Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Бэс ыйа » 24 » Өссө Өксөкүлээх Өлөксөй ИНТЕЛЛЕГЕНЦИЯ5А суругар этэн турар, кыргыыс омуктан сэрэнин диэн.
Өссө Өксөкүлээх Өлөксөй ИНТЕЛЛЕГЕНЦИЯ5А суругар этэн турар, кыргыыс омуктан сэрэнин диэн.
16:09
Кыргызтары туох кымньыылыырый?
20/06/2013 Саха Сирэ. х.
Саха сиригэр кэлиҥҥи кэмҥэ итии дойдуттан араас омуктар көһөн кэлиилэрэ үксээтэ. Уһун солкуобайы сонордоһон кэлбит таджиктар, армяннар, азербайджаннар, украинецтар ортолоругар, элбэх ахсааннаахтарынан кыргызтар буолаллар. Дэлэҕэ да, норуокка «Саха сирэ – иккис Кыргызстан» диэн үгэ аҥардаах этии күүскэ тэнийдэ.
Ол биричиинэтэ биллэр – Саха сиригэр сүрдээх элбэх Кыргызстан гражданнара көҥүллээх уонна көҥүлэ да суох кэлэн үлэлии сылдьаллар. Уһуну-киэҥи толкуйдаатахха, сир быстар уһугар баар, тыйыс, тымныы айылҕалаах дойдуга кыра кыһалҕаттан кэлбэттэрэ чахчы. Онон кыргызтары туох кымньыылаан Саха сиригэр аҕаларын туһунан, Манас дойдутугар сылдьан көрбүппүн-истибиппин холбоон, анаарарга холонуом.

Көмүс уонна көмүөл

Быйыл ыам ыйын 29 күнүттэн бэс ыйын 2 күнүгэр диэри Орто Азияҕа баар Кыргызстан республикатыгар сырыттым. Интернет ситимиттэн көрдөххө, ыам ыйын 20 күнүттэн саҕалаан бу 1990-с сылларга ССРС ыһыллыытыгар үөскээбит республикаҕа норуот долгуйуута саҕаламмыт…
Оһол-төрүөт төрдүнэн Иссык-Куль уобалаһын Джети-Огуз оройуонугар баар «Кумтор» кыһыл көмүһү хостуур рудник буолбут. Бу дойду ВВП түөрт гыммыттан биирин биэрэр рудник хаһаайына – Канада «Центерра Голд Инк» компанията. Кыргызстан правительствота бу тэрилтэ акционера. Компания сыллааҕы нолуога, өскөтүн атын тэрилтэлэр 17-20% эбит буоллахтарына, «Центерра Голд Инк» 14% тэҥнэһэр. Онон оппозиция компания нолуогун атыттары кытта тэҥнииргэ, Кыргызстаҥҥа регистрацияланарыгар, быһатын эттэххэ, төһө кыалларынан «Кумтору» национализациялыырга туруорсар эбит.
Тулуурдарыттан тахсыбыт тыһыынчанан манифестаннар ыам ыйын 28 күнүгэр Тамга электростанцияны күүстэринэн ылан рудник үлэтэ тохтообут. Ол түмүгэр канадецтар ааҕыыларынан 4 мөлүйүөн АХШ доллар хоромньуламмыттар. Быһыыны-майгыны сымнатаары Джети-Огуз оройуонугар вице-премьер тиийэн өйдөтүү үлэтин ыыппыт. Аҕыйах чааһынан милиция электростанцияны төттөрү ылбыт. 100-чэкэ кэриҥэ манифестант тутуллан хаайыллыбыт. Президент Алмазбек Атамбаев миитини тэрийээччилэри кытаанах сэмэҕэ тардыах буолан сааммыт.
Иккис буурҕа бүөтэ, кэлиҥҥи кэмҥэ өрүү буорахтаах буочуканы санатар соҕуруу Кыргызстан Джалал-Абад куоратыгар төлө тардыллыбыт – ыам ыйын 31 күнүгэр миитиннээччилэр бөлөхтөрө уобалас дьаһалтатын дьиэтин штурмалаан ыллылар. Итиэннэ, Атамбаев анаабыт салайааччытын үүрэн баран Медербек Усенов диэн оппозиция бэрэстэбиитэлин «норуот күбүрүнээтэринэн» биллэрбиттэр. Ол эрээри, саҥа күбүрүнээтэри өр күүлэйдэтэн былаас амтанын биллэрбэтэхтэр – кимнээх эрэ Усеновы дьиэтин аттыттан нүөмэрэ суох хара джипкэ симэн, биллибэт хайысхаҕа илдьэ барбыттар… Кэлин биллибитинэн бу Манас дойдутун Национальнай куттал суох буолуутун государственнай комитетын үлэһиттэрэ буолан тахсыбыттар. Ол түмүгэр «норуот күбүрүнээтэрин» өйөөччүлэр Ош—Бишкек аартыгын быһан хас эмэ хонук устата соҕуруу уонна хоту Кыргызстан ситимнэрэ быста сылдьыбыт.
Бу тэрээһиннэр, Россия Президенэ Владимир Путин Кыргызстаҥҥа сылдьыытын кэннэ буолбуттара кэрэхсэбиллээх. Төһө да интернет ситимигэр сорохтор бу хамсааһыннары үһүс революция курдук көрдөрө сатааталлар Алмазбек Атамбаев, бакаа тулуста…

Харах далыгар…

Самолеттан, массыынаттан да көрдөххө, Бишкек түүнүн улахан чаҕылхай уота-күөһэ суох өлбөөркөй куорат. Электричествоны харыстыыр буолуохтарын сөп. Манас дойдутун киинигэр саҥа тутуу да аҕыйах. Үксэ 1980-с сыллардааҕылар курдук. Союзнай республика эрдэхтэринэ тутуллубут дьоһуннаахай уораҕайдара билигин да сүдү мөссүөннэрэ өлбөөдүйэ илик…
Массыыналар – «аудилар», «мерседестэр» 90-с сыллааҕылар. Өскөтүн өссө эрдэтээҥҥи буолбатах буоллахтарына… Маҕаһыыннар, тэрилтэлэр ааттара эмиэ биһиги «лихие 90-е» диэн ааттаммыт кэмнэрбитин санаталлар – «Чикаго», «Калифорния», «Лондон» курдук ааттары көрсүөххэ сөп. Итиэннэ, билиҥҥи Россияҕа улахан бренд буолбут ааттар «мегафон», «связной» курдук ааттары эмиэ көрсүөххэ сөп.
АХШ спецсулууспалара билгэлииллэринэн, нэһилиэнньэ 37 % дьадаҥы араҥаҕа киирсэр. Ол таҥна-сапта сылдьалларыгар көстөр – үгүстэр, оннооҕор «орто кылаас» да, судургутук таҥна сылдьаллар. Дьон-сэргэ үгүс революциялартан, миитиннэртэн, быыбардартан хал буолбут, сэҥээрбэт, ардыгар кыйаханар курдук. Кырдьаҕас өттүгэр коммунистическай системаны, Сэбиэскэй Сойууһу ахтыы күүстээх. Эдэрдэр, орто саастаахтар санаалара араас – Россия, Америка, Кытай, Турция диэки да көрөөччүлэри барытын көрсүөххэ сөп. Итиэннэ, бу омук үптээҕи-харчылааҕы, кыахтааҕы истэр, билинэр эбит диэн бэлиэтии көрдүм.
Манна даҕатан аҕыннахха, үөһэ ахтыллыбыт түөрт дойду Кыргызстаҥҥа сабыдыаллыы сатыыллара политикаҕа, экономикаҕа, культурнай эйгэҕэ барытыгар биллэр… Ол курдук, АХШ байыаннай авиабазалаах, кытайдар Бишкек—Иссык-Куль аартыгын тута сылдьаллар, Турция «Манас» кыргыз-турок университетын аспыт, Россия Кыргызстаны таможеннай холбоһукка киллэрэргэ интэриэстээх…
Онон производство сайдыбатах, «Кумтор» кыһыл көмүһүттэн атын, холобура нефть, газ курдук үөтэлээх сир баайа суох Кыргызстаҥҥа мындыр салалта ирдэнэр. Үс президент Акаев, Бакиев, Атамбаев да үлэлии сатаабыттар, сатыыллар эбит эрээри, коррупция, дойду элитатын хоту уонна соҕуруу диэн арахсыылара уонна тастан орооһуулар, сабыдыаллар үгүс харгыстары үөскэтэллэрин дьон тылын тамаҕыттан өйдүөххэ сөп.

Ыаллара сыаналыыллар

Кыргызстан уонна кыргызтар тустарынан икки уруулуу омуктарын казахтар уонна уйгуурдар хайдах сыаналыылларын уора-көстө кэтээн көрдүм. Уйгуурдар төһө да төрүт дойдулара Кытайга киирсэр Илиҥҥи Туркестан буоллар билигин Казахстаҥҥа да, Кыргызстаҥҥа да элбэхтэр эбит.
Кыргызстан ыкса ыала, аймахтара Казахстан сирин баайын сөптөөхтүк туһаныытын түмүгэр силигилии сайдан олорор – омук инвестордарын көмөтүнэн СНГ үрдүнэн хатыламмат үчүгэй Астана куораты тутта. Итиэннэ, айданнаах ыалларыттан Назарбаевтан саҕалаан көннөрү казахха тиийэ сэрэхэдийэллэр. Казахтар Кыргызстан кутаҕа батыллыбыт биричиинэтин хоту уонна соҕуруу арахсыытыгар, ис мучумааннарыгар көрөллөр.
Уйгуур таксиһа Казахстан туох эмэ долгуйуу таҕыста да кыраныыссаны сабарын, бэрэбиэркэни күүһүрдэрин ахтар. Оттон Бишкеккэ төрөөбүт Алматыга бизнестээх уйгуур Кыргызстаҥҥа бэйэ дьыалатынан дьарыктанар эндирдэрдээҕин бэлиэтиир. Уйгуурдар кыргызтары сүрэҕэ уонна үөрэххэ сыстаҕаһа суохтарынан ааҕаллар эбит. Соҕуруу Кыргызстаҥҥа узбектар, таджиктар уонна кыргызтар булкуһа олорор буоланнар айдаан тахсарын кэпсииллэр.

Туомтуу тардыы

Манас дойдутугар аҕыйах хонук ыалдьыттаан баран эттэххэ, Кыргызстан – көмүөлэ өссө да сөҕүрүйэ илик. Өскөтүн саастаахтар маннык олоххо тиийбиттэриттэн санаалара көймөстөр буоллаҕына, ыччат төһө кыалларынан, хайдах сатанарынан байарга-тайарга дьулуһара өйдөнөр. Эдэр көлүөнэ кыргызтар ортолоругар сытыы-хотуу, тыллаах-өстөөх дьон элбэх, дьоҕурдарынан да кимтэн да хаалсыбаттар. Биир тылынан эттэххэ, «конкурентноспособнайдар».
Аны быйыл ыам ыйын бүтүүтэ-бэс ыйын саҥата буолбут долгуйуулар курдук хамсааһыннар дөрүн-дөрүн көбөн кэлэ тураллар эбит. Онон аска-таҥаска, баайга-дуолга, нус-хас олоххо баҕалаахтар төрүт буордарыттан арахсыылара, билиҥҥи туругунан, сылтан-сыл аайы үксүү турар чинчилээх. Ол эбэтэр, Саха сиригэр өссө төһө отуора хамсаабыт, төрөөбүт дойдутуттан арахсарга күһэллибит кыргызтар дьол-соргу көрдүү кэлэллэрэ биллибэт.
Бу кыһалҕаҕа кымньыылаппыт аймахтарбытын – кыргызтары кытта ыкса ыаллаһар туһугар кинилэр сиэрдэрин-майгыларын билиэхтээхпит. Ол үгүс өйдөспөт буолууттан быыһыыр күлүүс буолуоҕа.

Автор хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Гаврил АНДРОСОВ.
Ыстатыйаны 2 594 киһи көрдө.


<<Кыргызтары туох кымньыылыырый?>> суруйууга 21 ааҕааччы санаата:

    илбис
    21/06/2013 at 00:06

    Биһи атын-атын төрүттэрдээх омуктарбыт!Ол туһунан Лев Гумилёв «Древние тюрки» диэн үлэтигэр ааҕыаккытын сөп.
    «Район верховьев Енисея. Там создавалась окраинная культура кыргызов, равно не похожая ни на тюркскую ни на уйгурскую». Гумилёв Л.»Древние тюрки»//Москва 2010 С291.
    Онно өссө биһи өбүгэлэрбит, «Курыкааннар» 6-7 үйэлэртэн саҕалаан Кыргыс омугун кытта кыргыспыттарын туһунан ахтыллыбыт.
    «На лесные племена кыргызы совершали набеги, а пленников обращали в рабство. Лесовики отвечали ночными нападениями на угнетателей но не умели организоваться для успешного сопротивления. Зато должный отпор кыргызы встретили от курыкан, живших на Ангаре.»
    Китайская историческая традиция причисляет курыканов к телесской группе племен и отмечает отличие их языка от кыргызкого. По скольку можно считать установленным, что курыканы — предки якутов, а хакасы — потомки кыргызов, это не должно нас удивлять: оба эти языка довольно сильно разнятся по словарному составу и по фонетике. Гумилёв Л.»Древние тюрки»//Москва 2010 С293.
    Билигин олорун өссө мусульманнар.
    Бэйэтин дойдутугар илэ суох омук,биһиэхэ эйэни аҕалыа диэн эрэнимэ.
    «Кыргыс» диэн тыл сахалыы суолтатын умнума!
    хун
    21/06/2013 at 02:02

    Ити омугу кытта биьи иллээх олорботохпут. Ити омук майгыта-сигилитэ ураты, кыраттан кыйаханар быьах урдугэр туьэр сигилилээх. Билэр дьонум ити омук булкаастаах сахалар оннуктар, ким быьах, ким сугэ урдугэр туьэн киьини охсубуттара, олорбуттэрэ. «Кыргыс уйэтэ» диэн хас да суус сыллаах кэми — бу омугу кытта сэриибит кэмин ааттыыллара буолаарай?
    кубэйэ
    21/06/2013 at 12:10

    кыргыс омук ааттыын да кыргыс буоллага эбээт, урут 80-с сыллардаахха биhиги дойдубутугар биир кыргыс кутуот баар буола сылдьыбыта, ол буолуохсут итирэн баран уулуссага ааhан иhэр ыал ийэтин маhынан илиитин тосту охсон, суумкатын былдьаан хаайыга барбыта, ол киси уол огото эмиэ олох баппат этэ, ити курдук онноогор соготохтуу атын дойдуга кутуоттуу кэлэн баран баппаттар, эгэ элбэх буоллахтарына туох да суут-сокуон майгы-сигили суох дьоно… инник омуктары саха сиригэр киллэримиэххэ наада
    Саха кыыс
    21/06/2013 at 17:10

    уопсайынан, гражданство биэримиэххэ наада. Форумна суруйалларынан, онноо5ор сир ылаллар усу.
    а
    22/06/2013 at 10:37

    «За длинным рублём» кэлбит дьон, «рвач» дьон, «временщик» уо.д.а. Туох да үтүө кинилэртэн суох, куһаҕан эрэ.
    илбис
    22/06/2013 at 20:03

    а. сопко этэ5ин. Бары кэлиилэр оннуктар! кинилэртэн хаалымаары биhи эмиэ оннук буоларбытыгар тиийэбит.
    «Попадя в отдаленные пункты Сибири, воеводы действительно, как говорят документы того времени, жили, «забыв страх Божий». Неудивительно, что все эти родовитые фамилии, например Пушкины, Головины, Барятинские и т.д. попадая на воеводство в отдаленный Якутск, сразу чувствовали себя как полновластными сатрапами и страной управляли, как своей вотчиной. В основе самовластия лежала «бесцельная корысть» жажда наживы всеми средствами, не исключая самого бесцеремонного казнокрадства…
    Печальная страница воеводского управления в Якутском крае начинается с первого же воеводы Головина (1638 — 1646гг.).
    Попов Г.А. Прошлое якутии // Якутск 2009 С58, 59.
    Уонна билигин оссо куускэ сал5анан баран иhэрин бары бэрткэ билэ5ит.
    Андрей
    23/06/2013 at 09:59

    Бастаан бэйэ5этин кэрунун! бАЛКОНТАН БЫРАХСАН, мЭЙИИЛЭРЭ ТАХСЫАР ДИЭРИ ТУСТАН, САХАЛАР КЫЫЛЛАР В ДАННОМ СЛУЧАЕ А НЕ КЫРГЫСЫ МЫ ВСЕ теНГРИЯНЦЫ В ПРОШЛОМ,
    дима
    23/06/2013 at 20:32

    эрийдээхтэр
    ррр
    23/06/2013 at 21:37

    ойдоон короорун эрэ, поччти бары российскай паспортаахтар, уонна биир интересинэйэ диэн омуктар паспортара уксэ г.якутска уфмс
    илбис
    24/06/2013 at 01:59

    андрей молтох киhигин, эйиигин балконтан бырахтахха сатанар. Хаан анардаах, буккаас дворняга таннарымына5ын!
    эмээхсин
    24/06/2013 at 09:41

    Бэйэтин дойдутун бараган туспа сиргэ аьыыр тацнар инниттэн кэлбит киьи Саха сирэ культуратын туьунан билбэттэр дойду сайдарыгар кыьамматтар харысхаллаах сыьыан суох быстах таптал-соготох ийэлэр элбииллэр куустээх хаана суох геннаах оголор терууллэр норуот теннер бэйэлэрин эрэ тылларын билэллэр СМИга наркотик качествота суох товары атыылаан харчы эрэ оцоро сатыылларын туьунан син тахсар итиннэ учугэй куустээх првовой еттун керуеххэ баар этэ
    Сарданчик
    24/06/2013 at 09:45

    мин кэргэним кыргыз, олус учугэй киьи. Испэт табахтаабат. биир кыыс о5олоохпут 5 саастаах. наьаа таптыыбын иккиэннэрин=) кыыспыт больше нууччалыы санарар, нуучча детсадыгар сылдьар буолан. сахалыы да кыргызтыы да билэр ол гынан баран.
    эмээхсин
    24/06/2013 at 11:00

    Сокуонунан холбоспутун дуу биитэр быстах ойох буолан олорогун дуо сарданчик саха уолаттара арыгылыыллыр диэн ярмо ыйаан баран того киргизия барбакка манна олорогут саха баайа наада хооннььорго киргиз дуо
    Сарданчик
    24/06/2013 at 11:45

    эмээхсин сааьын хаьый? сокуонунан холбоспуппут, правда, о5обут торообутун кэннэ. кэргэним манна гражданстволаах учугэй улэлээх ол иьин олоробут. то5о торообут сирбэр олоруо суохтаахпыный? Мээнэ мээнэ тыллаьыма эрэ! хоонньоьорго эрэ буолумуна5ын! таптыыбын, убаастыыбын ол иьин кэргэн тахсыбытым. У нас в семье нету националистов, ийэм кутуотун таптыыр. ийэбин, ийэм диэн ааттыыр кэргэним. У нас в семье еще буряты, русские и эвенки есть и ничего, живем дружно!
    эмээхсин
    24/06/2013 at 11:59

    Иьэр уонна табахтыыр проблема баар буолан кэргэгиц киьи быьыытынан хаачыстыбытын ол еттунэн суруйбуккун онно ологуран суруйбутум. дойдутугар туьаны агалбат буолан харчыны сырсан кэллэгэ дии син биир онуоха маныаха дылы тыцырагын кистэнэ сырыттага оттон чахчы учугэй киьи буоллагына дьол эрэ тосхойдун
    Сарданчик
    24/06/2013 at 12:35

    кэргэним а5алара эрдэ олон, саамай улаханнара буолан икки быраатын уонна биир балтын атахтарыгар туралларыгар комолоьоору кэлбит этэ. Бастаан стройка5а улэлээбитэ, онтон мусоровозка улэлээбитэ, дэриэбинэ5э кытта тахсан улэлээбитэ Уус-алданна. Билигин иики быраата уоонна биир балтыта ыал буолан дойдуларыгар олороллор. ийэлэрэ кэлэн куулэйдээн бырбыта. Мин кэргэним качествота элбэх, 5 сыл тухары биирдэ да хомоппото5о, ытаппата5а. сытыары сымна5ас, улэьит, утуо санаалаах киьи, мин наьаа киэн туттабын, чэ короче наьаа киьиргээбэпин=) тьфу тьфу тьфу.
    александр иванович
    24/06/2013 at 12:49

    Егор афанасьевич тугу эмэтэ гынын эрэ бу кыргыз омуктаар олох саранча курдук кэллилэр улэ суох тутуга
    эьиги эрэ тугу эмэтэ предпринимайдыыр кыахтаххыт
    Осень
    24/06/2013 at 14:53

    Александр Иванович сепке этэр, ИЛ ДАРХАММЫН туох эмит дьаьалы ылара буоллар. Кыргыыстары кытта мин улэбинэн син алтыьааччыбын. Олох ис истэриттэн бэйэлэрин эрэ ере тутар омуктар курдук керебун. Ессе Ексекулээх Елексей ИНТЕЛЛЕГЕНЦИЯ5А суругар этэн турар, кыргыыс омуктан сэрэнин диэн. Мээлэ5э буолбатах, Сардаанчик уонна эн курдук ити омуктары хоонньуга укта сытар дьон (сахалар да диэ5и тылым тахсыбат)
    Осень
    24/06/2013 at 14:59

    Ессе ити АНДРЕЙ тугу суруйаргын билэ5ин дуо? Ол кыргыыстар охсуспаттар,елерсубэттэр уьу дуо? Кинилэр ессе куьа5аны оцороллор, наркотик атыылаан байа сатыыллар дии. Бу ессе ыар буолбатах дуо? Сахаларга куьа5аны оцорбуттарынан дьоллоноллоро, байаллара биллибэт. Саха дуцурун тыаьа,Ытык дьоммут уоттаах харахтара ханна да буоллар ситэн тиийэр ини.
    пинигин
    24/06/2013 at 15:00

    В феврале 2010 года корреспондент «Комсомольской правды» устроилась в одну из частных столичных стоматологических клиник. При устройстве на работу она выяснила, что наличие диплома о профильном образовании не проверяется, также не проверяют наличие трудовой и санитарной книжки. По словам корреспондента, клиника, куда она устроилась, была «почти на 100% таджикской». Персонал, начиная от уборщиц и заканчивая врачом высшей категории, общался между собой на таджикском. В определенное время весь коллектив клиники удалялся на молитву. Многие из сотрудников жили в этой же клинике, а стирку и гигиенические процедуры осуществляли в раковинах.
    Хоту улуустарга так называемые ВРАЧИ улэлии кэлэллэр, Минздравтан ким да дипломнарын, квалификацияларын бэрэбиэркэ он,орбокко, взятка ылан улэ5э ылвллар, САХА дьонум СЭРЭНИН, оннук быраастарга сыльдыман
    Сарданчик
    24/06/2013 at 15:23

    Осень кими «хоонньуга уктарбын» эйигиттэн эрэ ыйыппата5ым буолуо! Сахаларга миэхэ соп тубэьэр уол костубэтэ5э. Почти бары иьэллэр, иьэн баран айдаараллар, ата5астыыллар. Наьаа куускэ кэлэйэн турардаахпын=( Мин дьиэ кэргэммэр иьэр дьон суохтар, ол иьин арыгыьыттары кыра эрдэхпиттэн абааьы коробун, сатаан тулуйан олорбоппун. Мин кэргэммин кытта бырааьынньыкка да испэппит. Сахаларга 100 эр дьонтон биир эрэ испэт киьи баара дуу суо5а ду.
    Так что, иьэргитин аьыыргытын кыратык тохтоторгут, бэт буолуо этэ.
Category: Нац. вопрос | Views: 1831 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 20
Ыалдьыттар (гостей): 20
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024