалта быһаарда. Собуот дириэктэрэ Николай КЫЧКИН
21:30
Бүргэһи хааһахха хаайбаккын... "НЮГЗ” ААО сылтаан быыбарга тиийэ санаалар
Суббота, 15 Февраля 2014 12:19
Бу күһүҥҥүттэн саҕалаан Ньурбаҕа, улуус бас билиитигэр баар "Ньурбатааҕы ювелирнэй-кырыылыыр собуот” ААО айдаана буола турар. Айдаан улуус иһигэр баппакка республика таһымыгар таҕыста.
Кылгастык билиһиннэрдэххэ, "НЮГЗ” ААО сайдарыгар диэн ааттаан 2010 сыллаахха "Международный экономический банк” баантан 6 000 000 евроны кредит ылар. Кредит ыларга "АЛРОСА-Нюрба” ААО Ньурба улууһугар сыллата 260-290 мөл. солкуобайы көрөр харчытын мэктиэлээн үс өрүттээх дуогабар түһэрсэллэр. Ол аата собуот кредитин кыайан төнүннэрбэт түбэлтэтигэр, алмаасчыттар улуус экономическай-социальнай сайдыытыгар биэрэр харчытынан (260-290 мөл.) кредити сабыахтаахтар диэн мэктиэ дуогабарга илии баттыыллар. Манна АЛРОСА, улуус дьаһалтатын уонна собуот салалталара илии баттыыллар.
2010 сыл ааһар, 2011, 2012 элэгэлдьийэн ааһаллар. Собуот дуогабар быһыытынан кредитин бырыһыанын төлөөн иһэр – айдаан суох. Онтон 2013 сыл сааһа үүнэр, дьэ собуоппут иэһин төлүүрүн ыарырҕатан барар. Муус устартан саҕалаан букатын да төлөөбөккө иэс мунньуллан барар – айдаан аана аһыллар.
Арай, өйдөөн көрбүттэрэ "АЛРОСА-Нюрбаттан” саҕалаан собуокка тиийэ салалта уларыйан хаалбыт. 6 000 000 мөлүйүөн евро ыларга дуогабарга илии баттаабыттар Юрий ДОЙНИКОВ, Валентина ПОТРУБЕЙКО Саха сириттэн көһөн барбыттар, улуус баһылыга Владимир ПРОКОПЬЕВ баһылыктаан бүтэн Ил Түмэҥҥэ дьокутааттыы олорор, собуот дириэктэрэ Николай КЫЧКИН букатын да республикаҕа көстүбэт Москваҕа регистрациялаах киһи буолан хаалар... Аны сатахха диэбиккэ дылы праймериз, быыбар сахсаана... Ол аайы кредит бырыһыана мунньуллан, баан иэс биэрбит сууматын бырыһыанныын-ыстарааптыын баҕастыын барытын биирдэ ууран кулуҥ диэн сутуруга хомуллан остуолу хомулу охсор. Итиҥҥэ тума быһыытынан, кыбытыкка улуус баһылыга Борис ПОПОВ "эсер” чилиэнэ буоларынан туһанан, интэриэстээх дьон айдааны өссө политическэй дьүһүннээн чиҥэтэн биэрэллэр. "Ньыгыл” Владимир ПРОКОПЬЕВ уонна оройуон сэбиэтин бэрэссэдээтэлин эмиэ "ньыгыл” Сергей ЕВСЕЕВ икки ардыгар ытаһа саайыллан барар... Оттон улуус көннөрү олохтоохторо кимиэхэ да итэҕэйбэт буолбуттара ыраатта, былаастан, салалтаттан эбии кэлэйэн "хайдах да буолуҥ, улууска көрүллэр алмаасчыттар харчылара 290 мөл. улуус бюджетигэр киириэхтээх да сабаас” диэн ирдэһэллэр. Норуот хаһан да сыыстарбат, сөпкө ирдииллэр. Сирдэрин-уоттарын баайыттан тоҕо тиксиэ суохтаахтарый, ким эрэ ханна эрэ, тугу эрэ кинилэртэн ыйытыга суох солуоктаабытыгар кинилэр тоҕо эмсэҕэлиэхтээхтэрий...  
***
Ити биһиги айдаан үрүт өттүн саба быраҕан кэпсээтибит. Оттон дьиҥ иһигэр киирдэххэ, бу дьыала хардата суох хас да түгэхтээх буолан тахсар.
Бастакытынан, 2010 сыллаахха алмаас (уопсайынан киэргэл) ырыынагар аан дойду кризиһэ тахса турдаҕына, солкуобайбыт куурса таҥнары курулуу турдаҕына валютанан кредит ылар төһө оруннаах этэй диэн ыйытыы тахсар.
Иккиһинэн, бу харчы собуот дириэктэрэ Николай КЫЧКИН этэринэн сырье атыылаһыытыгар бараммыт, Ил Түмэн дьокутаата оччотооҕуга баһылык Владимир ПРОКОПЬЕВ быһаарарынан иэскэ-күүсэ баайыллан олорор улуус тэрилтэлэрин иэһин сабыыга бараммыт. "АЛРОСА-Нюрба” оччотооҕу салалтата харда туппат. Суохтар. Хайдах эрэ тиһэх уһугар, кэм да диэбиккэ дылы, эппиэттиир кэмҥэ биир эрэ олохтоох киһи хаалан хаалбыт.
6 000 000 евро "онно барта, манна кэлтэ” дэниллэр даҕаны, орускуоттаммыт үп докумуонунан бигэргэтиллибитин собуот дириэктэрэ баччааҥҥа диэри көрдөрө илик.
Үсүһүнэн, улуус баһылыгар, алмаасчыттарга баан илдьитэ кэлбитэ ырааппыт. Ону тоҕо эрдэ быһаарбакка саба баттаан сыппыттара эмиэ хайдах эрэ. Чэ, баҕар быыбар мэһэйдээбитэ буолуо, ПОПОВ бэйэтэ этэринэн эрдэ собуот салалтатыгар тахсан кыһалҕаҕын быһаарса оҕус диэн этэ сатаабыт буолуон сөп.
Төрдүһүнэн,  харчы "сиэһинэ”, "ыскайдааһына” таҕыста да, ол кэмҥэ быһаарыы ылбыт дьон үгэс курдук эппиэттиир кэмҥэ республикаҕа суох буолан хаалаллар.  Ити "РИК” ААО холобуругар да көстөр (Штыров да суох, Грабцевич да суох, атын эстибит тэрилтэлэр салайааччылара да республикаҕа суохтар). Холобур, "НЮГЗ” ААО кредит ыларыгар "АЛРОСА” түөртэ мунньахтаабыт, бэрэбиэркэ бөҕөтүн ыыппыттар, сайдар-тупсар былаан бөҕөтүн ирдээбиттэр уонна "төлөһөр сөптөөх тэрилтэ” диэн поручитель буоларга сөбүлэспиттэр. Алмаасчыттар бэйэлэригэр орускуоттаах дьыаланан хаһан да дьарыктамматтар. Ол бэйэлэрэ кыайан төлүүр кыаҕа суох собуокка тоҕо мэктиэһит буолбуттарай? Баҕар, ПОТРУБЕЙКОЛААХ ДОЙНИКОВ республикаттан эрдэ-сылла "хайыһардыылларын” былааннаабыт буолан дуо? Оруобуна эппиэттиир кэмҥэ бу дьон эмиэ суохтар ээ.
Бэсиһинэн, Саҥа дьыл иннинэ "алросалар” 2014 сылга улууска биэриэхтээх 290 мөлүйүөннэрин хайаан да Ньурба сайдар былааныгар анаан ыытыахпыт, бааҥҥа собуот иэһин атын источниктан төлүөхпүт диэн улуус салалтатыгар эрэннэрии бөҕөтүн эрэннэрбиттэр. Ол эрээри, бырааһынньык иннинэ эрэ ахсынньы 28 күнүгэр быһа бааҥҥа харчыны ыытан кэбиспит... ону биһи дьоммут 2014 сыл тохсунньу ортотугар эрэ истэн бабат-тата буолбуттар. Алмаас хампаанньата саатар бу төлөөн эрэбит, төлөөтүбүт да диэн дьаһалтаҕа эппэтэхтэр даҕаны.
"АЛРОСА” тоҕо ыксаан-бохсоон баан иэһин саба сатаата? Манна таайыы быһыытан, ити иэстэн саҕалаан "хоруупсуйа” хампаанньатыгар сыһыаран "АЛРОСА” чөмчөкөтүгэр тахсар суол баар этэ диэн этэллэр. Биһиги дьоммут онно быыкаай далаһа оруола буоулуохтаахтар дэнэр. Ол иһин алмаасчыттар кинилэргэ тиийэр суолу хайан суһаллык баан иэһин төлүү охсубут буолуон сөп.
"АЛРОСА” акциятын сорҕото атыыланна. Ол иннинэ аһар-сабар айдаанынан республика олорбута. Оттон ити хампаанньаны аһар туһугар 2002 сыллаахха президеммитин уларыппыттара. Улаҕалаах өйдөөх омуктар бүтүн судаарыстыбалары суоттаан-учуоттаан аймыы олороллор. Ол биһиги кыра-хара омук кинилэри өйдөөн-дьүүллээн билбэт, көрбөт буоллубут да, кинилэр биһиги дьылҕабытынан "саахыматтыахтара” суоҕа диэн мэктиэлиир кыахпыт суох. Оннооҕор буолуох өрөбөлүүссүйэлэри тэрийэр, дойдулар олохторун атыйахтаах уулуу аймыыр кыахтаах улуу дьаалылар эбээт.
Бэчээккэ тахсыбытынан, "АЛРОСА” 18 мөлүйүөн акциятын "СОРОС фондата” бас биллэ дэннэ. Керимов да, Усманов да Россия олигархтара буолбакка аан дойду адьырҕа омуктарын бэрэстэбиитэлэ миллиардер Джордж СОРОС хедж-фондаларынан албаһыран 0,25%  акциятын атыыласпыт. Ити күҥҥэ көстөр эрэ өттө диэтэххэ улаханнык алҕаһаабаппыт буолуо. "АЛРОСА” хаалбыт акцияларын атыылаһарга өссө да айдаан таһааран, алмаас хостуур тэрилтэбитин бүтүннүү күрэтиэхтэригэр диэри арааска мөрөйдүөхтэрэ күүтүллэр. СОРОС диэн бүтүн дойдулар валюталарын түһэрэр-таһаарар кыахтаах миллиардер, оннооҕор 1992 сыллаахха Великобритания курдук улуу держава харчытын үнтү тэпсэн турардаах. Кини "оонньуутугар” Япония, Таиланд, Индонезия, Корея, Тайвань, Малайзия, Гонконг уонна, биллэн турар, Россия түбэспит аҕай дьыалалара. СОРОС дойдулар харчыларын түһэрэн улахан актыыптарын атыылаһарга усулуобуйа оҥорор. Бу билигин солкуобай куурса эмиэ түһэн курулаан барда, түҥ былыргыттан бүтүн норуоттар дьылҕаларынан оонньоон байар-тайар улуутумсуйар омуктар кыраны-хараны ааһан иһэн тэпсэр кыахтаахтар.
***
Баай-дуол тыырсыытыгар сөрөммүт Саха сирэ сотору Ил Дарханын талыа. Дьиҥнээх киирсии, кирдээх оонньуу тахсарын, тахса да турарын элбэх киһи ытырыктатар. Бу быыбарга орооһуон баҕалаах, орооһооччу да туох да үлүгэрдээх. "Саахыматчыттар” былыр-былыргыттан тутуһар быраабыланан салайтаран байар-тайар адьынаттаахтар. Харчы кинилэр атахтара. Аһыҥа курдук өлгөмнөөн сии-сиир дойдуттан дойдуга көһө сылдьаллар. Билигин республиканы киһи иилэн ылбат гына үнтү ытыйыахтаахтар, саха политиктарын бэйэ-бэйэлэригэр утары туруоран сэймэктэтиэхтээхтэр, норуотун араас дьыаланан, айдаанынан "аралдьытан” былааска да, кимиэхэ да эрэммэт балаһыанньатын олохтуохтаахтар. Онтон политиктарбыт сордоохтор , дьиҥинэн биһиги норуоппут чулуу, үс кырыылаах, дьорҕоот өйдөөх-санаалаах дьоно   буоллахтара эбээт, бэйэ-бэйэлэрин кыргыһан-кыдыйсан, үптэрин-харчыларын барытын бараан,  "хаан-элээн” буолан "сыккырыыр тыыннара” эрэ КИНИЛЭРГЭ тиийиэхтээхтэр. Бу биһиги айбыт, олохтообут быраабылабыт буолбатах, саҥнаах санаалаахтар маннык балаһыанньан соруйан оҥороллор. "Хаһан бэйэлэрэ биһиэхэ абырааҥ, салайыҥ диэн үҥэ-сүктэ кэлиэхтэригэр диэри сир-дойду олоҕун түҥнэри тутуохтаахпыт”, - диэн чопчу-чуолкай установкалаахтар.
Билигин Ил Дархан быыбарын бастакы түһүмэҕин аастыбыт: Кумааҕы сэриитин – араас СМИнан республика салалтатын, тутаах дьонун хараартылар, ытыра-ытыра ыкка бырахтылар. Сымыйа да буоллун, кырдьык да буоллун – сурах барда, киртиттилэр-хараартылар, ааты ыыттылар.
Билигин иккис түһүмэх кэлэр – компроматынан тамнааһын. Докумуоннар хостонуохтара, дуогабардар тиһиллиэхтэрэ, ким-ханна сылдьыбыт хаартыската, киинэтэ быраҕыллыахтаах. Ол аайы тымта-тымта бэйэбит испитигэр ыыстаһан-кыраһан, онно-манна бөлөхтөһөн ылахтаһыахтаахпыт, күүспүтүн-сэниэбитин эһиэхпит, кыахыпытын өһүлүөхпүт.
Үһүс түһүмэххэ, ити үөһэ ахтыллыбытын курдук, кинилэргэ көрдөһүүлээх тиийиэхтээхпит. Абырааҥ, аһыныҥ, үбүлээҥ...
Былаас... Былааска талаһыы, былааска тахсыы, хаһан баҕарар – атыы, кэпсэтии, эргитии эҥээрдээх. Былаас диэн далбар эрэ буолбатах, былаас диэн бочуот эрэ буолбатах, былаас диэн сүүйүү, кыайыы эрэ буолбатах... Былаас - икки өрүттээх мэтээл, өссө хайа өрүтэ улахана биллибэт. Былаас диэн киһини киһи аатыттан аһардар кутталлаах ынырыктаахай баараҕай, уодаһыннаах толуу механизм, майгыны-сигилини, сүрэхтээх сүрү бүтүннүү үнтү кумалыыр кыахтаах эт эттиир массыына... итини төлө көтөн өрөйөн-чөрөйөн тахсыахха диэтэххэ сөҕүмэр уустук дьыала! Буолаары буолан, биһиги курдук чараас дурдалаах-хаххалаах омукка, былаас хас да араҥатынан баттанар дьоҥҥо! Ыар ыйааһыны   тулуйуохха, аҕыйах сүтэриинэн, киһи бодотун ыһыктыбакка барытын ааһыахха наада.
Политика кирдээх. Дьиҥнээхтик кирдээх...
Төрдүс түһүмэххэ – политиктарбыт анараа тиийэн баран тугу толук ууралларын торгууйдаһыахтаахтар. Тугу туран биэрэбин дуоһунас туһугар? Бу ыйытыыга харда булар саамай уустук түгэн буолуохтаах.
Төһө толугу политика алтаарыгар уурабытый, былаас былаахытыгар биэрэбитий?
Туох барыта толуктаах кэмигэр олоробут. Бастакы саха салалтата бүтүннүү бэйэтэ толук буолан кыккыраччы кыргыллыбыта. Бастакы президеммит кэмэ атын буолан улахан ыгааһыны улаханнык ааспакка да кэриэтэ былааска тахсыбыта. Үһүс сырыытын кини ааспатаҕа. Билигин тула өттүттэн ыгыы-түүрүү ссамай сытыырхайбыт прессинигэр үһүс президеммит түбэһэн олорор.  Кэнэҕэс кэлэр киһи эмиэ ынырыктаахай ыар баттыгы өрө сүгэн тахсыахтаах. Бу биһиги олохтообут быраабылабыт да, оонньуубут да буолбатах. Соҥноммут сор суоллаах былааска тахсыы ыллыга, бу маны хайдах да уларытар кыахпыт суох.
Быыбарга туһанаары харчы ханалыппыттар... Харчыта суох быыбар баар дуу? Харчыта суох ким эмэ кыайбыта дуу? Былаас туһугар ону гынна, маны гынна... Эрдэ кэпсэтиитэ суох кинини былааска таһаарыахтара этэ дуу, киин сиртэнй өйөбүлэ суох ким эмэ тахсыбыта дуу?..
...Биһиги итини өйдүүр кэммит кэллэ. Онон былааска талаһар эдэр дьон тугу ааһыахтарын эрдэ толору билиэхтээхтэр уонна өйдүөхтээхтэр. Олохтоммут быраабылаҕа төһөнөн аҕыйах сүтэриилээх тахсабын диэн бэйэлэригэр ыйытыы туруорунуохтаахтар.
***
Оттон ыстатыйа саҕаламмыт тиэмэтин эргийэн кэлэн биһиэхэ сыһыаннаах түмүгүн сылыктаатахха... Билигин "НЮГЗ” ААО кредитин кыайан саппатаҕыттан сибээстээн атыыланар диэн улуус дьокутааттара, дьаһалта быһаарда. Собуот дириэктэрэ Николай КЫЧКИН иһиттэх аайы 10 000 000 евроҕа атыылаһар хампаанньаны буллум диэн отчуоттуур. Муус устарга "ол тэрилтэ атыылаһарын туһунан” дуогабар түһэрсиэхтээхпит дии. Итини итэҕэйэр дьон бэрт аҕыйах. Өлөн хаалбыт собуоту ким 10 мөлүйүөн евроҕа ылыаҕай? Бириэмэни тарда сатааһын эрэ диэн сыаналыыллар.
Оттон бэрт аҕыйах киһи "ылыахтарын сөп” диэн сабаҕалыылллар. Онно холобур быһыытынан, алмаас хоруола Израиль гражданина Лев ЛЕВАЕВ бастаан Сибиир түгэҕэр быраҕыллыбыт собуоту ылан сөргүппүтүн, онтон сылтаан бастакы улахан хаппытаалын оҥостубутун кэпсииллэр. Кэммит уларыйбата дуо? 90-с сылларга дойду үллэһиллэ илик кэмигэр "көмүстээх үрүйэҕэ” таба тайаныахха сөбө буолуо, оттон билигин ким билэр...
Собуот атыыланарын итэҕэйэр дьон Ньурбаны кэлин  алмаас хостооһунугар уонна кырыыланааһыгар Ураты экономическэй зонаҕа кубулуйуоҕун, оччотугар Накыын алмааһа миэстэтигэр кырыыланан, пошлината суох, чэпчэтиилэммит нолуоктанан атыыга барыаҕа дииллэр. Кэнэҕэс "сайдыылаах Ньурба судаарыстыбата” үөскүөҕүн өйдөрүгэр оҥорон көрөллөр. Арай "хомолтото” диэн Ньурба – Саха сирэ дьаһайар түөлбэтиттэн тахсар "кутталланар” , "особо развитая еврейская зона” буолан хаалар эбит....  
"АЛРОСА”  алмааһы хостуурунан эрэ буолбакка, кырыылыырынан эмиэ дьарыктанар салаатын кэҥэтиэн, күүһүрдүөн баҕарар  дэнэр. Оччотугар кредити саппыт суотугар собуоту ыллын диэн улуус салалтата "АЛРОСА-Нюрбаҕа” "НЮГЗыны” хадаҕалыыр. Уонна улууска киириэхтээх 290 мөлүйүөнү син биир төлүөхтээххит диэн туруорсар. Анарааҥҥылар, биллэн турар, аккаастамматтар. Онон ньурбалар улуустарын бюджетын "алросалар” харчыларынан хаҥаттыахтарын  баҕарбыттара туолбатыгар тиийдэ.
Билигин "НЮГЗ” ААОну ким эмэ атыылаһарын кэтэһэллэр.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру  
Комментарии
#1
Ааптар 15.02.2014 12:36
бырастыы гынын ыстатыйа "тараана" кеннеьуллэ илик. онон сыыьатын-халтыт ын баалааман.
#2
чарапчылаах 15.02.2014 14:49
9м евро5а атылыы сатаабыт диэн баара алроса нюрба5а) аны ньурба израиль буоларыгар тиийдибит да .онтон ол 6м.евро туох кыммыттарын то5о ким да билиэн ба5арбат))) учугэй ыстатыйа)


Источник: aartyk.ru
Category: АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. | Views: 1359 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
2425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 90
Ыалдьыттар (гостей): 90
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024