Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Муус устар » 10 » Ил Түмэҥҥэ билигин баартыйа испииһэгинэн уонна биир мандаттаах уокуруктан 17 барыта - 25 промышленник баар
Ил Түмэҥҥэ билигин баартыйа испииһэгинэн уонна биир мандаттаах уокуруктан 17 барыта - 25 промышленник баар
15:13
 ШТЫРОВ баҕа санаата уонна "Мэҥэ Хаҥалас бочуоттаах гражданинын" бэлиэтэ
Среда, 10 Апреля 2013 08:54
Бэҕэһээ сарсыарда Дьокуускай аэропордуттан В.ШТЫРОВ дьиэтигэр - Москубалаата диэн иһитиннэрдилэр. Бу киһи тугу гынан барда? Тиксиһиннэртиирин быыһыгар, "ньадараалларын" көрсүтэлээтэ, аныгыс Ил Түмэҥҥэ эмиэ киирсэҕит диэн бирикээс биэртэлээтэ.
ШТЫРОВ манна кэлэн баран Мииринэйгэ бара сырытта уонна Мэҥэ Хаҥаласка.
Мииринэйгэ барара оруннаах: алмааһа, харчыта, үбэ-баайа, үүнэн тахсыбыт сирэ, тирэҕэ буоллаҕа. Оттон саха улууһугар Мэҥэ Хаҥаласка сүөһү ахсаанын үөрэппэтэҕэ, төһө үүтү ыылларыгар кыһамматаҕа биллэр. Кини интэриэһэ - тимир суол. Тимир суол тигинэччи үлэлээн сир баайын-дуолун төһө өлгөмнүк таһыахха сөбүн тургутуу.
Мэҥэ олохтоохторо Өлүөнэни туоруур муоста тутуутун ыйыталаһан көрбүттэригэр, "дойду салалтатын кытары сиэттиһэ сылдьар" бэлиитикпит муоста тутуута "кэнэҕэс былааҥҥа баарын" эрэ этэр. Аҕыс сылы быһа президент дуоһунаһыгар олорбута даҕаны ити "кэнэҕэс" кэми аҕалбата да, тиэтэппэтэ да.
Муоста тутуута - социальнай бырайыак. Саха сирин олохтоохторо Эбэ икки кытыла тиксиһэр сирэ суоҕуттан улаханнык эрэйдэнэллэр. Саас-күһүн олох тохтуурун кэриэтэ. Муоста суоҕуттан икки аҥыы арахсан олорор Илин уонна Арҕаа эҥээр олоҕо-дьаһаҕа, экономиката улаханнык эмсэҕэлиир. ШТЫРОВ онно болҕомтотун хатаабатаҕа даҕаны, хатыыр да санаата суох. "Дьон алмаастааҕар күндү" диэн эттэр  даҕаны кини барыһы сырсар киһи. Онон экономическэй барыстаах, эргитиилээх эрэ дьыалаҕа биирдэ толкуйун холбуоҕа. Кини билигин былаана диэн - хайдах эмэ гынан Уһук Илин салалтатыгар кэлэ охсуу.  
***
ШТЫРОВ салгыы республика баайын айбардыырыгар Ил Түмэн 2-с, 3-с мунньахтарыгар бэйэтин "ньадараалларын" өссө биэс сылга олордуу буолар. Парламеҥҥа бэйэтин дьонун хааллардаҕына, хайа талбыт барыстаах сокуону ыллаттарбытын курдук ыллаттара олоруон сөп.
Ил Түмэҥҥэ билигин  баартыйа испииһэгинэн уонна биир мандаттаах уокуруктан 17  барыта - 25 промышленник баар. Алмаас-бриллиант салаатыттан 12 киһи, энергетикаттан 6, хайаны байытар комплекстан 7, тутууттан 4, тырааныспартан 2 депутат олорор. Тэҥниир эбит буоллахха - агропромышленнай комплекстан биир да киһи суох. Уонна туран, тыа хаһаайыстыбата тоҕо сайдыбатый диэхпит.
Мэҥэҕэ тимир суолу тутар Ил Түмэн депутата Александр ДУДНИКОВ («Корпорация «Трансстрой-Восток» ХЭТ), биллэн турар, ШТЫРОВ саллаата. ДУДНИКОВ тимир суолу бэдэрээттэһэн тутар олохтоох тэрилтэлэргэ хамнастарын ситэ төлөөбөтүн туһунан бэчээккэ быгыалаан турар. ДУДНИКОВ солбуйааччытынан Төлөннөөх Артур - Артур АЛЕКСЕЕВ олорор. АЛЕКСЕЕВ хампаанньаҕа улахан быһаарыыны ылар боломуочуйата суох, көннөрү "олохтоох каадыр сирэйэ" диэн афиша буолан олорорун сэрэйиэххэ сөп.
"Корпорация "Трансстрой-Восток" ХЭТ олохтоох тутааччыларга хамнас төлөөбөккө эрэ, Сочитааҕы олимпиада объектарын тутуутугар балысхан сууманы кыттыһан олорорун бэйэтэ мунньахха этэн турар.
ШТЫРОВ Мэҥэҕэ сырыытын ДУДНИКОВ арыаллаата.  Бу киһи билиҥҥи Ил Түмэҥҥэ Алдан 17№-дээх уокуругуттан талыллыбыта. ШТЫРОВ былаанын олоххо киллэрсибит уонна киллэрсиэхтээх киһи быһыытынан, салгыы  мандатка киирсэрэ чуолкай.
***
ШТЫРОВ Мэҥэҕэ тахсан: «Самое большое счастье в жизни человека — это иметь возможность сделать то, что задумал, и увидеть, как задуманное сделано», — диэн Аллараа Бэстээхтээҕи тырааныспар техникумугар сылдьан эппитин көмөлөһөөччүлэрэ пресс-релизкэ тиһэн тарҕаттылар. Онон ШТЫРОВПУТ  толкуйун олоххо киллэрээри, киирбитин көрөн астынаары ытыһын сууралана сылдьар.
Ыам ыйыгар ШТЫРОВ, 60 сааһын туолуохтаах. Былаан быһыытынан манна чиэстэнэн барыахтаах. Биһиги урукку президеммтин хайа сатанарынан истиҥник эҕэрдэлээн көрсүөхтээхпит. ШТЫРОВ салайбыт республиката кинини ахтарын-суохтарын Москубаҕа көрдөрүөхтээх. Ол аныгыс дуоһунаска ананарыгар төһүү буолара саарбахтаммат этэ.
Ол гынан баран ШТЫРОВ "сахалар махталларын" наһаа ылыа суоҕун өтө сэрэйэн,  бэчээккэ аанньа ахтыллыбатын билэн,  бэйэбитин түһэрэргэ холонно. Бэйэбит да "киһи аанньа аахсыбат дьоно" буоларбытын бэйэбит "пенсионердарбытынан" үөхтэрэн көрдөрдө. Таарыччы Уһук Илини салайар дуоһунаска  чарапчыланар буолан, таарыччы билиҥҥи миниистир Виктор ИШАЕВ суолтатын эмиэ намтатан ааста.
***
Мэҥэлэр ШТЫРОВКА, өссө Владимир ПТИЦЫН улууһу салайан олорорун саҕана - 2006 сыллаахха "Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданинын" аатын иҥэрбиттэр эбит. Ону субу билигин үбүлүөйүн иннинэ туттарбыттар. Махталбыт хайы-сах саҕаланнаҕа диэтэҕиҥ.
***
Аартык.ру

Комментарии
#1

оо 10.04.2013 11:34
олег тарасов, выборнов, потрубейко, деревяшкин, петров, морозкин, евсеев - все вот эти люди ВАШ. гнать надо их поганой метлой!
#2
Бэдэр 10.04.2013 11:38
барыларын ыьаттаан баран сана дьону талыахха наада
#3
Дьопту 10.04.2013 11:42
Бэдэрдиин сырсыакалаьа сылдьабыт ээ, ноко?
Мэнэлэр диэн сурдээх киитэрэй дьон. Алы гынан эрдэттэн албыннаьа сырыттахтара. Сепке гыналлар)
#4
Валерий 10.04.2013 12:10
Саамай сепке суруйар Аартык.ру. То5о диэтэххэ, Ил Тумэннэ аграрнай партияттан талыллыбыт депутаттарбыт (Наумов Д.Ф., Уаров А.С. уо.д.а.) быыбарданаат тута сереен Единэй буола охсубуттарын кэннэ, тыа сирин кыьал5атынан дьарыктанар киьи хаалбыта дуо!? Суох буолбат дуо? Онон дьин-чахчы норуот туьугар туруулаьар дьону депутатынан талыа5ын. Таах сибиэ, тойон тугу диэбитинэн ээх хоту сылдьар, тойонно-хотунна эрэ туьалаах, норуокка туьата суохтары тимир сиппииринэн сиппийэн кээьиэ5ин. ШВА ньадьараалларын астаапка5а ыыталыа5ын. Сеп буолуо. Христофорова Марияны хайаан да туруоруохха. Афанасий Максимовы, Пахомовы ейеуххэ. Чэ, Мария Христофорованы ейуе5ун
эрэ, билинни кэмнэ куен туттар баар-суох бизнесвумен кыыспытын.
Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 1580 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 90
Ыалдьыттар (гостей): 90
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024