News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Сэтинньи » 29 » Саха ынаҕын трагическай дьылҕатыгар урут бартыыйнай салалта орооһуута учуонай илиитин-атаҕын баайбыта, өйүн-санаатын тууйбута сэрэйиллэр.
Саха ынаҕын трагическай дьылҕатыгар урут бартыыйнай салалта орооһуута учуонай илиитин-атаҕын баайбыта, өйүн-санаатын тууйбута сэрэйиллэр. | 21:56 |
Норуот кута-сүрэ иҥэн сылдьар сүөһүтэ
29.11.2013 10:12 | Автор: Кыым |http://uhhan.ru/news/2013-11-21-8780 "Кыым” хаһыат кэлиҥҥи нүөмэрдэригэр Владимир Степанов "Саха ынаҕа: тыа олоҕун түҥнэрбит эспэримиэн” диэн ыстатыйаларыттан саҕалаан тыаҕа олохтоох, ону сэргэ норуот урукку өбүгэ саҕанааҕы олоҕун, уруккуну уонна билиҥҥини бары өттүттэн ырытан, ыйдаҥардан көрөр, куораттар олохтоохторун – дьиҥнээх сахалыы ис дууһалаах дьонун интэриэһиргэтэр бэлиэтээһиннэр, ырытыылар таҕыстылар. Интэриэһиргэтэр эрэ буолуо дуо, мин санаабар, улугурбут өйү-санааны уһугуннарар, саха боруода ынаҕа барахсан биологическай өттүнэн ханнык да атын боруода сүөһүгэ тэҥнэммэт үчүгэй хаачыстыбалаах бородууксуйаны биэрэрин өссө төгүл норуокка, тустаах салалтаҕа өйдөтөн, санатан биэрдилэр. Саха сүөһүтүн иитэн, кини биэрэр быйаҥынан аһылыктанан олорор нэһилиэнньэ уонна бу сүөһүнү чинчийэр дьарыктаммыт учуонайдар, дьиҥинэн, маны билбиттэрэ ыраатта. Ол эрээри саха ынаҕынан күүскэ дьарыктаммыт, туруулаһан көмүскээбит П.А. Романов оһолго түбэһэн өлбүтүн кэннэ, билим өттүттэн саха ынаҕын кини курдук күүскэ көмүскээччилэр, хомойуох иһин, саҥалара симик. Онон билигин төрүт баайбытыгар – саха ынаҕар – билим өттүттэн сыһыан өссө күүһүрэрин кэтэһэбит. Аахайбат буолууга тиэртэххэ, букатын да эстэр турукка тиийиэн сөп диирбитигэр тиийэбит.
Саха ынаҕын трагическай дьылҕатыгар урут бартыыйнай салалта орооһуута учуонай илиитин-атаҕын баайбыта, өйүн-санаатын тууйбута сэрэйиллэр.
Оттон уопсастыба тутула уларыйбытын кэннэ, ааспыт үйэ 90-с сылларыттан бу сүөһү судаарыстыбаннай салалта болҕомтотун тас өттүгэр быраҕыллыбыта. Сопхуостар суох оҥоһуллубуттарын кэннэ тэриллибит кыра чааһынай, кэлэктиибинэй хаһаайыстыбаларга улахан ороскуоттаах ынах сүөһү көрүүтэ кыаллыбат буолбута. Ону паайга түҥэтэн нэһилиэнньэҕэ эрэ биэрэргэ тиийэҕин. Онтон нэһилиэнньэ бэйэтин күүһүн тас өттүнэн төһөтүн иитиэҕэй? Сүүскэ охсоругар эрэ тиийэр.
*** Сопхуостары эһии кэмигэр Эбээн Бытантай Саккырыырыгар эрэ баар бу сэдэх саха боруодатын судаарыстыба көрөрө уурайан, сүүскэ охсуллан симэлийэр, эстэр турукка киирбитэ. Мин 1995 с. саҥатыгар Эбээн Бытантай улууһун баһылыгынан быыбардаммытым. Ол кэннэ бу сүөһүнү хайдах гынан тыыннаах хаалларар, салгыы иитэр туһунан боппуруоһу элбэхтик туруорсубутум. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэ тустаах салайааччыларыттан туох да чуолкай эппиэти ылбатаҕым. Сорохтор "хаһааҥҥа диэри ынах кутуругун батыһа сылдьаары гынаҕытый?” диэн ыйыталлара. Сорохтор өйдүүллэрэ эрээри, экэнэмиичэскэй кириисис кэмигэр тугу эмэ гыналларын ыарырҕаталлара. ТХНЧИ (Матвеев И.А.) Саккырыырга лаборатория тэрийэртэн аккаастанара. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ (Трофимов Ю.Д.) туох да быһаарыыны, дьаһалы ылбатаҕа.
Арай 1998 с. ТХНЧИ саҥа дириэктэрэ, т/х миниистирэ Е.А. Борисовы кытта кэпсэтии түмүгэр кини улууска баар саха ынаҕын балаһыанньатын сөпкө өйдөөн, 280-ча төбө сүөһүгэ "Саха сүөһүтэ” ГУТ тэрийэн министиэристибэ бас билиитигэр, көрүүтүгэр ылбыта. Бу иннинэ биһиги Сунтаар уонна Горнай улуустарыгар сорох сүөһүбүтүн атыытыгар биэрбиппит. Ити саҕана нэһилиэнньэҕэ сэттэ сүүстэн тахса сүөһү баара. 1999 с. улууска барыта биир тыһыынча саха боруода сүөһүтэ баара. Бу сылларга биһиги Ил Түмэн дьокутааата А.В. Кривошапкины кытта саха ынаҕар анал сокуон ылылларыгар уонна бырабыытылыстыбаннай көмөҕө анал дьаһал таһаарар наадатын туһунан элбэхтик туруорсубуппут. Оччолорго учуонайдартан наука кандидата Д.В. Потапова биһиэхэ күүс-көмө буолбута. Ил Түмэҥҥэ аграрнай сыһыаннаһыыларга, тыа хаһаайыстыбатыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Ф.Г. Охлопков уонна дьокутааттар бу боппуруоһу күүскэ өйөөбүттэрэ. Саха сүөһүтүн (ынаҕын) туһунан сокуон ылыллыбыта уонна бырабыыталыстыба сүөһү төбөтүгэр нэһилиэнньэҕэ көмө харчыны биэрэр буолбута.
Дьэ, бу маннык дьаһаллар көмөлөрүнэн бүгүҥҥэ диэри саха сүөһүтэ Эбээн Бытантайга уонна атын атыыга барбыт улуустарыгар иитиллэн кэллэ.
Сэбиэскэй кэмҥэ саха сүөһүтүн атын сүөһүнэн солбуйан суох оҥорор дьаһал бүрүүкээн турдаҕына, Саккырыыр оройуонун "Ленинскэй” сопхуоһугар тыыннаах хааларыгар хаһан да сотуллубат өҥөлөөх дьонунан оччолорго Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Степан Николаевич Платонов, Ленинградтааҕы сүөһү генетикатын сайыннарыы Бүтүн Сойуустааҕы научнай-чинчийэр институтун ыстаарсай сотруднигынан үлэлээбит Василий Степанович Винокуров, саха сүөһүтүн өр сылларга Саккырыырга чинчийэр үлэни ыыппыт, ити үөһэ этиллэр институт саха сүөһүтүгэр научнай консультана Петр Аполлонович Романов, оттон Сойуус ыһыллыбытын кэннинээҕи кириисис кэминээҕи 1995-2000 сс. саха сүөһүтэ салгыы хаалан сайдарыгар төһүү буолбут дьонунан ол кэмҥэ Саха сирин ТХНЧИ дириэктэринэн уонна т/х миниистиринэн 1997 сылтан үлэлээбит Егор Афанасьевич Борисов, Ил Түмэн кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Филипп Гаврильевич Охлопков уонна т/х наукатын кандидата, учуонай Диана Васильевна Потапова буолаллар.
В.Степанов, Э.Михайлова, В.Винокуров тахсыбыт бэйэлэрин ыстатыйаларыгар сөптөөх бэлиэтээһини, ырытыыны уонна этиилэри оҥордулар. Ону барытын учуокка ылар хайаан да наада.
Бу сүөһүгэ научнай үлэни ыытан уонна кини сайдарын курдук бары өртүнэн чопчу көмөнү оҥорон (тиийэр үбү-харчыны көрөн, үлэлииргэ усулуобуйаны тэрийэн, үчүгэй үлэһити-хаадыры уонна аһылыгы булан биэрэн) бэйэтин төрөөбүт-үөскээбит сиригэр толоруйарыгар, сайдарыгар кыаҕы биэрэр наада. Эбээн Бытантай улууһун баһылыга И.Е. Горохов саха ынаҕын тэрилтэтин атын оройуоҥҥа илдьэн көһөрөрү утарара саамай сөптөөх. Улууһу саха ынаҕын репродуктора оҥорон, сүөһүнү иитэн таһааран атын сиргэ, ордук хотугу улуустарга, тарҕатар дьаһалы ылар, саха дьоно өбүгэ саҕаттан бэйэлээтэр бэйэлэрин кыра ороскуотунан, кэмчи аһылыгынан иитиллэр сүөһүлэрин үрдүк сыалаах үүтүнэн, мыраамардыҥы, сымнаҕас, минньигэс этинэн аһыылларын төннөрөр, олохтуур бириэмэ кэлэн турар.
Үлүгэрдээх элбэх ороскуотунан соҕурууттан аҕалары уонна хотон тутары, өлгөм аһылык булан бэлэмниири, эбии аһылыгы аҕалары ирдиир соҕурууҥҥу сүөһү хоччоххой этин сиэри, уу үүтүн иһээри кытаанах усулуобуйалаах дойдутугар хаһан да сиһин көннөрбөккө түбүгүрэн тыа киһитэ үлэлиирин тохтотор кэм кэлбэтэ дуо? Ол оннугар ити баһаам элбэх үбүнэн ахсаанынан элбэх саха ынаҕын ииттэхпитинэн хайдаҕый?
Устуоруйа этэринэн, 70-с, 80-с сылларга үчүгэйдик көрүү, иитии түмүгэр сыл устата биир ынахтан 1500-1800 киилэ 5-6% сыалаах үүтү ыыллар этэ эбээт. Биир улахан сүөһү тыыннаах ыйааһынынан 400-450 киилэҕэ тиийэ үктүүрэ буолбаат!
*** Кырдьыгынан эттэххэ, Эбээн Бытантайга тыа хаһаайыстыбатын Министиэристибэтин "Саха сүөһүтэ” тэрилтэтиттэн улуустарга бу олохтоох ынаҕы тарҕаталларын өр кэтэстим да туох да сибики биллибэт. Арай атыылаһан иитэр улуустартан дьон ылар уонна сүөһү гынан иитэр буолбуттар. Бу олус үчүгэй уонна үөрүүлээх суол.
*** Саамай племенной (үчүгэй көрүүлээх, бородууксуйаны биэрэр) – бастыҥ ынах сүөһү Саккырыырга ыалларга баар. Бу ынахтар сылга 1200-1500 киилэттэн итэҕэһэ суох үүтү биэрэллэр. Хаһаайыттара өбүгэ саҕаттан сүөһүлэрин үчүгэйдик көрөллөр. Кинини хаачыстыбалаах отунан аһаталлар, сылаас, ыраас хотоҥҥо туруораллар, эрэсиими тутуһаллар, бэриэмэтигэр көрөн быраактааһыны ыыталлар. Саха ынаҕын иитэр баҕалаах дьон улуус нэһилиэнньэтин кытта сибээстэһэн, сакаастаан атаалаһаргыт ордук буолуоҕа. Мин санаабар, олохтоохтор сүөһү атыылаан эбилик харчы киллэринэр интэриэстээх буолуохтара.
Онон нэһилиэнньэҕэ, кини инники олоҕор наадалаах боппуруос норуот хаһыатыгар "Кыымҥа” көтөҕүллүбүтэ кэрэхсэбиллээх.
***Инникитин тыаҕа олорор нэһилиэнньэ, чуолаан хотугу улуустарга, этэллэрин курдук ордук эти-хото оҥорорго хайысхалаан, сахатын ынаҕын (сүөһүтүн) иитэрэ буоллар туһалаах уонна барыстаах буолуох этэ. Биллэн турар, сүөһүнү иитээччи бэйэтин дьиэ кэргэнин үүтүнэн хааччынара чуолкай. Оттон тастан киириитэ суох олохтоох тыа хаһаайыстыбата үүтүнэн нэһилиэнньэни толору урут да хааччыйбатаҕа. Онон син-биир үүтү тастан ылар ордук. Хаһыакка олус сөпкө бэлиэтээбиттэрин курдук соҕурууҥҥу сүөһүнү атыылаһарга, көтүтэн аҕаларга уонна баараҕай хотоннору тутарга, сыаналаах оборудование буларга, аҕаларга уонна үлэлэтэргэ миллиардынан үбү көҥдөйгө кутартан тохтуохха. Тоҕо көҥдөйгө диибин диэтэххэ, үс ый сайыннаах, тоҕус ый хабараан тымныылаах дойдуга ороскуотун толунар бородууксуйаны ити соҕурууҥҥу сүөһүттэн ылар усулуобуйаны, тотор аһылыгын хаһан даҕаны, ким даҕаны толору хааччыйара кыаллыа суоҕа. Ол барыбытыгар өйдөнөр. Оттон саха ынаҕа барахсаны билим билиҥҥи сайдыытыгар олоҕуран иитэр, көрүүтүн-истиитин тупсарар буоллахпытына, барыстаах салааҕа кубулутар кыаллыан сөп.
Онон өрөспүүбөлөкэ бүүс-бүтүннүүтэ турунан сахабыт ынаҕар болҕомто уураммыт улуустарга тарҕатары уонна кини ахсаанын элбэтэри, элбэх хаачыстыбалаах эт бородууксуйатын ылан нэһилиэнньэни хааччыйары ситиһэрбит буоллар, норуот быһыытынан олохтоох сүөһүбүтүн сөптөөхтүк дьаһаныыбыт дьиҥнээх туоһутунан буолуох этэ. Хаһыат 21.11.2013 с. 45 нүөмэригэр В.С. Винокуров "Саха ынаҕа барыстаах салаа буолар кыахтаах” диэн ыстатыйатыгар саамай сөпкө бэлиэтиир. Саха ынаҕын барыстаах салааҕа таһаарыы наукаҕа олоҕуран үчүгэй үлэни, дьулууру, сатабылы, эппиэтинэһи барытын түмэн, тэрээһини тупсардахха ситиһиэххэ сөп.
В.Горохов, Эбээн Бытантай улууһун урукку баһылыга, үлэ бэтэрээнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Дьааҥы уонна Эбээн Бытантай улуустарын бочуоттаах олохтооҕо.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1389 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 15 Ыалдьыттар (гостей): 15 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|