Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [378]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Олунньу » 18 » Савей Ойууҥҥа мэҥэ бэлиэ (пааматынньык) оҥоһуллуохтааҕын туруорсан, Илиан Павлов уустан Савей Ойуун скульптуратын оҥорорго сөбүлэнин ылбытта
Савей Ойууҥҥа мэҥэ бэлиэ (пааматынньык) оҥоһуллуохтааҕын туруорсан, Илиан Павлов уустан Савей Ойуун скульптуратын оҥорорго сөбүлэнин ылбытта
21:19
 Сүдү киһибитин – Савей Ойууну
үйэтитэр өйдөбүнньүк бырайыага бэлэм буолла


Кыһыҥҥы Олимпиада Араассыыйа Эбэ Хотуҥҥа буола турар, бу Кыһыҥҥы Олимпиада Сочига буоларыгар Савей Ойуун улахан оруоллаах. Дьэ бу Савей Ойуун оруолун кинини кытта 18 сыл алтыспыт киһититтэн этнограф идэлээх Анатолий Афанасьевич Алексеевтан сырдатарыгар көрдөстүбүт. Ол гынан кэпсэтиибит сүрүн сыала Савей Ойуун көмүс уҥуоҕар мэҥэ бэлиэ(пааматынньык) тутуллан турарыгар баҕарабыт.
-Анатолий Афанасьевич эн этнограф быһыытынан ойууннааһыны үөрэппитиҥ быданнаата, дьэ Савей Ойууну кытта сир сибиири бараатыгыт ини ?

- Үрдүк үөрэх кыһалара хардарыта уопут атастаһар сөбүлэһиилэригэр олоҕуран ойууннааһыҥҥа кыраныысса таһыгар аҕыйаҕа суохтук сырыттым. Савей Ойууну кытары Африкаҕа, Бразилияҕа, Перуга, Новая Зеландияҕа, Непалга, Тываҕа, Хакасияҕа, Соҕуруу Коряҕа, Японияҕа сылдьыбыппыт. Америкаҕа Нью-Йорка ООҤа Савей Ойуун иккитэ кыырбыта, Италияҕа, Францияҕа, Великобританияҕа Кембриджка, Швейцарияҕа ,Англияҕа, Гренландияҕа биирдиитэ кыыран турар, уо д а.

-Технология бары көрүҥнэринэн олус күүскэ сайдыбыт дойдуларга сылдьымахтаабыт эбиккин. Дьэ, кинилэр ойууннааһын туһунан туох туһалаах хамсааһыннары оҥорор-тутар эбиттэрий?

- Бэртээхэй ыйытыыга хоруйум да судургу. Бу судаарыстыбаларга (Южнай Кореяҕа, Японияҕа) ойууннааһыннара ол омуктар үйэлэртэн иитиллэн кэлбит бигэтик билэр, тарбахха баттанар духуобунай баайдарын нэһилиэстибэлэринэн биллэриллибит. Ол иһин судаарыстыба харчыны харыстаабат. Төһө, туох булгуччу наадалааҕынан быһаччы көмөлөһөр эбит.

- Ол бойуччу туһалаахтарын уонна норуокка көстөрүнэн эн тугу этиэҥ этэй?

-Төһө эмэ технология өттүнэн баараҕайдык да сайда-барҕара да турдаллар "Шаманская деревня” (А.А.А. – тыла) диэннэри тутан биэрэллэрин сэргии көрүтэлээн кэлбит киһибин! Сөҕөрүм – махтанарым диэн: кинилэр ойууннааһыны умнубаттар, туора туппаттар. Ити курдук Ойууннааһын киһи баарын тухары баар көстүү буоларын оннооҕор улахан аныгылыы сайдыылаах олохтоох норуоттар тутан олороллор. Киһи олоҕо, доруобуйата чараас эйгэттэн тутулуктааҕын үөрэхтээх дьон билэллэр. Ону ойууннар көмөлөрүнэн нөҥүө салайалларын, ыйыталларын эмиэ билэ-көрө олороллор. Холобура ити көстүүнү Южнай Кореяҕа көрбүтүм.

-Анатолий Афанасьевич, ойууннааһыҥҥа суруйталаан тарҕаппыт научнай таһымнаах кинигэлэриҥ бүгүн Аан дойду үрдүнэн бэркэ биһирэммиттэрин билэбин. Ону таһынан тус бэйэҕинэн өссө биир көдьүүһүҥ туохханый?

- Саха сиригэр икки киһини билинэбин. Кинилэргэ кутуруксут буоларым ураты миэстэни ылар. Иванов Федот Петрович Ойуун – Бүлүү Дьөккөнүгэр олорор. Софронеева Анна Васильевна Удаҕан – Верхоянскай улуус Баатаҕайыгар олохтоох. Кинилэртэн ураты Савейга кутуруксут, эмтэнэ кэлбиттэри Иенграҕа тиийэ дьиэлэринэн олохтооһун, эмтэнэр кэмнэригэр эбии көрүү-истии диэн үлэ элбэх буолаахтаатаҕа дии..

-Савей Ойуун уонна М.П. Кульбертинова өлүөхтэрин иннинэ эйиэхэ кэс тылларын эттэхтэрэ буолуо дии. Ол санааларыттан ааҕааччыларга анаан тугу этиэҥ этэй?

-Савейдыын наар элбэхтик кэпсэтэрбит. Ону кини Ойуун өллөҕүнэ кута-сүрэ тыыннаах, күүһүн сүтэрбэккэ истэ-билэ сытар онто төһө баҕар өр сылларга диэн этээччи, быһата: «Когда я физически умру, но духовно в пространстве и во времени я буду всегда рядом с людьми. Если понадоблюсь, то сразу дай мне знать. Я приду на помощь. И всё будет в порядке чего Вы пожелаете от меня!»

Ойууннар чахчы күүстэрин туоһута бу мин сүрэҕим тэбэ сылдьара, ол курдук 17-тэ сыллааҕыта Өлүөхүмэ эбэҥкитэ Матрёна Петровна Кульбертинова Иенгрэ табаһыттарын эмчиттэрэ 107 сааһыгар тиийэн олорон, инфарктаан ыарахан туруктаах сырыттахпына сүрэхпин үрүҥ таба сүрэҕэр атастаһыннарыы сиэрин-туомун оҥорон үтүөрдүбүтэ. Онон Матрена Петровнаҕа махталым улахан. - диэн баран Анатолий Афанасьевич уҥа илиитин баппаҕайынан хаҥас диэки кэтит түөһүн тыастаахтык лап гыннарбыта даҕаны биһиэхэ дьикти-кэрэ бэлиэ буолбатах дуо? (ааптар бэлиэтээһинэ)

-Анатолий Афанасьевич , Сочига буола турар кыһыҥҥы Олимпиадаҕа Россия куоластааһыныгар сүүйэригэр уонна эн тус бэйэҥ сүдү көдьүүскэр тохтуу түһүөххэйиҥ эрэ. Ол кэмнэргэ төннөр буоллахха хартыына хайдах этэй?

-Ити кэм кэрдии элэс гынан ааспыта эрээри миэхэ бэҕэһээҥҥи эрэ курдук куппар-сүрбэр баар.

Ыам ыйын 20 күнүгэр ИЛ ТҮМЭН депутата А.Н. Жирков төлөпүөнүнэн миэхэ тиийэн кэлэр. Савей Ойуун – оҕонньор билигин ханна баарый, хайдах ылыахпытый? Ый бүтүүтэ барыахпыт, Иенграҕэ барар буоллахпытына эйиигин илдьэ барыахпыт – диэн кэккэ ыйытыыларын саҕалыыр... Билсиһэ, кэпсэтиһэ турар уонна кутуруксут курдук буолан өйбүн – санаабын хомуйа – холбуу тутар турукка киирэн Иенгриаҕа эрийсэн-билсэн А.Н. Жирков көрдьөһүүтүгэр суол-иис тэлэн бардым.

Киин Америкаҕа Гватемала государствотыгар бүтэһик куоластааһыны быһаарыы соруга турбута. Арассыыйаттан Сочи, Соҕуруу Кореяттан Пхёнчхан (кандидат - куорат) тиһэх куоластааһыҥҥа кэлбиттэрэ.

Москваттан Шестаков Борис Николаевич – В.В. Путин самбоҕа тренера уонна кини көмөлөһөөччүтэ Рудольф Федорович Безвестных кэлбиттэрэ. Биһиги дьоммут оччолорго Егор Афанасьевич Борисов премьер-министр, А.Н. Жирков, барсыспыт Петров – "Якутуголь” ...генеральнай дириэктэринэн үлэлиирэ. Куоластааһын буолуо 4-т күн иннинэ Савей

Ойууну ыстаадаттан вертолётунан аҕалан, ол киэһээ Иенгрэҕэ оонньотоллор (кыырдараллар - Н.К.) көрдөһүүлэрин этэллэр. Кыһыҥҥы Олимпиада Сочи куоракка буоларын курдук.


Савей Ойуун - оҕонньор биир чаастан ордук кыырбыта уонна : " Дьэ доҕоор көрдьөспүккүтүн толордум. Куоластааһыҥҥа Сочи кыайар буолла! Уонна маны эрэ көрдөһө кэлбиккит дуо?Улахан ороскуокка киирбэккэ, эрдэ-һылла эппиккит буоллар ыстаадаҕа да сылдьан быһаарыам этэ”,- диэтэ.

Егор Афанасьевич ыйытта: «Бу сыраҕар тугу эрэйэҕин?”,- диэтэ. Онуоха Савей Ойуун: "Кырыйдым. Иенграҕа мас дьиэ тутан биэриэ этигит”,-диэтэ. Онуоха Егор Афанасьевич : «Сөп»,- диэн тылын биэрэр. Ол да буоллар дьаһалы толоруохтаах Петров дьиэ тутан биэрбэтэх. Савей Ойуун үһүс сылыгар президен буолбут Егор Афанасьевичка санатар, дьиэм ханнаный? - диэн ыйытыктаах сирэй көрсө Дьокуускайга кэлэр. Көрсүһүү кэнниттэн үс ый буолан баран Егор Афанасьевич икки хостоох толору хааччылылаах таас дьиэни Нерюнгрига бэрдэрэр. Онон Савей Ойуун кырдьаҕас аатыттан уонна бэйэм ааппыттан улахан Махталбын биллэрэбин. Савей Ойууҥҥа 18 сыл устата кутуруксутунан сылдьыбыт көмөлөһөөччү быһыытынан.

Салгыы бу үлэ түмүгүн Соҕуруу Кореяҕа сылдьан тэлэбиисэринэн көрдүм. Соҕуруу Корея улахан ойууна дүҥүрүн уонна былаайаҕын даллаччы туттан ытыы турарын көрдөрдүлэр. Бу дойду итинник киирсиилэргэ ойууннарын тутталлар эбит. Биһиги Савей Ойууммут өссө күүстээҕэ биллэн таҕыста. Араассыйа Аан дойду үрдүнэн аан бастакынан кыһыҥҥы Олимпиаданы Сочига ыытары ситистэ.

-Анатолий Афанасьевичка Савей Ойуун туһунан сырдаппытыгар, чахчыларга олоҕуран сонуннары кэпсээбитигэр уонна хаартыскалары көрдөрбүтүгэр барҕа махтал!

-Маны этэн туран кэпсэтии түмүгэр Кырдьаҕас Савей Ойуун кэриэс тылын толорбучча , эмтэммиттэр этии киллэриилэринэн Савей Ойуун алгыстарын ылбыттар баҕа санааларын ылымычча уонна Савей Ойуун Аан дойду үрдүнэн көдьүүһүн бэлиэтээччилэр. Арассыыйа Ийэ Хотун сайдарын туһугар туһалаабыта элбэҕин, үрдүктүк сыаналаан. Савей Ойууҥҥа мэҥэ бэлиэ (пааматынньык) оҥоһуллуохтааҕын туруорсан, Илиан Павлов уустан Савей Ойуун скульптуратын оҥорорго сөбүлэнин ылбыттара. Савей Ойуун скульптуратын макетын хаартыската бу ыстатыйаҕа көстөр. Маны таһынан Савей Ойуун уҥуоҕун "Эргиирин”(мавзолей) эскиһэ бэлэм. (Эрнст Алексеев)

Биир тылынан: Ытык киһибитигэр тупсаҕайдык оҥоһуллубут скульптура, эргиир күрүөтэ, уҥуоҕун эргиирэ скульптурнай уонна архитектурнай ансамбль буолууларыгар харчы көрүллэригэр Егор Афанасьевич аҕа баһылыкпытыттан уонна Александр Николаевич Жирковтан. Үөһэ этиллибит этиилэргэ үбүлээһини көрөргүтүгэр көрдөһөбүт. Савей Ойуун сүдү көдьүүстэригэр сүгүрүйээччилэр ааттарыттан.

Н.Н. Корнилов - Сардаҥа
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1839 | Added by: uhhan1
Total comments: 1
1 Уйбаан  
Сайтын алгыстаах буоллун-бар дьон махталын ыллын

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
2425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024