News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Кулун тутар » 10 » САХА СЫЛГЫТЫН ТОҔО САМНАРДЫГЫТ?
САХА СЫЛГЫТЫН ТОҔО САМНАРДЫГЫТ? | 10:02 |
САХА СЫЛГЫТЫН ТОҔО САМНАРДЫГЫТ?
Воскресенье, 09 Марта 2014 23:47 «Быйыл сахаларга үтүө сыл - дьөһөгөй сыла үүннэ», - дии-дии уруй-айхал тылларын этэллэрин элбэхтик да иһиттим. «Оттон гербэбитигэр баар сылгыбыт дьылҕата соччото суох ээ, доҕотторуом», - диэхпин баҕарабын да, ол миигин, кыра киһини, ким истиэй?.. Убаһа этэ киилэтэ куорат ырыынагар 500 солкуобай, оттон тыаҕа көҥүл атыыга 250-300 солкуобай эбит буоллаҕына, куурусса этэ ханна даҕаны халбаҥнаабат - 200 солкуобай кэриҥэ. Бээрэ, убаһа хас ый улаатарый? Оттон бройлер чоппууска? Аны убаһаҕын таҥара биэрдэҕинэ эрэ көрөҕүн. Чоппуусканы чопчу баччаны иитэн таһаарабыт диэн билэллэр эбээт, таҥараттан ыйыппаттар. Сыаната эппиэттэспэт ээ, сэгэрдэр. Биитэр сылгы этин ыаратыах, биитэр куурусса этин чэпчэтиэх баар эбит. Саха сылгыта даарым хаары хаһан аһыыр, көрүүтэ-истиитэ сүрдээх уустук. Күндү ааҕааччым, эн остуолуҥ маанылаах аһа - сылгы этэ хантан, хайдах кэлэрин билэҕин дуо? Кыһын саамай оройугар, 50-60 кыраадыска күн тахсыаҕыттан түүн үөһэ буолуор диэри сир-халлаан икки ардыгар сылдьан саха сылгыларын сирдээн булан аҕалан, көрөн-истэн, аһатан-сиэтэн, улахан тымныылары аһардыахха наада. Саас сылгыны көрөр өссө уустук, сылаалаах. Муустаах ууну атынан харбатан улахан ууттан сылгыны, сүөһүнү куоттарар саҕа ыарахан, кутталлаах үлэни тыа сиригэр көрбөтөҕүм. Кулун төрөөһүнэ түбүгэ элбэх. Таарыччы санатан эттэххэ, урукку сылгыһыттар биэни дьиэ тэлгэһэтигэр төрөппөттөр этэ. Өбүгэлэрбит дьөһөгөй оҕото орто дойдуга үктэниэҕиттэн сыһыыга сылдьар аналлааҕын билэн эрдэхтэрэ… Сылгы икки куурусса икки этин сыанатын мээнэҕэ тэҥнээбэтим. Дьэ, быйылгы бюджекка төбө ахсааныгар субсидия хайдах эбитий? Тэҥнээн көрүөҕүҥ: кууруссаҕа – 434,5 мөлүйүөн, саха сылгытыгар – 87,5 мөлүйүөн солкуобай бэриллибит. Маннык саха сылгытыгар ата5астабыллаах, ньүдьү-балай суоту ким оҥордо? Хайдах эрэ компетентнайа суох исписэлиистэр ылсыбыттар курдук көрөбүн. Сылгыһыт үйэтэ кылгас. Бу киһи туох баар доруобуйатын толук ууран туран, биһиги тыйыс тымныыбытын аахсыбакка, саха сылгытын иитиинэн дьарыктанар. Били этэргэ дылы, на голом энтузиазме за три копейки. Тоҕо сылгыһыт үлэтин (трудозатраты) аахпатылар? Мин биирдэ даҕаны ыанньыксыт дуу, табаһыт дуу, көрөр сүөһүтүттэн охтон дуу, соһуллан дуу өлбүтүн, калека буолбутун туһунан истибэтэҕим. Оттон сылгыһыт оһоллоноро, өлөрө-сүтэрэ сонун буолбатах. Сылгы да бэрт кэбирэх, ис-иһигэр киирдэххэ. Тоҕо сылгы страховкатын кэккэ сылгыһыт олоҕун страховкатын (саамай сыаналаах страховка көрүҥэ) киллэрбэтилэр? Манна диэн эттэххэ, сэбиэскэй былаас саҕаттан сылгыьыттарга болҕомто ууруллубат этэ. Сылгыһыт да, ат да биир өрөбүлэ суох үлэлииллэрэ – кыһынын сылгы көрүүтэ, саас – кулун төрөөһүнэ, ат хаамтарыыта уонна сүүрдүүтэ, сайын саҥатыгар – биэ ыаһына, сайын үтүөтүн билбэккэ от үлэтэ, оттон күһүн кыратык тыын ыла түһэн баран, бу дьоллоохтор эмиэ араас кыра-хара үлэҕэ умса түһээхтииллэрэ. Сылгыһыттар төһө да кулуну тыыннаах иитиигэ 80-90% ситистиннэр, хайдах да үлэлээтиннэр, ол үксүгэр аахсыллыбат буолара. Пятилетка аайы чиэскэ-бочуокка механизатордар, ыанньыксыттар, агрономнар тиксэллэрэ, сибиинньэ көрөөччүлэр, кырса-саһыл, кус-хаас иитээччилэр мэлдьи ытыс үрдүгэр сылдьыбыттара. Мин санаабар, элбэх сылгыһыт үлэтэ кэмигэр сыаналаммакка, санаата оонньоон арыгыһыт буолбут буолуохтаах. Онтон сылтаан төһөлөөх киһи кэмин иннинэ эрдэ өлөн-сүтэн бараммыта буолуой? Хаарыан саха сылгыһыттара… Баҕар искитигэр «Баҕайылар, хаарыан буоланнар, арыгыһыттар, албынчыктар», - диэххит. Чэ, сөп, оннук да буоллун. Ол эрээри хантан сылгыһыкка маннык бөрүкүтэ суох сыһыан үөскээбитий диэн төрдүн-төбөтүн түөрдэхпинэ, суруйааччылары буруйдуубун. Оскуола программатыгар үөрэтиллэр саха классическай литературатын ылан көрүөҕүҥ. Сылгыһыттар баара-суоҕа икки эрэ айымньыга көстөллөр, ону даҕаны иккиэн омсолоох геройдар. Күлүмнүүр «Манчаарытыгар» көстөр сылгыһыт куруук тойонугар бэрт буолар, Манчаарыны утуйа сыттаҕына өлөттөрө сатыыр. Суорун Омоллоон «Чүөчээскитигэр» Наһаар холкуос убаһатын уорар, Түүлээх Уллуҥахтыын бэйэлээх бэйэтин уолун өлөрөргө сананар. Оттон бу айымньыларынан хас көлүөнэ улаатта? Сылгыһыт уобараһа, дьэ, төһө бэрдий? Ама, бары оннуктар үһү дуо? Мантан да үөскээбэтэҕэ буолуо дуо сылгыһыты сэниир, абааһы көрөр, уорбалыыр өй-санаа? Кини идэтин кэрэтин, үтүөтүн толору арыйар ханнык улахан айымньы баарый? Биир бэйэм төрүт дьарыгы абааһы көрөр санааны саҕары (формирование негативного общественного мнения о коневодах) саха култууратын токурутуу курдук көрөбүн. Сылгыһыттар ити да буоллар билигин сэбиэскэй былаастарын наһаа үчүгэйдик ахталлар. Ол саҕана хамнас да баара, спецтаҥас, эмп-том, эбиэс төһө наадатынан кэмигэр хааччыллар этэ. Ол билигин суох. Мунньах аайы туруорсар туруорсуулара, баҕа санаалара үксүгэр болҕомтоҕо ылыллыбат, салгыҥҥа хаалар. Сылгыһыт статуһа билигин өссө намтаата, киһинэн да ааҕыллыбат буолла диэхпин баҕарабын. Оттон саха сылгытын дьылҕата эмиэ туһугар кытаанах буолбут ээ. Хайдах эрэ барыта бэйэ-бэйэтиттэн ситимнэһэн, куруук кэхтиигэ киэр илгэр, уостууга умса анньар дьыллар-кэмнэр ааспыттар. Аҕа дойду Улуу сэриитин ухханыгар, «Бары күүһү – фроҥҥа» диэн девизтээх тыйыс кэмнэргэ хас саха сылгыта дойдутуттан тэлэһийбитэ буолуой? Онно да үгүстэрэ өлөн-сүтэн бараннахтара. Бу маҥнайгы улахан охсуу буолуохтаах. Ол да буоллар Айыы Таҥара саха сылгытыгар сүүрбэччэ сылы биэрбитэ. Элбээбиттэрэ. 60-70-ус сылларга дьиҥнээх саха сылгыларын, бастыҥтан бастыҥнарын талан ылан атын регионнарга илдьэ барар буола сылдьыбыттара. Бу бэртээхэй эксперимент этэҥҥэ ааһан, биһиги сылгыларбытын Союз, кэлин Россия араас уобаластара билиҥҥээҥҥэ дылы хамаҕатык атыылаһаллар, бэйэлэрин дойдуларыгар иитэллэр, элбэтэллэр. Биһиги сылгыбыт хайа баҕарар усулуобуйаҕа, климакка кэбэҕэстик үөрэнэрин, атыыр үөрүн хайдах курдук көмүскүүрүн, үчүгэйдик тутарын бэлиэтээбиттэр. Бэл диэтэр, Свердловскай уобаласка саха атыыра эһэни кытта охсуһан кыайбытын туһунан олохтоох хаһыакка ыстатыйа тахсыбыттаах. Эмиэ ити сыллар диэкиттэн бэйэбит республикабытыгар саха сылгытын «тупсарар» туһунан алдьархайдаах дьаһаллар ылыллыбыттара. Сыаллара-соруктара - боруоданы тупсарыы, сиэнчэрдэри үксэтии. Саха соноҕосторун маассабайдык аттаталыы сылдьыбыттара баар суол. Соҕурууттан үрдүк уҥуохтаах кыраһыабай атыырдары аҕалбыттара. Били кинилэртэн төрүөх ылан, кыра-хара, мөкү саха сылгытын көрүҥүн тупсараары… Оттон ол тугунан туолуйбутай? Дьоҕус эрээри киэҥ көҕүстээх, хадаар майгылаах, адьырҕалыын күөн көрсөр муҥура суох бөҕө куттаах саха атыыра суох буолар, симэлийэр аакка барбыта… 70-ус сылларга үрдүк уҥуохтаах, төрөлкөй аныгы саха атыырдара бөрө кэллэҕинэ биэлэрин кэннигэр саһар буолбуттарыттан сылгыһыттар кэлэйэн, кыһыйан, кырдьаҕас саха атыырдарын үүрэн аҕалан, кыйдаталлара. Оннук холобуру сир-сир аайы элбэҕи аҕалыахха сөп. Ол да буоллар 20-30 сыл иһигэр саха биэлэрэ хааннара күүстээх буолан, бу да сиэнчэрдэр кэм сыыйа сахатыйан испиттэрэ. Мин оҕо эрдэхпинэ, хам-түм сопхуос атыырдарын көрөр этим. Уһун да уһун, хойуу да хойуу сиэллээх-кутуруктаах, эттэрэ-сииннэрэ бүтүннүү чэрдийбит баастаах, лаһыгыраспыт саха атыырдара сиргэнэ-сиргэнэ, бэрт тиэтэлинэн үөрдэрин үүрэн иһэр буолаллара. Туттардыын-хаптардыын, көрөрдүүн-истэрдиин билиҥҥи ынах курдук аа-дьуо хаамар, атыыра-тыһыта биллибэт «атыырдартан» чыҥха атыннара. Ол кэнники көлүөнэ саха сылгыларын 90-ус сылларга ый-күн ыһыаҕа оҥорбуппут... Төһө да паайга олохтоох дьоҥҥо барытыгар тэҥинэн үллэрбиттэрин иһин, үөрдэр үрүө-тараа ыһыллыбыттара, баай-дуол үллэстэр ухханыгар сопхуос сылгыта баһыйар үксэ күдэҥҥэ көппүтэ… Сыспай сиэллээх ахсаана оччолорго лаппа аҕыйаабыта мэлдьэх буолбатах. Билигин сылгы ахсаана син сыыйа эбиллэр курдук да буоллар, аны атын кыһалҕа тирээтэ. Сылгыһыттар кырыйдылар, эдэрдэр сылгы иитиитин сэҥээрбэттэр. Саха уолаттара үөрдэрин миҥэ атынан буолбакка, барбах бураанынан баран көрөллөр-истэллэр. Үөр сылгы дэриэбинэ иһигэр-таһыгар кыстыыр муодата үөскээтэ, ол түмүгэр киһиэхэ-сүөһүгэ, техникаҕа уонна кылаабынайа бэйдиэ сылдьар ыттарга үөрэнэн хаалла. Дьөһөгөйбүт оҕото айылҕа биэрбит тыынын, кутун-сүрүн, нууччалыы эттэххэ, инстииннэрин, дууҕун сүтэрдэ. Саха атыыра ааттаах, саатар бөрөлөртөн үөрүн сатаан көмүскээбэт буолаахтаата... Оттон урукку кэмнэргэ биһиэхэ даҕаны оннооҕор тыатааҕыны кыайар атыырдар син баар эбиттэр. Били Свердловскай уобаласка алҕас тиийбит ыраас хааннаах саха атыыра даҕаны ону чаҕылхайдык туоһулуур. Мин дойдубар 20-ис үйэ саҥатыгар баар буола сылдьыбыт, кутуругар иилистибит хардаҥ эһэни тоҕута тэбиэлээн өлөрбүт атыыр сылгы туһунан сылгыһыттар бэйэлэрин истэригэр үһүйээн курдук кэпсэтэллэр. Оттон билигин чугас эргин муҥ саатар бөрөнү кыайар атыыр баара иһиллибэт. Туох да диэбит иннигэр, саха сылгыта да, сылгыһыта да аа-дьуо кэхтэн, эстэн эрэллэр. «Хайдах гынан өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын сөргүтэбит?», - диэн ыйытыы миигин эрэ үүйэ-хаайа туппат буолуохтаах диэн испэр сэмээр эрэнэбин. Тоҕо сатамматый эдэр уолаттары хайдах эрэ көҕүлээн, санааларын табан, сылгыга сыһыарар? Саха сылгытын иитиитин ымпыгын-чымпыгын уопуттаах, талааннаах, дириҥ билиилээх сылгыһыттарга уһун кэмҥэ аттыларыгар сырытыннаран, үөрэттэрэр? Улахан үчүгэй сирдэри, сылгыны үөрү-үөрүнэн биэрэр? Үлэлээтиннэр, сылгыга сыһынныннар ханнык диэн усулуобуйа тэрийэр, грант олохтуур? Манна дьыала харчытыгар эрэ буолбатах. Одоҥ-додоҥ онно-манна бааза тутар туох да улахан көдьүүһү биэрбэт. Аҥардас ычыах-бычыах субсидиянан (онно даҕаны тиксээччитэ тиксэр) буолбакка, бу салаа кэлимник сайдарын, чөлүгэр түһэрин курдук киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох бырайыактары олоххо киллэриэхпитин сөп эбээт. Кыһалыннахпытына. Сыта-тура толкуйдаан көрдөхпүнэ, саха сылгытын туһугар үчүгэй аҕай санаалаах, сытыы өйдөөх, ылыннарыылаах тыллаах салайааччы көстүбэтэх. Үс президент олорбутун тухары төрүт сылгыбытын көмүскүүр, харыстыыр-хаххалыыр ис хоһоонноох биир да күттүөннээх программа, көдьүүстээх дьаһал ылыллыбатах. Уларыйа сылдьар миниистэрдэрбит да көрбөт харах, истибэт кулгаах буола «олороохтоотохторо». Саха сылгытын үбүн быһа олорор бэрт дьон, бройлер кууруссаны бренд оҥоруохтара буоллаҕа, Аан дойдуну кэрийэ сылдьан «якутская курица» дии-дии, кууруссаларын «диетическай» этин, «минераллаах» сымыытын рекламалыахтара турдаҕа… Тойотторбут арай саха сылгытыгар хаҕыс сыһыаннара хаһан да уларыйыа суоҕуттан хараастаҕын, дьиксинэҕин. Хайыам баарай мин ону, кыра киһи?.. «Быйыл сахаларга үчүгэй сыл үүннэ», - дэһэ-дэһэ Дьөһөгөй сылынан эҕэрдэлэһэллэрин, уруй-айхал тылларын этэллэрин өссө да элбэхтик истиэҕим… *** Сандаара СУКСУЛЛА.
Источник: aartyk.ru
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1472 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 79 Ыалдьыттар (гостей): 79 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|