News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Олунньу » 4 » Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө. Күннээҕи олоххо саргыны салайыныы
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө. Күннээҕи олоххо саргыны салайыныы | 09:59 |
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө. Күннээҕи олоххо саргыны салайыныы
Ийэ оҕотугар үүтүн кытта төрөөбүт тылга тапталы, саха сиэрин-туомун, үтүө үгэһин, өбүгэ көмүскэлин-харысхалын иҥэрэр сырдык аналлаах. Төрөөбүт тыл сүөгэйигэр-сүмэтигэр, илгэтигэр иитиллибэккэ, сахалыы саҥарбакка, санаатын кыайан эппэккэ улааппыт оҕо олоххо тирэҕэ кэбириир дииллэр. Онон, билигин оҕолоргутун сахалыы эйгэҕэ иитиҥ диэн элбэхтик этэллэр. Аныгы төрөппүттэргэ, эбээлэргэ-эһээлэргэ туһалаах буоллун диэн «Бичик» кыһаҕа саха итэҕэлин, сиэрин-туомун туһунан үгүс кинигэ тахсар. Былырыын Розалия Бравина «Саргыны салайыныы» уонна «Түүл-бит» диэн кинигэтэ ааҕааччы сэҥээриитин, биһирэбилин ылбыта. Онон, биһиги Розалия Иннокентьевнаны ыҥыран, кэпсэттибит.
- Эн саха култууратын, итэҕэлин сырдатан элбэх кинигэни суруйаҕын. Онно туох тирэх буоларый?
- Мин анал үөрэҕим, идэм норуот төрүт култууратын үөрэтэр сыаллаах этнография уонна археология буолар. 1920-с. сыллартан саҕалаан, саха бастакы үөрэхтээхтэрэ Г.В. Ксенофонтов, С.И. Боло, А.А. Саввин уо.д.а. оччотооҕу кырдьаҕастары кытта атах тэпсэн олорон, сэһэргэһэн, сурукка тиспит үгүс элбэх матырыйааллара архыыпка харалла сытар, аны бэйэм 40 сыл устата араас улуустарынан сылдьан, хомуйбут матырыйаалым да элбэх мунньулунна. Ону научнай үлэлэрбэр туһанабын эрээри, анал литература киэҥ эйгэҕэ үксүгэр тиийбэт. Онон төрүт култуура – норуот үйэлэргэ мунньуллубут баайа дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийдин, дьон туһаннын диэн санаанан салайтаран, научно-популярнай – ол аата аа5ааччы киэҥ эйгэтигэр тиийэр гына сахалыы кинигэ суруйабын. Ону өйдөөн, ылынан "Бичик” кинигэ кыһата кинигэлэрбин утулаппакка таһаарарыгар, тарҕатарыгар мин улахан махталлаахпын. Онуоха чопчу үлэлэһэр Надежда Петровна Андросова салайар редакциятын айымньылаах уонна кыһамньылаах үлэтин тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ.
-- Сахабыт сирэ тыынын тас эйгэттэн тымныынан харыстанар диэн «Саргыны салайыныы» кинигэҕэр суруйаҕын. Маны кыратык быһаара түһүөн да…
Санкт-Петербург профессора, биллэр археолог Д.Г. Савинов хууннар култууратын үөрэтэргэ бастатан туран саха култууратын сиһилии чинчийиэххэ наада диир. Дойдубут ырааҕа, тымныыта бэрт буолан, былыргы үйэтинээҕи култууралар элэмиэннэрэ ааһар кэмҥэ сайҕаммакка иҥэн хаалбыттар. Холобур, сылгыны күҥҥэ холоон сүгүрүйүү итэҕэлигэр инньэ скиф кэминээҕи индоиранскай итэҕэл өрүтэ көстөр. Алтай норуоттарын ойууннааһыннарын үөрэппит биллэр этнограф Л.П. Потапов ити санааны бигэргэтэн, анал ыстатыйа суруйан турар. Аныгы кэмҥэ аан дойду сайдыытын биир тиһилигэр киирдибит, холобур интернет ситимигэр. Ити биир өттүнэн хайҕаллаах дьыала - кыараҕас ыырга сылдьан, өй-санаа тууйуллара баар суол эрээри, иккис өттүнэн, сахалар этэллэринэн, ааҥҥын алыс киэҥник аһыма – холорук киирэн ытыйыа. Онон саха саргыта быһаччы бэйэбититтэн тутулуктаах - элбэх норуот ортотугар бэйэ бодобутун тардынан, төрүт сиэрбитин-майгыбытын ыһыктыбака, сахалыы тыыммытын иҥэриммитинэн аныгы кэм сайдыытыгар дьүөрэлии олоруохпутун-хамсыахпытын наада. - Кириһиэнньэҕэ үгүс саха тымныы ойбоҥҥо умсар, ыраастанаары, айыытын-харатын боруостаары. Бэйэтин омугун итэҕэлин тутуспат киһи өбүгэтин өйөбүлүн, көмүскэлин-харысхалын сүтэрэр дииллэр. Ити төһө оруннааҕый? Эбэтэр Таҥара биир, омугуттан тулуга суох ким баҕарар Таҥара дьиэтигэр сылдьара, итэҕэйэрэ көҥүл дуу? - Киһи итэҕэли көҥүлүнэн бэйэтэ талар. Аан дойдуга баһылыыр итэҕэллэр дьону тардар, олоххо сабыдыаллыыр күүстэрэ үйэлэр тухары дьапталлыбыт дириҥ силистээх-мутуктаах, онуоха киһи омнуолуура суох. Православнай итэҕэл норуот култууратыгар олус чугас. Г.В. Ксенофонтов "Хрестес. Шаманизм” диэн үлэтигэр бу икки итэҕэл элбэх биир өрүттээхтэрин сиһилии сырдатан турар. Олоҥхоҕо абааһыттан сыстыбыт кири-быртаҕы муора туустаах уутунан эбэтэр өлбөт мэҥэ уунан сууйан-сотон ыраастыыллар. Урут сахалар Кириһиэнньэ сарсыарда ойбонтон уу баһан киллэрэн, хотоннорун, дьиэлэрин муннуктарыгар ыһан ыраастаналлара. --Оттон ойбоҥҥо умсубакка эрэ саха киһитэ хайдах ыраастаныан сөбүй? Холобур, куорат ыала кытыан угун, этиҥ охсубут маһын санаатаҕын аайы була охсоро уустук соҕус буолуо дии. Чүмэчини уматан баран, киирэр аантан күн хоту дьиэни төгүрүччү хаамаллар, муннуктарга тохтоон "Арчы, арчы, арчы” дииллэр, төттөрү эргийэн кэлэн, ааны сэгэтэн туран, чүмэчилэрин умуллараллар, үс төгүл арчылыыллар, дэйбииринэн сапсыйан, кири-быртаҕы дьалбыйаллар. - Хас биирдии киһи иһигэр тута сылдьар ыра санаалаах. Баҕа санаа туоларын туһугар туох сиэри-туому толорон, Айыылартан көрдөһүөххэ сөбүй? Холобур, куоракка, тыа да сиригэр үлэтэ суох киһи элбэх, кинилэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй? - Саха алгыс этэн, салама ыйаан, сирин-додутун аһатан айыылартан көрдөһөр-ааттаһар эрээри аҥардас сиэр-туом толоруунан муҥурданан, быар куустан олорортон туох да уларыйбата чахчы. Сылдьыбыт сыыһы булар, онон "Биир сымыыт ханна сытыйбатай!” диэн өлө-сүтэ мөхсөн көрүллүөхтээх. Ситии саҕаттан силбэнэн, сап саҕаттан самсанан бүгүн кыайтарбатах сарсыныгар тобуллар. Онуоха күрүс дьулуур, бөҕө санаа, хаҥыл сүрэх быһаарыылаах буолар. Сахалар уол оҕо барахсан өлө-өлө - тиллэн "киһи киэнэ үс уһуктааҕа, аҕыс кырыылааҕа” буолар ыйаахтаах дииллэрэ. Маннык "уол оҕо барахсаны” Дьылҕа Хаан хаһан да харыстыыр: "Эр бэрдиттэн тымныы быалаах кымньыы саҕа тэйэр”, "Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах”. "Эрэйдээхтэн эрэй арахпат, муҥнаахтан муҥ арахпат” дииллэринии тиийиммэт-түгэммэт эмиэ удьуордуур. Эрэй эҥэрдээх киһи сааһын тухары эрэйи-кыһалҕаны көрөр, олох кыһалҕалаах кычымыттан кыайан төлө көппөт. Ол иһин былыргылар эрэйи-муҥу эргитэ сылдьан ааҕары аньыыргыыллара. Кэпсээннэригэр наар сырдыгы, үчүгэйи чорботон, ыраланан, онуоха дьүөрэлии дьылҥаны тарда сатыыллара. - Түүлгүн мээнэ киһиэхэ кэпсээмэ, быһа этэн кэбиһиэхтэрэ дииллэр. Куһаҕан түүл туолбатын диэн сарсыарда тураат кэпсииллэр, үчүгэй түүлү харыстаан, истэригэр туталлар, оннук дуо? - Бэрт соторутааҕыта диэри ордук тыа сиригэр сарсыарда аайы дьиэлээхтэр чэйдии олорон ким тугу түһээбитин кэпсэтэллэрэ, таайан көрөн быһаара сатыыллар. Онуоха былыр түһээбит түүллэрин ис номоҕуттан көрөн салайан биэрэр эбиттэр. Ол курдук куһаҕаны түһээтэхтэринэ, ааны тэлэйэ аһан баран "киирбиккэ-тахсыбыкка биэр” дииллэрэ эбэтэр муннукка туох эмэ уһуктааҕынан буор муостаны дьөлө баттаан баран "маны сир дайдыбытыгар” диэн ботугураан, аллараа атаараллара. Аны µчµгэй тµµлµ мээнэ кэпсээн оҥостубаттара - иҥэринэллэрэ, оттон бөрүкүтэ суоҕу түбэһиэх киһиэхэ кэпсээн тэйитэллэрэ. Сорохтор ону түүлү кэпсэл оҥостон, киһиргэтэн, күүһүн өһүлүү дииллэр. Кырдьаҕастар куһаҕан номохтоох түүлү санаа баттыгаһа оҥостубакка, өйтө-санааттан таһыччы ылан быраҕарга сүбэлииллэр. Киһи санаатынан салайтарар, оттон түүл санааттан үөскүүр. Туохтан эрэ дьиксинэн, өрүү мөкү эрэ өттүн эргитэ саныы сырыттахха, бэйэ билбэтинэн куһаҕаны түүйүөіххэ сөп. Ол иһин кырдьаҕас дьон таптыыр-харыһыйар дьонноро оннооҕор көннөрү да түүллэригэр көһүннэхтэринэ, ытырыктата саныыр буолаллар. -Сорох ыал оҕолорун нууччалыы иитэллэр, улааттаҕына бэйэтин сэнэппэтин, кими баҕарар кытта тэҥҥэ кэпсэтэр, аахсар буоллун диэн. Тыаттан киирбит муҥкук оҕолор нууччалыы үчүгэйдик билбэккэ куоракка үгүс ыарахаттары көрсөллөр, үөрэхтэрин ыарырҕаталлар. Онон, аҥаардастыы сахалыынан үлүһүйэр соччото суох дииллэр. Маны туох дии саныыгыт? - Былыр-былыргыттан тылга улахан суолта бэриллэр. Аныгы үйэҕэ төһөнөн элбэх тылы баһыылыыгын да соччоно билии-көрүү кэҥиир, билсэр ыыр аартыктанар, үлэҕэ-хамнаска барыыстаах буолар. Ити ордук күннээҕи олоххо дьайыылаах эрээри мин санаабар төрөөбүт тыл төһөҕө да иччилээх буолар. Тыл тулалыыр эйгэни иччилээн, иэйиини саҕар, өйү-санааны угуттуур айылгылаах. Элбэх дьонтон истэбин ээ, сааһырдахпыт ахсын сахалыы сэһэргэһиэхпитин, санаабытын үллэстиэхпитин, сахалыы уус-уран тыллаах кинигэни ааҕыахпытын баҕарабыт дииллэрин. Ол аата төрөөбүт тыл дууһа ураты дуоһуйуутун аҕалар, өйү-санааны угуттуур этиэхтэн кэрэ минньигэс буолар. Ол үчүгэйтэн оҕону матарыы, тылы аҥардас быһаарсар инструмент эрэ курдук туттуу мин санаабар туоҕунан да быһыллыбат оҕо иннигэр буруй буолар. Онон сахалыы сэлэһиҥ, сэһэргэһиҥ, ааҕыҥ, оҕолоргутугар тыл кэрэтин, минньигэһин тиэрдэргэ кыһаллыҥ. *** Кэпсэттэ Марианна ТЫРТЫКОВА. http://aartyk.ru/sakha/ite5el/item/4069-t%D3%A9r%D3%A9%D3%A9b%D2%AFt-tyl-uonna-suruk-bichik-k%D2%AFn%D2%AFn-k%D3%A9rs%D3%A9-k%D2%AFnnee%D2%95i-olohho-sargyny-salayynyy
Источник: aartyk.ru
|
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 1422 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 100 Ыалдьыттар (гостей): 100 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|