Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Кулун тутар » 9 » Ол иґин этэбин: саамай µрдµкµ былаас хас биирдии киґиэхэ – Эйиэхэ, Миэхэ баар. Ону сатаан туґана µірэниэхтээхпит.
Ол иґин этэбин: саамай µрдµкµ былаас хас биирдии киґиэхэ – Эйиэхэ, Миэхэ баар. Ону сатаан туґана µірэниэхтээхпит.
09:45
«Киһибит» аата саха омук

9 Март, 2014 в 2:19Макаар МЫЛА, Бүлүү к.
Ааспыт суруйуубар, ону-маны ыатаран баран, ханнык да паартыйа, онноо±ор итэҕэс µрдµнэн киґи тус бэйэтэ муІур былаастаа±ын санатан тµмµктээбитим.
Бµгµн ол «Киґим» туґунан куолулуур «АС» аа±ааччытын кытта сэґэргэґэ тµґэргэ сананнным.
Инники суруйууларбар ірµµ да, олохпут бары кістµµлэрэ (µірµµтэ-кітµµтэ, кыґал±ата-ыарахана о.д.а.) бэлиитикэ±э, ол аата быыбардарга бэйэбит «уруй-айхал» этэн талар-куоластыыр былааспытыгар кэлэн кэтииллэрин санатыґа сатааччыбын. Нэґилиэк дьокутаатыттан-баґылыгыттан са±алаан, инньэ, ПутиІІа тиийэ бэйэбит талбыт дьоммут буолуохтара дии (сокуон быґыытынан элбэх куолаґы ылбыт кыайыылаахтар). Дьэ, оччо±уна, ол бэйэбит (баґыйар µгµспµт) куоластаан талбыт тойотторбутун кириитикэлээбитэ буолан туох  туґаны ылабытый? Суох бі±і буолла±а дии… Оччо±уна, хайдах буолабыт?

Ол иґин этэбин: саамай µрдµкµ былаас хас биирдии киґиэхэ – Эйиэхэ, Миэхэ баар. Ону сатаан туґана µірэниэхтээхпит. Атын сайдыылаах демократия дойдуларыгар курдук, былааска тардыґар, соро±ор суудайар да дьоммутун аґа±астык кµрэстэґиннэрэн, ис эриэннэрин кірін-билэн эрэ баран, тус куоласпытын биэриэхтээхпит. Оннук. Оччотугар, дьиІнээх былаас кіннірµ быыбардааччыга – эн биґиэхэ буолуохтаах: талбыт баґылыкпытын кытта тэІІэ эппиэттэґиэхтээхпит, наада буолла±ына, кімі-ньыма буолуохтаахпыт. Норуот былааґа судургутук тахсан кэлэр. «Айма±ым», «ыалым», «бииргэ бултуур-алтыыр атаґым» диэнинэн салайтарбакка, дьиІ киґилии хаачыстыбаларынан сіптііх хандьыдааты талыахтаахпыт. «Сіптііх» диэн, ол аата дьыалабыай билиитинэн-сатабылынан кірін.

Хомойуох иґин, биґиэхэ ити судургу ирдэбиллэр туттуллубаттар, ханнык да паартыйа, хандьыдаат тускулларын (бырагыраама) аа±а-билэ сатаабаппыт, «былаас сіпкі дьаґайар» диэнинэн салайтаран, µксµгэр «кубус-кураанах, муот» дьоннору-тойоттору талабыт, ол кэнниттэн міІµттµбµтэ буолабыт…

Чэ, ыраахтан холобурдаан холонуум: бу 굴µІІµ быыбарга Ил ТµмэІІэ «Якутск вечерний» хаґыат дьоІІо-сэргэ±э сібµлэтэр суруйуулардаах, хоруупсуйаны, µбµ-харчыны «сиир» чунуобунньук айма±ы саралыыр суруналыыс Виталий Обедин хандьыдаатынан турбута, уонна… ол саралыыр чунуобунньуктарыгар «ситиґиилээхтик» хотторбута. Ити кістµµ тугу этэрий? Биллэн турар, ірµµ да буоларыныы, кіннірµ быыбардааччы ээл-дээл, хаґыаты-араадьыйаны сэІээрбэт, «иитэр-аґатар тойон айма±ар» хаптаІнас кулуттуу сыґыаннаа±ын кірдірір «туоґу» диэххэ сіп буолуо.

Дэлэ±э да, уруккуттан билиІІэ диэри «не бойся врагов, а бойся равнодушных» диэн сэрэтии суолтата сµтµіхтээ±эр, кµµґµрэ турар. Јссі, ити «ээл-дээл» сылдьар дьоннорбут ійдіі±µмсµйэн, бэлиитикэни сэргиир дьону сиилиир-одуулуур идэлээхтэр эбээт, «эґиги ба±ас тугу быґаараары куолулаабыта буола±ыт» диэх курдук. Итинник «сииґиттэргэ» сµбэм биир – ібµгэлэрбит µгэлэригэр этиллэринии, µітээтэххэ кутуйах кытта «чыый» диир, ол «чыый» диир бырааппын ханнык да ээл-дээл мэндээрийбит киґи былдьыыр бырааба суох. Уон киґи уон аІы кірµµлээх-санаалаах буолуохтаах, ол уонтан «сіптіі±µ» талыы «ээл-дээл мэндээрийбит» дьоІІо кыаллыбата да буолуо – айыл±а араастаан айда±а дии, хайдах да тэІниир кыаллыбат.

Ол эрэн, ити уон аІыы кірµµлэрдээх, «мэндээрийбит» ээл-дээл дьоннордоох да буолларбыт, эмиэ туспа, «Саха омук» буоларбытын, іссі а±ыйах сылынан «Јріспµµбµлµкэ» буолбуппут сµµс сылын µірэ-кіті улуу убайбытыгар «Уруй-айхал» этэн бэлиэтээри бэлэмнэнэбит – сіп буолла±а дии…

Чэ, ити, соро±ор міккµірдээх устуоруйа, олох онобулун эндирдээх суолларыгар «сахсылла» сатаабакка, кµннээ±и олохпутугар тіннµіххэ.

ЭтэІІэ буолла±ына, эґиил 굴µн Ил Дархаммытын талар улахан Быыбарбыт эмиэ, а±ыйах ахсааннаах Саха омугу атыйахтаах уулуу ытыйыа, «ыт сиэбэт» гына мік굴µннэриэ турда±а. эмиэ «илин-ар±аа», «киниэнэ-миэнэ» диэн мік굴µннэриэ, соро±у этиґиннэриэ –охсуґаннарыа да турда±а – бука, «талан ылыы» итинник да буолуохтаа±а буолуо. Ол эрээри, били 2001-2002 сс-±ы Бэрэсидьиэни талыыга курдук, «нуучча-саха» диэн омугунан араара сатыыллара хатыламмата ордук этэ. Онто да суох 300-кэ тыґыынча быыбардыыр бырааптаах а±ыйах ахсааннаах омук буоларбытынан, уонна, улуу µгэґит Иван Крылов «У сильного всегда не сильный виноват» диэнин кытаанахтык ійдіін туран, саха омук чулуу дьоннорун улахан омуктарга утары туруора сатыырбыт, ордук-хоґу тыллаґан дьоммутун уган биэрэрбит табыллыбат. Сыччах ійбµтµнэн-билиибитинэн, сахалыы мындырбытынан-сатабылбытынан эрэ кµрэстэґээччилэри кыайа сатыахтаахпыт. «Безумству храбрых поем мы славу» дэґэбит эрээри, аныгы µйэ±э харса суохтаан ырааппатыІ биллэр.

Онон, іссі тігµл, «тииІ курдук ійдііх, саґыл курдук сатабыллаах (албын дуу)» буолуохтаахпыт. Ґксµгµт да, сібµлэґэр инигит. Хас биирдиибит саха омук быстыспат сор±ото буоларбытын, хайа да тµгэІІэ умнуо суохтаахпыт, уонна, бэлиитикэ «кирдээх оонньууларыгар бэйэ бодобутун сµтэриэ суох кэриІнээхпит. Ити, хандьыдааттартан са±алаан, быыбардааччылар бука барыбытыгар сыґыаннаах – бука бары, хас биирдиибит кіхтііх буолла±ына, санаатын аґа±астык этиннэ±инэ-биллэрдэ±инэ эрэ, норуоту сирдиир-салайар дьиІнээх Ил Дарханы талыахпыт. «Миигинэ да суох талыахтара, айдааІІа кыттыґан да диэн» туора хаама сырыттахпытына, хаґан да санаабыт хоту дьаґайар Тойоннонуохпут суо±а – ол ба±ас, чахчы.

Кµннээ±и кµлµм олохпутугар эІэнэ бэйэлээх кістµµ-дьаґал-тэрээґин элбэх быґыылаах.

Бу кµннэргэ, Саха сиригэр суруналыыстар Сойуустара тэриллибитэ Ґйэ аІаара буолбутун бэлиэтээри сылдьаллар. Куолуларынан, эмиэ Былааска бэрт буолан мэІийэр, тойон тугу истиэ±ин-билиэ±ин ба±арарын эрэ кэпсиир-суруйар «суруналыыстарын» тµмэн на±араада, бэлэх-туґах µллэстэр буолуохтаахтар. Итинтэн сиэттэрэн, бэйэм то±о «Сойуус» чилиэнэ буолбутум ту´унан ахтан ааґыым дуу (бука диэн, сµіргµлээмэІ)…

Олохтоох араадьыйа±а-тэлэбиидэнньэ±э µлэлии сырыттахпына, «аттестацияны» улуус дьаґалтата ыытар буола сылдьыбыта. Арай биирдэ, Баґылыгы солбуйааччы киґи (хамыыґыйа бэрэссэдээтэлэ) «Соломовы іґµргэппиккин, іріспµµбµлµкэ араадьыйатыгар «µрдµк сололоох» диэбиккин, «аттестациятыгар» илии баттаабаппын» диэн баран, тиэрэ хайыґан кэбистэ. Баґылык кэбиниэтиттэн µµрµллэн кэриэтэ тахсан иґэн, саатар «суруналыыстар» Сойуустаругар киирбэтэх эбиппин, кімµскэґэр киґим суох буолсу диэн, сарсыныгар Сойууска киирэргэ сайабылыанньа биэрбитим. Аттестация±а илии баттаабатах баґылыгы солбуйааччы киґи НВК-ларга «ууратыІ» диэн сурук ыыппыт этэ. Ону, Саха араадьыйатын дириэктэрэ Тарас Лукич Тарасовка быґааран кэпсээбиппэр (баар чахчылары кырдьыгынан малтаччы кэпсиирбин дьаґалта±а сібµлээбэттэрин), дириэктэрим барахсан µтµі киґи Тараас Луукус миигин ійдіібµтэ, іссі, ол тойонум истэригэр (улахан МиитиІІэ) миигин хай±аан тыл эппитэ, НВК оччотоо±у салайааччытыгар Ноевка быґаарбыт этэ. Кэнники, атын баґылыктар хатылаан уураттара сатаабыттарыгар да, Тараас Луукус кімµскэґэн-араІаччылаан испитэ – ілµіхпэр диэри махтана сылдьыа±ым, µтµі салайааччы Тарас Тарасов аатыгар.

Суруналыыстыка±а сыґыаммын «АС» санатыстахха, 1962 сыллаахха «Эдэр коммунист» хаґыакка бастакы иґитиннэриим бэчээттэниэ±иттэн, хаґыаттарга, араадьыйа±а, уопсастыбаннай кэрэспэндьиэн», хамнастаах µлэґит да быґыытынан наар кырдьыгы туруулаґан (суобаґым, ійµм-санаам этэринэн) кэллим. Хаґан да «тойотторго бэрт буолан кістіірµ» суруйбата±ым-кэпсээбэтэ±им.

Биир идэлээхтэрим, суруналыыстар тустарынан куґа±аны этиэхпин ба±арбаппын эрээри, кырдьыгы баарынан ситэри эппэт биир идэлээхтэрбин – ити дьиІнээх суруналыыстар буолбатах, «кірµнньµк суруксуттар» дии саныыбын.

Таарыччы куолулаатахха, µіґэ ахтыбыт Виталий Обедин, Владимир Степанов, Уххан, Туйаара Нутчина, Елена Тихонова уо.д.а. курдук суруйууларын сэргээн аа±абын, кырдьыгы харса суох туруулаґалларын хай±ыыбын. Хомойуох иґин, µлэлии сылдьыбыт НВК-ам суруналыыстарыттан харса суохтары кыайан булан кірбітµм – ким эрэ ал±ас хомоппут буоллахпына бырастыы гыныІ. Итинник.

Аны, «Сойуустар» туґунан іссі кэпсэттэххэ…

Бэйэтин эрэ кэпсэнэ сатыыр адьарай дуу диэмэІ.

1990 сыллаахха Борокуоппай Чуукаар, Уйбаан Уххан, бокуонньук до±орбут Ньукулай Чуор кі±µлээґиннэринэн «Саха сирин литератора» диэн ассоциация тэриллибитэ.

Ити ассоциация аатыттан Сэмэн Уруукап илии баттааґыннаах «Писатель Якутии» диэн тµіскэ анньынар бэлиэлээхпин. Бэйэбин «иэппэттэр когорталарыгар» аа±ынабын – суруйааччы Сойууґун чилиэнэ буолбатах аата.

«Суруйааччылар Сойуустара» диэн биґиэхэ, Сэбиэскэй Сойууска улуу Максим Горькайынан тірµттэммит былаас идеологтарын» тэрээґинэ этэ. Аан дойдуга, атын сиргэ итинник Сойуустар суохтар.

Сойуус чилиэнэ буолбатах эрээри, то±о «поэппын» дэнэрбин быґаардахха, ити айыл±аттан бэриллэр эбэтэр бэриллибэт. Миэхэ «бэриллибит быґыылаах» диир тірµ³ттэрим диэн, «Кыайыы 50 сылыгар» ыытыллыбыт инбэлииттэр іріспµµбµлµкэтээ±и Литературнай куонкурустарыгар 43 киґиттэн, улахан, биллэр поэттар Михаил Тимофеев, Иван Горнай тэІинэн I истиэпэннээх дипломунан бэлиэтэммитим (жюри бэрэссэдээтэлэ биллэр поэт Сиэн Кынат этэ). Јссі, саха биир ытыгыланар киґитэ – білµґµігэ, бокуонньук Борис Николаевич Попов Саха араадьыйатыгар Санаайалыын кэпсэтиитигэр миигин (Макаар Мыланы) поэт уонна суруналыыс быґыытынан билинэрин-сыаналыырын иґитиннэрбитэ. Оттон, Сойуус чилиэнэ буолбатах поэттар Уйбаан Алексеевич (аІаардас «Мин Сахабын» хоґоонун да ійдіі), Уйбаан Ухханы да санатыстахха, былааска хаптаІнаабат дьоннору «Сойууска» чугаґаппаттарын ійдµіххэ сіп.

Чэ, бэйэбин кэпсэнэн тахсыбыппын, ытыктабыллаах «АС» аа±ааччыта сµіргµлµµ санаама -  соро±ор кы´ыйбытыІ-абарбытыІ таска тахсара уоскутар, санаа±ын-оноо±ун чэпчэтэр.

Тµмµктµµр курдук, хас биирдиибит оло±о-дьаґа±а, µірµµтэ-кутур±ана, ситиґиитэ-хотторуута тµмµллэн, бу Орто Дойдуга баар сµµґµнэн омуктарга Саха диэн омук баарбытын кэрэґэлиир. Бука бары, хас биирдиибит чопчу – бу саха омук буолабыт.

Макаар МЫЛА, Бµлµµ к.

 
Макаар Мыла: Туох-ханнык дойдуга олоробутуй?
Поделиться…
28 Февраль, 2014 в 2:52
1.Мыла.Туох ханнык дойдуга    

Ааспыт сыл ахсынньытыгар 20 сыла бэлиэтэммит Тірµт Сокуоннаах (Конституциялаах) Арассыыйа Федерациятыгар дуо?

Буолуо эрээри, кµннээ±и олохпутугар ити тірµт Сокуоммут µгµс балаґыанньалара кіннірµ тыл дуораана, хаґан да туолбат кірµнньµк ба±а санаа курдук ис хоґоонноохтор.

А±ыйа±ы холобурдаатахха:


- Iыстатыйа±а сурулларынан «Российская Федерация – Россия есть демократическое федеративное правовое государство с республиканской формой правления» — диэн µчµгэй ба±айытык иґиллэр эрээри, бука биир да киґи «суут-сокуон баґылаабыт судаарыстыбатыгар олоробут» диэ суо±а. Суут-сокуон киґититтэн кірін дьайарын, аІаардас Ньурба мээрэ Баґылайапка «тэриллибит» дьыалатыттан да кірµіххэ сіп… Дьэ, хайа µрдµкµ Суут 2-лии-3-тµµ ыйынан бэйэтин быґаарыытын уларыта сылдьыахтаа±ый? Маннык Сууту итэ±эйиэххэ сіп дуо? Оттон Арассыыйа таґымыгар «Оборонсервистартан» са±алаан бара туруохха сіп. Ол аата, дойдубутугар тутулуга суох суут да, силиэстийэ-борокуратуура да суохтар. МуІур былаастаах Путин эттэ±инэ, ханнык ба±арар быґаарыыны ылыныахтара.

3-с ыстатыйа 3 пуунугар «Высшим непосредственным выражением власти народа являются референдум и свободные выборы» диэн µчµгэй ба±айытык суруллубут. Дьэ, ити «ыйытыгы» (референдуму) ханна, хаґан ыыппыттарын истэ±итий? Сыччах, Сойуус ыґыллыан иннинэ а±ай ыытыллыбыт РеферендумІа «за обновленный Союз» диэн куоластаабыппытын, «за обновленный» ол аата дуогабарга илии батааґыннаах Конфедерация (академик Сахаров ба±а санаата) иґин, Сэбиэскэй Сойууґу ыспат туґугар эрэ куоластаабыт курдук кірдірі сатыыллар – ол ааспыт Референдум Сэбиэскэй Сойууґу буолбакка, саІардыллыбыт, демократия бириинсиптэринэн дуогабардаґан, тэІ бырааптаах іріспµµбµлµкэлэр Сойуустарын (Конфедерация) иґин этэ. Ону, оччолорго баґылаан олорор муІур паартыйабыт – ССКП чімчікілірі хайдах да сібµлэґэр санаалара суо±а, ол да иґин ГКЧП тэринэн, аата суох алдьархайы а±ала сыспыттара, ону, хата, дьолго диэххэ дуу, киин куораппыт Москуба сэргэх дьоно-сэргэтэ ірі туран, ҐрµІ дьиэ тула тµмсэн, тохтоппуттара – арыый да эрэл сахпыттара. Ол эрэн, ити хотторбут ГКЧП-тэр диэки санаалаахтар кµн бµгµн да киин тэлэбиидэнньэ биэриилэригэр бычыахтыыллар, импиэрийэ иитиэхтээбит уодаґыннаах санааларын быктараллар, сорох соро±ор олох аґа±астык да этинэллэр – дьон-сэргэ µгµс араІата, кµннээ±и олох тµбµктэриттэн, бараммат-быстыбат кыґал±аларыттан ордон бэлиитикэни билэ сатаабатынан туґанан.

Онон, ірµµ да «АС» аа±ааччытыгар мэлииппэ курдук биири хатылыыбын: бука диэн, ээл-дээл буолумаІ, уопсастыба оло±ор, бэлиитикэ±э-быыбардарга кіхтііх буолуІ. Оччо±уна эрэ, хас биирдиибит кытынна±ына эрэ, туох эрэ хамсааґыннар, олохпутугар µтµі уларыйыылар кэлиэхтэрэ. Мунньахтан-міккµіртэн туора хаама сылдьааччылар о±олоргут-сиэннэргит, омукпут кэскилин санаан, уопсастыба оло±ор кіхтііхтµк кыттыґаргыт сіп этэ. Хайа муІун, а±ыйах ахсааннаах саха омук – биґиги бµтэй-дьµлэй, тугу да билбэт-кірбіт «кіні дьон» аатыра сылдьыахтаахпытый? «Бэйэ бодобутун тардынан, µрµІµ-хараны арааран, мік굴эри кытта мік굴эн иґиэхтээхпит» дии саныыбын.

Бу µлµгэрдээх тымныы, тыйыс дойдуга оло±у сириэдиппит ібµгэ дьоннорбутуттан холобур ылыахтаахпыт. Ол дьоннорго ким да бэлэм бала±ан-хотон тосхойбото±ун µрдµнэн, хайдахтаах курдук элбэх сµіґµнµ-сылгыны кµрµілээн аныгы сахаларга хаалларбыттарай? Суох! Саха бµтэй-дьµлэй буолбата±а, хамначчыт да буолан тіріібіті±і. КіІµл тыыннаах, кµµстээх санаалаах урааІхайдар удьуордара этибит буолбаат? УрааІхайдар харса суохтар туохтан да, кимтэн да толлон-тохтоон хаалбат дьор±оот дьоннор этилэрин, µґµйээннэр кэпсииллэр. Ол аата, билигин да биґиги, а±ыйах ахсааннаах саха омук, ол урукку улуу Тµµрдэртэн тардыылаах урааІхайдар удьуордара-сыдьааннара буоларбытын билиниэх, уонна, хас биирдиибит ээл-дээл, кулуттуу ійтін-санааттан быыґаныах кэриІнээхпит. Оннук.

Сі-іп. Суруйуум тібітµн «АС» аа±ааччытыгар быґаарар курдук кэпсээтэххэ…

Ааспыт µйэ 80-с сылларын бµтµµтэ, 90-с сыллар саІаларыгар моІкуруут барбыт ССРС экономикатын ірі тардыыга іркін ³йд³³хт³р эІинэ бэйэлээх суоллары талларар Бырагыраама бі±ітµн айбыттара, бэчээккэ дьµµллэґиилэри тэрийбиттэрэ. Олортон, биир киэІ кэпсэтиини тардыбыт «500 дней» диэн кылгатан ааттыыр барылларын, оччолорго олох эдэр, талааннаах экономист Григорий Явлинскай суруйбута. Кіннірµ киґи ійдµµрбµнэн аатырбыт акадьыамыктар лабысхаларыттан ураты, кимиэхэ да майгыннаабат сонун кірµµлэрдээх Барыл быґыылаа±а. Сорох тµгэннэрэ киґи итэ±эйэригэр ыарахана. Јскіті оччотоо±у Дойдубут салалтата бу Явлинскай туґаайыытын ылыммыта буоллар, туох ситиґиллиэ эбитин этэргэ уустук – «µчµгэй» да, «куґа±ан» да диирбит кэрэгэй.

Дьэ, ити Явлинскай «Яблоко» диэн политпаартыйаны тірµттээбитэ, билигин да Сергей Митрохин салайааччылаах «Яблоко» паартыйа ійііччµлэрдээх, Арассыыйа бэлиитикэтигэр биллэр-кістір суоллаах-иистээх.

Ґµммµт 2014 сыл тохсунньутугар Волгоград куоракка буолбут террористар дэлби тэптэриилэрин кэнниттэн Григорий Явлинскай «Свобода» араадьыйа±а биэрбит интервьютун «Туймаада-дайджест» (тохсунньу 16 кµнэ, 168 №-гэ) «У нас все имитируется» диэн тібінін бэчээттээбитэ. Ити интервьюттан быґа тардыылары санатыґыам этэ:

- «… У нас все имитируется, имитируются выборы, имитируются парламенты. Так вот, так же точно имитируется и безопасность, борьба с терроризмом. Только терроризм – это настоящее явление, там нет имитации. Когда вы пытаетесь с помощью имитации, разговоров, обманов, беспрестанной лжи противостоять терроризму, вы получаете страшные результаты.

- … Если система построена на лжи, нелегитимности, беззаконии, она не может работать в современных условиях так, чтобы обеспечить всем безопасность.

- … А что делать? Делать следующее: невозможно в этих условиях находиться вне политики, вне всяких партий, вне всего. Если вас действительно это волнует, проанализируйте последние 20 лет, определите свои политические взгляды, и поймите, что 3-4-5 лет придется объединяться, бороться, участвовать во всяких выборах. Но даже до всяких выборов, если будет массовая поддержка политическая, если будет политический вектор, если будет определенное направление, то и выборы будут гораздо раньше».

Кірбµккµт курдук, биллиилээх бэлиитик эмиэ бука барыбытын бэлиитикэ±э, быыбардарга кіхтііх буоларбытыгар ыІырар-ба±арар. Дойдубут дьиІ «правовой», суут-сокуон хара±ынан эрэ олорор сайдыылаах демократиялаах судаарыстыба буоларыгар хас биирдиибит уопсастыба оло±ор кіхтііх кыттыыбытын ирдиир.

Оттон ити Явлинскай этэр «имитацията» кµннээ±и олохпут быстыспат сор±ото буоларын бары да кірі-билэ сылдьабыт.

Чэ, холобур, уонча сыллаа±ыта са±аламмыт Бырабыыталыстыба нэґилиэнньэ±э отчуоттарын да ылыахха…

Бастаан утаа, нэґилиэктэргэ дьон-сэргэ отчуоттарга кіхтііхтµк кэлэрэ, ыйытыы-этинии да добуччу буолара. Онтон сылтаан сыл биир халыыбынан хатыланар отчуоттары сэІээрээччи биллэ а±ыйаата (суруналыыс быґыытынан элбэх отчуоту кірбµппµн-истибиппин этэбин). Буолумуна да±аны, аныгы интернет технологиялар, сибээс сайдыбыт кэмигэр эІинэ бэйэлээх видеокэмпириэнсийэлэр, сµбэ мунньахтар Дьокуускайтан са±алаан бара тураллар. Бэчээт да (хойутуур хаґыаттар) сырдата сатыыр. Ол µрдµнэн, киэІ нэлэмэн Сахабыт сирин бары улуустарынан, µтµмэн µбµ ороскуоттаан нэґилиэктэри кэрийэр Бырабыыталыстыба отчуоттара тіґі наадалаа±ый? Били, сэбиэскэй са±анаа±ы «Партия и народ едины!» диэн тиэсиґи XXI µйэ сахатыгар µйэтитэ саныыр тіґі туґалаа±а буолла?..

Биллэн турар, улахан тойону кытта атах тэпсэн олорон сирэй кірсін кэпсэтэр µчµгэй эрээри, сыллата маннык «ороскуоттаах кірсµґµµлэри» тэрийэр тіґі туґалаа±ын ким эмит ырытан-µірэтэн кірірі дуу? Аны туран, µксµгэр саха дьоно тµілбэлээн олорор нэґилиэктэригэр, дэІ-дуІ да буоллар, сахалыы сатаан саІарбат «я – русский якут» дэнээччилэр тµбэґэллэр. Бу, нууччалыы иитиллэн хаалбыт (Сэбиэскэй импиэрийэ тулаайахтара) дьоннору буруйдаабаппын эрээри, «отчуоттары» тэрийээччилэр саатар тылбаасчыты аныахтаахтар этэ. Сµрэ бэрт, сирэйэ саха аата, саха дьонун кытта нууччалыы эрэ кэпсэтэ турара – аттыгар тылбаастыыр киґилээх буолла±ына, муІа да ини.

Јссі. Ити отчуоттарга Бырабыыталыстыба дьонун іттµлэриттэн нэґилиэнньэни налы гынан, популистыы хабааннаах этиилэр да ханна барыахтарай. Чэ, холобур, Бµлµµ куоратын олохтоохторугар отчуоту туруорбут Бэрэссэдээтэли солбуйааччы Павел Маринычев мустубут дьоннортон балыыґа комплексын кµµскэ туруорсубуттарыгар: «…что касается больничного комплекса, к сожалению, мы не можем построить сразу два объекта, а именно реабилитационный центр в Сосновке и больничный комплекс в г. Вилюйске. Как вы считаете, что в первую очередь необходимо сделать?» – диэн ыйытыытыгар мустубут дьон «Балыыґа комплексын» туґугар саІардылар. Онуоха, Маринычев: «Если вы так решили, давайте переориентируемся и будем строить в первую очередь больничный комплекс», — диэн ытыс тыаґынан биґирэммитэ кіннірµ, кураанах популистааґыІІа кубулуйбутар ханнык.

Таарыччы санаттахха, Ил Тµмэн быґаарыытынан инвест бµддьµіккэ биґиги улуустан µс объект – БітµІ оскуолата, Индом утуйар корпуґа уонна Бµлµµ куоратыгар Балыыґа комплексын са±алааґын киирбиттэрэ. Ону, Бырабыыталыстыба Балыыґа комплексын уонна Тааґа±ар оскуолатын µбµлээґинтэн соппутун дьокутааттарбыт бэрэссэдээтэли I-кы салайааччы Геннадий Вадюхины кытта кірсµґµµгэ сорунуулаахтык туруорсубуттара. Онон, кірсµґµµгэ эрэннэрбит Маринычев этиитэ туоларын, бµлµµлэр кыра±ытык кэтиэхпит – о±олору албынныыр курдук, популистыы эрэннэрии сатаммат.

Ити, кыракый да тµгэн, Явлинскай «имитация» диирэ оруннаа±ын туоґулуур: ханнык дойдуга іріспµµбµлµкэ парламена (Ил Тµмэн) ылыммыт быґаарыытын толоруохтаах былаас талбытынан уларыта сылдьыахтаа±ый – ханнык да сиэргэ баппат.

Дьэ, итинник олоробут.

Макар МЫЛА, Бµлµµ к.
Category: Выборы | Views: 1343 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 82
Ыалдьыттар (гостей): 82
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024