Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Ыам ыйа » 30 » Александр Иванов уонна Роман Дмитриев сыһыаннара
Александр Иванов уонна Роман Дмитриев сыһыаннара
10:16
Александр Иванов уонна Роман Дмитриев сыһыаннара
Арамаан Дьөгүөрэп. Салгыыта иннин http://uhhan.ru/news/2016-05-26-13446   http://uhhan.ru/news/2016-05-20-13428

Орто дойдуга айылҕаҕа айыллыбыт тыынар тыыннаахха кыылга, дьоҥҥо бэйэ-б эйэбит икки ардыбытыгар сыһыан, диэн баар. Бииргэ үлэлээһин, бииргэ олох олоруу хайдах уонна ханнык таһымҥа тахсара бу сыһыантан быһаччы тутулуктаах. Биллэн турар мөкү сыһыантан кэргэнниилэргэ дьиэ-уот ыһыллара, дойдулар икки ардыларыгар улахан сэриилэр олоччу эмиэ өрүттэр тустаах сыһыаннарыттан тутулуктанар. Оттон бэйэ-бэйэбит икки ардыбытыгар буолар араас интригалар, олус үрдүк таһымҥа кыайыылар эмиэ итинник сыһыантан тутулуктаахтар.

Ол да иһин ил эйэ илдьитэ буолбут спорт бары көрүҥнэрэ киһи аймахха былыр былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри аан дойду бары сайдыылаах судаарыстыбаларынан олус үрдүк таһымҥа ыытыллан кэлбиттэрэ. Былыргы гректэр спортивнай оонньууларга ыытыллар күрэхтэһиилэрин таҥаралар хайаларынан ааттаммыт Олимп хайатыгар ыыталлара уонна кыайыылаахтары Олимпийскай чемпионнары, призердары таҥараны кытары кэпсэтэр, бииргэ аһыыр бырааптаах дьонунан сыаналыыллара мээнэҕэ буолбатах. Олимпийскай чемпионнар, призердар өллөхтөрүнэ таҥараны кытары бииргэ сылдьар дьонунан ааҕыллаллара. (Источник от Николаева Игорья Игнатьевича.) Онон Олимпийскай оонньуулар ыытыллар кэмнэригэр буола турар судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы сэриилэр кытары тохтотуллаллара.

Ол да иһин улуу учуутал, иитээччи ССРС үтүөлээх тренерэ Дмитрий Петрович Коркин эдэр ыччаты олоххо бэлэмниир иитэр-үөрэтэр үлэтигэр сүрүн болҕомтотун уонна кыһамньытын кылаас тас өттүгэр үлэҕэ тустуу спордун сайыннарыыга кэргэнинээн Александра Семеновналыын олохторун олоччу анаабыттара. Кинилэр бииргэ үлэлээбит үлэлэрин учууталлар коллективтара иилэ хабан ылан өйөөн уонна оскуола админстрациятын кытары бииргэ үлэлэһэн Чурапчы интернат спортивнай оскуолата тэриллибитин сахалыы тыллаах бука бары билэбит.

Түөрт уон сыллааҕыта бу оскуолаттан үс Олимпиец Александр Иванов, Павел Пинигин, Роман Дмитриев Олимп чыпчаалыгар педьестал саамай үрдүкү кэрдииһигэр тахсыбыттара. Ол кыайыы 40 сылын чиэһигэр уонна Саха республикатыгар спорт тэриллибитэ 60 сылынан быйыл Россия чемпионата Дьокуускайга ыытылынна.

Мин Александр Ивановы көрсөн кэпсэттим. Кини мин ыйытыыларбар маннык хоруйдаата:
Корр. -- Ама да ааспытын иһин 1972 сыллаахха олус кыһыылаах түгэн буолан турар. Оччолорго эн ол иннинээҕи сылларга ССРС-ка оҕолорго, эдэрдэргэ чемпионнаан 1971 сыл аан дойду аччыгый чемпионатынан аатырбыт Тибилискэй турниры кыайан, улахан дьоҥҥо ССРС иккис призера буолан ССРС Олимпийскай сборнай хамаандатыгар биир саамай бастыҥнарынан ааҕылла сылдьан 1972 сыллааҕы Олимпиадаҕа кыттыбакка хаалбыттааххын.

И.А.Н. – Оннук баара. Ол эрээри оччолорго миигин тоҕо эрэ оннооҕор европа, аан дойду чемпионатыгар биирдэ да кытыннарбатахтара. Оннооҕор олимпийскай оонньуулар бэлэмнэнии сборугар олох да ыҥырбатахтара. Төһө эмэ мин оччолорго 19-ах киһи саамай эбиллэр, үүнэр-сайдар күннүүр сааспар сылдьабын. ССРС сборнай хамаандатын бары чилиэннэрин бэйэм ыйааһыммар хоторум. Олимпиадаҕа эрэ буолбакка уопсайынан спортка спортсментан эргиччи ыраас бэрээдэктээх буолуу урут да, билигин да ирдэнэр.

Мин Алма Атаҕа үөрэнэ сылдьан оччотооҕу ССРС старшай тренерэ Рыбалко Минскэйгэ биир хостоох дьиэ биэрэн туран ыҥырбытыгар көһөн тиийэн баран казахтар икки хостоох дьиэ биэрбиттэригэр оҕо сааспар тэптэрэн, оччолорго этэр сүбэлиир сүбэлиир аҕа саастаах киһи да аттыбар суох буолан өс киирбэх Алма Атаҕа төттөрү көспүтүм.
Арааһа ол иһин ССРС старшай тренерэ Рыбалко тылын истибэтэх курдук буолан туоратыллан хааллым быһыылааҕа. Официально туох биричиинэттэн туоратыллыбыппын күн бүгүнүгэр диэри билбэппин. Кыһытыан быатыгар ССРС иһигэр сүрүн утарылаһааччыларбын олоччу кыайа сылдьар кэмим этэ. Мин туспар туруорсар, кыһаллар, сүүрэр-көтөр күрэхтэһиилэргэ ыытар үрдүкү эйгэҕэ тренерим аны суоҕа. Ол иһин үтүөх-батаах сылдьан уолаттарбар Арамааҥҥа уонна Байбалга ымсыыран бөҕө буоларым.

Хата ол кэмҥэ миигин Арамааным абыраабыта. Кини миэхэ тренер оруолун толорбута. Хата онон аны наһаа табыллыбытым. Кинит тренер быһыытынан сборнайга куоластыыр эрэ бырааба суоҕа. Биһиги Дмитрий Петрович Коркиҥҥа бииргэ үөрэммит буоламмыт оскуола саҕаттан убай-быраат курдук бииргэ сылдьарбыт. Туох баар албастарбытын, тактикаларбытын тустууну айан импровизациялаан сайыннаран биэриини кинилиин эрэ олус тапсан ырытарбыт, кэпсэтэрбит. Спортсмен сайдарыгар ити саамай кылаабынайа буоллаҕа дии.
Корр. --Аны тэҥҥит да бэрт буоллаҕа бииргит 48, иккискит 52 киилэҥэ тустар. Хата табаарыспыт туһунан ахтан ааһыах эрэ. Кырдьык даҕаны наада буоллаҕына спаринг партнер да быһыытынан барсар эбиккит.

И.А.Н. – Оннук. Бииргэ тустарбыт, ыйааһын түһэринэбит. Кини спортсмен да быһыытынан атын тренердэрдээҕэр быдан ордуга эрээри эппитим курдук тренер быһыытынан куоластыыр эрэ бырааба суоҕа. Киниэхэ махталым муҥура суох. Саҥа албастары, кэмбинээссийэлэри бииргэ тобуларбыт. Онно кини араас кэмбинээссийэлэри толкуйдуурга оскуола саҕаттан олус күүстээх этэ. Биһиги Дмитрий Петрович биэрбит үөрэҕинэн салгыы сайыннаран барбыппыт. Дмитрий Петрович өссө биир улуута кини оскуолаҕа үөрэппит оҕолорун салгыы мин “Олимпиадаҕа бэйэм эрэ тиэрдиэхтээхпин”,-- диэбэккэ сойуус бары куораттарыгар ыыталаан кэбиһэрэ. Кини үрдүк кылаастаах оҕо тустуутун тренерэ этэ.

Кими ЦСКА-ҕа кими Ленинград, Москва, ССРС атын сойууһунай республикаларын куораттарыгар олоччу ыһан кэбиспитэ. Ол иһин улуу тустуук буолар кыаҕа да суох уолаттарын бары араас институттарга үөрэттэрэн үөрэхтэнэн олоххо оннуларын булбуттара. Онон кини сойуус физкультурнай институттарын олоччу тустуугунан хааччыйбыта. Кини итинник киһиттэн киһини иитэн таһаарыыга бастатан туран учуутал, иитээччи быһыытынан олус улахан үлэни үлэлээбитин биһиги таба сыаналыах тустаахпыт. Кини улуу тренер эрэ буолбатах өссө төрүт улахан буукубанан суруллар улуу педагок этэ. Оннук мин көрүүбэр кини улуу педагок. Тоҕо эрэ биһигини кытта бииргэ уол оҕо уһуктаахтара үөрэммиттэрэ. Ол үөрэммит оҕолортон криминалга сыстыбыт ускул-тэскил олохтоммут суох. Бука бары үрдүк үөрэхтэнэн олоххо оннуларын булан үлэттэн-хамнастан олох ыарахаттарыттан толлубат, ыал буолан оҕо-уруу төрөтөн дьоһуннук олорон дьонноругар-сэргэлэригэр ханна да ытыктанар “Ытык” дьон буолбуттара.

Корр. Оннук, онон Арамаанныын бииргэ үлэлээһиҥҥит эһигини салгыы кынаттаатаҕа.

И.А.Н. Холобура С.А.Приображенскай батыһа сылдьан Арамааҥҥа тустууну ырытан биэрэр кыаҕа да, солото да суоҕа. Онтон Арамаан биһиги утарылаһааччыларбытын киниэнин мин, миэнин кини аан дойду атын ханнык судаарыстыбаларын улахан тустууктарын олус үчүгэйдик хардары-таары билсэр этибит. Онон ырытарбытыгар наһаа тапсарбыт. Кини дьонун мин ырытан сыыһаларын, алҕастарын ыйан биэрэрим. Кини мин утарылаһааччыларым сыыһаларын, халтыларын ыраас мууска ууран биэрэрэ. Онон наһаа табыллыбыппыт.

Итинник хардары таары туораттан көрөн ордук билэҕин онон ситэрсэн биэрэрбит.
Аны кини албастары толкуйдааһыҥҥа улуу тактик комбинациялары наһаа үчүгэйдик тута толкуйдуура. Ону мин өссө сайыннаран айан дириҥэтэн, кэҥэтэн, импровизациялаан биэрэргэ күүстээх этим. Онон бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн, толорон биэрэрбит. Ити туох да олус улахан үлэ. Билигин биһиги тустууктарбытыгар итини ким да сатаабат. Ол иһин мин хас биирдии схватканы дьарык буоллун, күрэхтэһии буоллун тустууктарга суруттарыҥ диэн этэ сатыыбын да, тренердэр да тустууктар да истибэттэр. Итэҕэспит ити сытар.

Корр. -- Ээ. Ол иһин да Ирина Винер үөрэнээччитэ Виолетта Иванова эмиэ хас дьарык, күрэхтэһии аайы кыргыттарыгар ким хайдах үҥкүүлээбитин, хамсаныыларыгар туох алҕаһы оҥорбутун суруттарар. Ирина Винер ол иһин Олимпиада аайы Олимпийскай чемпионнары иитэн
таһаара турар эбит дии. Сөөп, сөп өйдөөтүм, Александр Николаевич кырдьык да наһаа наадалаах, дириҥ суолталаах суолу этэр эбиккин.

И.А.Н. – Оннук, ол иһин этэр буоллаҕым дии. Ол иһин Винер Олимпийскай чемпионнары иитэлиир. Оҕо айар, толкуйдуур дьоҕура диэн сүрдээх сытыы, элбэх саҥаны айар дьоҕурдаах ону бу икки улуу тренердэр таба туһаналлар. Итинтэн спортсмен бэйэтэ салгыы толкуйдуур, айар дьоҕура сайдар. Син биир ити көмпүүтэри саҥардан эбэн биэрэн айар оҥорор курдук буоллаҕа. Дмитрий Петрович ол иһин сыл аайы арааһынай тустуулаах ССРС чемпионнарын иитэн таһаара олорбута. Кини ким ханнык күрэхтэһиини кыайарын билэр, чуолкай ааҕа олорор буолара. Ол иһин Россия, ССРС чемпионнарын Бөтүрүөбүс иитэлии олорбута. Арамаан биһиги ону салгыы сайыннаран араас улахан кыайыылары аан дойду таһымыгар систиспиппит.

Бөтүрүөбүһүҥ аны наар сатыыр кыайар өттүгүн эрэ күүскэ сайыннарара. Сатаабат ылыммат өттүгэр төрүт кыһаммат. Ол иһин кыайар сатыыр өттүгүн сайыннаран-сайыннаран, дириҥэтэн-дириҥэтэн, кэҥэтэн-кэҥэтэн оҥорор албаһыҥ арсенала кэҥээн үрдүктэн үрдүк кылаастаах тустуугу иитэрэ. Бөтүрүөбүс биир улуута ити сытар. Холобура күүһүнэн мөлтөх киһини тимири кытары хачайдатан-хачайдатан баран онтон тустууга туох да туһа суох буолар буоллаҕа. Биһиги бу боппуруоска өссө эргиллиэхпит. Арамаан оччолорго европа, аан дойду күрэхтэһиилэрин олоччу кыайбыт база бөҕөлөөх киһи буоллаҕа.

Биһиги аны бэйэ-бэйэбитин хаһан да мэһэйдэспэт этибит. Ордук ыйааһын түһэрэр ыарахан кэмҥэ ол биллэрэ. Сорохтор тулуйбакка ытаа да ытаа буолаллара. Ол атыттары наһаа мэһэйдиирэ. Арамаан аҕыс киилэни түһэрэрэ. Мин 14 киилэҕэ тиийэ үүрэрим. Байбал эмиэ элбэҕи түһэрэрэ. Арамаан наһаа тулуурдаах уһулуччу кытаанах киһи. Биһиги үс хаһан да, кимиэхэ да ол ис турукпутун биллэрбэт этибит. Армааныҥ биир үчүгэйэ диэн сүрдээх лиидэр хаачыстыбалаах киһи. Кини ССРС сборнай хамаандатын лиидэрэ этэ. Тренердэр тустууктар бука бары мунаарар боппуруостарбытын бары киниттэн ыйытарбыт. Кини ону сүрдээх кылгас тылларын чуп-чуолкайдык быһааран биэрэрэ. Хамаандаҕа оччолорго комсорг, хамаанда хапытаана эҥин диэни таларбыт. Онно наар Арамаан талыллара.

Корр. Тыый оччоҕо хамаанда лиидэрэ быһыытынан кини туох эмэ быһаччы толорор сорудахтаах буоллаҕа.

И.А.Н. Кини сүрүн эбээһинэһэ политзанятияны аан дойду балаһыанньатыгар хамаандаҕа ыытара. Хас нэдиэлэ аайы понидельникка дьарык кини политзанятияны ыыппытын кэнниттэн биирдэ саҕаланар бэрээдэгэ ССРС сборнай хамаандатыгар олохтоммута. Онон Арамааны ССРС сборнай хамаандатын чилиэттэрэ бука бары болҕойон истэрбит. Спортсмен кыраныысса таһыгар тахсар буоллаҕына КГБ спортсмен политическай бэлэмин олус күүскэ бэрэбиэркэлиир. Онон Арамаан ыытар политзанятиятын таһымын төһө үрдүгэ анал специалистарынан эмиэ бэрэбиэркэлэнэрэ. Онно сырыы аайы киэҥ бэлэмнээх билиилээх элбэҕи аахпыт билбит, атын судаарыстыбалар тутулларын тугунан тыыналларын билэр Арамаан эрэ туйгуннук ааһара. Аны кыраныысса таһыгар тахсар буоллуҥ да “Визовой”,--диэн анкета толороҕун. Ону эмиэ КГБ кытаанахтык бэрэбиэркэлиирэ.

Ким ханна төһө политзанятияны кимиэхэ ааспыта, политическай билиитин таһыма олоччу бэрэбиэркэлэнэрэ. Онон хамаанда хас биирдии чилиэнэ кыраныысса таһыгар тахсара Арамаантан быһаччы тутулуктаах. Кини тустууктарга визовойдарыгар характеристика суруйан биэрэрэ. Онон ССРС сборнай хамаандатыгар Арамаан биһикки улахан авторитетынан туһанан олус бэркэ сылдьыбыппыт. Биһиги оруолбут да хамаандаҕа улахана. Итинниктэри киһи билиниэхтээх. Мин ССРС сборнай хамаандатыгар кэлэрбэр суолу олоччу Арамаан тэлэн, бэлэмнээн баран сылдьара ол иһин Арамааҥҥа муҥура суох махтанабын.

Биһиэхэ учууталбыт Бөтүрүөбүс оҥорбут систиэмэтэ оччотооҕу ССРС куораттарыгар үөрэнэр уолаттарынан ханна да олус күүскэ үлэлии турбута. Ону улахан тренердэр даҕаны олус бэркэ билэллэрэ. Онон саамай бастакы төрүөтүн олоччу Бөтүрүөбүс оҥордоҕо дии. Аны Арамаан мин
ССРС сборнайыгар кэлэрбэр хайы-үйэ улахан авторитеттаах туста сылдьар бэтэрээн. Барытын мин оҥорбутум, диир сатаммат. Олоччутун ити көрөрүҥ курдук Бөтүрүөбүстэн саҕалаан атын дьон оҥорон биэрэр.

Арамаан ССРС сборнай хамаандатыгар кэлбит уолаттары “Хап” гыннаран ыла олорбута. Арамаан миигин ылар онтон Байбалы “Хап” гыннаран ылар ону таһынан Прокопий Шестаковтаах, М. Ноговицыннаах, Н. Неустроевтаах, А. Аргуннаах эҥин о.д.а. уолаттар элбэхтэрэ. Холобура Арамаан эттэ да мин утарбат этим. Атыттар да син биир оннук этилэр. Онон бука бары биир сомоҕо бииргэ толкуйдуурга, айарга, тустарга үөрэнэрбит.

Аны биһиги саҕана кавказтар: “оннуктар манныктар”, “балыйаллар”, “киэптииллэр”,-- диэн өйдөбүл төрүт да суох этэ.

Корр. -- Ээ арба да оннук этэ дии. Хата наһаа аптарытыаттыылара өрө туталлара дии. “Доҕорум атаһым”,-- диэтэхтэринэ хата дьэ киһиэхэ бэриниилээх дьон кинилэр саҕа суох эбит этэ.

И.А.Н. -- Оннук итинниктэри мин төрүт ылыммаппын. Оттон мөлтөх киһини ханна баҕарар көҥүл атаҕастыыр буоллахтара дии. Кинилэр биһигини ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьыбыттара. Оччолорго даҕаны угус тренердэр азербайджаннар, грузиннар, чеченнэр о.д.а. дагестанецтар этилэр.

Кинилэр ССРС сборнай хамаандатыгар ханна эрэ сборга кэллэхпитинэ: “Дмитриев, Иванов, Пинигин эһиги люкс миэстэлэргэ түһэҕит”,--диэн кэбиһэллэрэ. Ону атыттар тута соһуйаллар: “Тоҕо кинилэр”,--диэн айдаара түһэллэрэ. Ону тренердэр: “Кинилэр чуолкай син биир призердар. Оттон эһиги люкска наадыйдаххытына ону өссө дакаастааҥ”,--дииллэрэ. Ким да онно утарбат тута саҥата суох бараллара.

Арай биирдэ 1974 сыллаахха маннык буолла. Алуштаҕа ССРС сборнай хамаандатын сбора буолла. Онно старшай тренер Ю.Шахмурадов этэ. Биһиги кыраныысса таһыттан тустан киирбиппит. Оччолорго бастакы оҕобут Альбина үстээх кыра. Мин кэргэммин уонна кыыспын Алуштаҕа илдьэ бардым. Онно Матвеев Саша диэн уол сабыс саҥа американскай фирменнай джинсытын атыыласпытын сүтэрэн кэбистэ.

Ону тренердэргэ эттэ. Тренердэрбит биһигини саалаҕа мустулар уонна: “Дмитриев, Иванов, Пинигин саалаттан тахсыҥ”,--диэн буолла. Атын уолаттар эмиэ соһуйдулар: “Ол тоҕо”,--диэн буолла. Ону Ю. Шахмурадов: “Мин кинилэри олус үчүгэйдик билэбин сахаларга уорар диэн сааттаах дьыала. Кинилэр хаһан да уорбаттар. Кинилэр олох улахан буукубанан суруллар дьон”,--диэн истэн турдахпытына быһааран кэбистэ. Аны саамай уорбаланыан сөп биһиги этибит. Мин дьарыкка харахпын өлөрөн ол дьарыкка сылдьыбатаҕым.

Арамаан эмиэ перетренировка ылан сынньаммыта. Пинигин эмиэ тугун эрэ өлөрөн ол дьарыкка сылдьыбатаҕа. Юрий Шахмурадов ону ол диэбэтэ биһигини босхолоон кэбистэ. Кэлин истибиппит кырдьык дагестанецтар бэйэлэрин ортолоруттан ол джинсыны булбуттар этэ. Мин Варям ону истэн баран наһаа да үөрбүтэ, сөхпүтэ: “Сахалар маладьыас уолаттар эбиккит”,--диэн хайҕаабыта.

Корр. -- Ээ буолуо.
Биирдэ манна Россия чемпионата ыытылынна. Онно Сайтиевтаах тустууларыгар мэккиэр буолла. Дьэ, айдаан бөҕөтө. “Хаһан быһаарсан бүтэллэр”,-- диэн биһиги кэтэһэбит да мэлигир. Тустууну ырытаары мунньах буолла. Саалаҕа судьялар, бэрэстэбиитэллэр олороллор. Президиумҕа салайаччылар. Арай үс бөдөҥ баҕайы уол охсуһуохча айылаах бэйэлэрин тылларынан кытаанах “ар-бур” олох охсуһуу эрэ суох. Саала иһэ күүгүнэс.

Арай ол кэмҥэ Роман Михайлович биир бөдөҥ баҕайы доп-доруобай уолга тиийэн оргууй аҕай сиэҕиттэн тарта. Биһиги киһибит кыра баҕайы икки миэтэрэлээх бүтүннүү былчыҥ киһи Арамааҥҥа төҥкөс гынна. Биһиги киһибит мин аттыгар турбутум эрээри истибэтэҕим. Тугу эрэ кулгааҕар сипсийдэ. Киһитэ тута боччумуран чуумпуран хаалла. Онтон анараа киһитигэр тугу эрэ бэйэтин тылынан эттэ уонна иккиэн тос мааскаларын ылбыт курдук чуумпуран хааллылар. Ону кытары саала иһэ эмиэ чуумпурда. Онтон дьэ киһилии быһаарсан мунньахтарын этэҥҥэ түмүктээбиттэрэ.

И.А.Н. – Оннук түгэн биһиэхэ элбэхтэ буолааччы. Арамаан элбэҕи этээччитэ суох икки үс тылынан оннук быһааран кэбиһэр идэлээх. Арамаан Михайлович олох улахан киһи. Биһиги кинини олох сатаан дьонугар-сэргэтигэр кыайан арыйбакка сылдьабыт. Сатахха былааспыт да онно
сөптөөх боччумнаах үлэни ыыппат. Хата кыһарыйа, мэһэйдэһэ, туора түһэ сылдьар курдуктар. Дьиҥэр бу Монреаллааҕы Олимпиада үс мэтээлэ кэлиитигэр Арамаан наһаа элбэҕи оҥорбут уһулуччу үтүөлээх. ССРС сборнай хамаандатыгар миигин да, Байбалы да кини тутан-хабан хара бастакыттан суол тэлэн сирдээн илдьэ сылдьыбыта. Ити олох атын улахан көмүс буукубанан суруллан көҥүл тустуу историятыгар ахтыллыах тустаах.

Корр. -- Таах да сөпкө этэҕин. Оччолорго да сахалартан ССРС сборнайыгар киирээччи тахсааччы элбэх этэ. Холобура Николай Неустроев ССРС чемпиона буолта да тоҕо эрэ европаҕа аан дойду атын чемпионаттарыгар кыттыбатаҕа. Бадаҕа кырдьык ССРС таһымыгар туруорсар сүүрэр-көтөр тренерэ суоҕа да таайдаҕа.
И.А.Н. -- Оннук. Аны дьиэ иһинээҕи тустууктар диэн бааллар. Холобура казах Аманджол Бугубаев диэн баара дии. Ол киһи сойуус иһигэр кими баҕарар кыайар кыахтааҕа. Оттон кыраныысса таһыгар таҕыста да ханнык баҕарар омукка умайан хаалар. Кими да кыайбат. Биһиэхэ эмиэ саха сирин кыраныыссатын сөмүлүөтүнэн көтөн таҕыстылар да умайан хаалар дьон бааллар. Ити сүрдээх атын психологиялаах дьон. Итинниктэргэ холобура миигин хайдах да суруйбат буолуохтаахтар. Мин тустарбын наһаа сөбүлүүрүм. Кими баҕарар кытары ымсыыран баҕаран туран тустарым. Тустубутум даҕаны. Ити чааһын мин кыбыстарым суох. Сорохтор атын сиргэ баран көбүөргэ киирэллэрин олох ытылла киирэн иһэр курдук саныыр дьон баар буолаллар.

Омук сиригэр эҥин сылдьан Арамаан билэринэн-көрөрүнэн олох сүрдээх буолааччы. Бары киниттэн ону-маны ыйыталлар. Ону аҕыйах чуп-чуолкай тылынан адьас кими да атаҕастаабакка, түһэрбэккэ Арамаан быһааран биэрэрэ. Кавказтар эҥин ол иһин Арамаантан наһаа толлоллоро, убаастыыллара. Ол иһин ити ССРС сборнай хамаандатын сүрүн чилиэттэрэ бука бары Загалав Абдулбеков, Иван Ярыгин, бырааттыы Андиевтар эҥин бука бары биһигини ханнык баҕарар балаһыанньаҕа өйүүллэр этэ. Павел Пинигин да биһи уолаттарга олох сирдэрбэт этибит.

Ити дьэ ол быыһыгар 1972-76 сылларга биһиги үс туох баар аан дойду улахан турнирын олоччу кыайбыппыт. Мин ССРС-ка биирдэ эрэ үһүс буолбутум. Наар бастакы эбэтэр иккис буолуталаабытым. Онон Арамаан биһикки үлэбит ханна баҕарар көстөр үтүө түмүктэрдээх буолбута. Дьэ бу баар итини интэриэһиргиир буоллаххына араас түгэннэри ССРС сборнай хамаандатын олоҕуттан, биирдиллээн спортсменнарынан, Арамаан биһикки сыһыаммытын дьэ мин төһөнү баҕарар кэпсиэхпин сөп.

Арамаан Дьөгүөрэп.
 
Category: Спорт | Views: 1888 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024