News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2014 » Олунньу » 15 » «Оҕолоор, дьоҥҥут-норуоккут Туһугар үүнүҥ-үлэлээҥ. Эһигини охтоох охторботун, Саалаах да самнарбатын, Өһөхтөөх харахтаах Өтөрү көрүмүөхт
«Оҕолоор, дьоҥҥут-норуоккут Туһугар үүнүҥ-үлэлээҥ. Эһигини охтоох охторботун, Саалаах да самнарбатын, Өһөхтөөх харахтаах Өтөрү көрүмүөхт
10:39
Чаҕылҕан Биирдэ мин эмиэ Намтан доҕотторбун ахтан куоракка киирбитим.
Ылдьаабар тиийбитим. Онно Ылдьаа миэхэ бу курдук диэн эппитэ: «Анемподист өлөн эрэр». Мин итини олус уолуйа, дьиксинэ истибитим. Ардьамаан-Дьардьамаан (ити курдук доҕотторо таптаан ааттыыллар П.П.Романовы, кини сахалартан улахан художник, киһи кэрэтэ этэ) уруһуйдуохтаах эбит, ол гынан баран, ыараханнык ыалдьан (өлөр ыарыытын курдук өйдүүбүн) И.Чаҕылҕаны уруһуйдууругар көрдөспүт. Ылдьаа ону ылыммыт. Сарсыҥҥытыгар Ылдьаа П.П.Романовка сылдьан баран, А.И.Софроновка барбыта. Миигин барыс диэбитин, Минпроска сылдьар наадалаах буолан, кыайан барсыспатаҕым. Киэһэ Ылдьаа кэлбитэ уонна манныгы кэпсээбитэ. Кини Петр Петровичка тиийбит. Онуоха киһитэ Ылдьааҕа Анемподист Иванович чугаһаан сытарын туһунан кэпсиир уонна «тиэтэй» диэбиттии көрүтэлиир. Кэргэнэ остуол тардар, Ылдьаа сыыһа-халты хабаат, биир-икки үрүүмкэни түһэрээт, бэрт тиэтэлинэн Анемподист Ивановичка барар.Алампа Анемподист Иванович киэҥ соҕус хоско соҕотоҕун сытара. Сэбэрэтэ соччо куһаҕана суохха дылыта үһү. Дьиэтэ-уота да ыраас, бэрээдэктээх эбит. Дьон кэпсээнинэн буоллаҕына – ону мин эмиэ истэрим – бары аймахтара, доҕотторо киниэхэ сылдьыбат, сылдьыахтарын баҕарбыттарын да иһин – националист, сэбиэскэй былаас өстөөҕө буолан сыылкаҕа сылдьыбыт киһи диэннэр куттанар, тумнар буолбуттара, соҕотохтуу бырахпыттара – диэн. Ити кэпсээн, Ылдьаа көрбүтэ буоллаҕына, оччо-бачча кинини итэҕэппэтэх. Тоҕо диэтэххинэ – ким эрэ Анемподист Ивановиһы көрөр-харайар, кыһанар эбит. Анемподист Иванович Ылдьааҕа олус диэн үөрээхтээбит, сирэйэ-хараҕа сырдыы түспүт, Ылдьааны аттыгар олордубут уонна саҥардыы кэпсэтэн эрдэхтэринэ, атах тыаһа иһиллибит, киһи сөтөллүбүт уонна туох эрэ тутуурдаах киһи киирэн кэлбит. Оо, Платон Алексеевич Ойуунускай илэ бэйэтинэн кэлбит!Ойуунускай Көрсүһүү үөрүүтэ, кэпсээн-ипсээн саҕаламмыт. Кэлээт да, кэпсэтэ-кэпсэтэ, Ылдьааны көмөлөһүннэрэн Платон Алексеевич орон таҥаһын, сыттыгы көбүппүт, хоһу соппут дуу, харбаабыт дуу уонна уот оттон, ас астаабытынан барбыттар. П.А.Ойуунускай уонна А.И.Софронов иккиэн Платон уонна Алампа диэн ыҥырсаллар эбиттэр. Платон Алексеевич Ылдьаалыыын киһилэрин таҥаска уонна сыттыкка өйөөн, хайдах эрэ кэлтигэстии олордубуттар уонна Ылдьаа уруһуйдаан киирэн барбыт. Анемподист субу-субу сынньатыҥ диир эбит. Бүтэрэн, уруһуйу бары көрбүттэр уонна хайҕаабыттар. Петр Петрович эмиэ хайҕаабыт этэ. Бу уруһуй И.Чаҕылҕан улахан уолугар Артурга баар буолуохтаах. Тугу кистиэхпиний? Биһиги бу икки сүдү суруйааччылар идейнай өстөөхтөр буолуохтара дэһэр этибит… Ити санаабыт сыыһа буолбутуттан биһиги олус да үөрбүппүт, кинилэри таҥараҕа тэҥнии саныырбыт. Оччолорго, эдэр эрдэххэ, ол биһиги таҥарабыт диэн ураты этэ: кини – киһи диэн муҥура суох муҥнанарын кытта булсуспут, киһи кыайан этиллибэт эрэйдэрин кытта эҥэрдэспит, киһи үөрүүлэрин эбэтэр хомолтолорун барытыттан тэҥҥэ үллэстибит Айар Таҥарата \т\. Арыт кини бэйэбитигэр да маарынныыра… Ол аата – таҥара Киһи буолбута, оттон киһи Таҥара буолбута биһиэхэ эмиэ баара – ону кинини биһиги билиммэт этибит… А.И.Софроновы уонна П.А.Ойуунускайы мин үөрэтэр оҕолорбор, хам-түм да буоллар, кэпсээччибин: бу икки сүдү суруйааччылар төрөөбүт норуоттарын туһугар итинник талба уонна сырдык доҕордоһууларын туһунан. Алгыы хаалбыта 1937 сыллаахха буоллаҕа буолуо. Ылдьаа миигин «Красная Якутия» санаторийга таһаарбыта. Сайын, ыраас күн этэ. Сестранан Анемподист Ивановиһы ыҥыртарбыппыт. Кини онно эмтэнэ сытара (сэлликтээх этэ). Күөл кытыытыгар баран олорон өр кэпсэппиппит. Хоһооннорбутун аахпыппыт. Ылдьаа оҕонньор «Родина» диэн поэматын нууччалыы тылбаастыы сылдьара. Бүтэрэ да илик буоллар, аахпыта. Мин «Ааттал» («Моление морю») диэн хоһооммун аахпытым уонна эмиэ ханнык эрэ хоһооммун. Анемподист Иванович олус үөрбүтэ, долгуйбута. Бу эрэйдээхтэр – биһиги, бу Сүдү Поэты биир эмэ хоһоонун аах диэбэтэх абабыт баар, наар бэйэбит хоһооннорбутун өттөйөн-өҥнөн тахсаахтаабыппыт. Онуоха эбии көрдөһүөхпүтүн баҕарбыппыт гынан баран, Ылдьаалыын имнэссэ сатыы олордохпутуна, сестра кэлэн наһаа уһуннук олордугут диэн Анемподист Ивановиһы илдьэ барбыта (күнүскү утуйар чаастарыгар). Бараары туран Анемподист Иванович биһигин кытта илии тутуһан бырастыыласпыта уонна эппитэ:«Оҕолоор, дьоҥҥут-норуоккут Туһугар үүнүҥ-үлэлээҥ. Эһигини охтоох охторботун, Саалаах да самнарбатын, Өһөхтөөх харахтаах Өтөрү көрүмүөхтүн Татаар тыллаах Таба этимиэхтин!». Бу былыргы саха алгыһа этэ. Ол эрээри ити алгыһы оттеноктаах, атын звучаниелаах диэн сонно, төннөн иһэн, Ылдьаалыын сибигинэһэн кэпсэппиппит. Мин ити кэнниттэн ол улуу поэты көрбөтөҕүм. Таллан Б¥РЭ.
Category: литература |
Views: 1879 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 43
Ыалдьыттар (гостей): 43
Кыттааччылар (пользователей): 0