News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Бэс ыйа » 10 » Көҥүл санаалаах, былаастан тутулуга суох, дьон-сэргэ эрэ интэриэһин тутуһар кыахтаах дьону талыахха наада.
Көҥүл санаалаах, былаастан тутулуга суох, дьон-сэргэ эрэ интэриэһин тутуһар кыахтаах дьону талыахха наада. | 16:00 |
Күүстээх судаарыстыба — тутулуга суох Ил Түмэн
07.06.2013 10:05 | Автор: Виталий Сур | Кыым._Андрей Сандаминович Федотов федеральнай былааска ыттыбыт ахсааннаах дьоммутуттан биирдэстэрэ. Сэбиэскэй кэмҥэ хомсомуол үктэллэрин ааҕа ааһан Арассыыйа ыччатын сойууһун II сэкирэтээригэр диэри үүммүт, салгыы Саха сирин, Башкортостан Нолуокка управлениеларын салайбыт, Арассыыйа Нолуокка министиэристибэтин бөдөҥ нолуогу төлөөччүлэргэ 1 №-дээх Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы иниспиэксийэтин салайбыт киһибит. Билигин кини Ил Түмэн дьокутаатыгар Дьокуускай к. Набережнайдааҕы быыбардыыр уокуругуттан турардыы бигэтик санаммыт. Туох-ханнык санааттан диир буоллаххытына, салгыы ааҕыҥ!
Көлдьүн көр күлүгэ
Урут судургу этэ, – диир Андрей Сандаминович. – Биир өттүгэр -- арҕааҥҥы дойдулар, иккис өттүгэр -- социализм дойдуларын бөлөҕө. Судаарыстыбаннай тэрээһин икки систиэмэтин күрэс былдьаһыыта. Дьэ, бу систиэмэ ыһыллыбыта 20 сыл буолбутун кэннэ эргиччи көрүннэххэ, тугу ситистибит диэн ыйытык күөрэйэр. Өй-санаа өрөгөйдөөтө дуу, кырдьык кыайда дуу, үтүө санаа үөһэ буолла дуу? Маны барытын уларыта тутууну айбыт дьон биһиэхэ эрэннэрэн тураллар эбээт! Оннук диир кыахтааҕым буоллар, дьоллоох киһи буолуом этэ да, хомойуох иһин, инньэ диир кыаҕым суох. Аҕыйах сыл иһигэр хас да сэрии кэрэһитэ буоллубут – Югославия, Хотугу Африка, Ближнэй Восток... Бу үлүгэр алдьаныы-кээһэнии, өлүү-сүтүү көҥүл, дьоллоох-соргулаах олох сиэртибэтэ буолла диир кыах суох.
Европаны ылан көрүөҕүҥ. Үрдүк таптал биһигэ аатырбыт Франция сыыйа „Содом уонна Гоморра" кэрэһитэ буолан эрэр. Сиэр-майгы сатарыйыыта, ол эбэтэр Франция эстиитэ саҕаланна. Кырдьык уонна көҥүл иһин охсуһуу барыта гомосексуалистар бырааптарын иһин охсуһууга кубулуйан иһэрэ дьикти буолбатах дуо?
Биһиги 20 сылы быһа „туһанааччылар" экэниэмикэлэригэр олорон кэллибит, бүтэһигэр хайдах эрэ „пластмасса" дойдуга олорор курдук сананар буолан эрэбит. Дьиҥэ суох, көлдьүн олоххо. Барыта суррогатынан солбуллубут – аһылыкпыт, туттар малбыт-салбыт, таҥаспыт, бэл, ускуустуба эйгэтэ... Таптал, патриотизм, сиэр-майгы, кут-сүр олохтон сүтэн эрэллэр. Оскуола оҕо иитиллэр хараана уонна сылаас дьиэтэ буолбакка, билии өҥөтүн биэрэр тэрилтэҕэ кубулуйда. Балыыһа биир оннук. Быраастар, урут мэлдьи үрдүк ытыктабылга сылдьыбыт дьон, бэйэлэрэ этэллэр: биһигини өҥө оҥорор менеджергэ кубулуттулар. Бэйэҕит да көрөҕүт: көрдөрө кэллэххэ, быраас суруйартан ордубат.
Иккиһинэн, Кырдьык диэн „кыыл" ханна олороруй? Киһи кырдьыгын хантан буларый? Ол – бүгүн суох! Былыр кырдьыктарын баартыйа кэмитиэтиттэн булаллар этэ. Саамай ырааппыта – Кириэмилтэн. Оттон кыларыйар кырдьык хаһыакка суруллар диэн дьон бигэтик билэрэ.
- Кырдьык киһилии сыһыаҥҥа сытар буолбатах дуо? Ону сокуонунан солбуйуу бара турара киһини ханнык эрэ робокка кубулутууга майгынныыр...
- Оннук. Киһилии сыһыан сууралла турар. Билигин тугу барытын суутунан быһаартарабыт уонна сыыйа ким да кими да эрэммэт буолан эрэр. Дьиэ кэргэҥҥэ кытта. Тугу барытын көрүнньүгүнэн солбуйуу: „мисс оҕо саада", „мисс оскуола", „мисс туох эрэ хаппыт"... Бу – кыргыттары быыкаа эрдэхтэриттэн көрүнньүк сыаннаска иитии. Сиэр-майгы сатарыйыыта. Үгэс буолбут, ол аата тыһыынчанан сылга сиидэлэнэн, чочуллан уонна ыраастанан кэлбит сиэри-майгыны сатарытыы. Бэл, норуот буолбакка электорат аатырдыбыт. Миэхэ быыбар иннинээҕи хампаанньабытын ыытарга турунан Москуба политтехнологтара тахса сылдьыбыттара. Балар дьон төбөтүн эргитэри 18 мөл. солкуобайга сыаналаабыттар этэ. Санаан көрүҥ, бу киһи тоҕо дьокутаат буола сатыырын кэпсээри буолбакка, кими эрэ атыылаһаары, тугу эрэ кучу-мачы, кими эрэ алы гынаары, ханна эрэ сирэйэ-хараҕа суох „хара технологияны" туттаары! Биллэн турар, кинилэри кытта кэпсэтэ да барбатаҕым.
Дьэ, сүүрбэ сыл устата маннык олорон кэллибит. Бары да сылайдыбыт. Манна сытар – быыбарга кыттарга быһаарыммыт биричиинэм. Өйүүр дьоммор мэлдьи этэбин: биһиги быыбар хампаанньатын муҥутуур ыраастык, чиэһинэйдик ыытыахтаахпыт. Дьону холуннарар аньыыны ылыммакка, „хара" технологияны туһаммакка, дьону суобаһынан, киһи быһыытынан олорорго, үлэлииргэ ыҥыран туран.
Санаа күүһэ
- Бу барыта „икки полюстаах" аан дойду ыһыллыбытын, биир эрэ дойду айбардаан хаалбытын кэннэ саҕаламмыта. „Тымныы" да, „итии" да сэрии тохтооботунан сылыктаатахха, идеологиялар охсуһуулара буолбакка, түҥ былыргыттан кэлбит судаарыстыбалар баай-дуол, айылҕа ресурсаларын, быһата, тот олох иһин охсуһуулара баар быһыылаах. Судаарыстыбабытын иһиттэн да, таһыттан да сууһара сатааччы уҕараабат.
- Идеологиялар охсуһуулара син биир баар. Кырдьык, ресурсалар иһин охсуһуу инники күөҥҥэ турар. „Тымныы сэрии" бүтүүтүн биһиэхэ улахан дьол курдук соҥнообуттара. Күн бүгүн Европа сиэр-майгы өттүнэн сыыйа-баайа эстэн эрэрин, экэниэмикэтэ „чаардаабытын" көрөбүт. Мин санаабар, киһи дьоллоохтук сананарыгар дууһата, ис туруга улахан оруолу оонньуур. Экэниэмикэ диэн киһи олоҕун сорҕото эрэ буоллаҕа дии. Дьол диэн ыраас суобас, убаастабыл, чугас дьонуҥ тапталлара. Булуҥ райкомолун сэкирэтээринэн үлэлии сылдьан табаһыттар ыстаадаларын кэрийэрбит. Ол сылдьан эдэр дьоҥҥо „үлэлии түһэн баран үөрэниэххит, киин сирдэргэ олохсуйуоххут" диэтэххэ „суох, манна үчүгэй" диэн хоруйу ылар этим. Кырдьык, дьоллоох дьон этэ. Дойдуларын таптыыр, таптыыр дьарыктаах, киэҥ-куоҥ ыраас дууһалаах дьон.
Экэниэмикэ сайдыыта, куорҕаллааһыны утары охсуһуу диибит. Ол эрэн манна эмиэ ис турукпут улахан суолталаах эбээт. Санаан көрүҥ индустриализация кэмин. Аҕа дойду Улуу сэриитин. Бу кыайыылар сүрүн олуктара – дьон-сэргэ ис туруга, кута-сүрэ. Маяковскай эппитинии „бу дьонунан тоһоҕо оҥортообут киһи" диэххэ айылаах. Дойдуну „сухаттан атомнай буомбаҕа диэри" баара-суоҕа икки пятилетка иһигэр тиэрдии курдук тыҥааһыннаах үлэни харчынан кыайбаккын. Маны идиэйэ эрэ кыайар.
Билигин эмиэ идиэйэ туруон сөп этэ. Норуот эстэр-эстибэт майгыта бүрүүкээн турар. Бэл, оҕолорбутун олбуорга холкутук оонньото ыытар кыахпыт суох. Ол кэннэ туох түптээх олоҕо кэлиэй?!
Судаарыстыбаннай сулууспалаах диэн кимий? Бу сулууспа эбээт! Ытык иэс. Холобур, байыаннай сулууспалаахтар ураты кааста дьоно. Хаһан баҕарар Ийэ дойду иһин тыыннарын толук уурарга бэлэм дьон. Оттон судаарыстыбаннай сулууспалаахтан „буулдьа аннынан сырыыны" да буолбатар, чиэһинэй сулууспаны күүскэ эрэйэр наада. Бэл, анал андаҕар баар эбээт.
Куорҕаллааһыны утары хампаанньа саҕаланна. Бу түмүктээх буоларын итэҕэйэбин – хааһына үбүн уорууну тохтоппотохпутуна, судаарыстыба сайдыа суоҕа, сыыйа эстэн барыа.
Судаарыстыба тутула туохха сытарый?
Миигиттэн ыйытар дьон бааллар: дьокутаат буоллаххына, тугу дьарыктанаҕын диэн. Ол аата хайдах? Дьокутаат буолар күммэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри эбээһинэспин толорорго үлэлиэм. Биэс сылы быһа. Онон Ил Түмэҥҥэ үлэ быыһыгар куоластыы эрэ кэлэр дьокутааттарга этиэм этэ: парламеҥҥа дьон интэриэһин көмүскүүрдүү санаммыт буоллаххытына, быыстала суох дьарыктаныахтааххыт. Оччоҕуна эрэ идэтийбит парламент баар буолуо. Дьон саамай сөпкө итэҕэйбэт, талылынныгыт да сүтэн хаалыаххыт диир. Онон дьон итэҕэлин төнүннэрэр сорук турар. Бу эмиэ сиэр-майгы боппуруоһа.
- Судаарыстыба тутулун эн хайдах көрөҕүнүй?
- Билиҥҥи туругу ырытар буоллахха, онно-манна иһиллэр сепаратистыы этиилэртэн дьаарханабын. Биллэн турар, национализм мэлдьи куһаҕан өрүттэрдээх буолбатах. Үксүгэр биир омуктан турар моно-судаарыстыбаларга сайдыыга улахан төһүү буолар өйдөбүл. Ол эрэн биһиги атын дьылҕалаах дойдубут. Евразия эйгэтигэр баарбыт, улахан евразийскай дойду састаабыгар киирэбит уонна онно тирэҕирэн тохтоло суох сайдабыт. Онон өйдүөххэ наада: күүстээх Арассыыйа эрэ баар буоллаҕына, күүстээх Саха сирэ баар буолуо. Холобур, 90-с сылларга арҕааҥҥы улуустарга сепаратистыы тыл этиллибэт этэ дуо? Оттон Саха сирин соҕуруу өттүгэр эмиэ туспа сепаратистар баар буолбуттара. Биһиги сыалбыт-сорукпут – кыраныыссабытын, сирбитин-уоппутун чөл хаалларыы. Ону биһиги өйдүүр, сүрэхпитинэн ылынар буолуохтаахпыт.
Оттон киин былаас өттүттэн унитаризацияны күүһүрдүү, эрэгийиэннэри ытарчаҕа ыла сатааһын, син эмиэ сепаратизм курдук, дойдуну ыһыан сөп. Бу – икки утарыта алтыһар олус уустук боппуруос.
Киин былаас эрэгийиэннэргэ сайдар кыаҕы биэриэхтээх. Ол эрэн куттала суох буолууну араҥаччылыырга, коммуникация, инфраструктура боппуруостарыгар кытаанах „былаас туруору тутула" баар буолуохтаах. Эрэгийиэннэр баһылыктарын норуот талбыт парламенын сөбүлэҥинэн аныылларын сөбүлүүбүн. Оччоҕо кини икки хонтуруол аннынан сылдьар буолар. Бастатан туран, киин былаас „туруору тутула", иккиһинэн, норуот талбыт Ил Түмэнэ. Парламент өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын кэтээн көрөр уонна киниттэн тутулуга суоҕун быһыытынан, сыыһа-халты баарын киин былаас саамай үрдүкү таһымыгар быһаччы тиэрдэр кыахтанар. Онон мин Ил Түмэн ситэриилээх былаастан, суут былааһыттан тутулуга суох буоларыгар баҕалаахпын. Тоҕо диэтэххэ, бэрэстэбиитэллээх былаас эрэ ситэриилээх былаас дьон-сэргэ интэриэһин хайдах хааччыйарын хонтуруоллуур кыахтаах. Холобур, Сэбиэскэй былаас саҕана маннык хонтуруоллуур оруолу баартыйа обкуома толорор этэ. Ол саҕана „Якутзолото", Якуталмаз", „Якутуголь" курдук тэрилтэлэр дириэктэрдэрэ обкуом бюротун мунньаҕар атахтарын төбөтүнэн үктэнэн киирэллэрэ. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр хайдах үлэлииллэрин обкуом эрэ хонтуруоллуура. Оттон билигин „Сургутнефтегаз", „Транснефть" , „Газпром", Мечел курдук хампаанньалары ким хонтуруоллууруй? Ким да хонтуруоллаабат.
- Бэлиитикэ оннук буолбатах дуо? Судаарыстыба туспа, чааһынай хампаанньалар тустара туспа...
- Суох, РФ Төрүт сокуонугар сурулла сылдьар эбээт: гражданнар олохторо-дьаһахтара уонна сайдыылара олорор сирдэрин айылҕатын ресурсаларыгар тирэҕирэр. Ол эбэтэр дьокутааттар хампаанньалартан ирдииллэригэр тирэх баар – РФ Төрүт сокуона. Арассыыйа унитарнай судаарыстыба буолбатах. Иккис өттүнэн, Арассыыйа социальнай судаарыстыба – киһи кыһалҕата хаһан баҕарар инники күөҥҥэ сылдьыахтаах. Онон туруорсар быраап баар, сорунуохха эрэ наада. Кэпсэтиигэ, дьүүллэһиигэ ыҥыран. Бу – ханнык да өрөбөлүүссүйэ буолбатах, Конституция ирдэбиллэрин олоххо киллэрии.
- Судаарыстыба сүрүн анала тугуй?
- Түҥ былыр дьон тоҕо судаарыстыбаны тэрийбиттэрэй? Көмүскэнэр туһуттан. Дьон-сэргэ интэриэһин туруулаһаары. Ол эбэтэр судаарыстыба биһиги эрэ туспутугар үлэлиэхтээх.
Киһи эрэйдээх мөлтүөн, былааһы бэйэтин туһатыгар хайыһыннара сатыан сөп.
Ол иһин судаарыстыбаны күүһүрдэ сатыахтаахпыт. Хайдах? Федеральнай былааһы күүһүрдэн, эрэгийиэннэргэ бэрэстэбиитэллээх былааһы – парламеннары уонна олохтоох салайыныыны сайыннаран. Бу эрэ уорганнар дьон быраабын көмүскүүр аналлаахтар.
Ону хайдах оҥоробут?
- Ил Түмэн ити оруолун толорорун туһугар туох нааданый?
- Бастатан туран, онно тутулуга суох дьону талыахха наада. Бу кимнээҕий? Биллэн турар, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр дириэктэрдэрэ буолбатах. Кинилэр ситэриилээх былаастан тутулуктаах дьон. Иккиһинэн, былаас тула сылдьар уопсастыбанньыктар буолбатах. Кинилэр бары дьоһуннаах уонна актыыбынай дьон эрээри, былаастан тутулуктаахтар. Хамнастаналлар, грант өйөбүллээхтэр.
Көҥүл санаалаах, былаастан тутулуга суох, дьон-сэргэ эрэ интэриэһин тутуһар кыахтаах дьону талыахха наада. Биһиги бэйэбит да аҕыйахпыт, онон ким тугун-хайдаҕын билэр ыарахан дьыала буолбатах.
Дьон-сэргэ чопчу дьон ааттарынан-суолларынан сирдэтэр. Биһиги атырдьах ыйын диэки испииһэкпитин тиэрдэ сатыахпыт. Табылыннаҕына, биир мандааттаах уокуруктарынан да, баартыйа испииһэгинэн да. Онон атын баартыйалары кытта тэҥнээн көрөөрүҥ.
- Эһиэнэ тоҕо ааттыын-суоллуун иккис Бүтүн Арассыыйатааҕы норуодунай фронт диэн буолла?
- Биһиги бэрэсидьиэммит судаарыстыбаны күүһүрдэр уонна куорҕаллааһыны утары үлэтин өйөөммүт итинник ааттаабыппыт. Владимир Путин норуоттан тахсыахтаах хамсааһыны бүрүкүрээтийэ уйатыгар кубулутар олох сатаммат диэбитинэн сирдэтэн. Хамсааһын билиҥҥиттэн ситэриилээх былаастан тутулуктаах буоллаҕына ханна тиийэбит?
Оттон баартыйалары барыларын кытта үлэлиибит, түмсүүлэрбитигэр ыҥыртыыбыт. Ону сорохтор биһиги кинилэргэ тиийиэхтээхпит курдук саныыллара туспа кэпсэтии.
Норуодунай фронт сэбиэтэ баар. Бэрэссэдээтэл диэн суох, ол оннугар үс координатор талыллыбыта: мин, Афганистан бэтэрээннэрин сэбиэтиттэн Валерий Михайлович Лютый уонна Кузьма Аполлонович Федоров.
Хатылаан этэбин: биһиги баартыйалары барыларын кытта үлэлиибит, хомуньуустары, „Сиэрдээх Арассыыйаны" кытта. „Биир ньыгыл Арассыыйаны" кытта бииргэ үлэлииртэн даҕаны аккаастаммаппыт. Онон биһиги сыалбыт — киэҥ далааһыннаах холбоһугу тэрийии.
|
Category: Выборы |
Views: 1382 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 64 Ыалдьыттар (гостей): 64 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|