News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Бэс ыйа » 5 » "Трансньиэбэ" Саха сирин гааһын бас билэр "ЯТЭК" хампаанньа хаһаайына Зиявудин МАГОМЕДОВ "Сумма Капиталын" кытары Россия икки улахан пуордун
"Трансньиэбэ" Саха сирин гааһын бас билэр "ЯТЭК" хампаанньа хаһаайына Зиявудин МАГОМЕДОВ "Сумма Капиталын" кытары Россия икки улахан пуордун | 18:46 |
ИСТА турбатын бас билэр "Транснефть" ким тэрилтэтэй?
05.06.2013 "Аартык.ру" Россия ньиэп турбатын ситимин уонна ньиэп бородууксуйата хачайданар хорук ситимнэри бас билэр "Транснефть" хампаанньа Ленскэйдээҕи управлениетыгар дьэҥдьиир бара турарын туһунан суруйан турар. Төрүөтэ - Ленскэй улууһугар сокуоннайа суох ойууру солообуттара буолар. "Транснефть" салалтата Саха сирин маһын "10 эрэ тыһыынчаҕа" сокуоннайа суох солообуттарыттан "итиччэ айылаах айдааны" таһаарбыттарын бэлиэр "сүөргүлээн", республика салалтатыгар сааныы быһыытынан федеральнай СМИ нөҥүө "илдьит" ыытта. Республикаҕа "бэрсэр" харчыларын боппуруоһун "саҥаттан көрүөх" буоллулар. Быһатын "эһигинньиктэр баҕас маскытын-оккутун харыһыйбыта буолумаҥ!" диэтилэр... Оттон атыттар мастарын харыһыйан хайдах буоллулар? Стамбул ортотугар Таксим болуоссатын аттыгар баар парка маһын кэрдээри соруммуттарыгар бүтүн Турция өрө туран күүдэпчилэнэн, өрөбөлүүссүйэҕэ кытары тиийэн эрэллэр! Өссө биир да сүгэ олуга түһэ илигинэ 900 киһи полицияҕа тутуллуохтарыгар диэри "долгуйдулар".
Киргизтэр ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллиэр диэри "Кумтор" көмүс хостуур рудникка үлэлиэхтээх Centerra Gold (Канада) омук хампаанньатыттан үчүгэй олоҕу туруорустулар! Тянь-Шань хайаларын быыһыгар сытар көмүстээх Кумторы халтай тыыттарар санаалара суоҕун норуот көрдөрдө. Кинилэр суол, дьыссаат тутуутун, рудникка олохтоохторго үлэ миэстэтин биэрэллэрин, уу турбата тардылларын, өр сыллаах займ биэрэллэрин, балыыһаҕа саҥа оборудование ылылларын туруорустулар. Биһиги буоллаҕына маспытын-оппутун харыһыйарбыт КӨҤҮЛЛЭММЭТ.
*** Бу бүгүн, дойду премьер-миниистирэ Дмитрий МЕДВЕДЕВ Россия ньиэп хачайдыыр турбаларын барытын бас билэр соҕотох монополист "Транснефть" ААО хампаанньаҕа судаарыстыба "хайаан да булгуччу көмөлөһүөхтээҕин" туһунан улаханнык эттэ-тыынна. Уһук Илин сайдыытыгар анаммыт госпрограммаҕа бу корпорация сүрүн оруолу ылбыта мээнэҕэ буолбатах.
78,1% судаарыстыба, 21,9% биирдиилээн дьон илиитигэр баар акциялаах монополист-тэрилтэ, сылын ахсын сүүстэн тахса миллиард ыраас барыһы аахсар хампаанньа өссө да бюджет суотуттан тоҕус нууллааҕынан "Уһук Илин сайдарын туһугар" хадаҕаланар буолбут. Ол сүүстэн тахса миллиард ыраас барыстаах хампаанньаҕа, ханнык эрэ Саха сирин 10 тыһ. солкуобайдаах ыстарааптаах (уон төгүл улаатыннарыллыбытын да иһин) "буруйа" - байҕалга баҕа силэ буоллаҕа. 2013 сыл - Тулалыыр эйгэ сылынан биллэриллибитэ даҕаны, кинилэргэ - харчыга хамначчыттарга ыт-кус үрэрин кэриэтэ диэтэҕиҥ.
Маны ааһан, талбыт нууллааҕынан мохсуо бырахсар тэрилтэ Ленскэйгэ, киһи билэринэн, ИСТА турбатыттан иккитэ ньиэп тохпута. Саахал туһунан кыһыйан-абаран олохтоох инспектор бастаан биллэрбитэ. Общественность айдаарбытын кэннэ онтуларын кистии сатаан кубулҕатыран бөҕө биэрбиттэрин өйдүүр буолуохтааххыт. Биллэн турар, "Транснефть" салалтата ол алдьаммыт-кээһэммит сиргэ өллөхтөрүнэ даҕаны өлүктэрин тураах аҕалан быраҕыа суоҕа. "Айдаарар, туруорсар бырааба суох" биһиги олоруохпут, биһиги оҕолорбут олоруохтара, доруобуйаларын сиэтиэхтэрэ.
*** "Транснефть" ААО корпорация дириэктэрэ Николай ТОКАРЕВ уруккута КГБ киһитэ, ФСБ генерал-майора. ТОКАРЕВ ойоҕо Майя БОЛОТОВА, кыыһа, күтүөтэ - бары улахан государственнай харчы, сакаас эргийэр бизнеһигэр сылдьаллар. ТОКАРЕВ Путины кытары биир хоруопка сытыах кэриҥнээх чугас доҕоро, коллегата диэн СМИ суруйар. Бу ТОКАРЕВ салайар "Трансньиэбэ" Саха сирин гааһын бас билэр "ЯТЭК" хампаанньа хаһаайына Зиявудин МАГОМЕДОВ "Сумма Капиталын" кытары Россия икки улахан пуордун бас билэллэр, экспорка тахсар ньиэп 75%-нын бас билэллэр.
ИСТА турбатын ситимин тутулларыгар көрүллүбүт судаарыстыба харчытын "хайытан", ханан эрэ ханарытан МАГОМЕДОВ Роттердамна ньиэп терминала тута сылдьарын туһунан интернет-сайтар суруйаллар. МАГОМЕДОВ клана Дмитрий МЕДВЕДЕВ уҥа илиитин Аркадий ДВОРКОВИЧ ойоҕун кытары биир омук буолан, былааска чугас. ТОКАРЕВ МАГОМЕДОВТЫЫН иккиэн биир бизнестээхтэр, онон ТОКАРЕВ премьер да, президент да өттүттэн үчүгэйдик хайыллыбыт киһи буолара ырылхайдык көстөр. Ол иһин биһигинньиктэри миэстэбитин булларан, саанан-саантаан эрдэхтэрэ.
*** Кэлиҥҥи сонун быһыытынан , ДФО полпредын Виктор ИШАЕВЫ миэстэтиттэн туллаҥнатан эрэллэр. ИШАЕВ, санатар буоллахха, икки кириэһилэҕэ билигин олорор: полпред уонна Минвостокразвитие миниистирэ. Кини оннугар экспертэр Амур уобалаһын губернатора Олег КОЖЕМЯКАНЫ, эбэтэр Госдума урукку депутата Владимир ПЕХТИНЫ олоруо дииллэр. ИШАЕВ полпредыттан бардаҕына хонтуруоллуур кыаҕын сүтэрэр, көннөрү чунуобунньук эрэ буолан хаалар. Онон, госпрограмма хайдах-туох баран, туолан, үбүлэнэн иһэрин миниистир кириэһилэтин таһымынан эрэ көрөр кыахтанар Источник: aartyk.ru
|
Category: Нефтегаз |
Views: 1328 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 103 Ыалдьыттар (гостей): 103 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|