News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[225]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[378]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Муус устар » 17 » "Прокурордар ЧЕКУЛАЕВЫ тараччы тутан аҕалыах буолан эрэннэрбиттэрэ даҕаны, ким билэр..."
"Прокурордар ЧЕКУЛАЕВЫ тараччы тутан аҕалыах буолан эрэннэрбиттэрэ даҕаны, ким билэр..." | 13:50 |
МГУ доцена ЧЕКУЛАЕВ сууттан күрээбит
"Максимов дьыалатыгар" силиэдэбэтэл КАРЕЛИННЫЫН куомуннаһан, дьиҥнээх докумуоннары кистээн, сымыйа буруйу соҥнообут киһи, улахан бутууру таһааран түөрт киһини хаайыыга уктарбыт - МГУ доцена ЧЕКУЛАЕВ!", - диэн Афанасий МАКСИМОВ суукка көмүскээччитэ Николай СЕДАЛИЩЕВ этэр. "Аартык.ру" суут мунньаҕыттан - муус устар 16 күнүнээҕи быһылааныттан, репортаж суруйан таһаарбыта. Онно МГУ доцена ЧЕКУЛАЕВ туоһу быһыытынан ыҥырыллыбыта, үс прокурортан икки прокурору туоратарга хадатаайыстыба көрүллүбүтэ, суут истиитигэр Михаил ЭВЕРСТОВ кэлэ сылдьыбыта о.д.а. кэпсэммитэ. ЧЕКУЛАЕВ дэбиэриннэһэ суох эрээри эмсэҕэлээччи "ЯТЭК" бэрэстэбиитэлэ буоларын судьуйа ХОРУЛИНСКАЯ итэҕэйбэккэ анал докумуон ирдээбитэ. Доцент 15 мүнүүтэ иһинэн "кыһалҕата суох дэбиэриннэс булабын" диэн киэп-хаап туттубута да, сарсыныгар - муус устар 17 күнүгэр тыҥ хатыыта Москубаҕа күрээн хаалбыт. Туоһу буолуохтаах, "көрдөрүү бөҕөтө биэриэхтээх" доцент кутуруга куйаарбыт, суола сойбут... "Прокурордар ЧЕКУЛАЕВЫ тараччы тутан аҕалыах буолан эрэннэрбиттэрэ даҕаны, ким билэр...", - диэн СЕДАЛИЩЕВ саарбахтыыр. Биллэн турар, ол күрүөйэҕи аҕалар кинилэр интэриэстэрэ суох буолун сөп. Албакааттар, араас депутаттар туоһуну тос мааһын ылар курдук эрийэн-мускуйан туоһуластахтарына муос-туйах сарбыллыан, аат алдьаныан, дьыала ис хоһооно биллэн тахсыан сөп. Оччотугар сакаасчыттар ааттара таҕыстаҕына өссө биир үтүө үлүгэр тахсар. *** Онон "пративнай сахалары сах сиэтин!" диэн баран араас билиҥҥи, быыпсай депутаттар чокуйалларын кэтэспэккэ ЧЕКУЛАЕВ тэскилээбит диэн буолла. *** Аартык.ру
|
Category: Суд-закон.МВД.Криминал |
Views: 1403 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 3 Ыалдьыттар (гостей): 3 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|