News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Бэс ыйа » 10 » Амма суола икки сиринэн улаханнык алдьаммытын, Ытык Күөл - Томтор федеральнай аартык эмиэ хас да сиринэн ууга суураллыбыт.
Амма суола икки сиринэн улаханнык алдьаммытын, Ытык Күөл - Томтор федеральнай аартык эмиэ хас да сиринэн ууга суураллыбыт. | 07:44 |
Таатта ууга барда, Амма суола быһынна, Дьокуускай ардахха баттанна
Воскресенье, 09 Июня 2013 22:47 Таатта ууга барда, Амма суола быһынна, Дьокуускай ардахха баттанна Дьокуускайга өһөөн туран түспүт ардах уута уулуссалары муннарда, дьиэҕэ-уокка киирдэ, чалбаҕынан-бадараанынан тамнааттанна. Таатта Хадаайытыгар түүн дьон утуйа сыттаҕына уу кэлэн хас да дьиэни ылла. "Харбалаахтар быһыттара харан ууга бардыбыт"- диэн дьон сабаҕалыыр эрээри, МЧС официальнай иһитиннэриитигэр ол туһунан туох да иһитиннэрии суох. Арай, бэс ыйын 9 күнүгэр, ардах уута киирэн Таатта уонна Баайаҕа өрүстэр ууларын халааннатта диэн сайтарыгар суруйбуттар. Уолбаҕа 15, Ытык Күөлгэ 11, Томторго 20 кэтэх дьиэ ууга барар кутталлаахтар диэбиттэр. Ууга барар дьиэлээхтэри көһөрөр үлэ бара сылдьар диэн буолбут. *** Ону таһынан, Амма суола икки сиринэн улаханнык алдьаммытын, Ытык Күөл - Томтор федеральнай аартык эмиэ хас да сиринэн ууга суураллыбыт. Суол оҥоһуллуор диэри дьон куорат диэки айаннаабаттарыгар эппиттэр. Алдан өрүһү туораабыт дьон кыайан үөс сиргэ кэлбэккэ Томпо улууһугар бадарааны уккуйа сыталлар. Туох да элбэх массыына харан турар диэн онтон редакцияҕа биллэрдилэр. Аммалар (аҥалах аннараатыгар турар микрорайон) "уоппут барбыта иккис суукката, трансформаторбыт алдьаммыт, суолбут суох, эргиччи уу, дьиэттэн тахсар кыахпыт суох, иэдээн" диэтилэр. Бу маннык алдьархай тахсыбытын сыаналыы зампред Анатолий СКРЫБЫКИН, МЧС генерал-майора А.ГОРКУН буоланнар Ми-8 вертолетунан кэрийэ көппүттэр. Ону таһынан Тааттаҕа быыһыыр сулууспа байыастара көппүттэр диэн биллэрдилэр. ...Бачча тымныыга ууга барар, дьиэни-уоту, малы-салы сиик ылара иэдээн да буолар эбит. "Эрэннэрбит" хас да сыллааҕы уот кураан оннугар уу сута буолла диэн дьон айманар.
*** Оттон Дьокуускай куоракка өр кэмнээх өһүөн эмиэ куһаҕаннык дьайда. Бүгүн мээр солбуйааччыта Дмитрий САДОВНИКОВ тустаах сулууспалары мунньан тэрээһин үлэтин дьүүллэстэ. САДОВНИКОВ иһитиннэрбитинэн, саамай уустук балаһыанньалаах - мас дьиэ фондата буолбут. Ордук Автодорожнай, Промышленнай, Сайсары, Строительнай, Октябрьскай уокуруктарга элбэх дьиэ ууга барбыт. Хата, дьаһалта ити уокуруктарга уу оботторор тэрил ылбыта абыраабыт. Ууну сүнньүнэн "Якутдорстрой" тэрилтэ хачайдыы сылдьар эбит, сорох аадырыстарга ЯГТК бэдэрээттэспит. *** Аартык.ру
Источник: aartyk.ru
|
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты |
Views: 1214 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 47 Ыалдьыттар (гостей): 47 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|