Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Олунньу » 6 » ¥йэлээх саа´ын тухары ³р³бµлэ, уоппуската суох хото²²о, хонууга µтµ³ суобастаахтык µлэлээбит тыа сирин ки´итин пенсията 7-15 ты´ыынча±а тии
¥йэлээх саа´ын тухары ³р³бµлэ, уоппуската суох хото²²о, хонууга µтµ³ суобастаахтык µлэлээбит тыа сирин ки´итин пенсията 7-15 ты´ыынча±а тии
18:37
      Сэ´эн Ардьакыаптыы туруула´ан туран  туруорсуо±у²

         Кэнники сүүрбэ сыл устата дойду экономиката сатаан бэрээдэктэммэтэҕиттэн пенсия төлөбүрэ ытык кырдьа±астарбытыгар саатар күннээҕи кы´ал±аларыгар тиийэр гына кыайан о²о´уллубата. Тыыннаах олоруу алын кээмэйэ 12 500 солкуобай буолла. Аны эмтэнии сыаната о. д. а. кы´ал±алар µгµстэр. Ол тухары киһи  да хал буолуох реформа µ³´э реформа, эксперимент µ³´э эксперимент. Сахалыы эттэххэ уларыта тутуу. Солуута суох соххор солкуобайынан пенсияны µрдэппитэ буолан дьону аралдьыталлар. Экономика сайдыытынан аан дойдуга бэ´ис  буоллубут, диэн кул±аахпытын сымнаталлар. Истэргэ на´аа µчµгэй. Онон дуо´уйан µ³рэн-к³т³н э´иэхэйдээн-о´уокайдаан, оонньоон-к³рµлээн олордохпут.
Биһиги республикабытыгар 200 тыһыынча кэриҥэ пенсионер баар. Бу биллэриллибит саҥа пенсионнай реформа биһиги пенсионердарбыт олохторун тупсараары буолбакка, Россия пенсионнай фондата биир триллион 330 миллиард. иэскэ киирбитинэн, идэмэр   эргитиилээхтик толкуйданан о²о´уллубут формула буолар.

Билигин төлөнө сылдьар пенсионнай харчыбыт 2002 сыллаах зурабовскай реформа сыыһатын дуу, соруйан оҥоһуллубутун дуу, аа´ар ааспытын, сиэнэр сиэммитин кэннэ хойутун хойут историктар ырытан кырдьыктаахтык суруйуохтара турда±а.

Оччотооҕу Государственнай Думаҕа баар коммунистическай фракция депутаттара итиниэхэ олус үчүгэй сокуон барылын киллэрбиттэрин куолас тиийбэтэҕинэн кыайан ааспатаҕа. Ол эбэтэр маннык буолуохтааҕа биллэрин үрдүнэн, соруйан киллэрии түмүгэр бу ааспыт пенсионнай реформа эмиэ государствоны улахан содулга тэптэ, диэн билэр, ³йдµµр дьон кэпсииллэр. Дойду пенсионнай фондатыгар хас биирдии киһи хамнас аахсыбыт харчытыттан 22 быры´ыана киирэ турар. Ол эрээри бу 22 быры´ыантан, 6 быры´ыана государственнай тутулуга суох пенсионнай фондаларга киирэр. Бу 6 быры´ыантан киирэр харчы барыта экономикаҕа угуллан кэнники пенсияҕа тахсыаххар диэри төһөнөн элбэҕи угаҕын да соччонон элбэх пенсияны ылыаххыт онон Уган иһиҥ!,- диэн буолбута. Онтукайбыт µрдээн бэрт. Билигин ону хайа эрэ бааҥҥа уга охсоммут быһатын эттэххэ тыыммытын өрүһүнүөхтээх үһүбүт. Дьэ буолар да эбит! Адьыр  албы²²а бэйэбитинэн киирэн и´эр буоллахпыт. Эргитиилээх, ³йд³³х дьоннор салайаллара итинниккэ тиэрдэн эрдэ±э.

Билигин олус уустук баальнай система,-диэн са²а  алба´ы киллэрэ сатыы сылдьаллар. Бу хайдаҕый? Өскөтүн үлэһит хамнаһа биир сылга 568 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр буоллаҕына киниэхэ 10 баал аҕыллыахтаах. Өскөтүн үлэһит ыйга 5205 солкуобайдаах алын сүһүөх хамнаһы аахсыбыт буоллаҕына киниэхэ баара-суоҕа биир баал аа±ыллар. Ол аата µрдµк хамнастаах дьон элбэ±и харбаан ылыахтаахтар. Кыра хамнастаах ки´и бып-быыкаайыкка тиксиэхтээх µ´µ. Дьэ, ити курдук µ³´ээ²²и ³йд³³х дьоннор кэм бэйэлэригэр ту´алаах сокуону буолуо дуо, барыстаах алба´ы айан та´ааран и´эллэр.  

Баал диэн тугуй? ¥лэһит үлэлээбит сылларын бу баалга төгүллээн баран онтукатынан пенсиятын ааҕан биэрэллэр. Холобур тыа сиригэр олорор дьоммут улахан а²аардара билиҥҥи ыар тыыннаах ырыынак кэмигэр хас эмэ сылы быһа үлэтэ суох олороллор. Оччотугар туох баалын аахсыахтарай? Ити салайааччыларбыт дьон оло±ун отой билбэттэрин к³рд³р³р. Эстибит тыа дьонун олох аахсыахтара суо±а дииллэрэ дуу? Оттон ким эрэ биир ыйдааҕы хамнаһа мөлүйүөнүнэн буоллаҕына бу киһи пенсията төһө буолуохтааҕын сэрэйиэххэ эрэ с³п. Россия Конституциятыгар чуолкай ыйылларынан би´иги бары тэ² бырааптаахпыт. Онтон дьи²нээх олохпутугар олох ту´унан хартыына дии. К³рд³р³н  туран к³²µл айбардаа´ын эчи сµрдээх. Боростуой норуоту отой чой бастаахтар, дииллэр бы´ыылаах.
Пенсионнай реформа сатамматах барыллара барыта оҥорон таһаарар производствобыт кэхтибититтэн сµдµ улахан тутулуктааҕын, сүүрбэ сылы быһа сатаан дьаһаммакка кэлбиппит ырылхайдык к³рд³р³р. Ону бу биллэриллибит пенсионнай реформа даҕаны олус үчүгэйдик туо´улуур, дьиксиннэрэр.

Билигин производство барыта кэхтибитин кэннэ революция иннинээҕи кэми наһаа µчµгэйдик ахталлар. Ол эрээри уоппусканы бэйэ±ит билэҕит,  1918 сыллаахха В.Ленин уураа±ынан о²орбуттара. Ити билигин киллэрэ сатыыр нэдиэлэ ахсын төлүөхпүт, диэн киһиргэнэр хамнастара  тугунан дьайан тахсара буолла? Барыта харчы, харчы эргиирин айдаана. Ол тµмµгэр кимнээх эрэ барыстаналлара чуолкай. Уоппусканы уонна аҕыс чаастаах үлэни суох оҥоро сатыыр кубулҕаттара буолаарай?

Би´иги µлэлээн иитиллээччилэр киллэрбит нолуокпутуттан мунньуллубут ботуччу харчыттан бэйэлэрин ту´аларыгар, ол эбэтэр µрдµк дуо´унастаах чунуобунньуктар кэнники кырдьыахтаах сылаас олбохторун били²²иттэн хааччынан эрдэхтэрэ. Пенсионер пенсионертан туох уратылаа±ый? Арассыыйа гражданинын тэ² бырааба то±о учуоттаммата? Эбэтэр сокуону о²ороллоругар Т³рµт сокуоммутун олох да±аны арыйан к³рб³тт³р дуу?

¥рдµк хамнаска µлэлээбит, толору судаарыстыба хааччыллыытыгар сылаастык, сымна±астык тиэрэ нарайан олорбут чунуобунньук пенсията 50-200 ты´ыынча±а солкуобайга тиийэ халба²ныыр.
 ¥йэлээх саа´ын тухары ³р³бµлэ, уоппуската суох хото²²о, хонууга µтµ³ суобастаахтык µлэлээбит тыа сирин ки´итин пенсията 7-15 ты´ыынча±а тиийэ халба²ныыр. Аны тыа сиригэр  µлэтэ суох т³´³л³³х элбэх ки´и олорор? Ол барахсаттары  ким а´ынарый? Кинилэр эмиэ сокуоннай куоластаах быыбардааччылар,  Саха сирин т³рµт олохтоо±о буолалларын туо´улуур Арассыыйыскай пааспардаахтар ээ.

       Билигин µлэлии олорор Ил Тµмэн спикерэ µлэлээн бµттэ±инэ пенсията ыйга 285 000 солкуобай буолуо,-дииллэр. Хамна´ын 300 000 солкуобай, диэтилэр. Кини а±ыс чаас толору хааччыллыылаах сылаас кабинекка сымна±ас кириэ´илэ±э олорон µлэлиир. ¥рдµк кылаастаах анал суоппардаах массыыналаах. Кэлэр-барар ороскуота эргиччи т³л³н³р. Манна эбии скипердэр Е.М.Ларионов, В.В.Филиппов, Н.И.Соломов, В.Н.Басыгысов пенсияларын, кинилэргэ к³рµллэр сыллаа±ы араас чэпчэтиилэрин эбии суоттаан та´аардахха бу биэс спикер пенсия±а олорон ылар харчыларынан биир толору хааччыллыылаах аныгы сайдыылаах технологиянан сэбилэммит к³мпµµтэринэн салаллар евро хотону тыа сиригэр тутуохха с³п.

       £ск³тµн чиновниктар боростуой дьону кытары тэ² бала´ыанньа±а хамнастаналлара, пенсияланаллара буоллар норуоттарыгар кы´аллыа этилэр. Норуоттарыгар к³хсµлэрин к³рд³р³лл³р³ бука аччыа этэ. Маны та´ынан чиновник нэдиэлэ ахсын ³р³бµллээх, сылга хас эмэ ый уоппускалаах. Оттон тыа сирин ки´итэ тыйыс айыл±алаах кыраайга суукка а²ара тыыннаах буолар и´ин ыалдьар да бырааба, ³р³бµлэ, уоппуската суох та´ырдьа  бытархан тымныыга, ³²µрµк куйааска тымныы сииктээх хото²²о, м³лт³х та²астаах µлэлээн ³р³ м³хс³р. Ыраах хоту сиргэ олороллорунан хас да бµк ыарахан сыаналаах та²ас, а´ылык, туттар мал, техника о. д. а. ыарахаттар µлэ´ит ки´ини хаатырга усулуобуйатын санатар бала´ыанньа±а тутар. Оттон хамнастара, пенсиялара тыа ки´итэ уонна чиновник сирдээх халлаан курдук арааста´ар. Маны хайдах ³йдµ³ххэ с³бµй? £йд³³бµт да и´ин к³нн³р³р кыахпыт суох. Ким кэлэн би´иги туспутугар кы´аллыай? Арыт-арыт, ардыгар былыр с³пк³ да да±аны утарсан ³р³б³лµµссµйэ о²орбуттар диэн санаталаан ыла±ын.

Пенсия т³л³бµрэ чыыныттан-хааныттан тутулуга суох, араа-бараа тэ² со±ус буолуохтаах. Би´иги бары µлэлээх буоламмыт пенсия±а тахсарбытыгар µлэбит киниискэтигэр тохтобула суох µлэлээбиппитин туо´улуур сурук баар буоларын сити´э сатыыбыт. Ки´и барыта µлэлиир усулуобуйата сокуо²²а сокуоннайдык киириэхтээх. Кэлии омуктары а´ара ³р³ тутары тохтотор сокуон наада. Маны с³птµк о²орорго са²а парламе²²а кыах баар буолла. Пенсия эмиэ араа-бараа тэ² буолар бала´ыанньата о²о´уллуохтаах. Паламент диэн кэлии ки´и интэриэ´ин буолбакка т³рµт олохтоох: эбэ²килэр, нууччалар, сахалар интэриэстэринэн салаллыахтаах.

Би´иэхэ промышленнай тэрилтэлэртэн ³сс³ саамай улахан кээмэйдээх µлэни толорор «Мечели» уонна «Якутзолотоны» кытты´ыннарбакка туран Саха сирэ 600-чэкэ миллиард солкуобайы нолуогунан Российскай Федерация бюджетыгар киллэрэр дииллэр. Маны депутаттар кинилэр  т³´³ барсы ылалларын, т³´³ нолуогу т³лµµллэрин олоччутун чуолкайдаан норуокка кырдьыгынан и´итиннэриэхтэрин наада. Ити курдук Саха сирэ Россия бюджетыгар донор буолан олорор. Бу биэрбит 600-чэкэ миллиард солкуобай µлµгэрдээх халы² харчыттан Республикабыт 130 миллиардаах биир сыллаа±ы бюджетын улахан а²арын Россияттан трансферт бы´ыытынан ыла олорор. Онон «улахан к³´³²³» депутаттарбыт  ³²³л³рµнэн Российскай Федерация бюджета би´иги бюджеппытыгар донордуу олорорун курдук ³йд³бµлµ бу маладьыастары² µ³скэтэн та´аарбыттар.

 Ити Россия бюджетыгар киирбит 600-кэ миллиардтан ыйга 3 миллиарды республика  бары пенсионердарыгар сааспыт тухары бу тыйыс айыл±алаах кыраайы манаан, то²он-хатан харабыллаан олорорбут и´ин бэрдэрэр гына туруорсар то±о сатамматый? Ол пенсия±а эбии т³л³бµргэ сылга 36 эрэ миллиард буолуо этэ. Россия пезиденэ В.В.Путин билигин СР чиновниктарын хамнастаа´ы²²а 17 миллиарды  к³рд³рд³ дии.

 Аа±ааччы кумаа±ы, уруучука ыла²²ын суоттаа эрэ ити µс миллиард суумманы 200 000 пенсионер ахсааныгар тµ²этэн к³р. Ортотунан 15 ты´ыынча тахсыа±а. Онтон 100 000 солкуобайтан тахса пенсиялаахтары к³±µрэттэххэ 20 000 чуга´ыыр ини. Итини республика пенсионнай фондатыгар киллэрэн били²²и пенсия±а эптэххэ пенсионер син тото-хана а´аан утуйуон с³п. Эмигэр, кварплататыгар туттар µптэниэ этэ.

         То±о туруорсубаппытый?
О, сахалар м³лт³х да дьоммут. Аан дойдуга ханна да суох ирбэт то²ноох, кып-кылгас сайыннаах дойдуга олоробут эбээт! Буолаары буолан би´иэнэ би´иэнин курдук киэптээ´иннээх, икки тымныы полю´а би´иэхэ эрэ баар. Манна олохтоох дьон пенсията Россия ханнык да регионуттан µрдµк буолуохтаах. То±о туруорсубаппыт?

        Россия президенэ В.Путин биирдэ: «Э´иги сахалар бэйэ±ит кы´ал±а±ытын  то±о туруорсубаккыт»,-диэбиттээ±э. Кырдьык да±аны. «Ытаабат о±ону эмсэхтээбэттэр». Дьи²инэн туруорсуу, кэпсэтии-быраап. Оннук сатаммата±ына, маннык гыныахха. Тустан к³рб³т³х саха суо±ар бµк эрэнэбин. Онтон µчµгэй тустуук улахан кµµстээх утарыла´ааччытыгар эрдэттэн бэлэмнэнэн, µчµгэйдик албастарын чочуйан бииртэн биир алба´ы субурутан утары бырахсан тустарыныы араас алба´ы, тактическай политическай хардыылары хас биирдии депутат ити µчµгэй тустуук курдук бэйэтин туруорсар прогамматыгар эрдэттэн бэлэмниэх тустаах. Аккаастаатахтарына син биир  улуу тустуук курдук санааны тµ´эрэн самнан хаалыллыа суохтаах. Салгыы ³сс³ атын ньымаларынан µчµгэйдик бэлэмнэнэн киирсэ туруллуохтаах. Кыайыы оччо±о эрэ кэлиэ±э. Дойдутун дьонун ту´угар кэннинэн кэхтибэккэ киирсэн и´эр депутат ол дьи²нээх депутат.
        Бэл былыр µ³рэ±э суох хара²а µйэ±э норуоттарын ту´угар кы´аллар-мµ´эллэр µтµ³кэн да дьон µ³скµµ сылдьыбыттар эбит. Онноо±ор Х¥11 µйэ±э Ха²алас тойоно Б³дь³к³ уола Ма´ары кµн ыраахтаа±ыга тиийэн дьа´аа±ы кыччаттарбыта-история±а суруллубута.

        Х¥111 µйэ±э  Боро±он тойоно Собо´ут уола Сэ´эн Ардьакыап Петербург куоракка айаннаан тиийэн икки сылы бы´а кэтэ´эн-кэтэ´эн, кµµтэн-кµµтэн 1789 сыллаахха бала±ан ыйын 18 кµнµгэр Екатерина 11 ыраахтаа±ыга киирэн бэриллибит 15 мµнµµтэ оннугар бµтµн 3 чаа´ы бы´а кэпсэтэн дири² ³йµнэн, µрдµк кырасыабай к³рµ²µнэн с³хт³р³н тахсыбыта биллэр. Кини туруорсубут «План о Якутах» программатын  ыраахтаа±ы дьа´алынан  1789 сыл алтынньы ый бастакы кµнµгэр Государственнай Совет мунньа±ар к³р³н бигэргэппиттэр. Сэ´эн Адьакыап дьэ сатаан туруосубут буолбат дии. Билигин парламеммытыгар бу эдэр састааптан маннык дьону иитэн та´аарыахха.

        Хайа онтон 1914 сыллаахха аан дойду ма²найгы сэриитэ са±аламмытыгар кµн ыраахтаа±ыттан к³рд³´³н сахалары сэриигэ ыллаттарбатах, кэлин «Норуот ³ст³³±³» буолбут ки´илээх этибит дии. Туруула´ан туруорсар µтµ³кэн да дьоннордоох эбиппит.
        Билигин оннук дьоннордоохпут дуо? Били быыбар иннинэ Арассыыйа аарымаларын кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэр ки´ибит ханна барда? Бэйи эрэ ааспыт 20 сыл кини тугу гынна? Норуотугар чахчы кы´аллар ки´и эбитэ буоллар бу пенсия боппуруо´ун ол 3 чаас да буолбатар чопчутук, ылыннарыылаахтык кэпсэтиэхтээх этэ. О, дьэ ки´иргэспитинэн алдьаммыт дьоммут.    
         То±о эрэ Чечня республикатыгар баллайар ба´аам харчы дэлэччи барар сура±а и´иллэр. £сс³ аара баара суо±а 6,5 миллиардтыы харчы сура±а суох сµппµт аатырар. Кинилэр араас ньыманан киирэн-тахсан сатаан туруорсаллар. А´ара ³йд³³х туруула´ан туран  туруорсар дьоннор. Би´игиннээ±эр мыннары итии климаттаах сиргэ олороллор уонна кыратык куттаан ылбыттарынан олуйсан о´уобай стату´унан ту´аналлар. Маладьыастар. Би´иги эрэйдээхтэр µ³рэхтэнэн-таймаланан сайынныбыт, диэн арбанан бараммыт т³´³ да то²норбут ыллыы-туойа, оло²холуу сырыттахпыт эбээт.

         Сааспыт тухары Арассыыйа байарын ту´угар эйэ дэмнээхтик µлэлээн кэллибит. Арай бэйэбит ³ттµбµтµттэн бэйэбит дьоммут ту´угар µрдµк та´ымнаах с³пт³³х туруорсуу суох. Ылымматахтарына да хас эмэ сылы бы´а туруорса туруохха баар этэ. Итиччэлээх халы² харчыны Арассыыйа хаа´ынатыгар угар буолан баран В.В.Путин сэмэлииригэр дылы хайдах тугу да туруорсубаппыт?

 Биирдэ аккаастатаат тохтоон хаалымыахха. Ол Сэ´эн Ардьакыап икки сылы бы´а кµµппµт, кэтэспит дии. Таммах уу биир сиргэ тµ´эн-тµ´эн таа´ы тобулар дииллэр. Боппуруо´у хаттаан эргитэ-эргитэ э²ин элбэх дьонунан тµ´эрэ турдахха хайдах ситиспэт буолуохпутуй? Кы´аллыахха эрэ наада. Бэйэ ту´угар буолбакка, норуот ту´угар, Сэ´эн Ардьакыаптыы. Би´иги саамай тымныы сиргэ олоробут. Улуу убайдарбыт кэлиэхтэрин иннинэ туундара±а тиийэ киис, кµндµ тµµлээх эгэлгэтэ баара. Онтон ыла т³´³л³³х элбэх баай-дуол к³мµс, алмааска тиийэ тиэлиннэ, суккулунна, суох буолла? Т³´³л³³х  элбэх к³л³´µммµт, хааммыт то±унна? Сиэртибэ буолан туран Арассыыйаны байытан байыттахпыт.

 Онон би´иэхэ Россия хайа ба±арар регионунаа±ар µрдµк пенсия ананыахтаах. Ону бµгµ²²µ кµннээх кы´ал±абыт ирдиир. Сирбит баайа да±аны эппиэттэ´эр. Тохтоон хаалбакка туруорса туруо±у²! Дакаастыа±ы², хайдахтаах курдук ороскуоту к³рс³н, µлэлээн-хамсаан тымныыны кыайан олорорбутун. 

 Билигин парламе²²а кэлбит ырыынак кэмигэр µлэлээбит са²а састаап депутаттар маннык дьыалаларга ылсан кµµскэ хамсаннахтарына сатанар. Улугуруу кэминээ±и депутаттар ки´и эрэ саатыах а´ара кэнэн, бµтэй, сирэй к³рб³х курдуктара. ¥³´ээттэн бэлэм ыйыыны-кэрдиини эрэ кэтэ´э µ³рэммит, кутта±ас,  «Кутуйах хороонун кэ²этэ олорбут» депутаттар µксµлэрэ уурайдылар. Ити сайын алааска сарыардаа²²ы туман к³т³н дьай±аран итии сылаас ча±ылхай кµн сарыалын санатар   кэм кэрдии ирдэбилэ.

 Онон парламе²²а са²а кэлбит ырыынакка эриллэн µлэлээбит кµµстээх, сонун идеялардаах са²а депутаттарга дьо²²ут, норуоккут ту´угар µлэлииргитигэр суол-иис арылынна. ¥чµгэйдик аа±ан-суоттаан, бала´ыанньаны дири²ник µ³рэтэн, араас алба´ы ту´анан бар дьо²²ут ту´угар сµµрэн-к³т³н олохтоохтук туруорсан и´и². Э´иги кылаабынай соруккут республикабыт президенигэр бэйэ±ит кµµстээх идеяларгытынан ³й³бµл к³м³ буолар эбээ´инэстээххит.

 Парламент са²а депутаттара оло²хо дойдутун т³рµт олохтоохторун олохторо тупсарын ту´угар айымньылаах µлэ±итигэр сити´ии эрэ сэтиилэни², кыайыы хотуу эрэ кынаттанны², ох тыллаах таба эппэтин, кытыан тыллаах бы´а са²арбатын, дойдугут чэлгийэ сайдарын ту´угар дьаныардаах µлэ±ит µрдµк ³р³г³й µктэллээх буоллун!  

 
                                                                                   АрамаанДь³гµ³рэп.

Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1217 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
2425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024