Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Бэс ыйа » 14 » дьоммутугар көхсүбүтүнэн буолбакка, иннибитинэн эргийэммит бары биир санаанан, бары биир кыһалҕа оҥостон, сүбэбитин холбооммут тыабыт сирин
дьоммутугар көхсүбүтүнэн буолбакка, иннибитинэн эргийэммит бары биир санаанан, бары биир кыһалҕа оҥостон, сүбэбитин холбооммут тыабыт сирин
09:28
Кураанах лабаҥха оннугар…

    Дьэ кырдьыга даҕаны сиэр-майгы сигили киһи аймахха омук төрдө буолан тэнийэригэр олус улахан суолталаах. Онуоха Сэбиэскэй кэмҥэ улахан болҕомто уурулла сылдьыбыта билигин төһө даҕаны дойду историятын эҥин араастаан токурутан, Сэбиэскэй Сойуус куһаҕан өрүтүн көрдөрө сатаабыттарын иһин, оччотооҕу кэмҥэ төрөөбүт- үөскээбит киһи олоххо ордук бэлэмнээҕин, республикабытын да салайан олорор дьоммутуттан даҕаны көрдөххө, мөккүөр буолбата буолуо.

    Ол эбэтэр, космоска көтөр, ууга устар аалларбыт, телевизордарбыт, массыыналарбыт, холодильниктарбыт уонна онтон да атын дьиэ таһыгар туттар тэриллэрбитигэр тиийэ барыта бэйэбит дойду иһигэр оҥорон таһаарар табаарбыт этэ. Рыночнай экономика (перестройка) саҕаланыаҕыттан ылата, ол барыта быраҕыллыбыта, урусхаламмыта, барыта тастан киирэр буолбута, атын омук киэнигэр кубулуйбута, тыа сиригэр үлэ суох буолбута.

    Чэ, ол хааллын…

Бүгүн дьоммутугар төһө кыһаллан-мүһэллэн сайдыыны уонна үлэни-хамнаһы тэрийдибит дуо? – диэн ыйытыыга хоруйдуох иннинэ урукку тутулга, ол эбэтэр Сэбиэскэй кэмҥэ төннө сылдьыаххайыҥ.

Биһиги сахалар, ааспыт үйэ 40-50 сылларыгар диэри алаастарынан олорбуппут. Ол эбэтэр нэһилиэктэринэн түөлбэлээн олорбуппут 70-ча эрэ сыл буолбут. Бу Владимир Ильич Ленин ыыппыт норуот социализмынан эрэ сайдар кэскиллээх политикатын биир өрүтүн, Иосиф Виссарионович Сталин олус мындырдык салҕаан, ахсаан өттүнэн элбэҕэ суох омуктар бэйэлэрэ түөлбэлээн олорон үөрэхтэнэллэригэр уонна сайдалларыгар быһаччы кыах биэрбитэ.

Ол түмүгүнэн буолбута: киһи барыта үөрэхтэммитэ, үлэлэммитэ, ахсаан өттүнэн элбээн киирэн барбыппыт. Манна даҕатан эттэххэ, генералиссимус Иосиф Виссарионович Сталин салайан олорбут кэмнэригэр, ССРС-ка 10ө мөлүйүөнүнэн киһи ахсаана элбээбитэ уонна саамай кэрэхсибиллээҕэ, киһи барыта үлэлэммитэ, ол эбэтэр ыраахтааҕылаах Россия кэнниттэн чыҥха атын олох буола түспүтэ: мин киһи эбиппин ээ… – диэн алаас, үрэх баһын сахата, сүрдээҕин долгуйан туран, норуот былааһын, Сэбиэскэй былааһы ылыммыта. 

Билигин Сталины эҥин араастаан саҥара сатыыр дьоммут кини курдук дьоммут иннигэр туһалааҕы оҥорбуттара буолуо диэҕи, тыабыт сирин дьоно үлэтэ суох олороллор. Уопсайынан, кими эмит кытта аахсар буоллаххына киһи бэйэтэ суобас дуомнаах буоллаҕына, тугу эмэ туһалааҕы оҥорон баран:мин маны оҥордум, уонна баран туох диэххитин баҕараҕыт?– диэн баран өттүк баттанан кэбиһиэ эбитэ буолуо. Ону баара тыа сирэ буорайда. Аҕа дойду сэриитэ саҕаланаары аҕай турдаҕына, Сталин салайыытынан Сэбиэскэй Сойуус колхозтары, артыаллары тэрийбит буоллаҕына, билиҥҥи аатырдыбыт «атыыр сайдыылаах кэмнэригэр» олорон ҥ0 сылы быһа тыа сиригэр үлэни тэрийбиппит холоон… Кураанах тылынан кыырары уонна дойҕохтууру баҕас, биһиги сатыыбыт. Дьэ уонна толкуйдааҥ: Сталин – алдьатааччы дуу, абырааччы дуу?... 

£ктөөп Революцията буолуо быдан иннинэ биир нэһилиэккэ сыылкаҕа кэлбит поляк политсыылынайа ыраах Польшаҕа кэргэнигэр сурук суруйбутун Якутскайдааҕы жандармерия тутан хаалбытын архивтан булан аахпыппыт, ол маннык: «Я живу с очень бедным, трудолюбивым, безграмотным, но главное очень способным народом. К сожалению, этот народ живет с царской Россией около ө00 лет и имеет всего из 600 человек только ҥ грамотных. Что же будет тогда, после трех веков? Неужели они будут иметь всего 4 грамотных?». Улуу £ктөөп Революцията ханнык эрэ 10-ҥ0 сыл иһигэр дьоҥҥо үлэни биэрбитин таһынан киһини барытын босхо үөрэхтээбитин таһынан, дьон доруобуйатыгар олус үчүгэйдик кыһаллан сэллик, трахома, корь курдук ыарахан ыарыылартан норуоту быыһаабыта. Сибилигин «сайдыылаах» кэмҥэ олоробут эрээри, тоҕо эрэ эмтии сатыырга болҕомтоҕо ууруллубат, сэллик ыарыы элбээбитэ биллэр.

Ити суругунан сиэттэрдэххэ, биһигини, норуоту билиҥҥи тутул биир үйэ аннараа өттүгэр баар буола сылдьыбыт, норуокка сайдыыны биэрбэт, аҕыйах киһи сыанан-арыынан ньалҕарыйар, байан баран онтукайын норуоту кытта үллэстибэт, арааһынайдаан эриэн үөн курдук эриллэҥнээн, норуот баайын апчарыйбыттарын сабына сатаан, ньэгэй, хаалыылаах тутулга соруйан кэриэтэ төнүннэрэ сатыыллара буолуо даҕаны, коммунистар баалларын тухары, кыаллыа суоҕа.

£ссө революция иннинэ меценатство баар буола сылдьыбыта биллэр. Кэмигэр кырдьык куһаҕана суох көстүү. Оччотооҕу баай киһи үйэнэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ууруллан таптайбыт үбүн, баайын дьону кытта үллэстэргэ сананан, дьон диэки туһалыыр хардыыны оҥорбут буоллаҕына, кырдьык даҕаны меценат аатын ылыан ыллаҕа.

Билигин меценатство эмиэ сайдан эрэрэ биллэр. Санаан көрдөххө куһаҕана суох. Тыа сиригэр призтары туруораллар, эҥин бэйэлээх ыһыахтары ыһаллар, ыарыһахтарга о.д.а көмөлөһөллөр. Кырдьыга даҕаны үчүгэй. Мин тус бэйэм көрүүм итиннэ олох атын. Ол эбэтэр син биир ити барыта харчыга турара өйдөнөр суол. Тустаахха, бу меценатыҥ кырдьыга даҕаны, таҥара буола түһэр.
Ол гынан баран, түгэҕин ырыттахха үгүс өттө судаарыстыба баайын апчарыйан байбыт көкөттөр. Билигин быыбар чугаһаан ыкка уҥуоҕу быраҕан биэрбиттии, «абыраабыта» буолан дьон бэрдин аатын ыла сылдьаллар: «хаарыаны маннык сүүс киһилээх киһи барахсаны» эрэ диэххэ сөп.

Сыл аайы сааскы халаан уута дьону эрэй бөҕөнү көрдөрөн ахан биэрэр. Кырдьыга даҕаны Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыаҕыттан ылата ити салаа кыайан бэрээдэктэммэтэҕэ өтө көстөн таҕыста. Куһаҕантан ас таһаарыахтарын баҕараллар диэхтэрин сөп, бу маны ааҕан баран ааҕааччылар. Ону баара 1960-с сыллар ортолоругар улахан уу кэлэн барбыта биллэр. Ол кэнниттэн Сэбиэскэй Сойуус Коммунистическай Партията 1991-сыллаахха диэри салайан олорбутун тухары, өрүстэри кыйа олорооччулар ууга барыы диэни түһээн да баттаппатахтара. Дьон олоҕун иннигэр кыһаллар Коммунистическай партия быһаччы ыйыытынан, өрүс сүнньүлэрин сылын аайы системалаахтык ыраастыыр үлэ ыытыллара.

Билигин буолар буолбутун кэннэ сүпсүлгэн бөҕө, көмө харчы, көмө таҥас, кырдьыга даҕаны дьоммутугар көмөлөстөхпүтүнэ эрэ сатанар. Ол гынан баран төрдүттэн бу боппуруоһунан тоҕо ким да дьарыктамматый, туруорсубатылар? Быыбар саҕана атыннык чообурҕаһыахтара дии.

Мин санаабар, ити кыһалҕалаах боппуруоһу партиятыттан тутулуга суох, наһаа политикалаабакка эрэ, бары үбү-харчыны туруорсарбыт эбитэ буоллар, туһалаах буолуо этэ. Кэнники кэмҥэ барытын политикаҕа сыбаан коммунистар туруорсар боппуруостара эбит, онон «киэр гыныҥ» диэбиттэрин түмүгэр, билэ-билэ билбэтэҕэ, көрө-көрө көрбөтөҕө буола оонньуу сылдьаммыт тыабыт дьонун онто да суох ыарахан олохторун өссө огдолуттубут.

Түмүкпэр, биири эрэ этиэхпин баҕарабын дьоммутугар көхсүбүтүнэн буолбакка, иннибитинэн эргийэммит бары биир санаанан, бары биир кыһалҕа оҥостон, сүбэбитин холбооммут тыабыт сирин өрө тардыаҕыҥ!
Петр АММОСОВ
Category: Экономика и СЭР | Views: 1412 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 64
Ыалдьыттар (гостей): 64
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024