Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Олунньу » 3 » приватизацияланыахтаах тэрилтэлэр ортолоругар тоҕо эрэ, тоҕо эрэ “Якутцемент” ААО арыыланан “умнуллан” хаалбыт
приватизацияланыахтаах тэрилтэлэр ортолоругар тоҕо эрэ, тоҕо эрэ “Якутцемент” ААО арыыланан “умнуллан” хаалбыт
23:00
Саха сирин соҕотох цемент оҥорор собуота - "Якутцемент” ААО тыаһа-ууһа суох уоран атыыланна?
Понедельник, 03 Февраля 2014 12:23
Саха сирин соҕотох цемент оҥорор собуота - "Якутцемент” ААО тыаһа-ууһа суох уоран атыыланна?
Саҥа дьылга "өйө-мэйэ суох” бырааһынньыктыы сырыттахпытына, Саха сиригэр баар соҕотох цемент оҥорор собуоппутун Уһук Илин чааһынай монополиһа олорчу атыылаһан ылла. Сыллааҕы эргитиитэ 2 млрд солкуобайга тэҥнэһэр, туох да иэһэ-күүһэ суох тигинэччи үлэлии турбут собуот баара-суоҕа 400 мөлүйүөҥҥэ эрэ атыыланна. Республикаҕа баараҕай тутуулар (ол иһигэр Өлүөнэни туоруур муоста) ыытыллаары турдахтарына соҕотох цемент оҥорор собуоту ким, тоҕо, ханнык сыаллаах атыылаата?

Судаарыстыба кыайан салайбат тэрилтэтин атыылыыра өссө өйдөнөр. Оттон барыстаах, кэскиллээх производствоны атыылыыр төһө оруннааҕый?

Ил Түмэн депутаттара былырыын 2014 сылга приватизацияланыахтаах тэрилтэлэр ахсааннарын атыыр мөҥүрүөнүнэн бигэргэппиттэрэ. Ол иһигэр "Сахабулт” ААО атыыланарын утарсан тохтотон тураллар. Ити да буоллар, приватизацияланыахтаах тэрилтэлэр ортолоругар тоҕо эрэ, тоҕо эрэ "Якутцемент” ААО арыыланан "умнуллан” хаалбыт. Онон улаханнык дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэрбэккэ эрээри, тохсунньу 10 күнүгэр, биир эрэ кыттааччылаах аукцион тэриллэ охсон собуоппут акцията владивостоктарга баран хаалбыт. Аны атыыламмыт да сыаната кырата сөхтөрөр: 2012 сыллаахха собуот 51% акцията 1 млрд 200 мөлүйүөҥҥэ атыыламмыт эбит буоллаҕына, атын аҥаара бу бачча айылаах инфляция буола турдаҕына... 400 мөлүйүөҥҥэ атыыламмыта араас саарбах санаалары үөскэтэр.

Быһа түһэн уруккуну санаттахха, "Якутцемент” ААО 2012 сыллаахха икки бас билээччилээҕэ: 51% акцияны Москваҕа олорор саха бизнесменэ Александр АММОСОВ бас билэрэ, 48,88% - республика. Республика акциятын "Комдрагмет” ГУТ нөҥүө салайара. Үөһэ этиллибитин курдук, АММОСОВ 2012 сыллаахха бэйэтин ирээт акциятын "Востокцемент” холдиҥҥа 1,2 млрд атыылыыр. Миллиарды баһан ылбыт киһи төрөөбүт республикатыгар Курбуһахха (Уус Алдан) биир оскуола, Дьокуускайга 40 оҕо оонньуур сирин туттарар. Ону өйдүүргүт буолуо.

Дьэ, ити хаалбыт 48,88% акцияны "Комдрагмет” ГУТ ааспыт сайыҥҥыттан cаҕалаан атыылаан барбыт. Эбэтэр сайтарыгар сыыһа информация турар дуу, эбэтэр тугу эрэ "дьыалайдаабыттар” дуу, акцияларын хаста да атыылаабыт буолан тахсаллар.  Бастаан от ыйын 25 күнүгэр  "Якутцемент” ААО 23,88% акциятын 160 мөл. солкуобайга, Москваҕа олорор СКОРОХОДОВ Дмитрий Александрович диэн  киһиэхэ атыылаабыттар. Аукциоҥҥа СКОРОХОДОВ соҕотоҕун кыттыбыт, биллэн турар кыайбыт. Бу туһунан "Комдрагмет” официальнай сайта суруйар - http://www.komdragmetall.com/files/prot_250713.pdf. Аукцион түмүгүнэн мунньахха "Комдрагмет” ГУТ генеральнай дириэктэрэ Карл ВАСИЛЬЕВ, солбуйааччыта Валерий Дзюбенко, Минимуществоттан специалист Дмитрий Андреев онтон да атыттар бааллар эбит.  Хамыыһыйа чилиэннэрэ боротокуол оҥоро охсон атыыланна диэн илии баттаан кэчигирэппиттэр.

Сөп. Толкуйдаан көрдөххө, республика 48,88% акциятыттан 23,88%-нын СКОРОХОДОВКА атыылыыр, оччотугар оруобуна 25% хаалар... курдук... дьиҥинэ... этэ. Ол гынан баран, "Комдрагмет” сайта атыны кэпсиир: син биир  48,88% хаалбыт... СКОРОХОДОВ ылыам диэн баран ылбатах дуу, эбэтэр хайдах буолбута дуу, быһатын атын аукцион тэриллибит. Онно акция бытарыйбакка лөкөччү 48,88%-на атыыга турбут. Уонна бырааһынньыктаан аймана сырыттахпытына сыана быһаҕаһыгар Владивосток мээрин Игорь ПУШКАРЕВ бииргэ төрөөбүт ини-биилэрэ бас билэр "Востокцемент” холдиннаргар бара турбут.

***

Түмүгэр тугуй? Билигин цемент сыанатын владивостоктар быһар буолаллар. Бүгүн сарсыарда бачча дииллэр, киэһэ хайа баҕарар уларытыахтарын сөп. Цемент сыаната үрдээтэҕинэ, биллэр турар, туох баар тутуу сыаната эмиэ үрдүүр. Ол иһигэр квартира сыаната эмиэ. Биһиги хайыыр да кыахпыт суох, "Якутцемент” республикаҕа ыытыллар туох баар тутуулары барытын тутуу матырыйаалынан: щебенканан, цеменинэн, оппуоханан хааччыйан олордоҕо. Гааспыт "кырааннарын” ЯТЭК ылан баран кыс ортото гаас сыанатын үрдэппитин курдук, түбэлтэ тахсыа суоҕа дуо? Дагестан уолаттара гаас сыанатын хас да бүк үрдэтэн билигин хочуолунайдарбыт мазуттан төттөрү таас чоххо көһөртөөммүт үлүйэн олоробут дии! Саҥа хаһаайын "Якутцемент” бородууксуйатын сыанатын үрдэтиэ суоҕа дуо? Ким мэктиэлиирий?

Ити биирэ. Иккиһинэн, Уһук Илиҥҥэ да, Саха сиригэр да федеральнай киин Госпрограмманан сибээстээн тутууга улахан сууманы көрүөхтээх. Тутуу – сир баайын кэнниттэн харчы эргийэр саамай улахан экономика салаата. Былдьаһыктаах, кирси быһааһыннаах бизнес. Аҥаардас Өлүөнэни туоруур муоста тутуутугар төһө суума бараныаҕын ааҕан көрүҥ, төһө цемент онно кутуллуоҕун, щебенка таһыллыаҕын санааҥ! Оччотугар "Якутцемент” республикаҕа сүҥкэн дохуот киллэриэхтээх тэрилтэ  билигин ПУШКАРЕВТАР кланнарын байытарга бардаҕа.

***

Уһук Илиҥҥэ полпред Виктор ИШАЕВ оннугар Юрий ТРУТНЕВ кэллэ. Хаһаайын уларыйда да, бэрээдэк эмиэ уларыйар. Биһиги коллегаларбыт "В Якутии.ру” ИХ суруйалларынан, ТРУТНЕВ уонна ПУШКАРЕВТАР бизнестэрин икки ардыгар тыйыс сыһыан үөскээбит. ТРУТНЕВ ананан кэллэ кэлээт "Востокцемент” сыанатын 20-30%  үрдэтэ олорор диэн кириитикэлээбит тылларын бэчээттээбит.

Хаҥалас улууһуттан хас да төгүлүн Ил Түмэн депутатынан талыллар Алиш МАМЕДОВ, "Якутцемент” ААО генеральнай дириэктэринэн үлэлээбитэ отуттан тахса сыл буолла. "Аартык.ру” хаҥыл хааннаах хаҥаластартан тоҕо саха киһитэ депутатынан талыллыбатый диэн сураһан турардаах да, ыйытыыбыт хардата суох халтай салгыҥҥа ыйанан иһэр.

МАМЕДОВ саамай уһун ыстаастаах, республикаттан наҕараада, аат-суол ылбыт далбарга сылдьар "үлэ миграна”. Күлэн-үөрэн салыбыратан аламаҕайа сүрдээх. Омос көрдөххө. Ол гынан баран, собуот аҥаара республика бас билиитигэр баарын тухары республика салалтатын утары барбатах сэрэх киһи этэ. Онтон... собуота ПУШКАРЕВТАР бас билиилэригэр 100 % бараатын кытары президени утары тыл ыһыктар буолбут диэн этэн эрэллэр. Бэйэтэ "кырдьыгы тоҕо этиэм суоҕай?!” диэн саҥа аллайыылаах. Бу аата тугуй? Төһө да бөрөнү хадаҕалаабыт иһин, хаана өтөн тайҕатын диэки син биир талаһар. Ол талаһыыга бэйэбит дьоммут, ол иһигэр "Комдрагмет” ГУТ салайааччыта Карл ВАСИЛЬЕВ, көмө-тирэх буолаллар? Манан диэн эттэххэ, Карл ВАСИЛЬЕВ уонна бизнесмен Александр АММОСОВ ийэлэринэн чугас аймахтыылар. "Комдрагмет” бэйэтин кэмигэр АММОСОВКА "Якутцемент” 51% акциятын "тэбэн” биэрбитигэр син саха киһитэ диэн улаханнык айдаарыллыбатаҕа. Оттон МАМЕДОВЫ тугай, ПУШКАРЕВТАРЫ тугай? Ол атыыламмыт 400 мөл. ханна барарый? Уочараттаах "Комдрагмет” итирдэр-иирдэр рестораннарын хаҥатаары дуо? "Комитет по драгоценным металлам” дэммэккэ ситэри "Комитет по общепиту” диэн тоҕо ааттамматтарый?

Депутат МАМЕДОВ ПУШКАРЕВТАР собуот хаалбыт сороҕун атыылаһалларыгар "махтаныах тустаахпыт” диэн этэр. Дуо? Сыана быһаҕаһар атыыласпыттарыгар "махталбыт” муҥура суох? "Комдрагмет” ким да киирбэт-аахпат сайтыгар аукцион биллэрэн "эрэй-муҥ” бөҕөтүн көрбүт үһү. Депутаттар коллегаларын тэрилтэтин акциятын атыытын туһунан тугу да билбэттэр. Кинилэртэн ыйыта да сатаабакка "Комдрагмет” сыанатын түһэрэ-түһэрэ биир атыылаһааччыга хадаҕалыы сатаан хаста да аукцион биллэрбиттэрэ сокуон хараҕынан төһө сөптөөҕө буолла? Хайдах эрэ бөрүкүтэ суох дьыала сытынан тунуйар курдук.
Аһара баран эттэххэ, итинэн эбит буоллаҕына, ол 400 мөл. солкуобайга собуот акциятын олохтоох тэрилтэ  атыылаһар кыаҕа суох этэ дуо?

Онтон да суох омуктар кэлэн түбүлүүллэр, өссө бэйэбит дьоммут онно ытаһа буолаллар. Наһаа да кыһамньылаах "государственнай үлэһиттэрдээхпит”...

***

Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру    
Комментарии
#1
Саамай сеп! 03.02.2014 12:30
Серу-сепке уордайан туран суруйбуккут!

Ити Карл Васильевы норуотун таннарбытын иЬин ... кээЬиэххэ баара!
#2
Ити Мамедов 03.02.2014 12:34
Ити быыбарга сахаларга эйэргээтэгэ буолар Мамедов сахаларга сыЬыана наЬаа куЬаган.
Биирдэ алтыЬан турабын.
Стоянкага массыынабын буелээбитигэр халбарытан биэр, тахсыам этэ диэбиппэр сахалар дьиикэйдэрин, мамбеттарын, баламуттарын туЬунан кутан-симэн сурдээх этэ.
Битаны хостуурбун кытары тыла-еЬе уларыйа туспутэ, албыннаЬыы беге буолбута.

Итинник ньэгэй киЬи.
#3
Баалкы 03.02.2014 12:40
Ханаластар акаарылара дуу киитэрэйдэрэ дуу наар бу киһини талаллар. Мамедов тула саха, нуучча эр дьоно суохтар, барытын дьахталлары мунньар. Ейдеен кереерун эрэ.
#4
Дьаамсык 03.02.2014 12:49
Мохсо5оллооххо биир дойдулаатахрын бе5е муста.
#5
Далбар 03.02.2014 12:50
Карл Васильев Леонид Владимировтыын кыттыьан ЯГСХ таьыгар ыччаты иирдэр ресторан, туунну кулууп арыйаллар. Карл нуучча ойохтоох буолан саха ыччатыгар кыьаммат буолла5а.
#6
дьэ кэлэн 03.02.2014 12:55
Буолар буолтун кэннэ куолулаан тугу ситиьэбит. Уруккаттан айдаарар того сатамматагай?
#7
Кымньыы 03.02.2014 13:01
Кистээн атыыламмыт диэн дии, хантан билиэхтэрэй, эн билбитин да то5о эппэтэххиний?!
#8
Мыына 03.02.2014 13:02
Депутаттарбыт кытары билбэтэхтэр? Ужас...
#9
556 03.02.2014 13:03
Дьиикэйдэр! дьэ ити омугу хай5аан тыыннарын толку ууруох курдук этилэр сэттэ5итин ыллыгыт ини!
#10
Даанньа 03.02.2014 13:26
Урукку депутаттар билбиттэрэ дабуоллар оссо чэпчэки сыанага биэриэ этилэр. Биэрэн биэрэн кэлбит дьон этэ. джепутаттарбыт наьаа бэринньэннэр да ким да айдаарбат дии. Соготох Арамаан Дьогуорэп Саха сирин сирин баайын, тэрилтэлэри атыылыыллар диэн суруйар да хата сотору экстремист аатарар ини.
#11
Сымыйалаама доо 03.02.2014 13:55
Ол Арамаан Дьегуерэбин ол тугу суруйбут уЬунуй?
Мин кердехпунэ, миллиарды калмыктарга курэтэн илдьибит Уйбаан Силэпсиэби хайгаа да хайгаа буолар дии.
#12
Тайыла 03.02.2014 14:37
депутаттар приватизация былаанын бэйэлэрэ бигэргэппиттэрэ . ол уьу дуо, билбэккэ хаалбыттар диэн?
#13
Ыйыла 03.02.2014 15:45
Оттон ити кыыс Туйаара суруйбут дии - хайдах ейдеен аахпат муннунуй: приватизация былааныгар ити Якутцемент суох уЬу дии.
Ол-бу Сахабулт туЬунан ньаргыспыттар дии
#14
Оронньох 03.02.2014 17:55
К чему много слов, если причина проблемы очевидна. Все эти вопросы решает в Якутии один человек - Егор Борисов.
Что за структура Комдрагмет? Зачем она нужна? Столько активов изымает из республики.
Ведь понятно, что тотальное кумовство разъело не только всю нашу власть, но и съедает психологию якутов.
#15
Ээ дьэ 03.02.2014 21:14
Тойоммут тугу эрэ туьаннага. Биир БЕА барытын быьаара олорор, марионетка депутаттары назначайдаабыта , олор тугу да билбэт, ейдеебет сордоохтор, ээх хоту сылдьар хоц мэйиилэр талаллыбыттар. Урукку Корнилова, Филиппов, Максимов курдук дьон мэлигир. Дьицнээх политиктары барытын туоратан баран тугу да билбэт дьону назначайдаабытт ара туох аанньа буолуой?


Источник: aartyk.ru
Category: Коррупция | Views: 1387 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
2425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 51
Ыалдьыттар (гостей): 51
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024