News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2014 » Олунньу » 2 » Михаил Николаевич ТИМОФЕЕВ–ТЕРЕШКИН олорон ааспыт олоҕо, суруйан хаалларбыт үлэлэрэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаан дириҥник сырдатыллыбытт
Михаил Николаевич ТИМОФЕЕВ–ТЕРЕШКИН олорон ааспыт олоҕо, суруйан хаалларбыт үлэлэрэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаан дириҥник сырдатыллыбытт
18:51
Сунтаарбыт Сайата
2 февраля, 15:13ИА SakhaLife
Сунтаар дьикти айылҕата
Сайаҕа иҥэрбит талааны
Сипсийэр сиккиэр тыалынан Сөрүүн сүөгэй утаҕынан Сарсыарда сиик таммаҕынан Сүрэҕи долгута көнньүөрдэр Сөҕүмэр хоһуйар дьоҕуру Сандаарар кэрэ мөссүөнэ Сулустуу үрдүккэ угуйар Сиэдэрэй тыллаах хоһооно Сирдиэҕэ дьол кэрэ суолунан Сирдээҕи олоҕу сырдата Үс үллэр үөстээх Бүлүү эбэ хотун хонноҕор бүгэн сытар сайаҕас санаалаах, олоҥхоһут дьоҕурдаах, үлэни-хамнаһы өрө туппут үгүс үтүө дьоннордоох Сунтаар улууһун биир биллэр-көстөр хоһоонньут, суруйааччы, журналист кыыһа – САЙА – Наталья Владимировна МИХАЛЕВА «На рубеже двух эпох» диэн саҥа кинигэтэ күн сирин күөрэйэ көрөн, саҥаны сэргээччилэри, билиини биһирээччилэри сүрдээҕин үөртэ, сүргэлэрин көтөхтө. Кинигэҕэ Сунтаартан, чуолаан Нөөрүктээйиттэн төрүттээх Михаил Николаевич ТИМОФЕЕВ–ТЕРЕШКИН олорон ааспыт олоҕо, суруйан хаалларбыт үлэлэрэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаан дириҥник сырдатыллыбыттар. Манна биһиги Михаил Николаевич урут хаһан да бэчээтэммэтэх үлэлэрин ааҕан, кинини талааннаах суруйааччы, бэргэн тыллаах хоһоонньут, кыраайы үөрэтээччи, күүстээх общественник, сытыы публицист, дириҥ ис хоһоонноох, хорутуулаах научнай хабааннаах үлэлэрдээх, өркөннөөх өйдөөх революционер санаалаах саха интеллигенциятын биир дьоһун уолун олоҕун, үлэтин билэн олус сөхтүбүт уонна үөрдүбүт. Сборникка архыыптан ылыллан Тимофеев-Терешкин М.Н. бэйэтин мемуардара, научнай үлэлэрэ, ыстатыйалара, дакылааттара, художественнай айымньылара киирбиттэр. Бэйэтин үлэлэрин таһынан Михаил Николаевич олоҕун, айар үлэтин ырытан суруйааччылар, биллэр-көстөр общественнай деятеллэр суруйбут үлэлэрэ, кини хайдахтаах курдук улуукан муударай өйүн, сиэдэрэй талаанын табатык этэн, чуолкайдаан туоһулаан биэрэллэр. Биир бэлиэ түгэнинэн этиэҕи баҕарыллар, Михаил Николаевич Тимофеев-Терешкин туһунан кинигэ тахсыытыгар кини аймах кыыһа Сунтаарбыт Сайата бэйэтэ ааптардаан таҥан таһаарбыта буолар. Ол иһин кинигэҕэ киирбит үлэлэр Михаил Николаевиһы бары өттүттэн олус киэҥник сырдатан, кини чаҕылхай талаанын өссө ордук чиҥэтэн бигэргэтэн биэрэллэр. Тимофеев-Терешкин бэйэтин үлэлэрин, дьон кини туһунан санаатын хайдахтаах курдук тапталлаахтык кичэйэн бэрийэн сааһылаан, биһиэхэ, ааҕааччыларга Сайа тиэрдибитин киһи сөҕөр. Оттон «Норуокка анаммыт олох » диэн суруйуутугар Сайа Михаил Николаевиһы олох чугастык билэр буолан, ордук киһиэхэ тиийимтиэ тылларынан олус үчүгэйдик суруйбут. Манна ааҕабыт: «Мин Михаил Николаевич Тимофеев-Терешкин туһунан кыра эрдэхпиттэн истэн улааппытым…». Салгыы ааптар Михаил Николаевич, Анна Николаевна Михалевтар - абаҕата аах, Сиэйэ олохтоохторо олохторун-дьаһахтарын кэпсиир. Анна Николаевна убайа – Михаил Николаевич Тимофеев-Терешкин буоларын оҕо эрдэҕиттэн билэ улааппыт эбит. «Михаил Николаевич олоҕун, айымньыларын Анисимовтар кыра уоллара, университет профессора, педагогическай наука доктора Виталий Михайлович Анисимов баарын тухары туруулаһан туран сырдата, кини ытык аатын тилиннэрэ сатаата. Кини быһаччы көҕүлээһининэн суруйааччы төрөөбүтэ 120 уонна 125 сыллара Саха сирин суруйааччыларын Сойууһугар бэлиэтэниитигэр мин сылдьыбытым. Ол гынан баран, ол мунньахтар көннөрү ахтыы киэһэтин курдук хаалан хааллылар. Кэпсэтии түмүгүнэн суруйааччы архыыбын көтөҕөргө, кинигэтин бэлэмнииргэ, кини туһунан киэҥник сырдатарга ханнык да хамсааһын тахсыбата. Ол иһин, Тимофеев-Терешкин төрөөбүтэ 130 сылыгар СР Москва куоракка Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Александр АКИМОВЫ, Сунтаар улууһун дьаһалтатын, Национальнай архыып үлэһиттэрин кытта сүбэлэһэн, бастатан туран, суруйааччы кинигэтин таһаарарга быһаарбыппыт. Ити быһаарыыны Ил Түмэн депутата, «Анаабыр алмаастара» ААУо генеральнай дириэктэрэ, суруйааччы биир дойдулааҕа уонна аймаҕа Матвей ЕВСЕЕВ ис сүрэҕиттэн өйөөбүтэ - өр кэмҥэ аанньа ахтыллыбатах суруйааччы архыыпка харалла сытар үлэлэригэр олоҕуран, кини олоҕун, айар талаанын бары өттүнэн сырдатарга кыаҕы биэрдэ. Матвей Николаевич саха норуотун кута-сүрэ, иэйэр сүрэҕэ буолбут ытык дьоммут Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа Соппуруонап айымньыларын таһаарыытыгар, көстөр мөссүөннэрин үйэтитиигэ эмиэ биллэр-көстөр өҥөнү оҥорон, саха омугун билиҥҥи уонна кэлэр кэмнээх духуобунай олоҕор уһулуччулаах кылааты киллэрбитин билиниэхтээхпит.» «Михаил Николаевич 1903 сыллаахтан хоһоону суруйан саҕалаабыта рукопистарыттан көстөр. Кини 1907 сыллаахха «Якутский край» хаһыакка бэчээттэппит «Батталлаах дьаһал, үтүргэннээх дьүүл» хоһоонун сахалыы тылынан бэчээккэ тахсыбыт аан бастакы хоһоон диэн этэллэр. Ити түгэни литературоведтар өссө да чинчийиэхтэрэ диэн эрэнэбин. 20-с сылларга үлэлээбит «Сырдык» диэн кинигэни бэчээттиир кэпэрэтиип биир бастакы кинигэтигэр Өксөкүлээх Өлөксөй, Оонньуулаах Уйбаан уонна Тимофеев-Терешкин айымньылара бииргэ бэчээтэммиттэр. Кини саха бастакы суруйааччыларын общественнэй-политическай диэйэтэллэрин кытары чугастык билсиһэрэ, өйүнэн-санаатынан, билиитэ-көрүүтэ киэҥинэн-дириҥинэн кинилэр ытыктабылларын ылбыта. Өксөкүлээх Өлөксөйдүүн кинилэр Элгээйигэ көрсөн, бэйэ-бэйэлэригэр айымньыларын аахсыбыт, астына кэпсэппит түгэннэрдээхтэр. Алампаны кытта доҕордуу сыһыаннаахтар этэ дииллэр. «Саха омук» култуурунай-сырдатар уопсастыбаны саба, уларыта тута сатыыр кэмнэригэр Тимофеев-Терешкин Алампаны кытта биир кэккэҕэ туран уопсастыбаны көмүскэһэ сатаабытын туоһулуур докумуоннар элбэхтэр…» «Тимофеев-Терешкин Бүлүү түгэҕэр да олордор баттаммыт-үктэммит төрөөбүт норуотун дьылҕатыгар көҥүлү, сайдыыны эрэннэрэр саҥа салгыны уруйдуу көрсүбүт. Холобур, кини 1906 сыллаахха суруйбут «Көҥүл үйэ күөрэйдэ» хоһоонугар ааҕабыт: Күнүм тахсарын курдук Күндү олох күөрэйэн Күндээрэн тиийэн кэлэн Көҥүл үйэни аста. Саспыт сайдан Сатараан таҕыста Сааһым кэлэрин курдук Саҥа олох сайынна Арассыыйа аатырдын Аркаҕа чэгиэннирдин Айдааннаах сбободабытын Айхаллыаҕыҥ доҕоттоор!» Сити курдук, Сунтаар эрэ диэн буолбакка бүтүн саха сирин дьоно бары бииргэ күүспүтүн-кыахпытын түмэн, өйбүтүн-санаабытын холбоон инники кэскилбитигэр туһаайан, оҕолорбутугар анаан, кинилэр туһанныннар диэн, итинник тумус туттар дьоннорбутун кэпсээтэхпитинэ, инникитигэр холобур тутуннуннар диэн ааттарын-олохторун үйэтиттэхпитинэ сатанар. Кинигэни суруйан-бэлэмнээн биэрбит ааптарга Сайаҕа, кинигэ бэчээттэнэрин үбүлээбит аныгылыы санаалаах сытыы-хотуу уолбутугар Матвей Евсеевкэ, өйөбүл, сүбэ-ама буолбут муударай аҕа киһибитигэр Александр Акимовка – барыгытыгар, сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит, махталбытын тиэрдэбит ! Инники өттүгэр саха омугун олоҕо-дьаһаҕа чэчирии сайдарыгар анаан үлэлиир үлэҕитигэр өссө үрдүк кирбиилэри ситиһэргитигэр баҕарабыт! Источник: Зинаида ИГНАТЬЕВА
Category: литература |
Views: 2013 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 36
Ыалдьыттар (гостей): 36
Кыттааччылар (пользователей): 0