Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Муус устар » 15 » «Баай-дуол, харчы; үрдүк соло уонна ордугурҕаһыы”. Бу үс суол хабаланы мүччү көтөн, нэһилиэктэр олохтоохторо көҥүл дьон буолалларыттан ааст
«Баай-дуол, харчы; үрдүк соло уонна ордугурҕаһыы”. Бу үс суол хабаланы мүччү көтөн, нэһилиэктэр олохтоохторо көҥүл дьон буолалларыттан ааст
19:50
Сайдыыны туох мэһэйдиирий?
15.04.2013 11:29 | Автор: Кыым |
Урут тыа сирин сирдиир, көҕүлүүр тэрилтэ олохтох Сэбиэт уонна нэһилиэк дьокутааттара буолаллара. Билигин – нэһилиэк дьаһалтата уонна, дьокутааттар сиэссийэлэрэ. Оччотооҕу сэбиэт нэһилиэк дьонун бары араҥатыгар, баар тэрилтэлэригэр, холбоһуктарыгар барытыгар орооһор кыахтааҕа. Сүрүннүүрэ, дьаһайара. Судаарыстыба манна сөптөөх үбү тыырара, сокуону, уурааҕы, ыйыылары оҥороро. Оттон бүгүҥҥү нэһилиэк дьаһалтата бары өттүнэн хааччахтаах курдук. Бүддьүөтэ кырыымчык, кэтэх хаһаайыстыбаларга, бааһынайга, кэпэрэтииптэргэ, аһаҕас, сабыылаах да аахсыйалаахтар уопсастыбаларыгар, агроифрмаларга арахсан олорор. Оскуола, кулууп, балыыһа, бэтэринээр сулууспата да туһунан салалталаах, устааптаах, дьаһалтаҕа бас бэриммэт тэрилтэлэр. Соруктара да араас.
Дьаһалта кинилэргэ туораттан сүбэһит эрэ оруолланна. Үлэлэригэр орооһор, ирдиир эбээһинэһэ суох. Түмүгэр тыа хаһаайыстыбаларын тэрилтэлэрин тиэхиньикэтин саҥардыыга, үлэһиттэрин олорор дьиэнэн хааччыйыыга, үлэ таһаарыылаах буоларыгар, киһи аймах өйүн чыпчаалыгар олоҕуран, үлэни тэрийиигэ кыһаллыы мэлийдэ. Ол да иһин төһө эмэ сүөһү, сылгы ахсаанын аҕыйатымаҥ, элбэтэргэ кыһаныҥ диэн сиэрдээх ирдэбил толоруллубат. Тоҕо? Дьоммутун Иван Гоголев – Кындыл эппит үс хабалатыгар симнибит: «Баай-дуол, харчы; үрдүк соло уонна ордугурҕаһыы”. Бу үс суол хабаланы мүччү көтөн, нэһилиэктэр олохтоохторо көҥүл дьон буолалларыттан аастылар. Итинник санааҕа дойду, өрөспүүбүлүкэ бас-көс салаалара – бырамыысыланнас, энэргиэтикэ, суол-иис, тыа хаһаайыстыбата, бэл, сирбит баайа, өрүспүт-күөлбүт, хара тыабыт кэтэх уонна үптээх-харчылаах дьон бас билиитигэр киирбитэ, өссө да баайбыт салгыы атыылана, ыһылла турара тиэрдэр. Бас билээччилэр иҥсэлэрэ-оботторо уҕараабатыттан, харахтара туолбатыттан тыа дьонун олоҕо күннэтэ ыарыыр. Сыана барытыгар үрдүүр. Өрөспүүбүлүкэ салалтата бу кыһалҕа норуокка охсуутун сымнатаары хамнаһы, биэнсийэни, босуобуйаны сыл аайы үрдэтэр, нэһилиэнньэҕэ араас көмөнү толкуйдаан, өйүүр. Ол эрээри тыа сирин олоҕо тупсара диэн дуона суох. Урут биһиги киһини үөрэҕинэн, олоҕу билиитин-көрүүтүн таһымынан, тустаах үлэтигэр, уопсастыба олоҕор төһө кыттарынан, дьоҥҥо, дьиэ кэргэнигэр сыһыанынан сыаналыырбыт. Оттон бүгүн, бэл, бэйэлээх бэйэбит кыргыттарбыт кэргэн тахсар уолларын туох-ханнык дьиэлээҕин-уоттааҕын, төһө хамнастааҕын, төһө иитимньилээҕин көрөр буоллулар. Дьэ, ол кэнниттэн таптал, иэйии дириҥэ сыаналанар. Ол иһин арахсыы элбэх.

Эбиитин олохтоох дьаһалта нэһилиэккэ хаһаайыстыбаннай үлэнэн дьарыктанар сатаммат диэн буолла. Ол аата, баһылыкпыт нэһилиэнньэҕэ от-мас тиэйиитигэр, иһэр уунан хааччыйыыга, олохтоох кырдьаҕастарыгар, инбэлииттэргэ, көмөлөһөр кыаҕа суох буолар. Ити барыта туһааннаах маннык үлэнэн дьарыгырар ханна эрэ кииннээн үлэлиир туспа тэрилтэлэр көмөлөрүнэн оҥоһуллуохтаах диэн. Холобур, улуус хомунаалынай тэрилтэтэ, электросеть, үлэнэн, өҥөнөн хааччыйыы эйгэтэ. Бу тэрилтэлэр нэһилиэктэргэ 1-2 үлэһиттэммиттэрин да иһин, тыа олохтооҕун күннээҕи кыһалҕатын толору толуйар кыахтара суох.

Дьаһалта эбээһинэһигэр бөх-сыыс хомуйуута, чохчолооһуна, сыбаалканы уматыы, кылабыыһа сирин тыырыы, көрүү-истии, сир, дьиэ-уот олохтоммут түһээннэрин хомуйуу, бытархай өҥөлөр төлөбүрдэрин, подоходнай, үс түһүк нолуоктары хомуйуу хаалбыт. Ону таһынан бырабыыталыстыба араас тус сыаллаах тыырар үбүн түҥэтии. Кассир тэҥэ. Итиннэ эбии аата-ахсаана суох күннэтэ кэриэтэ уларыйар отчуоттары түмүү, оҥоруу, үрдүкү тэрилтэлэргэ тиэрдии киирэр. Дьаһалта нэһилиэккэ саҥа тутууну былааннаатаҕына, онно сири анатыы, бырайыак-симиэтэ дьыалатын оҥоруу, туһааннаах сирдэргэ көмүскээн, үбү тыырдарыы, тиэндэр биллэрэн, тутааччылары булуу, кинилэри кытта сөбүлэҥ түһэрсии курдук ииспэрэй үлэ-хамнас эрэ хаалар курдук.

Онон тыа сирин сайдыытыгар мэһэйдиир:

* Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар хаһаайыстыбалар, тэрилтэлэр олус бытарыйбыттара. Бүддьүөт тэрилтэлэрин кытта сыһыан суох буолбута.

* Дьаһалталар түмэр, көҕүлүүр, салайар ньымаларын сарбыйыы.

* Салайыы уонунан сылларга олоҕурбут, туһалаах тиһиктэртэн аккаастанан, ханнык эрэ саарбах тиһиктэри, ньымалары үлэҕэ-хамнаска маассабайдык киллэрии.

* Ыанньыксыт, бостуук, сылгыһыт хамнаһа олус кырата.

                                           Н.Р. Татаринов, Ньурба улууһа, Күндээдэ Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ.
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты | Views: 1516 | Added by: uhhan1
Total comments: 1
1 Яша  
Ваше молчание усиливает давление на вас, тем самым повышает управление над вами. Голосуйте дальше безграмотные за богатых бизнесменов, которые помогут вам красивыми словами поднять уровень жизни селян и зарплату. У нас нет бизнесменов, это экономические воры, которые украли миллиардные деньги у нас, с банков, с предприятий, пенсионного фонда в 90-е и выставляют себя бизнесменами. И ваши же бывшие директора совхозов,парткомов, председатели правления захватившие львиные и жирные куски земель, недвижимости, техники и живности. И сейчас же они управляют вами и их дети, родственники. Пока с сверху не будет указании, они будут вас топтать и делать рабами. Ведь все субсидии и прочие денежные перечисления получают они на прямую. Вас обдирают только так. Даже молоко свежее, натуральное принимают по самой низкой цене, а доплату получают себе. Вот так-то.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 94
Ыалдьыттар (гостей): 94
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024