News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Кулун тутар » 28 » Сылы быһа кырдьыкпын таһаарына сатаатым да... Бу – көстөн турар провокация, ол сиэртибэтинэн мин буоллум.
Сылы быһа кырдьыкпын таһаарына сатаатым да... Бу – көстөн турар провокация, ол сиэртибэтинэн мин буоллум. | 12:31 |
Чахчыттан чаҕыйбакка
Кыайтарбатах кырдьык
Кулун тутар 25 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Суутугар Ньурба куорат баһылыга Гаврил ВАСИЛЬЕВ айдааннаах дьыалатын хаттаан көрүү саҕаланна.
Айдааннаах диирбитигэр тиийэбит – сылы быһа сыһан-соһон, сууттан суукка хатайдаатылар. Ол быыһыгар дьон итэҕэлин ылан талыллыбыт Ньурба куорат баһылыга алта ыйы мэлдьи күлүүс хаайыытыгар сытан тахсар.
«Ньурба мээрин дьыалатын» туһунан туораттан быстах-остох суруйбут эбит буоллахпына, бу сырыыга суукка баһыттан атаҕар диэри сылдьан, иһиттэн көрдүм-иһиттим. Үс күнү мэлдьи Үрдүкү Суут дьиэтигэр олорбут киһи быһыытынан, бу туһунан арыый эттээхтик суруйарга сананным.
Туоһулары туоратыы
Кулун тутар 26 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Суутугар Гаврил Васильев адвокаттарын апелляционнай үҥсүүлэринэн дьыаланы хаттаан көрүү саҕаламмыта.
Санатар буоллахха, Ньурба оройуонун суута Гаврил Васильевка сэттэ аҥаар сыл усулуобунай болдьоҕу биэрбитэ. Ону таһынан үс сыл судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспаҕа үлэлиирин боппуттара, 6 мөлүйүөн 720 тыһыынча солкуобай суумалаах ыстараабы төлүүргэ уурбуттара. Кинини кытта сууттаммыт Александр ИВАНОВКА биир сылы усулуобунайдык биэрбиттэрэ, икки мөлүйүөн кэриҥэ харчыны төлүүргэ уураахтаабыттара.
Ньурбалар бириигэбэрдэрэ өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Суутунан олох да дириҥэтиллибитэ, Гаврил Васильевы суут саалатыттан тутан холуонньаҕа утаарбыттара. Били усулуобунай болдьох дьиҥнээх күлүүс хаайыытынан солбуллубута.
Туохтан да соһуйбат, ыартан да ымыттыбат ыгым үйэҕэ олорор буолан дуу, ити үөһэ этиллибит тыллар кэтэхтэригэр баары ырыҥалыы сатаабаппыт. Гаврил Дмитриевич хара маҥнайгыттан буруйа суохпун диирэ, диир даҕаны, диэ даҕаны. Буруйа суох былааска үлэлиир киһини, ыал аҕатын сыл аҥаара хаайан сытыаран баран, хат үҥсүү кэнниттэн хаайыыттан бу соторутааҕыта таһаарбыттара. Көмүскээччилэрэ салгыы үҥсэн, Үрдүкү Суукка дьыаланы хат көрөллөр. Суут састааба – судьуйалар Алексей ПИНИГИН, Анджела СТРЕКАЛОВСКАЯ уонна Руслан ИВАНОВ.
Васильев көмүскээччилэрэ дьыалаҕа саҥа туоһулары – Александр ОБОЕВЫ уонна киниттэн интервью ылбыт «Вести Якутии» хаһыат корреспондена Айталина НИКИФОРОВАНЫ истиэххэ диэн хадатаайыстыба киллэрбиттэрин, борокуруор Наталья ПОТАПОВА Обоев розыскаҕа сылдьар, правовой статуһа биллибэт диэн утарар. Суут бэрэссэдээтэлэ Руслан Иванов ону кытары сөбүлэһэн, уонна хаһыат ыстатыйата вещественнэй дакаастабыл буолбат диэн, саҥа туоһулары истэртэн аккаастанар.
Дьиҥинэн, ити Обоев харчы дьыалатыгар ситимниир оруоллаах персонаж этэ. Персонаж диир оруннаах. Дьыала хайдах эрэ сатамматах фарсы санатар. Кырдьык уонна сымыйа хайдах курдук хатайданан, дьүһүн кубулуйалларын суут саалатыгар көрдөрөр.
Обоевы ирдэбилгэ сылдьар диэн туоһу гымматылар, оттон сокуон быһыытынан, оннооҕор хаайыыга сытар киһи туоһу буолуон сөптөөх курдук этэ. Ол сүппүт дэммит туоһулуун атах тэпсэн олорон кэпсэппит суруналыыһы эмиэ туоһу оҥорботулар, оттон ол иннигэр оннооҕор интернет форумугар хоп-сип сылтах, дакаастабыл кэриэтэ буолан ылбыта. Бу сырыыга хата ону ахтыбатылар. Ити курдук сокуоммут хайа баҕарар өттүгэр ханалыйар, ким баҕарар өттүгэр иэҕиллэр.
Буруйдаах ини саха тыла
Бу да сырыыга Гаврил Дмитриевич харчыны харахтаан көрбөтөҕүм, хармааҥҥа уктар санаа да суоҕа диэн урут хас сүүстэ эппитин этэр. Оттон иккис сүрүн персонаж – Александр Иванов – төттөрүтүн, харчыга ыктара сылдьар буолан, Васильев билбэтинэн туһанан, ыларга санаммытым диэн билинэр. Харчы биэрэ сатаабыт киһибит – Василий ТИМОФЕЕВ – эмсэҕэлээччи аатырар.
Ньурба быраабы харыстыыр уорганнара ити дьыаланы көбүтэллэригэр сүрүн дакаастабыллара – бу ааттаммыт дьон бэйэ бэйэлэрин кытары төлөпүөнүнэн кэпсэтиилэрэ. Аны туран, кэпсэтии, биллэн турар, сахалыы, ону нууччалыыга тылбааһа саатар туруору буолбатах – көҥүл тылбаас. Кэлин, Васильев көмүскээччитэ Алексей СОЛОВЬЕВ эппитинии, силиэдэбэтэл төлөпүөнүнэн кэпсэтии стенограмматын бэйэтэ, бэйэлэригэр туһалаах буоларын курдук, көҥүл тылбаастаан баран, тылбаасчыкка илии эрэ баттаппытын курдук саныахха син.
Бу дьыаланы бутуйааччы эҥин эгэлгэ эттиэнэктээх сахабыт тыла буолан тахсар. Буруй буолан баран төрүөттээх, юристар этэллэринии, матыыптаах буолуохтаах. Харчы биэрэ сатыыллар, биирдэстэрэ ылбат. Ону ылбыт курдук оҥороллор. Ылаары гыммытым диир киһи баарын үрдүнэн, ыла да сорумматаҕы сүрүн буруйдаах оҥороллор.
Ньурбатааҕы «беспредел» дуораана
Сыл аҥаарын устата бу дьыала төрдүн-төрүөтүн ыастыйалыы сатааччы үгүс этэ. Суут иккис күнүгэр Гаврил Васильев, мин бу олорон өйдөөтөхпүнэ, Тимофеев матыыптаах эбит, кини аймаҕын үлэтиттэн уураппытым ээ диэн аһарбытын манна кыбытыахха наада.
Аны туран, иккис фигурант Иванов адвоката Семен РОМАНОВ, көмүскүүр киһитэ буруйу дьиҥнээҕинэн оҥорботоҕун санатар. Кирэдииккэ киирэн иэскэ ыйаммыт Иванов Тимофеев Васильевка харчы биэрэ сатыырын билэн, ол харчыны тиэрдээччи аатыран баран, бэйэтигэр ылаары гыммыт. ГЫММЫТ эрэ. Оперативниктарга харчыны ууран биэрбит. Ол аата – буруйу оҥорорго холонуу эрэ баар.
Ньурбалар муспут «дакаастабыллара» оруна суоҕун көмүскээччилэр өссө уонна өссө төгүл ымпыктаатылар, ыраас мууска ууран биэрдилэр. Арай борокуруор ону ылыммат, Васильев буруйа өссө ыарын туһунан этитэлиир.
Суут маҥнайгы күнүгэр төлөпүөнүнэн кэпсэтиилэри уоран устубуттарын истэн таҕыстыбыт. Уоран диир оруннаах, прослушка ыытарга суут көҥүлэ баара биллибэт.
Кэпсэтэллэригэр бэрик, харчы диэн көнөтүнэн этии суох. Ол да иһин көмүскээччилэр Ньурба суута таайан көрүүгэ олоҕуран бириигэбэри таһаарбыт дииллэр. Онно эбиитин көмүскээччи Соловьев Ньурба быраабы харыстыыр уорганнарыгар БЕСПРЕДЕЛ баарын суут иннигэр аһаҕастык этэр. Наар Васильев буруйдааҕын «саралыыр» чахчылары тиһэ сатаабыттар. Иванов мин ылбытым диирин истэр аат диэн суох. Оччотугар кини этэрэ сымыйатын арыйар утары чахчылары булуохтаах этилэр.
«Биһиги былааммытыгар эн суох этиҥ»
Суут иккис күнүгэр СМС-тары ырытыһыы буолар. Онно да эрдэ сүбэлэһии, харчыны ылсар-биэрсэр туһунан этиллибэт. Александр Иванов мин харчы биэрэргэ туох да посредник буолбатаҕым, бэйэм туһабар ылбытым, силиэдэбэтэл эн хантан күөрэйэн хааллыҥ, биһиги былааммытыгар эн суох этиҥ диэбитэ диир. Аны туран, ити Ивановы мээр хоһугар киллэрэллэр, харчыны мээр остуолугар уурдараллар, өссө понятойдары уларыталлар, онтулара да ылбат-биэрбэт тыллаахтар, биирдэстэрэ олох да сылайан дьиэлээн хаалбыт эҥин.
Хайдах эрэ киһи дьиксинэр – компетентнайа суох уорганнар кими баҕарар саҕатыттан ылан түүнүктээх түрмэҕэ быраҕыахтарын син. Өссө мээр диэн мээнэ киһи буолбатах, иннигэр-кэннигэр биир баартыйалаах дьоннордоох буолан истэ-билэ олордохпут. Биитэр кини “сөбө суох” баартыйаттан дуоһунаска тиксэн хаалан итинник эрилиннэ дуу?
Мээр адвоката Василий КОПЫЛОВ төлөпүөнүнэн кэпсэтии стенограмматын сорҕото монтажтаммыт да буолуон сөп диэн уорбалыыр. Дьыала соруйан тиһиллибит диэн тоһоҕолуур. Тимофеев этиилэрэ бутуурдаах – биирдэ биири, атын сырыыга атыннык этэр диир.
Ол Василий Тимофеев бэрэстэбиитэлэ Юрий ЛАРИОНОВ прениеҕэ уһуну-киэҥи эппэтэ. Мин киһим этэрин итэҕэйиэххэ сөп, оттон тылбаас дьыалаҕа оруолу оонньообот диэтэҕэ үһү. Тимофеев эмсэҕэлээччи, үҥсээччи буоллаҕа. Ол эрэн бу киһибит матыыптаах, сүрүн буруйданааччы – матыыба суох. Харчыга кыпчыйтара сылдьыбыт Иванов син өссө матыыптаах курдук. Арба дьон тылын кыбытыахха. Кууһунан уордахха тутуллубаккын, кыралаан кып гыннахха кыпчыттараҕын диэччилэр бааллар. Билиҥҥи үйэҕэ үрдүк дуоһунастаах дьон ыла сорунан баран элбэҕи – кырата мөлүйүөнү ылаллар. Ол икки сүүсчэкэ тыһыынчаны ылабын диэн уон түөрт мөлүйүөн төлүүрдээх хаалар тойон суох ини. Ити куолулаабычча эттэҕим буоллун.
Иккис күнүгэр борокуруор буруйу ыарынан ааҕар, бириигэбэри оннунан хаалларарга туруорсар. Онто уус тылынан тумаланар, саҥарар үөрүйэҕинэн тупсарыллар. Үлэлэрэ оннук – буруйдааччы максимальнайынан киирсэр, адвоката мнимальнайынан, орто судьуйа – ортотунан.
Кыайтарбатах кырдьык
Үһүс күнүгэр – кулун тутар 27 күнүгэр – Васильев уонна Иванов «бүтэһик» тылларын иһиттибит.
Гаврил Васильев:
-Мин туох да тойон-хотун оҕото буолбатахпын, көннөрү тыа үлэһит дьонун оҕолорунабын. Миигин туох да оруна суох ыар буруйга күтүрүүллэр. Сылы быһа кырдьыкпын таһаарына сатаатым да... Бу – көстөн турар провокация, ол сиэртибэтинэн мин буоллум.
Үрдүк суут сөптөөх, кырдьыктаах быһаарыыны ылыа диэн эрэнэбин.
Александр Иванов:
-Хомойуох иһин, мин харчыны ыла сатаабыт буруйдаахпын. Харчыны мин бэйэм туһабар ылбытым. Ол туһунан кимиэхэ да биллэрбэтэҕим, кимниин да сүбэлэспэтэҕим, куомуннаспатаҕым, буолаары буолан, Гаврил Васильевы кытары. Тимофеевка суукка көмөлөһүөх буолбутум. Харчыны баҕа өттүбүнэн уорганнарга биэрбитим. Мин акаарытык быһыыланаммын, барыта маннык эргийэн таҕыстаҕа.
Үрдүк суут сөптөөх сыанабылы биэриэ диэн эрэнэбин.
Ол кэннэ судьуйалар туспа хоско киирэннэр балай да өр сүбэлэстилэр. Бу кэмҥэ мин судьуйа буолар сыанан аҕаабатын туһунан эҥин санаталаатым. Көстөн турар кырдьыгы ама мэлдьэһиэхтэрэ дуу? Биир бэйэм Гаврил Васильевы бу сырыыга буруйа суох диэн быһаарыахтара диэн бүк эрэммитим. Сымыйа үрдүгэр кырдьык ыттыбат диэн этии иҥэн хаалан атахтаатаҕа.
Суут бэрэссэдээтэлэ Руслан Иванов быһаарбыт кырдьыктарын ааҕан лабыгыратарыгар маҥнай өйдөөбөтүм ээ, суукка мэнээк сылдьыбат киһи омос өйдөөмүөн сөп.
Урукку бириигэбэринэн:
-срога 7 сыл 6 ый,
-ыстарааба 6 мөлүйүөн 720 тыһыынча этэ.
Саҥа быһаарыынан:
-срога 7 сыл 3 ый,
-ыстарааба 10 мөлүйүөн 80 тыһыынча,
-испытательнай срога 2 сыл 6 ый.
Туох уратылааҕын таай диэбит курдук буоллаҕай. Үс ыйы көҕүрэттэрээри, ол оннугар ыстараап кээмэйин төһөнөн эмэ үрдэттэрээри кырдьыгы турууласпыт буолан тахсаллар.
Кырдьыкпытын Үрдүкү Суут кытары өйдөөн көрбөт эбит буоллаҕына, аан дойдуга кырдьык диэн кэриҥ баарыгар да киһи саарбахтыыр кэмэ-кэрдиитэ кэллэҕэ дуу?
Венера ПЕТРОВА
|
Category: Суд-закон.МВД.Криминал |
Views: 1316 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 90 Ыалдьыттар (гостей): 90 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|