Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Олунньу » 8 » Куоракка ити эрэ оскуолаларга 100 % саха оҕото үөрэнэр. «Эйгэтэ, кута-сүрэ сахалыы буолан бу оскуолаҕа төрөппүт талаһар»,
Куоракка ити эрэ оскуолаларга 100 % саха оҕото үөрэнэр. «Эйгэтэ, кута-сүрэ сахалыы буолан бу оскуолаҕа төрөппүт талаһар»,
12:44
08.02.2011 09:10   
Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназията статуһун сүтэриэн сөп (Kyym.Ru)

Былырыын ыытыллыбыт перепись барыллаан көрдөрүүтүнэн, Дьокуускай куорат олохтооҕун ахсаана 270-ча тыһыынчаҕа тиийбит. Онтон 110 тыһыынчата – сахалар. Ити түптээн куоракка олорор дьон ахсаана. Онтон төһө киһи улууска пропискалаах эрээри, куоракка олороро буолуой? Бука, сэрэйдэххэ үтүмэн буолуохтаах. Илэ хараҕынан даҕаны көрдөххө, Дьокуускай «сахатыйбыта» биллэр.

Куорат аҥаара сахалыы тыллаах. Бу дьон оҕолоро күһүн аайы оскуола көрдөбүлүгэр тилэхтэрэ элэйэр. Оҕолоох-уруулаах дьон бэркэ билэр кыһалҕалара. Төрөппүт эрэ үксэ, оҕотун Национальнай гимназияҕа киллэриэн баҕарар.

15 сылы быһа бас билэр дьиэтэ-уота cуох сылдьыбыт гимназистар, куораты биир гына «кэрийэ» сатаан баран, биэс сыллааҕыта Поярков уулуссаҕа үс этээстээх киэҥ-куоҥ уораҕайдаммыттара. Дьиҥинэн 500 оҕоҕо анаммыт тутуу. Ол гынан баран, оҕо элбэҕиттэн, нуорматын таһынан 250 оҕону эбии ылан олорор. Күһүн аайы төрөппүттэр барахсаттар саҥа кылааһы астараарылар дириэктэри олорбот да, туруорбат да гына мөрөйдүүллэр. Николай Константинович Чиряев «букатын миитиннээн бүтэрэллэр» диэн баһын быһа илгистэр. Дьэ, дириэктэр элбэх киһиттэн «оҕобун ыллыҥ-ылбатыҥ» диэн хайҕанан-үөҕүллэн эрдэҕэ. Икки өттүттэн кыһарыйар кыһалҕа эбээт.

«Сахалыы кылаастар тиийэллэр, бааллар» диэн үөрэх салалтата сымыһаҕын быһа ытырыммакка туран дакылааттыыр. Ол гынан баран, күһүҥҥүттэн күһүн хартыына уларыйбат: төрөппүттэр халыҥ халҕаһалара Саха гимназиятын, Национальнай гимназияны, Айыы кыһатын иилии түһэллэр.

Куоракка ити эрэ оскуолаларга 100 % саха оҕото үөрэнэр. «Эйгэтэ, кута-сүрэ сахалыы буолан бу оскуолаҕа төрөппүт талаһар», -- диэн Н.К.Чиряев быһаарар.

Оттон, били «дакылааттыыр» нуучча оскуолаларыгар аһыллыбыт саха кылаастарыгар үөрэтии таһыма намыһаҕын ааһан, улахан кылааска таҕыстахтарына ыһаттаан, атыттары кытары холбоон, булкуйан кэбиһэллэр. Кистэл буолбатах, нуучча оскуолаларыгар саха кылаастарын көйгөтүтэллэрэ баар суол. Ээл-дээл сыһыаҥҥа оҕо даҕаны, учуутал даҕаны сүр баттатар, сүгүн үөрэммэт-үлэлээбэт, арыллыбат. 3-с оскуолаҕа хаарыаннаах сахалыы үөрэтэр начаалынай кылаас учууталлара, коллектив хаҕыс сыһыанын тулуйбакка барыталаабыт түбэлтэлэрин тус бэйэм билэбин.

Оттон 2-с, 14-с диэн «сахалыы оскуола» ахсааныгар киирэр кыһаларга, үөрэнээччилэрин аҥаара эрэ саха. Нуучча оҕото «булгуччу дьиэтин таһыгар үөрэнэр быраабын» тутуһан, тустаах түөлбэ оҕолоругар аккаастыыр кыахтара суох. Ол быыһыгар үөрэх туһуттан саха оҕото тоһуттар тымныыга Хатастан, Кирзаводтан айаннаан кэлэрин ким да сүөргүлээбэт.

«Саатар икки улахан сахалыы оскуола тутуллара эбитэ буоллар, балаһыанньа тупсуо этэ», -- диэн Н.К.Чиряев эрэллээх. Салгыы төрөөбүт тылынан үөрэҕи ылар туһунан уонна орто үөрэхтээһиҥҥэ киирэр уларыйыылар тустарынан Николай Константиновичтыын кэпсэтиибитин ааҕыҥ:

- Билигин оскуола таһыма, кыаҕа выпускниктар төһө бырыһыаннара үрдүк үөрэххэ киирэллэринэн сыаналанар.

- Оннук сыанабыл олохсуйбута ыраатта. Оттон биһиги ГИМНАЗИЯ статустаах оскуола буоларбыт быһыытынан, төрүкүттэн сорукпут оннук.

- 1-гы кылааска оҕону хайдах сүүмэрдээн ылаҕытый? Чуолаан гимназияҕа киирэрэргэ «эрдэттэн бэлэмниир» куурустар бааллар диэн буолар.

- Билигин, уопсай ирдэбилинэн, оҕо-оҕоттон уратыта суох, бары тэҥнэр диэн этиллэр. Кырдьык, бастакы кылааска кэлэр оҕолор бары да наһаа үчүгэйдэр. Саҥа тыллан эрэр сибэкки буоллахтара. Оҕону «тэҥниир» сыалтан гимназиялары көннөрү оскуолалары кытары тэҥнээн сотору «гимназия» диэн тылбытыттан даҕаны матараары олороллор. Оннук да буолла. Уопсай оскуола халыыбын ыллахпытына, бу турар түөлбэбит оҕолорун (сахалыы биллин да, билбэтин) барыларын булгуччу ыларбытыгар күһэллэбит. Оччотугар, 20 сыл үлэлээн кэлбит сахалыы эйгэни, куту-сүрү, санааны сайыннарар үөрэх программабытын эмиэ «уларытарбытыгар» тиийэбит.

Сайабылыанньаны атырдьах ыйын 31-гэр диэри тутабыт. (Атын оскуолалар букатын биир болдьоҕу анаан баран ол эрэ күннэргэ туталлар). Оҕо бөҕөтө кэлээхтиир, ордук маҥнайгы кылааска үлүгэр буолар. Тестирование бобуллан турар. Онон кэпсэтэн көрөн (собеседование) оҕону сүүмэрдиибит. Урукку филиалбыт – Саха-немецкэй оскуола, билигин туспа статустанан

«Саха гимназията (английскай, немецкэй тыллары дириҥэтэн үөрэтэр)» буолан араҕыста. Онно 500 оҕо үөрэнэр.

Биир филиалбыт – Айыы кыһата дьиэтэ-уота суох. Оҕо Дыбарыаһыгар дьукаахтаһан олорор. Урут оскуола салаатын аһар улахан бадьыыһа суоҕа. Санаатыҥ да аһарыҥ. Билиҥҥи сокуонунан, оскуола аһар олус илистиилээх дьыала. Дьиэ-уот иэниттэн саҕалаан, санитарнай-баһаарынай туругар, суолугар-ииһигэр тиийэ буолунай ирдэбилгэ сөп түбэһиэххэ наада. Онон төрөппүттэр баҕаларын хоту саҥаттан саҥа филиал аһар кыах тохтоон турар.

Гимназияҕа «анаан» бэлэмниир төлөбүрдээх да, төлөбүрэ да суох куурустары ыыппаппыт. Биир да оҕо саадыгар филиалбыт суох. Тоҕо эрэ, саас-сайын итинник санааны үөскэтэр бэлэмниир, үөрэтэр куурустар олус элбииллэр. Төрөппүттэри сэрэтиэхпин баҕарабын: биһиги гимназиябыт ханнык да дьыссааты, бэлэмнэнии куурустары кытары үлэлээбэт.

- Гимназиялар учууталларын хамнастара 15% үрдүк?

- Үрдүк. Классическай гимназия учууталларын хамнастара 30% үрдүк… көннөрү оскуола учууталларынааҕар.

- Тоҕо?

- Тоҕо диэтэххэ, кинилэр федеральнай программаҕа сөп түбэһэллэр.

- Национальнай оскуолалар, гимназиялар ити 30% эбилиги хаһан да ылар кыахтара суох?

- Суох бөҕө буоллаҕа. Ол иһин 2-с оскуола дириэктэрэ кыһыйан «сахалыыбын оччоҕо ылан быраҕан баран федеральнайга көһүөм!» диэн этэр буоллаҕа. Оннук буолбата чахчы. Биһиги, манна, саха оскуолаларын дириэктэрдэрэ мустан, куорат бюджетыттан үп тыырдаран, хамнаска 15%-ы эптэриэххэ диэн туроурса сатаабыппыт даҕаны…

- Оччоҕо, аны, нуучча оскуолалара бууннаан туруохтарын сөп.

- …

- Саха тылын чааһа аҕыйаата дииллэр.

- Үөһэттэн сорунан туран ким даҕаны саха тылын үөрэтэр чааһы аҕыйаппат. Оскуолалар бэйэлэрин көрүүлэригэр диэн, булгуччу үөрэтиллэр предметтэр таһынан, «оскуола компонена» диэн биэрэллэр. Ол онно ханна-туохха төһө чааһы аттарарыҥ оскуола бырааба. Урут гимназияларга эбии 12 чаас биэрэллэрэ. Гимназия – универсальнай үөрэх. Урут 1-гы кылаастан саҕалаан икки омук тылын булгуччу киллэрэн биэрэрбит (английскайы уонна немецкэйи/французскайы). Аан дойду уус-уран култууратын үөрэтэрбит. Билигин гимназиябыт статуһун ыллахтарына ол 12 чааспытыттан эмиэ матабыт.

Аны, билигин барыта БКЭ (ЕГЭ) буолан хаалла. Экзамеҥҥа бэлэмнэнэр туһуттан, иккис омук тыла суох буолла, аан дойду култууратын үөрэппэппит, улахан кылаастарга урут саха тыла 5 чаастаах эбит буоллаҕына, 3-кэ диэри аччаттыбыт. Биһигини итинтэн сылтаан хомуруйаллар. «Национальнай ааттаах эрээри, саха тылын аччатта» дииллэр. Итини маннык быһаарыахпын баҕарабын: биһиги оҕолорбут сахалыы тыллаах, эйгэлээх оҕолор. Бары. Тылы биир саха тылын-литературатын уруогар эрэ буолбакка, атын уруоктарга, кылаас таһынан үөрэтиигэ, эрчийиигэ барытыгар – сахалыы үөрэтэбит. Онон саха тыынын, магйтын сүтэрэр куттал Национальнай гимназияҕа суох. Өскөтүн нууччалыы оскуола эбитэ буоллар, саха тыла предмет эрэ быһыытынан үөрэтиллэрэ буоллар, дьэ, кырдьык айдаарыахха, сэмэлиэххэ сөп этэ.

Хата, быйылгыттан саҕалаан БКЭ арыый сымнаһыар буолла. Урут БКЭни туттарбатах оҕо аттестат ылбат этэ. Билигин баҕарбат оҕо туттарыа да суоҕун сөп буолла.

- Гимназия – гуманитарнай хайысхалаах буоллаҕа?

- Кыра кылаастар бары гуманитарнайдар. Ол гынан баран, улааттахтарын ахсын, дьэ хайа оҕо ханныкка дьоҕурдааҕа биллэн барар. Инньэ гынан, үрдүкү кылаастарга оҕолор дьоҕурдарынан көрөн арахсаллар. Биэс сыл буола-буола гимназия сайдар, үөрэтэр саҥа былаанын ылабыт. Күн бэҕэһээ проект көмүскээһинэ буолла. Егор Петрович Жирков экспертнэй сүбэни баһылаата. Сүбэҕэ чилиэнинэн наука доктордара, быһатын, өрөспүүбүлүкэҕэ экспертиир таһымнаах дьон кэлэн проектарбытын көрдүлэр-иһиттилэр. Бу кэлэр бэнидиэнньиккэ талыллыбыт проектары холботолоон, биир кэлим оҥорон кыһабыт биэс сыллаах сайдар былаанын ылыныахтаахпыт.

- Саахыматы үөрэтэн эрэҕит?

- Саахымат баар, бальнай үҥкүү баар, психология, музыка, ырыа... илиҥҥи тыллары үөрэтэбит… элбэх.

- Бэрээдэги кэһии төһө баарый?

- Оннук айылаах бэрээдэги кэһии суох. Былырыын тыаттан киирбит үөрэнээччилэрбит бэйэлэрин икки ардыгар биир тылы булбакка түбэлтэ тахса сылдьыбыта. Дьиҥинэн, саҥа оҕону туоратыы эҥин диэн суох. Хата, төттөрүтүн биһиги оҕолорбут сонурҕаан түргэнник бодоруһа охсооччулар. Биир өттүнэн, манна бастакы кылаастан үөрэммит оҕолорбутунааҕар, кэлин киирбит оҕолор гимназияҕа үөрэнэ кэлбиттэрин ордук сыаналыыр курдуктар. Тэҥнээн көрөр кыахтаах буоллахтара дии. Оттон бэйэбит оҕолорбут буолуохтааҕын курдук ылыналлар.

- Гимназияҕыт иһэ-таһа ыраас, чэбэр. Көрүдүөр холлугар турар остуолга таас иһит-хомуос, ону таһынан тирии бүрүөһүннээх барабааннар, күпсүүрдэр тураллар. Ким да тойо, тэһэ охсубат эбит ээ?

- Ээ суох.

Фрося Федорова, гимназия вице-премьерэ:

- Оҕолор дьиэлэрин курдук саныыллар, ол иһин тугу барытын харыстыыллар.

Н.К.Чиряев:

- Үөрэнэн бүтэн баран оҕолор дьиэлэригэр барыахтарын баҕарбаттар. Күнү быһа сылдьаллар. Итии аһылыктаах остолобуойдаахпыт. Сорох-сорохтор үстэ-хаста аһыыллар быһыылаах.

- Тыаттан үөскэ көһүү бара турар. Онон куоракка кэнэҕэс саха оскуолата тиийбэт кыһалҕата өссө сытыырхайар буолуохтаах.

- Бүтүн дойду үрдүнэн дьон үөс сиргэ талаһар. Биир өттүнэн кыахтаах, үөрэхтээх, сатабыллаах өттө баҕа өттүнэн көһөр. Биир өттүнэн дьон баҕарбатаҕын да үрдүнэн көһөргө күһэллэр. Холобур, нэһилиэк оскуолатын үчүгэй үөрэнээччитэ улуус киининээҕи, гимназияҕа, лицейгэ киирэр. Онно уһулуччу оҕолор, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейдэргэ кэлэллэр. Дьоно оҕотун үөрэттэрээри эмиэ сир уларытар. Учууталлар эмиэ сол курдук кыахтаахтара, талааннаахтара үөс сиртэн үөскэ көһөн иһэллэр. Түмүгэр тыа оскуолаларыгар үчүгэй учуутал тиийбэт буолан хаалар. Барыта бэйэ-бэйэтиттэн тутулуктаах көстүү.
Views: 1836 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 26
Ыалдьыттар (гостей): 26
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024