News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2014 » Олунньу » 5 » - Бу - “Якутцемент” ААО хаалбыт акциятын атыылааһын урут оҥоһуллубут афера түмүгэ эрэ.
- Бу - “Якутцемент” ААО хаалбыт акциятын атыылааһын урут оҥоһуллубут афера түмүгэ эрэ.
21:10
"Якутцемент” ААО-ну атыылыыр төһө оруннаах этэй?
Эрдэ биллэрбиппит курдук, бу дьыл тохсунньу 10 күнүгэр, "Комдрагмет” ГУТ "Якутцемент” ААО 48,88% акциятын "Востокцемент” ААОҕа 400 мөлүйүөҥҥэ атыылаата. Билигин "Востокцемент” Мохсоҕоллооҕу собуоту бүтүннүү бас биллэ. Бу дьыаланы Ил Түмэн дьокутааттара хайдах сыаналыылларый? Сорох дьокутааттар аһаҕастык ааттарын эппэтилэр, ону баалаамаҥ. Оттон ааттаммыт дьону аһара үрдүлэригэр саба түспэккэ харыстаан соҕус хаарыйаргытыгар көрдөһөбүт. 01Семен ИВАНОВ, "Туймаада-Лизинг” ГУТ генеральнай дириэктэрэ, парламент Бюджеккэ, үпкэ, сыана уонна нолуок политикатыгар, приватизация боппуруоһугар сис кэмитиэтин чилиэнэ: - Ханнык баҕарар акционернай хампаанньаҕа, үлэни көдьүүстээх оҥорорго экономическэй миэрэ ылыллар. Өскөтүн "Якутцемент” ААО бас билээччитэ собуот акциятын атыылыырга быһаарбыт буоллаҕына, собуот үлэтигэр-хамнаһыгар барыстаах диэн ол суолу тобуллаҕа. Мин ААО салайааччыта буоларым быһыытынан итинник быһаарыы ылыллыбытын өйдүүбүн. Оттон сыанатын чааһыгар тугу да бу диэн этэр кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, собуот актыыба, баайа-дуола төһө сыаналааҕын мин чопчу төһөтүн билбэппин. Иккиһинэн, Уһук Илин собуоттара "Якутцемени” демпинговай сыананан даҕаны тибэн таах эһэн кэбиһэр толору кыахтаахтар. Онон балаһыанньаны хас да өттүттэн көрөн тургутуохха наада.Ил Түмэн хас да мунньаҕын дьокутаата, : - "Демпингавай сыананан собуоту эһиэхтэрэ этэ” диири ылыммаппын. "Якутцемент” ААО хонтуруоллуур акциятын бакыата онто да суох Уһук Илиҥҥэ цемент оҥорору барытын тутан олорор соҕотох "Востокцемент” холдинг бас билэр этэ. Бэйэтин тэрилтэтин утары хайдах "демпинныаҕай”?! Аны, эбии эмиссия оҥорон республика ирээтин бырыһыанын таах суурайар кыахтаахтар этэ дииллэр. Ити эмиэ сымыйа! Икки улахан бас билээччи сөбүлэҥэ суох эбии эмиссия хаһан да оҥоһуллубат, "Акционернай обществолар тустарынан” федеральнай сокуону ылан көрүөххүтүн сөп. 03Александр РОМАНОВ, Ил Түмэн тутууга уонна ОДьКХ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ: - Икки өрүттээх. Мин бэйэм олус сөптөөх быһаарыы диэбэтэрбин да... собуот хонтуруоллуур бакыата атыыламмыта ыраатта. Ханнык баҕарар тэрилтэ хонтуруоллуур акциятын бакыата хаалбыт акцияттан хаһан баҕарар лаппа үрдүк буолар, онон сыанатыгар тугу да эппэппин. "Комдрагмет” ГУТ собуот хаалбыт акциятын сороҕун - 48.88 %-ны бу сайыҥҥыттан саҕалаан атыылыы сатыыр. Хаста да аукцион биллэрбитэ да, ылыан баҕалаах кэмчи этэ. "Востокцемент” холдинг хаһаайыннара ПУШКАРЕВТАР Уһук Илиҥҥэ цемент оҥоруутугар монополистар. Уопсайынан, дойду үрдүнэн - Россия арҕаа өттүгэр,Ураалга, Илин Сибииргэ да буоллун, цемент оҥорор собуоттар бары элбэхтии буолан холдиннарга холбоһон олороллор, Биһиги эрэ собуоппут соҕотоҕун үлэлии олорбута. "Якутцемент” сылга ортотунан 300-320 тыһ. туонна бородууксуйаны оҥорон таһаарар. Онтон элбэҕи оҥорор кыаҕа суох. Технологията 40 сыл хаалан иһэр. Ону саҥардарга икки-үс сыллааҕыта төһө үп бараныаҕын ааҕа сылдьыбыттара, мин оччолорго СР тутууга миниистирин солбуйааччытынан үлэлии сылдьыбытым. Онно 2 млрд 600 мөл. суума ирдэнэр диэн суоттаабыттара. Республика оччо харчыны хайдах да, биир собуокка угар кыаҕа суох, атын кыһалҕабыт элбэх. 2013 сайын Саха сирин таһыттан 200 тыһ. туонна кэриҥэ чэпчэки сыаналаах цемент киирдэ. Бу тиһэх сылларга – саамай элбэх көрдөрүү. Урут, суол-иис уустук буолан, тастан цемени киллэрии аҕыйах этэ. Оттон билигин тимир суол Бэстээххэ кэллэ, сотору тигинэччи үлэлээтэҕинэ, кэлии цемент кээмэйэ улаатыан сөп. Төһө да Уһук Илин цемент оҥорор собуоттара биир холдиҥҥа да киирдэллэр, атын атын счеттаахтар, барыстарын туспа аахсаллар. Атыылаһааччы кэллэҕинэ Приморье завода кимиэхэ баҕарар бэйэтин сыанатынан атыылыы олорор, ол иһигэр Саха сирин тэрилтэлэригэр. Анараа электроэнергиялара 1 киловатта - 2 солкуобай курдук, биһиэнэ – 6, ол иһин сыанабыт кыайан тэҥнэспэт. Итинник балаһыанньанан ытырыктатан "Комдрагмет” ГУТ собуоту атыылыырга быһаарыы ылыммыта буолуо диэн сэрэйэбин. Чопчу маннык этэ диир кыаҕым суох, эн да, мин да быһаарыыбыт буолбатах. Уонна "Комдрагмет” соҕотоҕун атыылыыбын диир бырааба суох, син биир правительство дьаһалыгар олоҕуран аукцион тэрийэр кыахтаах. Баҕар, кэлии цемеҥҥэ үтүрүттэрэн акция сыаната өссө түһүө диэн ыксаабыт буолуохтарын сөп. Таарыйа эттэххэ, Өлүөнэ муостатын тутарга 50- 100 тыһ. туонна цемент барара буолуо. Тутуу биир сылынан эрэ муҥурдаммат, оччоҕо ааҕан таһаардахха - сылга ортотунан 20 тыһ. туонна эрэ наада буолан тахсар.Ил Түмэн биир мунньаҕын дьокутаата: - Бу - "Якутцемент” ААО хаалбыт акциятын атыылааһын урут оҥоһуллубут афера түмүгэ эрэ . Быһаарсар буоллахха, дьыала урукку өттүн хасыһыахха наада. Собуот хонтуруоллуур акциятын бакыатын республика бас билэрэ. Бизнесмен Александр АММОСОВ миноритарнай акционердартан акциялары атыылаһан-атыылаһан 49%-ны мунньубута . 51% республика бас билиитигэр баара. Онтон "Комдрагмет” ГУТ 3% акцияны АММОСОВКА атыылаан, кини ирээтин хонтуруоллуур акция кээмэйигэр диэри тиэрдэн кэбиспитэ. Дьиҥинэн ыллахха – ити сокуону толоостук кэһии, холуобунай дьыала ыстатыйата ээ... Ол гынан баран оччолорго ШТЫРОВ президеннээн олорон "хараҕа баайыллыбыта”. АММОСОВ акциятын хонтуруоллуур бакыакка тиэрдэн баран "Востокцемеҥҥэ” 1,2 млрд солкуобай курдукка атыылыыллар . Оттон ити кэлиҥҥи хаалбыт 44,88% акция 400 мөлүйүөҥҥэ барбыта, биллэн турар, сыаната быдыан-быдан кыра. 05Юрий НИКОЛАЕВ, Ил Түмэн Бюджеккэ, үпкэ, сыана уонна нолуок политикатыгар, приватизация боппуруоһугар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ: - Бу атыылааһын сокуон иһинэн оҥоһулунна. Былыр, өйдүүргүт буолуо, "Якутцемент” моҥкурууттуур турукка киирбитигэр, Александр АММОСОВКА собуот 51% акциятын республика атыылаабытын. Усулуобуйата диэн – собуоту сөргүтүөхтээх этэ кини. Ол оҥоһуллубута, онтон 2012 сыллаахха АММОСОВ ирээт акциятын "Востокцемеҥҥэ” атыылыыр. "Комдрагмет” ГУТ оччолорго, 23,88% акцияны бас билэр этэ, 25%-ны СР правительствота. Былырыын сайын "Комдрагмет” бэйэтин ирээт акциятын атыылыы сатыыр. Ол гынан баран, ким да ылбат. Акционернай хампаанньаҕа хонтуруолунай бакыаттаах киһи атыныгар улаханнык наадыйбат. Онуоха правительство дьаһал таһаарар уонна "Комдрагмекка” бэйэтин ирээтин - 25% акцияны холбуу биэрэр. Ол иһин ити 48,88% сыыппара тахсан кэлэр. Аны, дьокутааттартан акция атыыланарын тоҕо ыйыппатахтарай диэҥҥэ, хозяйствующай субъект дьыалатыгар депутаттар орооһор бырааптара суох. "Комдрагмет” ГУТ – хозяйствующай субъект, бэйэтин дьыалатын бэйэтэ быһаарар. Акция атыытыттан киирбит харчы "Комдрагмет” харчыта, ханна туһаайарын бэйэтэ быһаарар бырааптаах. Кинилэр этэллэринэн "Якутия” ФАПК тэрилтэтин үлэтин-хамнаһын чөлүгэр түһэрэргэ туттуохтаахтар. jannaЖанна ЕГОРОВА, Ил Түмэн Доруобуйаҕа, социальнай харысхалга, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин солбуйар бэрэссэдээтэлэ: - Мин экономист да, финансист да буолбатахпын. Ол гынан баран, сахалыы санаан да көрдөххө, толору производственнай түһүмэҕи баһылаабыт, сылга 2 млрды эргитэр собуот 400 мөл. солкуобайга "ЭРЭ” акциятын аҥаара атыыламмыта кыра дии саныыбын. Сырьетун хантан эрэ ыраахтан таһарбыт дуу, аҕаларбыт дуу буоллар өссө син этэ. "Өрөмүөҥҥэ харчыбыт суох этэ” диэн гендириэктэр быһаарар. "Өрөмүөҥҥэ харчым суох”, - диэн баран дьиэбин атыылаан кэбиһэбин дуо? Итинник санаанан салайтаран, тэрилтэлэрбитин сыр-мыр атыылыы олордохпутуна, аны 10-20 сылынан хайдах буолабыт? Уһук Илини барытын баһылаан олорор холдинг – "Якутцемент” хонтуруоллуур акциятын бас билэр "Вотокцемент” өрүмүөҥҥэ харчыта тиийбэтэҕэй? Онтон ити 400 мөлүйүөнү "Якутия” ФАПК чөлүгэр түһэриллэригэр барар диэтилэр. Чуолкайа – арыгы кутар Байловскай собуот "фильтрын уларытарга”... Арыгыны утары охсуһабыт, атыыланар кэмин хаарчахтыыбыт, чөл олох дии-дии мэнэрийэбит уонна ханна эрэ хой баһыгар турар "арыгы собуотун фильтрын уларытаары” 700-тэн тахса үлэһиттээх бүтүн собуоту атыылыыбыт? (Салгыыта бэчээттэниэ). ***Аартык.ру Источник: aartyk.ruИл Түмэн дьокутааттара А.МАМЕДОВ уонна Л.ВЛАДИМИРОВ Госдума Бочуоттаах кумааҕытын ылыахтара
Среда, 05 Февраля 2014 15:34 СР Судаарыстыбаннай мунньаҕын дьокутааттара биир идэлээхтэригэр Госдума Бочуоттаах кыраамататын туттарыахха диэн куоластаатылар. Госдуматтан суолталаах суругар тиксиэхтээх дьонтон биирэ - ДьТХА ректора Леонид ВЛАДИМИРОВ уонна иккиһэ - "Якутцемент" ААО генеральнай дириэктэрэ Алиш МАМЕДОВ. ВЛАДИМИРОВ аны сайын 55 сааһын туолар эбит, онон сибээстээн дииллэр. Оттон МАМЕДОВ олунньуга... 56-тын. Бу иннинэ ВЛАДИМИРОВ наҕараадалара уонна ааттара: - Награжден Благодарностью Президента Российской Федерации В.В. Путина, золотой медалью "За вклад в развитие агропромышленного комплекса России", Грамотой Президента Республики Саха (Якутия), знаком отличия Республики Саха (Якутия) "Гражданская доблесть", Почетной грамотой Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия). Заслуженный деятель науки Российской Федерации, почетный работник высшего профессионального образования Российской Федерации, заслуженный деятель науки Республики Саха (Якутия), президент Федерации тенниса Республики Саха (Якутия), президент Федерации северного многоборья Республики Саха (Якутия), первый вице-президент Федерации конного спорта республики. Действительный член Российской Академии естественных наук, действительный член Международной Академии аграрного образования. Бу иннинэ МАМЕДОВ наҕараадата уонна ааттара: -Почетный гражданин Республики Саха (Якутия), заслуженный строитель Республики Саха (Якутия). Награжден Грамотой Президента Республики Саха (Якутия), Благодарностью Президента Республики Саха (Якутия), Почетной грамотой Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия), Почетной грамотой Правительства Республики Саха (Якутия). Отличник образования Республики Саха (Якутия), почетный строитель Якутии, награжден знаком "Строительная слава", почетный гражданин Хангаласского улуса, почетный гражданин п.Мохсоголлох. *** Аартык.ру Источник: aartyk.ru
Category: Экономика и СЭР |
Views: 1311 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 90
Ыалдьыттар (гостей): 90
Кыттааччылар (пользователей): 0