Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Кулун тутар » 24 » “РФ билигин туттуллар сокуоннарыгар уларытыылар киириэхтээхтэр.Онто суох биһиги Хотугу сирдэри өрө тардар соруктары ситиһиилээхтик быһаарарб
“РФ билигин туттуллар сокуоннарыгар уларытыылар киириэхтээхтэр.Онто суох биһиги Хотугу сирдэри өрө тардар соруктары ситиһиилээхтик быһаарарб
21:09
Уһук Илини сайыннарар Госпрограмма кими сайыннарарый:
олохтоору, эбэтэр сир баайын хостуур хампаанньалары?

Понедельник, 24 Марта 2014 09:25
Ил Түмэн пресс-сулууспатыттан киирбит ыстатыйаны кылгатан билиһиннэрэбит. Манна суон сураҕырбыт Уһук Илини сайыннарар Госпрограмма туһунан суруллубут. Бастаан, Госпрограмма производствоны сэргэ дьон олоҕун тупсарыыга анаммыт курдуга. Кэнникинэн, ол сорук токуруйан, аны Госпрограмма коммерческай бырайыак эрэ быһыытынан кубулуйаары гыммыт. Онуоха Ил Түмэн баһылыга Александр ЖИРКОВ санаатын пресс-сулууспата суруйан ыыппыт:
" Республика парламенын спикерэ Александр Жирков "Интерфакс-Дальний Восток” агенствоҕа биэрбит интервьютугар уонна "Сокуон - сири-уоту кэлимник сайыннарыы мэктиэтэ” ыстатыйатыгар "Дальнай Востогу уонна Байкал регионун түргэн тэтимнээхтик сайыннарыы ураты усулуобуйаларын туһунан” итиэннэ "Дальнай Восток регионнарыгар урутаан сайдыы сирин-уотун уонна государственнай өйөөһүн атын миэрэлэрин туһунан”  сокуон барылларыгар тус көрүүлэрин бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, "Дальнай Востогу уонна Байкал регионун түргэн тэтимнээхтик сайыннарыы ураты усулуобуйаларын туһунан” сокуон барылын Федерация Сэбиэтин Председателин солбуйааччы В.А.Штыров салайааччылаах Федерация Сэбиэтин үлэлиир бөлөҕө бэлэмниир. Оттон  "Дальнай Восток регионнарыгар урутаан сайдыы сирин-уотун уонна государственнай өйөөһүн атын миэрэлэрин туһунан” диэн сокуон барылын Дальнай Восток сайдыытын Министерствота бэлэмнии сылдьар.

 "Дальнай Востогу уонна Байкал регионун түргэн тэтимнээхтик сайыннарыы ураты усулуобуйаларын туһунан” федеральнай сокуон барылын сүрүн кээмэйдэрэ Ил Түмэн  официальнай сайтыгар "Сокуон барылын дьүүллэһэбит” төбөҕө баар: ким баҕарар ону ааҕан билсиэн, тус санааларын суруйуон, этиилэри, эбиилэри-көҕүрэтиилэри киллэриэн сөп.

Оттон иккис сокуон барылын туһунан этэр буоллахха, аан бастаан урутаан сайдыы сирин-уотун (территории опережающего развития-ТОР) тэрийэн Дальнай Востогу экономическай өттүнэн сайыннарыахха диэн этии 2013 сыллаахха алтынньы 24 күнүгэр Комсомольск-на-Амуре куоракка Правительство хамыыһыйатыгар өйөнөн турар. Салгыы Дальнай Восток сайдыытын Министерствотыгар, Россия Экономическай сайдыыга министерствотыгар уонна Үпкэ министерствотыгар Дальнай Востокка урутаан сайдыы сирин-уотун тэрийии боппуруостарын сүрүннүүр сокуон барылын 2014 сыл олунньу 28 күнүгэр диэри оҥорон, көрүүгэ киллэрэллэригэр сорудахтаммыта. Боломуочуйалаах федеральнай уорган этии киллэриитигэр олоҕуран, РФ Правительствотын быһаарыытынан,  социальнай-экономическай өттүнэн урутаан сайдыы сирдэрэ Дальнай Восток уонна Байкал регионун субъектарын сорох сирдэригэр-уоттарыгар тэриллэллэрэ сабаҕаланар. Ити сирдэргэ эргиэн-урбаан үлэтигэр, ону сэргэ сири туһаныыга, түһээни хомуйууга, государственнай уонна муниципальнай хонтуруолга, государственнай өҥөлөргө быраап ураты усулуобуйалара олохтонуохтаахтар диэн сабаҕаланар. РФ Правительствотыгар 2014 сыл кулун турар 20 күнүгэр буолбут сүбэ мунньахха "Дальнай Восток регионнарыгар урутаан сайдыы сирин-уотун уонна государственнай өйөөһүн атын миэрэлэрин туһунан”  федеральнай сокуон барылын дьүүллэстилэр.

Саха сирин парламенын спикерэ бэлиэтииринэн, бастаан утаа макрорегион сайдыытыгар сүрүн болҕомто айылҕа баайын туһаныыны сэргэ, сири-уоту сайыннарыыга сөптөөх социальнай-экономическай инфраструктураны тэрийиини киллэрэн туран, кэлимник уонна түргэн тэтимнээхтик сайыннарыыга ууруллан испитэ. Ол гынан баран, "Дальнай Восток регионнарыгар урутаан сайдыы сирин-уотун уонна государственнай өйөөһүн атын миэрэлэрин туһунан” федеральнай сокуон барыла күөрэйээтин кытта ити хайысха  сүрүннээн инвестиционнай кэрэхсэбиллээх уонна бюджекка угуллубут солкуобайы барыстаахтык толуйар бөдөҥ инвестиционнай бырайыактары талыынан эрэ муҥурданар суолу тутуһар чинчилэннэ.

Александр Жирков этэринэн, Дальнай Востогу сайыннарыы, бастатан туран, манна олохтоох нэһилиэнньэҕэ, үлэҕэ-хамнаска олохтоох дьону тардыыга, сири-уоту чөл хаалларыыга туһаайыллыах кэриҥнээх. Оттон ону ситиһэр туһугар макрорегион сиригэр-уотугар сир баайын хостооһуну сэргэ ону таҥастааһыны, сир баайын туһанан атын  бородууксуйаны оҥорууну итиэннэ итинтэн сиэттэрэн эбиллибит үрдүк сыаналаах производстволары тэрийии эрэйиллэр. Ол түмүгэр макрорегион олохтоохторун уйгуларын хааччыйар социальнай ис хоһоонноох экономика модела үөскээн тахсыахтаах.

Оттон "Дальнай Восток регионнарыгар урутаан сайдыы сирин-уотун уонна государственнай өйөөһүн атын миэрэлэрин туһунан”  федеральнай сокуон барылын Ил Түмэн спикерэ "Дальнай Востогу уонна Байкал регионун түргэн тэтимнээхтик сайыннарыы ураты усулуобуйаларын тустарынан” кэлим сокуон барылын иһигэр киллэрэн, көрөргө этэр. "РФ билигин туттуллар сокуоннарыгар уларытыылар киириэхтээхтэр.Онто суох биһиги Хотугу сирдэри өрө тардар соруктары ситиһиилээхтик быһаарарбыт кыаллыа суоҕа. Ол гынан баран ити уларыытыылар сири-уоту сылдьан тупсарыыны, биирдиилээн улахан кыахтаах тэрилтэлэри өйөөһүнү эрэ буолбакка, Хотугу сири кэлимник сайыннарыыны мэктиэлиэхтээхтэр”, -- диэн Александр Жирков санаатын суруналыыс Елена ИВАНОВА сурукка тиһэр.
***
Соҕотох биир субъект боппуруоһу туруулаһара хотуута суох, онон атын регионнары холбуу тардан боппуруоһу көтөҕүөххэ наада эбитэ дуу. Россия сокуонунан субъектар аҥаардара бары кыттыһан ханнык эмэ проблеманы туруорар буоллахтарына, Федерация Сүбэтэ булгуччу болҕомтотун ууруохтаах.
***
Аартык.ру


Источник: aartyk.ru
Category: Экономика и СЭР | Views: 1063 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 92
Ыалдьыттар (гостей): 92
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024