Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Олунньу » 24 » ... Саныыгын ээ, ити эркиҥҥэ мэтириэтэ ыйаныар диэри төһөлөөх "таптыыр норуотун", Сахатын сирин баайын-дуолун туран биэрбитэ буолуой!
... Саныыгын ээ, ити эркиҥҥэ мэтириэтэ ыйаныар диэри төһөлөөх "таптыыр норуотун", Сахатын сирин баайын-дуолун туран биэрбитэ буолуой!
12:26
БЫЛААС уонна КИҺИ: АТЫЫЛАНЫЫ уонна ТАҤНАРЫЫ
Пятница, 21 Февраля 2014 12:54
"Аартык.ру" "Былаас уонна киһи" рубрикатыгар олоххо буолбут түбэлтэлэри уус-ураннык хоһуйан бэчээттиирин салгыыр.
Хас да сыллааҕыта "саха туһугар муннукка ытыыр" ааттаах политиктыын интервьюлаһан турардаахпын. Ол сахха кырдьык кинини мин эмиэ оннук киһи диэн бүк эрэнэрим.  
Сыллар-хонуктар аастылар. Араас барыта буолла, араас барыта таҕыста. Политиктар солбуллаллар, ким эрэ күөрэйэр, ким эрэ симэлийэр, ким эрэ көһөр-кэлэр. Арай, били киһибит "саха норуотун туһугар ыалдьааччы" кыратык да энчирээбэт. Хата үүнэн-үрдээн иһэр, кинини кытары оппозицияҕа сылдьыбыт дьон бары кэриэтэ политикаттан туорууллар - кини баарын курдук баар. Улуустарга  кини туһа диэн идейнэй өйөөччүлэр кэккэлэрэ бары кэриэтэ төбөлөрө өрө көтөҕүллүбэт курдук дьарыллаллар. Хата, ол дьону олус харыһыйыахпын баҕарабын. Көнөтүнэн сылдьар сордоохтор тумус туттар политиктарын ис дьиҥин билбэккэ былаахыҕа бастарын ууран биэрдэхтэрэ...  
Аан дойду алмаас бизнеһин адьырҕалара кыттыылаах Израильга улахан тэрээһин буолбута. Биһиги республикабытыттан - алмаастаах түөлбэ аатыран бэрэстэбиитэллэр барбыттара. Төннөн кэлэллэригэр дэлэгээссийэ биир киһитэ бүөм кэпсээннээх кэлбитэ:
- Тель-Авивка биһиги өйдүүрбүтүнэн судаарыстыбаннастарын музейа баар. Онно сырытыннардылар. Ол мунньахха аан дойду түөрт улахан дьиэтин бэрэстэбиитэллэрэ бааллара. Ол иһин эрэ буоллаҕа, биһигини, туора кими да киллэрбэт саалаларын аһан киллэрэ сырыттылар. Улахан эркиҥҥэ ивриттии сурук турар. Кэлин кэпсээбиттэринэн, "Израиль судаарыстыбата атаҕар турарыгар, сайдарыгар өҥөлөөх дьон" диэн эбитэ үһү. Араас дьон мэтириэттэрэ ыйанан тураллар, аһара тилэри буолбатах. Арай... олор быыстарыгар **** мэтириэтэ турар эбит! Наһаа соһуйдум уонна... - баһын быһа илгиһиннэ сиргэ силлээтэ...
... Саныыгын ээ, ити эркиҥҥэ мэтириэтэ ыйаныар диэри төһөлөөх "таптыыр норуотун", Сахатын сирин баайын-дуолун туран биэрбитэ буолуой! Ама атыыланар да баарын да иһин, бэйэтин төрөппүт ийэтин-аҕатын, оҕотун, сиэнин, чугас дьонун төрөөбүт төрүт дойдутун... Дойдута суох дьоҥҥо дойдутун атыылаатаҕа ол...
Ол иһин кини күнэ-күөнэҕэ куруук толору сырыттаҕа...
***
Аартык.ру     
Комментарии
#1
Егор 21.02.2014 13:39
бэйи эрэ, ол киммитий, аата, суола диэн суох киьи дуу, того таьаарбаккыт, Саха норуота бэйэтин "геройун" билиэхтээх буоллага
#2
валерий 21.02.2014 13:53
тумууьап седует дуо?
#3
валерий 21.02.2014 13:55
Көнөтүнэн сылдьар сордоохтор тумус туттар политиктара ... тумууьап дуо?


Источник: www.aartyk.ru
#4
1234 21.02.2014 14:23
Таабырын таайсыыта дуо? Мин санаабар, Матвей Николаевич Евсеев дуо?
#5
Тыа сирэ 21.02.2014 14:28
Николаев буолаарай?
#6
6 21.02.2014 14:41
Это, скорее,... Валерий прав.
#7
Уйбаан 21.02.2014 16:52
Ыстыырап ини,саханы ыйаабаттара чахчы.
#8
Иосиф 21.02.2014 18:10
Ээ ол дьэбириэйдэр обургулар сол кун ыйаан баран ылбыттара буолуо, соруйан биЬиги дьоммутун хомпуустаатылар ини.
#9
илин энэр. 21.02.2014 18:59
биллэринэн ким ийэтэ эбириэй этэй.арааьа ьиир биризидиэн
#10
мин билэрбинэн 21.02.2014 21:25
Израильга алмаз бизнеьын арыйбыт биир эрэ саха баар: Эпл Даймонд хаьаайына Федоров Петр.
#11
Сунтарец 21.02.2014 23:05
Федоров Буэккэ ааттыын да Израиль Буэккэ
#12
биир аа5ааччы 22.02.2014 02:31
тацнарааччы аатын ааттыырга модьуйабыт!!
#13
бигэ өрөкүй 22.02.2014 07:43
Уйбаан таайбыт
#14
биир аа5ааччы 22.02.2014 10:21
саха киьитин мэтириэтэ диэн дии. ол ыстыырап турарыгар того кини соьуйуой. дьаабы дьоннор ди!
#15
илин энэр. 22.02.2014 10:57
тумуусов аатын онно-манна соьуман.билигин кэлэр бириэмэ тумус-призидент .
#16
5569 22.02.2014 12:06
илин энэр ол туьугар мехсе олороохтоото5ун , цуки зла не хватает продажное хамло!
#17
Бырдьа 22.02.2014 12:06
Тумууьабы боппуобун кытары ба5арбыт кириэстэригэр тиириэххэ наада!!!
#18
Уйбааскы 23.02.2014 10:57
Мин итини истибитим кэлэйбитим ыраатта. Харагар харчы кыбыллыбыт Тумусов бэлтэллэн олорорун атаьым кэпсээн турардаах. Куруук куоластыыр, Тумусовы уруйдуур бэйэм онтон ыла саатан сацарбаппын даганы. Быыбар буоллагына дьоццо быктаран керебун да ким да итэгэйбэт этэ, хараардагын диэн бэйэбин сиэри хаайааччылар. Хата бу кыыс истэн-булан суруйбут. Мантан антах итэгэйэллэр ини.
#19
Ооо 23.02.2014 10:59
САПИ харчыта ол аата онно хайыьардаатага.
#20
Жорже 24.02.2014 08:41
"Список мекумянова" вспомните - ка кто там был? Кирилл Алексеева там помню...


Источник: aartyk.ru
Category: Слухи | Views: 2330 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
2425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 97
Ыалдьыттар (гостей): 97
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024