News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Муус устар » 6 » Тыа хаһаайыстыбатын дьиҥнээх патриота
Тыа хаһаайыстыбатын дьиҥнээх патриота | 07:32 |
Тыа хаһаайыстыбатын дьиҥнээх патриота
Саха ытык кырдьаҕастара ким эмэ туһунан сэлэһэр буоллахтарына бастаан ол киһи төрдүн ууһун ырыталлара. Ити мээнэ буолбатах. Дьон-сэргэ өйдөбүлүгэр хаалбыт ханнык эрэ дьарыктаах, дьоҕурдаах дьон ыччаттара эмиэ оннук дьарыктаах буолаллар. Ол иһин этэн эрдэхтэрэ: “Бары барыта төрүттээх уустаах». Ол иһин интэриэһиргээн алдьатыылаах 1990-ус сылларга тыа хаһаайыстыбатын техникатынан уонна сапчааһынан хааччыйыы көрүҥүн республикаҕа быыһаан хаалларбыт Ньургун Васильевич Гольдеров төрдүн-ууһун сурастым. Үөһээ Бүлүү улууһун дьонун, суруйааччылары, аймахтарын кытта кэпсэттим. Үөһээ Бүлүү Ороһутуттан саҕалыахха.
Үөһээ Бүлүүгэ ХХ-ис үйэ саҕаланыытыгар Чукка Силипиэн диэн элбэх кэрэ-мааны кыргыттардаах, икки уоллаах оҕонньор Ороһу сиригэр Кустук диэн улахан алааска ынах сүөһүнү уонна сылгыны иитэн олорбут. Чукка кыра уола Баһылай Кустуктуров диэн суруналыыс, суруйааччы буолан испит киһи сэриигэ баран 1942 сыллаахха геройдуу охтубут. Баһылай Кустуктуров кэргэннэниэн иннинэ Гольдерова Өрүүнэ диэн холкуос малатыылкатыгар үлэлии сылдьан икки илиитин быстарбыт сүрдээх үлэһит дьахтары кытта билсэ сылдьыбытыттан поэт Василий Гольдеров төрөөбүт.
Чукка Силипиэн улахан кыыһыттан Огдооччуйаттан Саха народнай поэта Бүөтүр Тобуруокап төрүүр. Онон Бүөтүр Тобуруокап уонна Баһылай Гольдеров биир эһэлээх, эбэлээх убайдыы бырааттыылар. Кинилэр ыччаттарыгар материальнай баай дуол соччо сыстыбатах ол оннугар интеллектуальнай өй-санаа өттүнэн улахан баай дьон эбит. Дьэ, бу Ваһылай Гольдеров уола Ньургун Гольдеров аҕатынан төрдө-ууһа итинник Саха интеллигенциятыгар, литературатыгар улахан сабыдыаллаах, биллэр-көстөр сайдыылаах дьон.
Аны Ньургуммут ийэтинэн төрдүн ууһун хайан көрдөххө Платон Ушнищкай диэн сахалартан биир бастакы биллэр учуутал эһэлээх. Платон Ушнищкай 1881 сыллаахха Дүпсүн улууһугар төрөөбүтэ. Кини 1900 сыллар саҕаланыыларыгар Казаннааҕы учительскай семинарияны сахалартан биир бастакынан бүтэрэн Нам улууһугар учууталынан анаммыта. Платон Ушнищкай Намҥа учууталлыы сылдьан Саха сирин автономиятын төрүттээбит Максим Аммосовы уонна сахалары сэрии кэмигэр салайбыт Илья Винокуровы оскуолаҕа үөрэтэн кинилэргэ бастакы улахан билиини, сайдыыны биэрбит. Намҥа сүрдээх элбэх оҕону үөрэппититтэн Охотскайга олорор атаһыгар аатырбыт саха аҕабыытыгар Федор Гаврильевич Сивцевка сурук суруйарыгар киниэхэ икки уһулуччу дьоҕурдаах оҕо баарын бэлиэтиир эбит. Ол суругун кэлин Аляска архивыгар үлэлии сылдьан суруйааччы Харысхал булбута.
Кини Нам кэнниттэн Хаҥалас улууһугар Сиинэҕэ ананан барбыта уонна онно үлэлии сылдьан бэйэтиттэн 13 сыл балыс нуучча кыыһын сүгүннэрэн дойдутугар Дүпсүҥҥэ төннөр. Платон аймахтара, аҕа ууһун ытык кырдьаҕастара күп-күөҕүнэн көрбүт, ып-ыраас эдэр баҕайы, нарын нуучча кыыһын көрөн баран бастаан астымматахтар.
“Маннык мааны ыраас, куукалка курдук кыыс биһиги ынахпыт сааҕар миккиллиэ үһү дуо?”, дэһиспиттэр. Кыыс олохсуйан оҕо уруу төрөтөн, сүөһү ас, куурусса бөҕөтүн ииттэн киирэн барбыт. Кини көтөр иитиитигэр ойуччу болҕомтотун уурбут. Устунан бу аҕа ууһугар улаханнык ытыктанар кийиит буолбут. Ньургун Васильевич кэпсээниттэн сылыктаатахха куһу-хааһы, ынах сүөһүнү, сылгыны таптыыр гына иитиллиитэ бу нуучча эбэтиттэн бэриллибит.
Ийэтэ САССР үтүөлээх агронома Фаина Платоновна Ушницкая Аммаҕа үлэ бөҕөнү үлэлээбит биллиилээх агроном. Кини уолугар Ньургуҥҥа кэпсииринэн сэрии кэмигэр: «Учууталым кыра оҕото, эн кини курдуккун”,-- диэн кыракый Фаинаҕа наар кэһии аҕалар эбит.
Икки улахан улуус бөдөҥ интеллектуальнай сайдыылаах дьонун ыччаттара буолара Ньургун Васильевич бу үлэтигэр-хамнаһыгар сыныйан билсэн истэх аайы олус үчүгэйдик арыллан көстөн иһэр. Кини хас биирдии хамсаныыта, тэрээһинэ ис иһиттэн дириҥ силистээх-мутуктаах, үлэ мындыр албастарын баһылааһын түмүгэр, дириҥ толкуйунан оҥоһуллубута миэстэтигэр көстөр. Маннык улахан төрүттээх-уустаах мындыр тэрээһиннээх дьоҥҥо сылдьар кинилэр үлэлэрин билсэр астык.
Улуу ССРС ыһыллар дьалхааннаах ааспыт үйэ 90-ус сылларыгар Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбата уонна экономика мөлтөөн улахан тэрилтэлэри эһэн киирэн барбыттара. Ньургун Гольдеров үлэлиир СЕЛЬХОЗТЕХНИКАТЫН (Якутагропромснаб) базатын: “Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбата наадата суох”, диэн хааччыйыы атын көрүҥэр уларыта сатаабыттара. Коррумпированнай чиновниктар бэйэлэрин хармааннарын туһугар кытайдарга ырыынак аһыахтарын баҕарбыттара. Ону Ньургун утаран: “саха баарын тухары тыа хаһаайыстыбата баар буолуо”,--диэн ити техниканан уонна сапчааһынан хааччыйыы көрүҥүн бэрт улахан эрэйинэн хааллаттарбыта.
Итинтэн сылтаан патриоттуу санаалааҕын иһин Ньургун Гольдеровы утаран сойуолаһыы саҕаламмыта. Ыскылаатын кыһын ортото тоҥорбуттара. Үлэтин араастаан атахтыы сатыыллара, атын көрүҥүнэн дьарыктанарыгар сүбэлииллэрэ, базаны чааһынайдарыгар бачаачайдаары бу тэрилтэни банкротка ыыта сатыыллара. Ону Ньургун Васильевич эр санаатын киллэрэн утарылаһан тыа сирин техниканан уонна саппаас чааһынан хааччыйыы көрүҥүн тыыннаах хаалларбыта. Бу былаас тыа хаһаайыстыбатын өйөөбөтүн, оччотооҕу сорох чиновниктар бэйэлэрэ байалларын эрэ тустарыгар үлэлииллэрин, патриотическай өй-санаа суоҕун, төрүт олохтоох дьон интэриэһигэр наадыйбаттарын дьиҥнээхтик өйдөөбүтэ. Силигин ситэрэн ол кэмҥэ улуустаһыы күөдьүйбүтэ. Ньургун Васильевич тыа хаһаайыстыбатын үлэтин тэрийии дьиҥннэх патриота М.Н.Сибиряков: “Тыа сиригэр саха баар буолуутун укулаата тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ”--диэн этиитин Ньургун Васильевич дириҥник өйдөөбүтэ.
Оччотооҕу республика салалтата Якутагропромснаб (Урукку Сельхозтехника) базатын банкроттатан баран 1998 сыллаахха кини оннугар Туймаада агроснабы тэрийбитэ. Ньургун үлэлиир территорията, ыскылааттара бу тэрилтэ балансыгар киирбиттэрэ. База саҥа хаһаайынын бэртээхэй хаһаайыстыбанньыгы В.Н.Филипповы кытта бэйэтэ үлэлиир көрүҥүн хаалларан бэйэтигэр тугу да приватизациялаабакка эрэ үлэлээн барбыта. Түмүгэр үйэтин тухары үлэлээбит миэстэтин арендалаһааччы буоларга сөбүлэспитэ. В. Н. Филиппов өлбүтүн кэнниттэн кыһарыйбыт курдук ол
ыскылаатын 2011 сыл олунньуга уоттаан кэбиһэллэр. Ол да буоллар быыс, хайаҕас булан тэтимин ыһыктыбакка үлэлиир.
Өйдөөн көрдөххө Ньургун Васильевич үлэтин-хамнаһын тэрээһинэ улуу художник айымньытыныы, билсэн истэх аайы араас мындыр үлэнэн толоруллар кистэлэҥнэрэ арыллан иһэр. Аарыма дириҥ силистээх-мутуктаах көннөрү да киһи сөҕө-махтайа соһуйа көрөрө олус элбэх. Ону олоччутун ыстатыйабар батарбатым чуолкай. Кини уһаайбатыгар Төрөөбүт Болугуругар түҥ былыргы сахалартан саҕалаан илдьэ сылдьар дьиҥнээх Саха ынаҕа, сылгыта саталлаах хаһаайын илиитигэр үчүгэй көрүүгэ истиигэ тутуллан тураллар. Ол ис биэтэһин кистэлэҥнэрэ билсэн истэх аайы арыллан тахсан иһэр. Саамай дьиктитэ дьиҥнээх Саха сирин усулуобуйатыгар бэйэтэ селекциялаан айбыт дьиикэй кустара кыс-хаар ортото көҕөттөр, моонньоҕоттор саҥалара-иҥэлэрэ сааскы айылҕа кэрэ музыка дорҕооно буолан кутуллар. Дьэ, итинник бэрт дьикти уһаайба кыыс Амма кэрэ кытылыгар Болугурга баар.
Дэриэбинэ кытыытыгар турар Ньургун Васильевич кустарын иитэр күөлүн тулата Амма кытылыттан тиэллэн кэлбит өрүс тааһынан кылдьыыламмыт. Сайын аналлаах уу насоһа (СНП) сибиэһэй ууну күөлгэ киллэрэн күөлүн сайгыыр. Айылҕа куһа сөбүлээн, тохтоон олохсуйар усулуобуйатын айылҕаны кытары ситимнээн күөл уутун экологиятын оҥорууга бэрт элбэх үлэни ыытар. Кус үөскүүрүгэр күөл уутун экологиятыгар сөптөөх усулуобуйаны оҥордун, диэн Кэбээйиттэн тиийэ балык арааһын аҕалан күөлүгэр иитэр.
Мантан да саҕалаан сыныйан тэлгэһэ иһин көрдөххө куһу ыллыҥ да дэбигис ииппэтиҥ көстөр. Күөл уутун бастайаанай ыраастаан көрөр-харайар эбиттэр. Кытыытыгар кус аһылыга буолар күөл ото, сопропел кыстана сытар. Быһаччыта күөл тулата эрэ буолбакка күөл иһигэр да киирдэххэ хаһаайын илиитэ атаҕа тиийбэтэх квадратнай миэтэрэтэ суох быһыылаах. Кини чахчы кус иитиитинэн ылсыһан туран энтизуазмынан дьарыктанара харахха быраҕыллар. Атын араас көтөрдөргө фазаннарга, индюктарга, кууруссаларга аналлаах хотоннор, сеткалар тардыллыбыттар. Ол бэйэтэ туһунан бүппэт кэпсээн. Итинник силигэ сиппит толору оҥоһуулаах уһаайбаны ис испиттэн интэриэһиргээн, сөҕөн Ньургун Васильевич куһун кыһынын хайдах иитэрин көрөөрү анаан-минээн Амма Болугуругар хаста да кырынным.
Болугурга тиийэн төрөөн баран түһээн да баттаппатах оҥоһуктарбын көрдүм. Кыһын ахсынньы ый тоһутталанар тымныытыгар тиийдим. Күөл ортотугар саас чааһынай уһаайбаҕа оҕурсуу үүннэрэр кыракый теплицалар курдук теплицалар кыс-хаар ортотугар тураллар. Массыынаттан түһээт фотоаппарааппын туппутунан хаһаайын кэнниттэн онно сүүрэбин. Ньургун Васильевич: “Бээ, Арамаан сэрэн кустарбын куттаайаҕын”,--диэн баран бастакы теплицаны арыйаатын иһиттэн сүүһүнэн көҕөн: “Оо, хаһаайыммыт кэллиҥ дуу?”-- диэбиттии маатырҕаспытынан үөрбүттүү-көппүттүү бу субуруһан, сорохторо көтөн таҕыстылар. Мин дьиктиргээн, соһуйан биһиги бытархан тымныыбытыгар хаарга хаамса сылдьар кустары хаартыскаҕа түһэртээтим. Хайдах куттаммакка таһаарар көтөн кый бырах баран хаалбаттар дуо?—диэн саныы-саныы бүппүппүн биллэрбиппэр, Ньургун теплицатын аанын арыйан кустарын төттөрү үүрдэ. Көҕөттөрө: “Наадабыт
манан бүттэ дуо?” –диэбиттии соруктаах баҕайытык көтөн, хаамсан дьоодьугураһан теплица аанынан бэрт үөрүйэхтик иһирдьэ кутулуннулар.
Кыырай халлаан кырсынан кыырайа көтөр дьиикэй кустар саха киһитин сахалыы саҥатын истэллэрин, толороллорун көрөн соһуйбутум омунугар төйүөрэн турбахтаан ыллым. Хайдах хайдаҕый? остуоруйаҕа да манныгы истэ илигим. Ол ахсын киһибит кустарын кытары сахалыы бэркэ таптаан ымманыйа, бэрт нарыннык кэпсэтэ сырытта. Хамаандатын толороллорун көрдөххө, аны көҕөттөрө кинини чуолкай истэллэр. Испэр: “Манна бэйэтэ цирка эбит дуу?”—диэн сааспар ханна да көрүөм эрэ, диэн санаабатах дьикти хартыынабыттан астынан манньыйа турдум. Иккис теплицаҕа тиийэммит ити эмиэ хатыланна. Дьиктиргээн теплицатын өҥөйөн көрдүм ортотугар муҥханы таһаарыы чардаат курдук, кыра төгүрүк чардааттаах кустар онно киирэн булумахтана түһэллэр. Чардааттан тахсаат теплицаны кыйа мууска мустан сыталлар.
Дьиктиргиэм быатыгар теплица иһэ сылаас. Ону төһө кыраадыс буоларый?--диэн ыйыппыппар Ньургун Васильевич: “Ити уута тоҥмот онон плюсовой кыраадыс буолуо, оттон теплица иһин салгына бэркэ ырааттаҕына минус уон биэс кыраадыһы иһинэн-таһынан буолуо”, диир. Айылҕа дьиикэй көҕөттөрө атын кустар, хаастар манна биһиги тохсунньубут томороон тымныытыгар теплица иһигэр чардаат тула үөрдүһэн олороллорун көрөр эмиэ туһугар дьикти көстүү. Эмиэ да, хайдах-хайдаҕый, бу иэдээннээх от-мас тоһуттар тымныытыгар сылаас дойдуга кыстыыр кустары дьиэтитэн иитэр туһугар улахан түбүк ини,-- диэн кистээбэккэ эттэххэ сөхпүппүнээҕэр дьиктиргиирим, салларым өссө улаатта. Арааһа бу күһүн кэлэн көрбөтөҕүм буоллар Аммаҕа тыһыынчанан куһу, буолан баран айылҕа бэйэтин маанылаах оҕолорун дьиикэй кустары иитэр киһи баар,-- диэтэхтэринэ итэҕэйиэ суох эбиппин. Киһи дириҥ-өйүнэн, хорсун хоодуот санаатынан, дьулуурдаах үлэнэн ситиһиллэр дьикти түгэннэр баалларын элбэҕи билэбит.
Күндү ааҕааччыам, Ньургун Васильевич бу үлэлэрин мин биир оннук дьикти түгэнинэн сыаналаатым. Манна баар олох поэзията, уус уран мууза, өркөн өй үлэтэ, таптал, дьаныардах ис дууһаттан иэйэн толоруллар ыарахан үлэ түмүктэрэ. Хата манна учуонайдар кус арааһын иитиигэ, ынах, сылгы үлэтигэр научно-практическай үлэлэри ыыталлара буоллар саха сиригэр үлэ бу салаатын сайыннарыыга улахан кэскиллээх дьыала буолуо эбит. Күөл эрэ биһиэхэ элбэх.
Көттөхтөрүнэ эчи сытыылара, түргэннэрэ аакка киирбит көтөрдөр буоллаҕа. Аны хаһан баҕарар атын кэлии дьиикэй кустары батыһан баран да хаалыахтарын сөп. Бараллар да эбит. Дьэ, кинилэр сөбүлээн олохсуйар усулуобуйаларын тэрийиигэ элбэҕи аахпыт, билбит, улахан мындыр Ньургун Васильевиһы Россия, атын көтөрү иитээччилэрэ, учуонайдар бэркэ билэр ытыктыыр киһилэрэ.
Россияҕа үгүс хаһаайыстыбалар дьиэ боруодата куһу иитэр буоллахтарына биһиги Ньургун Гольдеровпыт аһара экстремальнай усулуобуйаҕа, уһулуччу тыйыс айылҕалаах кыраайга соҕоруу сылаас дойдуга кыстыыр айылҕа дьиикэй кустарын кыһыннары дьиэтиппитин кырдьыга ама ким сөхпөт буолуой? Бэлиэтээбитим курдук эбиитин биһиги айылҕабытыгар сөп түбэһэр саҥа боруоданы айан таһаарыы. Аны бу кус этин амтана минньигэһэ сүрдээх. Арай итиннэ майгынныыр аһара минньигэс дойдубар Уус Алдаҥҥа ааспыт үйэ аҕыс уонус сылларыгар бэл Кэбээйи Ньидьилитин соботунааҕар минньигэс Бэйдиҥэ күөлүн эмис соботун амсайдым ини. Гольдеров куһун этин мип-минньигэс амтана киһи айаҕар өргө диэри олорон хаалар.
Урукку суруйуубар иитиэх дьиэ кустарын кытары дьиикэй кустары буккуйан саҥа боруоданы ылбыт, диэн быһаарбытым көстөрүн курдук сыыһа өйдөөбүппүн. Биһиэхэ Саха сиригэр көтөн кэлэр икки көҕөн көрүҥэ баар. Олору кытары европа дойдуларыгар кыстыыр көҕөнү холбоон олох да атын сахалыы диэххэ сөбө дуу? икки аҥаар киилэ ыйааһыннаах боруоданы таһаарбыт. Көҕөн бэйэтэ даҕаны аан дойдуга сэттэ араас боруодата баар. Онтон бу ахсыс көрүҥү Ньургун Гольдеров селекциялаан Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр гына айбыт. Аан дойдуга ханна да суох кустар сырыттахтара. Дьэ, дьикти. Ньургун Васильевич сүрдээх дэлэгэй, эйэҕэс майгылаах. Атын сирдэргэ кинини үтүктэн кус иитиитинэн дьарыктанар дьоннорго сүбэ-ама буолан арыт кус чуппуускатын атыылаан көмөлөһөр. Ньургун Гольдеровы республика улахан бааһынайдара бары билэллэр.
Кус иитиитэ бэйэтэ туһунан уустуктардаах. Биһиэхэ биир кэмҥэ куһу-хааһы иитии муодата буолан ааспыта. Намҥа даачча сирэ ыла-ыла анаан-минээн хаас иитиитинэн дьарыктаммыппыт. Олбуоругар кустаах-хаастаах эрэ киһи хаһаайын курдук сананар кэмэ кэлэн ааспыта. Бэлэм чуппуусканы ылан иитэр оннук уустуга да суох курдуга. Даачабыт күөлүгэр хас эмэ сүүһүнэн хаас үөрэ устан кылбаһара дьикти кэрэ көстүү этэ. Ол эрээри хаас иитиитэ төһө түргэнник тэнийбитэй да ол курдук түргэнник түөрт биэс сыл буолаат эстэн сүтэн-оһон хаалбыта. Төрүөтэ хаас ноһуома күөлбүтүн өлөрөр, диэн буолбута. Дьиҥэр ол ыаллар ортолоругар араас үрдүк үөрэхтээх билиилээх-көрүүлээх дьон бааллар бөҕө. Кинилэртэн күөлбүт экологиятын айылҕаны кытары ситимнээн Ньургун Гольдеров курдук кус-хаас иитиитигэр сөп түбэһэр гына оҥорор толкуй кимиэхэ да киирбэтэх. Ылбыппыт да кус-хаас иитэрбитин тохтотон кэбиспиппит. Дьэ, итинник төрдө ууһа суох ылбычча дьарык уһун үйэтэ суох.
Дьарыктанар буоллахха элбэх үлэ мындырдарын билсиэххэ, сымыыттары инкубациялааһынтан саҕалаан, кус оҕотун көрөн-харайан улаатыннарыы кистэлэҥнэрин баһылыахха наада. Дьиэ куһа сайын устата сүүсчэкэ сымыыты биэрэр буоллаҕына, дьиикэй көҕөн отукка эрэ тиийэ сымыыты биэрэр. Сайын, кыһын көрүү-харайыы технологиялара эмиэ уратылардаах. Ити курдук бэйэтэ бэйэтиттэн ситимнээх элбэх үлэ үөрүйэхтэрин үчүгэйдик билиэххэ, баһылыахха наада.
Билигин киһи сүөһү дэлэйэн аны куһу бултуур саа-сэп күүһүрэн былыргы курдук биһиги үрэхтэрбитигэр, күөллэрбитигэр кус киллэрбэт, тохтообот буолла. Кэлин көтөр биллэрдик аччаата. Онон сааскы куһу бултаан кыдыйыах кэриэтэ хата кус иитиитинэн нэһилиэктэргэ дьарыктаныахха сөп эбит, диэн бар дьоммор этиэхпин баҕардым.
Атаһым Ньургун бырастыы гын. Урут эйиигин баара суоҕа бэртээхэй спортсмен эрэ быһыытынан билэр эбиппин. Ис дьиҥэр эйиэхэ чугаһаан билсэн истэх аайы чахчы да киһи киэн туттар улахан, дириҥ, киэҥ эйгэлээх үлэлээх-хамнастаах киһи буоларгын саҥа биллим. Иһигэр киирэн
билсистэҕим аайы эн, тыа бааһынайа быһыытынан олус элбэх түбүгү эрэйэр мындыр үлэҥ, айар дьоҕуруҥ киэҥин, дириҥин, дэлэгэйин сөхтүм.
Арамаан Дьөгүөрэп.
http://uhhan.ru/news/2014-10-29-10866
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1860 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 33 Ыалдьыттар (гостей): 33 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|