Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Бэс ыйа » 4 » Михайлова ханна ананар даҕаны, онно туох эрэ булгуччу тахсар.
Михайлова ханна ананар даҕаны, онно туох эрэ булгуччу тахсар.
23:34
Исаевна
04.06.2013
http://yktnews.ru/obshchestvo/4691-isaevna
Үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрин хамнаһын үрдэттибит диэн куоһурдаммыттара. Үрдүүрүн үрдээбитэ да, мыынааччыта үксүнэн сылыктаатахха, учууталлаан байан эрэр аҕыйах быһыылаах.
 Арай оскуола директордарын хамнаһа кыраай барбыт диэн буолар. Үрдүк үөрэх кыһаларын үлэһиттэрин хамнаһа кыра буолан, атахха биллэрбит үгүс. Онно да тойон-хотун баар ахан. Ол дьоммут, чуолаан, ректордар миллионер буолан эрэллэр үһү диэн суруллубут сурах тарҕанна.
2012 сыл ректордарга бэрт элбэх харчыны тэбэн биэрбит.
 Холобур, ДвФУ ректора Сергей ИВАНЕЦ ааспыт сылга 15,2 мөлүйүөн солкуобай дохуоттаммыт. Атына буоллар дьиэ, массыына атыылаһа сүүрүө эбит. Бу киһи икки аҕай квартиралаах, икки дьиэлээх, BMW 320 массыыналаах.

Тамбовтааҕы государственнай университет ректора Владислав ЮРЬЕВ былырыыны быһа үлэлээн 9,3 мөлүйүөн дохуоттаммыт. Москватааҕы инженернэй-физическэй институт (МИФИ) ректора Михаил СТРИХАНОВ 6,8 мөлүйүөнү өлөрбүт. Пермнээҕи государственнай педагогическай университет ректора Андрей КОЛЕСНИЧЕНКО 4,1 мөлүйүөннэммит. Арай Кемеровотааҕы государственнай тыа хаһаайыстыбатын институтун ректора Виктор МЯЛЕНКО баара эрэ 2,8 мөлүйүөнү хамнаһым диэн аахсыбыт.

Билиҥҥитэ ити биэс ректор хамнаһын, харчытын декларацияҕа киллэрбитэ бэчээккэ таҕыста. Министр Ливанов күһэйэн буоллаҕа. РФ президенэ ректордар декларацияларын бэс ыйын саҕаланыытыгар диэри таһаарыахтаахтар диэбитэ. Оччотугар субу күннэргэ биһиги тапталлаах Евгения Исаевнабыт хамнаһа төһөтүн, дьэ, билэн дьоллонуохпут.

Өтөрдөөҕүтэ университеппыт ректорын хамнаһа оччо үһү диэн кэпсэтии олохтоох форумнарга күөдьүйэ сылдьыбыта. Препод барыта умнаһыт эрэ үрдүнэн статустанар кэмигэр хотуннара элита атрибуттарын кинилэргэ соҥнуу сатаабыта эмиэ ахтыллыбыта. Көннөрү преподавателлар бары кыттыһан, хамнастарыттан ырыбыллаан хотун Михайловаҕа спонсордаабыт курдук буолан тахсаллар.

 Бу интернеккэ ыйана охсубут декларациялартан көрдөххө, ректор хамнаһа Россия премьер-министрэ тиритэ-хорута үлэлээн ылбыт хамнаһынааҕар да үрдүк буолан тахсар. Оччотугар биһиги Евгения Исаевнабыт тоҕо ити дуоһунаһын туран биэрэр баҕалааҕый?

Хаартыскаҕа: Исаевна дьиэтэ ити эргин баар. Иһирдьэ туора дьону киллэриллибэт территорияҕа.

Ити үөһэ ааттаммыт ректордар дохуоттарын кээмэйэ арыллан, аҕыс айдаан тахсыбата эрээри, куолулуурга сылтах буолбут. Бу дьон хантан итиччэ үлүгэр харчыланнылар диэн ыйытык ыйаммыт. Хамнастан диэн буолбут. Учуонайдаан, лекция ааҕан эҥин дэтэлээбиттэр да, ити киһини итэҕэппэт. Үрдүк үөрэх кыһаларын ректордарын хамнаһа Путин хараҕын кытары аалбыт. Ол иһин дохуоттарын дьон көрүүтүгэр-истиитигэр таһааралларын модьуйдаҕа. Кырдьык, кыһыылаах дьыала. Путин бэйэтэ муҥнанан, 2012 сыллаахха 5,79 мөлүйүөн солкуобайы өлөрөр, «аҥаара» премьер-министр Медведев - 5,81 мөлүйүөнү эрэ. Оттон хайа эрэ Иванец 15 аҕай мөлүйүөнү.

Ама да салайааччы буолбут иһин, көннөрү преподаветеллартан 15 төгүл үрдүк хамнаһы ылыы диэн дьикти. Былырыын Путин ити дьону хонтуруолга ылыам, үүннүөм-тэһиинниэм диэбитэ да, билиҥҥитэ дьоно байар суолтан туоруу иликтэр.

Чэ, ол хайа эрэ Иванец биһиэхэ сыһыана суох. Биһиги билэрбит эрэ ытыктабыллаах Евгения Исаевна. Кини дохуота элбэх дьону интэриэһиргэтэр буолуохтаах. Буолаары турар быыбарга университет үлүгэр куолаһы кимиэхэ эрэ (ким ким туһугар диэҕэ өйдөнөр) тэбэн биэриэ дии. Декларацията таҕыстаҕына, дьэ, хайаһар…

Исаевна онно эрэ кыһаллыа суоҕа. Кинини тарбаан көрбүттэрэ ыраатта да, ымыр да гыммат. Бу да сырыыга хотун санаатын хоту буолуо.

ХИФУ ректорынан ананарын утарбыттара. Оннооҕор ньимиликээн оҥоро сатыыр устудьуоннара:

Студент ЯГУ: «Не допустим Михайлову И.Е. в ректоры СВФУ! Мы считаем, что во главе СВФУ должен стоять человек, который не только руководитель, но и является авторитетным ученым с присущим ему глубоким пониманием глобальных проблем развития образования, науки. Она - чиновник!

Мы видим в деятельности Евгении Исаевны только личные цели в плане карьеры, а проблема развития образования республики всегда стояли у нее на втором плане, это видно исходя из ее реформ и поспешных экспериментов.

Мы против назначения Е.И. Михайловой, т.к. это будет угрозой дальнейшего развития образования в Якутии. Думаю, с нами согласится и профессорско-преподавательский состав университета.

Властям Якутии, России, не дайте погибнуть образованию, науки республики.

Населению республики, хватит бояться, не допустим назначения Е.И. Михайловой в ректоры. Спасите наш университет!

Евгения Исаевна! Вы изуродовали всю систему образования РС (Я). Просим Вас, не трогайте последний оплот свободной науки республики! Ведь университет - это последний оплот государственности Якутии.

На самом деле многие видят, какая она человек, но все боятся. Хватит! Мы устали, и в ЯГУ нас 20000! И мы можем дать наш свободный ответ!».

http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?f=26&id=1205699

Суох, анаммыта, хаардыы хааман киирбитэ. Ол тухары син аалан айдаара сатаабыттара да, анаммыт аата анаммыт, тулуйалларыгар эрэ тиийэллэр.

Арай быйыл аатырбыт Казарян айдаана Исаевнаны хаарыйда:

«КАЗАРЯН сценарийа салҕанар. Сценарий уочараттаах түһүмэҕэ - ИСАЕВНА.

Наар бөрүкүтэ суох айдааннары кытары аата ситимнэнэр ХИФУ ректора Евгения МИХАЙЛОВА  профессорын Павел КАЗАРЯНЫ көмүскээн айаҕа кытаран олорор.

Өр сыл былааска, салайар үлэҕэ сылдьыбыт дьахталлар сахаҕа син бааллар: А. ОВЧИННИКОВА, Л.ГРИГОРЬЕВА, С.НИКОЛАЕВА, С.СИДОРОВА, Е.ГОРОХОВА. Билигин даҕаны А.ПОИСЕЕВА, Ф.ГАБЫШЕВА, Е.НИКИТИНА да буоллун, ааттара  киһи кулгааҕын кычыгылаппакка киирэр. Ордук урукку дьахтар салайааччылары үтүө тылынан ахтарбыт-саныырбыт кэмэ суох.

Дьахтар салайааччылар ортолоругар саамай айдааннаахтара, оруо маһы ортотунан сылдьааччылара, наар дьон-сэргэ сэмэтигэр-суҥхатыгар, тылыгар киирэн биэрэр биир эрэ дьахтар баар - Евгения Михайлова.

Бастакы президент кэмигэр карьерата баһа-баттаҕа суох үрдээн  1997-2002 сс. үөрэх миниистирэ буолар, В.ШТЫРОВ саҕана вице-премьердиир, онтон букатын да 2007 сыллаахха вице-президенинэн ананар.  2010 сылга, Штыров дуоһунаһыттан аккаастанан барыан биир ый иннинэ, ХИФУ ректорын дуоһунаһыгар тиксэр.

Михайлова ханна ананар даҕаны, онно туох эрэ булгуччу тахсар.

Одьулуун ПТУ-тун умайыыта, Сыдыбыл оскуолатын баһаара - Исаевна үөрэх миниистиринэн олордоҕуна тахсыталаабыта. Атын киһи эбитэ буоллар, ити кэнниттэн астаапкаҕа ыытыллыахтааҕа, барыахтааҕа эбитэ буолуо да, кини хата төттөрү үрдээн-үүнэн испитэ. Оҕолорун  сүтэрэн  иэдэйбит төрөппүттэргэ кини төһө уоскулаҥ буолбутай? Дьон билиҥҥэ диэри бу дьахтар сүрэҕэ тоҥун сөҕөр... Хайыаҕай, үйэтин сааһын тухары далбарга сылдьыбыт хотун, олоххо атын өрүт баарын кыайан өйдүүр кыаҕа суох буоллаҕа. Тот аччыгы хаһан да өйдөөбөт.

Эбэтэр, олох өссө ньэгэйин, сидьиҥин көрбүтэ бэрт буолан сүрэҕэр итии сүүрээн киирэн ааспата дуу...

Исаевна Казарянын көмүскүүр. Биллэн турар. Бэйэ эргимтэтин ким да тыыттарыан баҕарбат. Эргимтэттэн саҕалаан үөскэ киирэн кинини суоһарыахтарын сөп. Онуоха сөптөөх аньыы-хара наҕараадатынааҕар быдан элбэх. Аны,  научнай үлэлэргэ ПЛАГИАТСТВО баарын туһунан кэпсэтии күөрэйдэ. Биллибэт ээ, ханнык-ханнык «доктордар», ханнык-ханнык үлэлэринэн научнай истиэпэни ыла сылдьаллара. Казарян үлэлэрин хаһыстахтарына, ону сэргэ атын элбэх сымыйа үлэ күөрэйэрэ биллэр». Аartyk.ru

Евгения Исаевна курдук үөһэнэн дайар далбардар айдааны аттараллара кытары хос соруктаах ини:

«Ректор СВФУ Евгения Михайлова намерена баллотироваться в Ил Тумэн по Университетскому округу столицы или по партийному списку ЕР.

Это план-минимум ректора СВФУ. План-максимум у Евгении Исаевны – занять пост спикера республиканского парламента, сообщали мы в одной из своих публикаций, посвященных предстоящим в сентябре выборам.

По отдельной версии, подобные планы у ректора Северо-Восточного федерального университета Евгении Михайловой неслучайны уже потому, что данный пост, можно сказать, - «пороховой».

Как сказано выше, годовое финансирование СВФУ составляет порядка 6 миллиардов рублей – почти как бюджет всего города Якутска. А там, где большие деньги, там всегда могут быть большие нарушения…».

http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?f=26&id=2511028

Михаил ФЕДОРОВ
Источник:
YktNews



проректор собралась баллотироваться в депутаты
Автор: rool (88.82.169.185) 07.02.2013 (14:55)   
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?f=26&id=2511028
По информации конфиденциальных источников, поступившей в редакцию сегодня, 2 февраля, в групповой драке участвовали 1-й проректор СВФУ по финансово-экономической и коммерческой деятельности Сергей НЕУСТРОЕВ, проректор по обеспечению жизнедеятельности (АХЧ) Владимир КОПЫЛОВ и экс-директор Дирекции программы развития СВФУ Владимир СЛЕПЦОВ.
Также был еще один сотрудник университета, который вроде как пытался разнять драку, чьи имя и должность выяснить не удалось. В целом же, свидетелями «научно-криминального» ЧП стали сотрудники Службы безопасности федерального вуза и, что не исключено, даже студенты.
По неофициальной информации, поступившей к нам, в тот день, 5 января, вышеуказанные руководители СВФУ им.М.К.Аммосова собрались в ректорате, что в Учебно-лабораторном корпусе на Белинского, 58.
Первая в новом году встреча между коллегами, несмотря на антиалкогольную политику руководства республики, не обошлась без крепкого спиртного.
В итоге застолье, устроенное прямо на рабочем месте – в ректорате, закончилось банальной пьянкой. А затем – самым настоящим мордобоем!
Чего-то там не поделив (а делить, видимо, есть что: все трое отвечают за весь финансово-хозяйственный блок СВФУ, бюджет которого, как у города Якутска, составляет порядка 6 миллиардов рублей) ученые мужи ударились в самые настоящие «бои без правил».
В частности, основным зачинщиком драки и нападавшим наши источники называют 1-го проректора СВФУ, доктора экономических наук Сергея НЕУСТРОЕВА, который, как нам подчеркивают, по своему характеру склонен к рукоприкладству.
По этой версии, 1-й проректор НЕУСТРОЕВ довольно жестоко избил проректора по АХЧ КОПЫЛОВА прямо в ректорате, затем на улице (перед УЛК), а после – в служебной автомашине.
Милицию вроде никто не вызвал, соответственно, это происшествие не могло войти в криминальную сводку. Но факт остается фактом: проректор по АХЧ Владимир КОПЫЛОВ в результате этой драки получил довольно серьезные телесные повреждения.
Какого характера, неизвестно. Также неизвестно, обращался ли потерпевший в Бюро СМЭ, чтобы зафиксировать полученные телесные повреждения. Неизвестно и том, обращался ли проректор КОПЫЛОВ в целом за медпомощью...
Сообщая об этом, наши источники повторяют информацию, опубликованную у нас ранее – о том, что ректор СВФУ Евгения МИХАЙЛОВА намерена баллотироваться в Ил Тумэн по Университетскому округу столицы или по партийному списку ЕР.
Это планы-минимум ректора СВФУ. Планы-максимум у Евгении Исаевны – занять пост спикера республиканского парламента, сообщали мы в одной из своих публикаций, посвященных предстоящим в сентябре выборам.
По отдельной версии, подобные планы у ректора Северо-Восточного федерального университета Евгении МИХАЙЛОВОЙ неслучайны уже потому, что данный пост, можно сказать, - «пороховой».
Как сказано выше, годовое финансирование СВФУ составляет порядка 6 миллиардов рублей – почти как бюджет всего города Якутска. А там, где большие деньги, там всегда могут быть большие нарушения…
Что стало поводом для групповой драки между проректорами, отвечающими за весь финансовый и хозяйственный блок федерального университета, неизвестно…

ЧТО ДУМАЕТЕ ПО ЭТОМУ ПОВОДУ?
Category: Образование и наука. Школа. Детсад | Views: 1769 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 24
Ыалдьыттар (гостей): 24
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024