News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2019 » Тохсунньу » 31 » Төрүт олохтоох диэн кимий?
Төрүт олохтоох диэн кимий?
22:32
Төрүт олохтоох диэн кимий?
[САХААДА] Уххан.
1993 c. 4. ы. 21 к.
Төрүт олохтоохтор (коренное население) дэнээччилэр биир кыһалҕаҕа баттатан: киһи, омук, төрүт олохтоох быһыытынан бырааптарын күөмчүлэтэн олороллорун өйдөөн, Аан дойду үрдүнэн сүбэлэрин-соргуларын түмэн, көҥүл уонна быраап сөптөөх чахчытыгар олоҕуран, бэйэлэрин өбүгэлэрин ытык сирдэригэр дьиннээх хаһаайын буоларга баҕараллар, дьулуһаллар.
Ол иһин кинилэр, правительстволар ыытар политикаларыгар, элбэх дойду кыттыһан тэрийбит сайдыы бааннарыгар, үгүс төрүт олохтоох омуктар сирдэрин-уоттарын баһылаан-көһүлээн олорор федерацияларга, республикаларга туһаайан, төрүт олохтоохторго сыһыаны төрдүттэн тосту уларытары ирдээн туруорсаллар.
Биһиги Сахабыт сиригэр быйыл төрүт олохтоохтор сыллара диэн ааттаан араас дирбиэннээх-дарбааннаах культурнай мероприятиелар бара тураллар, ол туһунан бэчээккэ элбэхтик суруллар. Ол эрэн хаһыаттарга төрүт олохтоох диэн кимин-тугун туһунан ырыналыыр, ыйданардар ыстатыйа тахсыбата. Ити омнуолаах санаабыттан сиэттэрэн, Аан дойду гуманитарнай боппуруостарга тутулуга суох хамыыһыйатын дакылаатарыгар уонна рекомендациятыгар олоҕуран, 'төрүт олохтоох'' кимин-тугун туһунан быһааран куолулуурга холонобун.
Бу хамыыһыйа 1989 сыллаахха ХНТ таһынан тэриллибит. Манна аан дойду аатырбыт өйдөөхтөрө, торумнаах толкуйдаахтара, биллиилээх государственнай деятеллэрэ киирбиттэр. ХНТ иһинэн баар араас отделларга, төрүт олохтоохтор тустарынан элбэх дакылаат оноһуллубут, ол гынан баран "төрүт олохтоох" диэн термин чопчу туһааннаах өйдөбүлэ олохтоно илик уонна ити терминнэ "юридическай, законодательнай" статус чопчу бэриллэ илик дииллэр. "Төрүт олохтоох" диэн өйдөбүлү быһаарыыга маннык сүрүн куолуну тутталллар:
Бастакытынан, бу сиргэ олорооччулар өбүгэлэрэ атын кэлии омуктар баһылыахтарын иннинэ олорбут буолуохтаахтар;
Иккиһинэн, төрүт олохтоохтор бүгүннү күҥҥэ, ахсаан да өттүнэн, атын да бырааптар өттүлэринэн "кэлиилэргэ" баһыйтарар буолуохтаахтар;
Үсүһүнэн, төрүт культуралара кэлии дьонтон уратылаах буолуохтаах;
Төрдүһүнэн, бу олорор олохтоохтор "биһиги манна төрүт олохтоохпут" диэн өйдөбүллээх буолуохтаахтар.
Бу куолуга олоҕуран туран сахалар төрүт олохтоох буоларбыт ырылхайдык көстөн тахсар.
"Төрүт олохтоохтор" диэн быһаарыыга маннык терминнэри эмиэ киллэрэллэр: "афтохтоны", "этнические менынинства", "население ведущее (полу) племенной образ жизни", "первоначальное" уонна "четвертый мир" диэн. Биллэн турар, төрүт олохтоохтор диэни быһаарыыга кинилэр бу дойду аборигеннарын удьуордара-сыдьааннара буолуулара мөккүһүллүбэт куоһур буолар.
Хас биирдии континент, федерация, оннооҕор республика төрүт олохтоохторун быһаарарыгар, бу хаһан эрэ сэриилээн ылан баттаан-үктээн, сыһытан, "ыанар ынах" гыммыт омуктарыгар атынтан-атын терминнэри туттар: "родовой, полуродовой общиналар", "нац. менынинства", "аборигеннар" уо.д.а. Хайа да дойду төрүт олохтоохторо билиҥҥи балаһыанньаларыгар колонияҕа кубулуйбут "уруккулаах" буолаллар.
Биһиги, сахалар, эмиэ оннук "уруккулаахпыт", ол 360 сыллааҕы "дьолго тиксибит уруккубутун" бырааһынньыктаан бырдаҥаластыбыт. Бэйи, доҕоттоор, ХНТ Генеральнай Ассамблеятын сессиятыгар Испания, сорох европейскай уонна американскай государстволардыын куомуннаһан, 1992 сылы Христофор Колумб Американы аспыта 500 сылын бэлиэтиэҕин диэбиттэрин, үгүс дойдулар утаран турбуттара. Ирландецтар, скандинавтар биһиги Американы урут аспыппыт диэн мөккүөрү тардыбыттара. Оттон африканецтар "колониализм бырааһынньыгын" ХНТ бэйэтэ-бэйэтинэн тэрийэрэ оруна суоҕун ыйбыттара.
Итинтэн сылтаан ХНТ араас таһымыгар тиийэ аҕыс айдаан тардыллыбыта. 1976 сыллаахха АХШ тутулуга суох буолуутун 200 сылын бэлиэтээбитигэр, Америка индеецтэрэ уонна кинилэри өйөөччүлэр бүтүн континент устун марш тэрийбиттэрэ уонна Америка элбэх сири сэриилээн ылбытын, баттаабытын-үктээбитин, төрүт олохтоох индеецтэри резервацияларга симпитин санаппыттара. 1992 сылы, Колумб Америкаҕа тиийиитин 500 сылын - Аан дойду төрүт олохтоохторун сылынан биллэрэргэ этиилэр киирбиттэрэ. Уонна төрүт олохтоохтор сылларыгар кинилэр хайдах олороллорун, бырааптарын, сирдэрин-уоттарын, доруобуйаларын, сайдыыларын, культураларын, үөрэхтэрин туругар тиийэ чинчийиини ыытарга эппиттэрэ.
Историяттан бары билэрбит курдук, "Амыарыканы аһыы" түмүгэр, үйэлэр усталара үүнэ-сайда олорбут бүтүн норуоттар суох буолбуттара, мөлүйүөнүнэн ахсааннаах киһи сэрии содулугар өлбүтэ. Төрүт олохтоохтор кыргыллыбыттара уонна кэр-дьэбэр олохтоммуттара. Историяны төһө да баҕарбытын иһин хаттаан суруйбаккын, ааспыты хайдах да гынан туора соппоккун. Дьиҥ иһинэн, биһиги 360 сыл анараа өттүгэр колониализм сиэртибэтэ буолбут ытык сахаларбыт кэриэстэригэр, кэриэстэбил сылын биллэриэхпитин сөптөөҕө. Туруулаһан төрүт олохтоох буоларбытын, Саха сиригэр-уотугар, кини республикатыгар аатын биэрбит, төрүттээбит омук бу суверенитеты сүгэр уонна Саха Республикатын төрүттүүр диэн балаһыанньаны Конституцияҕа киллэртэрэргэ турунуохтаах этибит. Саха омуга бэйэлээх бэйэтин республикатыгар миэстэтэ быһаарыллыбытын эрэ кэнниттэн кини Федерацияҕа миэстэтэ, ону таһынан Аан дойдуга кытта миэстэтэ быһаарыллыахтаах.
ХНТ иһинэн "төрүт олохтоох кимий" диэн быһаарыы киллэрэ сатаабыттар, 1982 с. онно сүрүн дакылаатчыт маннык диэн эппит: "Коренное население - это коренные общины, народности и нации, сохраняющие историческую преемственность с обществами, которые существовали до вторжения завоевателей и введения колониальной системы и развивались на своих собственных территориях, считающие себя отличающимися от других слоев общества, преобладающих в настоящее время на этих территориях или на части этих территорий. Они составляют слои общества, не являющиеся доминирующими, и хотят сохранить, развивать и передать будущим поколениям территорию своих предков и свою этническую самобытность в качестве основы для продолжения своего существования как народа в соответствии со своими собственными культурными особенностями, социальными институтами и правовыми системами".
Дьэ бу этииттэн көстөрүн курдук, ким "төрүт олохтоох" диэн ааттаныахтааҕын бэйэтэ быһаарыахтаах. " Национальное менынинство" уонна "коренное население" диэн быһаарыылар төһө да уратылардаахтарын иһин, "төрүт олохтоох" диэн быһаарыыга хабыллааччынан, кэлиҥҥи 500 сыл иһигэр колониализм батталыгар хабыллыбыттар киирбиттэр. Ол эрэн, ХНТ үлэлиир быһаарыытыгар (рабочее определение) төрүт олохтоохтору төһө да сорох кыһалҕалара, ирдэбиллэрэ уратылаахтарын иһин "национальное меньшинство" диэн киллэрбиттэр.
Аан дойду төрүт олохтоохторун барыларын балаһыанньалара бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэр, майгыннаһар буолбатахтар. Кинилэр ис-дьин балаһыанньалара, хайдах тутуллаах, сайдыы ханнык таһымыгар тиийбит государствоҕа олороллоруттан быһаарыллар. Сорохтор ахсаан өттүнэн элбэх эрээрилэр бэйэлэрин тутулларыгар баттанан олороллор, сорохтор тылларын-өстөрүн, культураларын сүтэрэн, хааннарын буккуйан эстэн-сүтэн эрэллэр. Сорохтор, биһиги курдук, төрүт итэҕэллэрин, культураларын, тылларын барҕарда сатыыллар, бэйэлэрин өбүгэлэрин олохторун, үөрүйэхтэрин, уратыларын омук уратытын быһыытынан хаалларарга дьулуһаллар. Инньэ гынан, колонияҕа олоруу уонна омук быһыытынан бэйэни дьаһанан олоруу үөрүйэхтэрэ майгыннаспат өрүттээхтэр.
Дьэ, ол иһин да буолуо, аан дойду таһымыгар "төрүт олохтоох" кимин-тугун быһаарыы үгүс мөккүөрдээх өрүттэрдээх. Үлэ барбат буолбатах, барар. Төрүт олохтоох быһыытынан, омук быһыытынан, аҕыйах ахсааннаах да быһыытынан бэйэни көмүскэттэриэххэ диэтэххэ, туһаныахха, күүс-көмө көрдүөххэ диэтэххэ, араас таһымнаах тэрилтэлэр сокуоннара, аактара, паактара уо. д. а. элбэхтэр.
Аан дойду таһымыгар төрүт олохтооххо көмөлөһөр кыахтаах тэрилтэлэр.
Аан дойдутааҕы баан
Манна 150-тан тахса дойду киирэр. Баан 1982 с. дылы төрүт олохтоохторго көмөлөспөтөх эбит. Бу баан үбүлээһининэн төрүт олохтоохтор сирдэригэр-уоттарыгар улахан тутуулар, атын да бырайыактары олоххо киллэрии ыытыллаллар. Ол тутуулар төрүт олохтоохтор сирдэригэр-уоттарыгар, айылҕаларыгар куһаҕан дьайыыларын иһин эппиэттээбэт эбит буоллаҕына, элбэх критика кэнниттэн, төрүт олохтоохтор ыллыктаах туруорсууларын ылынарга күһэллибит, сөптөөх докумуоннары ылыммыт. Ол аата төрүт олохтоохторго кинилэр сирдэригэр-уоттарыгар омсолоох дьайыыттан көмүскэнэр гарантия суох буоллаҕына баан бырайыагы үбүлээ-бэт. Бу баан үчүгэй да, куһаҕан да дьайыыта хаһан эрэ биһиги Сахабыт сиригэр тиийэн кэлиэн эмиэ сөп.
Маны таһынан Азиатскай баан, Межамериканскай баан уо. д. а. бааннар бааллар. Итинэн сиэттэрэн, тугу этээри гынабыный? Аан дойду ханнык баҕарар муннугар төрүт олохтоохтор олорор сирдэригэр ыытыллар тутуулары, бырайыактары үбүлүүр бааннар ол үбүлүүр тутууларын төрүт олохтоохторго дьайыыларын иһин эппиэ-тинэһи сүгэллэр. "Мы, народы... преисполненные решимости... вновь утвердить веру в основные права человека, в достоинство и ценность человеческой личности... проявлять терпимость и жить вместе, в мире друг с другом, как добрые соседи... использовать международный аппарат для содействия экономическому и социальному прогрессу всех народов...
Преамбула Устава ООН, 1945 г."
Биллэрин курдук, Аан дойдутааҕы уонна правительственнайа суох тэрилтэлэр төрүт олохтоохтор кыһалҕаларыгар сылтан сыл аайы болҕомто биэрэр буолан иһэллэр. Тоҕо диэтэргит, кинилэр Аан дойду суобаһын кэрэһэлииллэр. ХНТ-га төрүт олохтоохтор бырааптарын көмүскүүр 9 аналлаах докумуон ылыллыбыт:
1. ХНТ Устааба: "права человека и основа свободы для всех, без различия расы, пола и религии".
2. Бүттүүн киһи быраабын декларацията: "...призывайте все государства гарантировать эффективное признание и соблюдение прав каждого человека на равенство, не дискриминацию, образование и участие в культурной и политической жизни".
3,4. ХНТ экономическай, социальнай уонна культурнай бырааптарын паага уонна гражданскай-политическай бырааптар паактарыгар: киһи расатын, тириитин өнүнэн, национальнай эбэтэр социальнай төрүтүнэн олоҕуран баттааһын бобуллар. Ханнык баҕарар
415
норуот бэйэтин бэйэтэ бас билиниитэ уонна естественнэй ресурсаларын бэйэтэ дьаһаныыта көрүллэр.
Гражданскай уонна политическай бырааптар 27-с ыстатыйаларыгар этиллэр:
"В тех странах, где существуют этнические, религиозные и языковые менынинства, лицам, принадлежащим к таким менынинствам, не может быть отказано в праве совместно с другими членами той же группы пользоваться своей культурой, исповедовать свою религию и использовать ее обряды, а также пользоваться родным языком".
5. ХНТ Факультативнай боротокуола киһи бырааптарыгар комитетыгар үҥсүүлэри түһэриини быһаарар.
6. ХНТ 1966 с. конвенциятын бастакы ыстатыйата:
"Любое различие, исключение, ограничение или предпочтение, основанное на признаках расы, цвете кожи, родового, национального или этнического происхождения, имеющие целью или следствием уничтожение или умаление признания, использования или осуществления на равных началах прав человека и основных свобод в политической, экономической, социальной, культурной или любых других областях общественной жизни..." расовай дискриминация быһыытынан ааҕыллар.
7. 1948 сыллаахха ылыллыбыт ХНТ конвенциятыгар геноцид буруйу онорууларын сэрэтии уонна геноцид иһин эппиэтинэс туһунан докумуон ылыллыбыт.
8. 1960 сыллаахха ылыллыбыт колонияларга олорор дойдуларга уонна норуоттарга тутулуга суох буолууну биэрии туһунан декларация ылыллыбыта.
9. Апартеид буруйдарын суох оноруу уонна ол иһин эппиэтинэс туһунан Аан дойдутааҕы конвенция.
Төрүт олохтоохтор бу конвенция олоххо киириитин хонтуруоллуур комитеты нөнүө официальнайа суохтук туруорсуохтарын сөп. Маны таһынан 1973-83 сс. Аан дойду ХНТ конференцияларыгар "төрүт олохтоохтор" бэйэлэрин тылларын, үгэскэ кубулуйбут культураларын, экономикаларын хаалларар бырааптаахтарын, төрүт олохтоохтор сирдэрин-уоттарын айылҕа ресурсаларыгар эмиэ бырааптаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэр.
1978 сыллааҕы ХНТ конференцияларыгар государстволар төрүт олохтоохтор маннык бырааптарын билинэллэригэр эппит:
а. Бэйэлэрин ааттарын бэйэлэрэ ааттаналларыгар итиэннэ бэйэлэрин этническэй уонна культурнай уратыларын көҥүллүк көрдөрөллөрүгэр.
б. Официальнай статустаах буолалларын уонна кинилэри омук быһыытынан көрдөрөр, харыстыыр тэрилтэлээх буолалларыгар.
в. Бэйэлэрин олорор сирдэригэр үгэскэ кубулуйбут экономикаларын уонна олохторун тутулун тутуһалларын хааччыйарга уонна ол үгэскэ кубулуйбут олохторун тутула кинилэр дойду экономическай, социальнай, политическай сайдыытыгар кытталларыгар мэһэйдиэ суохтаах. Тэҥ буолуулара хааччыллыахтаах.
г. Бэйэлэрин төрөөбүт тылларын харыстыылларын уонна кыах баар буоллаҕына салалтаҕа, үөрэҕириигэ тутталларын.
д. Үөрэҕи билиини, информацияны ылыыларыгар, кинилэр бэйэлэрэ баҕа өттүнэн ирдэбил туруорууларынан, төрөөбүт тылларынан туһаныахтаахтар.
Үлэ аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (МОТ)
МОТ 27 №-дээх конвенцията чуолаан, чопчу төрүт олохтоохтор кыһалҕаларыгар анаммыт конвенция буолар. Кини 37 ыстатыйаттан турар, 8 разделлаах: сири бас билии, үлэ усулуобуйата, идэҕэ үөрэтии, тыа сирин дьарыктара, социальнай хааччыйыы, доруобуйа харыстабыла, үөрэҕирии, о. д. а. курдук тыын боппуруостары хаппыт.
Бу конвенцияны 27 дойду ратификациялаабыт.
Биһиги урут ССРС территориятыгар олорбуппут. Сүүһүнэн омуктар бырааптарбытын, төрүт олохтоохтор омук быһыытынан туруорсууларбытын барытын биир ССРС эппиэттииргэ ылынара. Уонна ССРС иһигэр бары тэнмит, биир бырааптаахпыт, "интернационализм чэчирии сайдан" олорор, ханнык да омук баттаммат диэн санаанан салайтаран аҕыйах ахсааннаах, төрүт олохтоох омуктар бырааптарын харыстыыр докумуоннары ССРС ратификациялаабатаҕа. ССРС ыһыллыбыта, КГТ ыһыллыбыта, РФ ыһыллар туруктаах, оччотугар ким кэлэн биһигини омук быһыытынан сирэйбитин көрдөрөр, омук быһыытынан уратыбытын Аан дойду таһымыгар харыстыыр. Эбэтэр күнүн аайы кырыгыран иһэр, ылбыт суверенитеппыт дуомун хабарҕалыы, хааччахтыы сатыыр Россия империята: "Эһиги маннык бырааптааххыт, бэйэҕит көнүлгүтүн-быраапкытын туһанын", - диэн бүлүүһэҕэ ууран биэрэр дуу? Российскай империя өйдөөхтөрө оннук акаары буолбатахтар. Бэйэлэрэ бэйэлэригэр иин хастарыахтара суоҕа.
Ааҕааччылар өйдөөн-болҕойон истэргит эбитэ дуу... "Российскай Федерация" диэн өйдөбүл күн-түүн суураллан, сүтэн, симэлийэн иһэрин, барыта "Россия" да "Русь" диэн ааттанар буолбутун. Биһиги Россияҕа киирбэтэхпит, биһиги Российскай Федерацияҕа, Федеративнай дуогабарга илии баттаан киирбиппит, ити атын-атын өйдөбүллэр. Күн аайы сахаларга, өр кэм устатыгар "эн нууччаҕын, эн нууччаҕын" диэн хатылаатахха, төһө эрэ кэминэн "ээ биһиги нууччаларбыт ээ" диэн итэҕэйэн барар туруктаахпытыгар тоҕо эрэ сөпсөһүөх санаам кэлэр.
Биһиги Президеммит М. Е. Николаев, Советскай Социалистическай Республиканы ааттаан-суоллаан андаҕар биэрбитэ. Б. Н. Ельцин Российскай Советскай Федеративнай Социалистическай Республика аатынан андаҕайбыта. "Советскай" уонна "социалистическай" диэн олох тутулун түннэри быһааран таһаарар идэмэрдээх өйдөбүллэр суох буолбуттара. Атын тутул кэлбитэ. Президеннэр эмиэ бүгүн баар сөптөөх тутулга анаан андаҕайыахтаахтар. Эбэтэр "советскай, социалистическай" тутулбут төттөрү эргиллэрин кэтэһэбит дуу?!
ЮНЕСКО
ХНТ үөрэҕирии, наука уонна культура боппуруостарыгар тэрилтэтэ. ЮНЕСКО үлэтэ ситэтэ суоҕунан Аан дойду таһымыгар элбэхтик кириитикэлэнэр, киниэхэ бэриллибит кыахтары ситэ туһаммат диэн этиллэр, элбэх үнсүүлэр киирэллэр эбит.
Саха сирин олохтоохторо, бары билэргит курдук, ЮНЕСКО кыттыылаах Аан дойду таһымнаах конференциялар биһиэхэ ыытылыннылар. Бу соторутааҕыта буолан ааспыт үөрэҕирии боппуруостарыгар анаан ыытыллыбыт конференция ЮНЕСКО төрүт олохтоохтор кыһалҕаларыгар болҕомтону биэрэр буолан иһэрин кэрэһэлиир.
Аан дойдутааҕы суут
Бу эмиэ ХНТ органа. Бу суут үлэтигэр суукка киирбит государстволар эрэ кытталлар, ол эрэн, бу сууттан консультациялыыр быһаарыыны ХНТ Генеральнай Ассамблеята, эбэтэр Куттал суох буолуутун Сүбэтэ ирдиир кыахтаах. Онон бу тэрилтэлэр нөнүө ХНТ атын органнара, сууттан сөптөөх быһаарыыны ылыахтарын сөп. Төрүт олохтоохтор холобура МОТ нөнүө бу суукка тахсыахтарын сөп.
ХНТ иһинэн баар араас программалар, бөлөхтөр ХНТ тулалыыр эйгэҕэ программата (ЮНЕП), атыы-эргиэн сайдыытыгар (ЮНКТ), промышленнай сайдыыга (ЮНИДО), Оҕо фондата (ЮНИСЕФ), күрүөйэхтэр (беженцы) дьыалаларыгар управлениета (УВКВ), доруобуйа харыстабылыгар (ВОЗ) ХНТ университета (ЮНЮ) - Токиоҕа баар, социальнай сайдыыны чинчийэр научнай институт (ЮНРИСД) Женеваҕа баар, ХНТ научнай-чинчийэр института (ЮНИАТАР) Нью-Йорка баар уо. д. а.
Маны таһынан регионнарынан көрөн, араас тэрилтэлэр эмиэ бааллар. Ол гынан баран бу араас континеннарга баар региональнай уонна правительстволар икки ардыларынааҕы тэрилтэлэр, төрүт олохтоохтор кыһалҕаларыгар сөптөөх болҕомтону биэрбэттэрин этэллэр. Үгүс дойдулар, государстволар бэйэлэрин политическай интэриэстэрин көрөн, бэйэлэрин национальнай юрисдикцияларыгар олоҕуран, төрүт олохтоохтор кыһалҕаларыгар орооһууну, кинилэргэ көмөлөһө сатааһыны утараллар.
Правительственнайа суох тэрилтэлэр
Төрүт олохтоохтор тустарыгар Аан дойду уонна национальнай бырааптар усулуобуйалара толоруллубат түбэлтэлэригэр правительственнайа суох тэрилтэлэр көмөлөрүн туһаналлар. Бу тэрилтэлэр уратылара диэн ханнык да правительстволар ыытар политикаларыгар бас бэриммэттэр. Ол иһин правительстволар бэйэлэрин политикаларын көмүскээн ылыммыт быһаарыыларын көтүттэрэр кыахтаахтар.
Таах хаалар куолу...
ХНТ төрүт олохтоохтор кыһалҕаларын быһаарыыга үлэлиир бөлөҕө уо. д. а. тэрилтэлэр төрүт олохтоохторго анаан-минээн ыйбыт докумуоннара олус элбэхтэр. Биһиги правительствобыт иһинэн аан дойду таһымыгар үлэлиир кыахтаах араас министерстволар, ЮНЕСКО Саха сиринээҕи бөлөҕө дуу, отдела дуу диэннэр бааллар. ЮНЕСКО чилиэнэбин диир "Саха омук" диэн общественнай тэрилтэ баар буола сылдьыбыттаах, эмиэ да саха омугун сомоҕолуохтаах Саха конгреһа диэни тэрийэ сатаабыппыт. Кэлбит-барбыт туох дииринэн салайтаран олордохпут. Эгэ кэлэн, киһи уонна омук бырааба баламаттык тэпсиллэр сиригэр - хаайыыларбытыгар болҕомто ууруохпут баара дуо?!
Депутаттарбыт таһымнара да, үлэлиир үөрүйэхтэрэ да онно сөп түбэһэр. Үгүс салайааччыларбыт, депутаттарбыт саха норуотун ханна сирдиигин, ханнык ынырар сулуска дьон санаатын түмэҕин, дьулуһаҕын диэтэххэ, тугу эмэ чопчу этэллэрэ биллибэт. Ол барыта, кинилэр хас биирдии хаһыакка, телевизорга, радиоҕа кэпсииллэриттэн, суруйалларыттан арылхайдык көстөр. Кинилэр күннээҕи түбүктэрин, кыһалҕаларын кыайан быһаарымына буккулла сылдьаахтыыллар, күннээҕи түбүктэрин таһымынан олороллор.
Бүттүүн саха норуотун иннигэр, кини дьулуһар ыра-баҕа санаатын - дьиннээхтик көнүл буолууну ситиһэр, саха омук национальнай государственноһын олохтооһун сыалын-соругун аһаҕастык туруорар уонна туруорсар кэм кэллэ. Ким да бүгүн Россияттан арахсын, кэлиилэри үүртэлээн диэбэт. Биһигини кытта үйэлэр усталарыгар олорбут нууччалар да, атын да омуктар Саха Республикатын дьиннээх суверенитета олоххо киирдэҕинэ, кинилэргэ эмиэ үчүгэй буоларын, кинилэр олохторо эмиэ тупсарын өйдүүллэрэ буолуо дии саныыбын. Кылгас кэмҥэ байа-тайа кэлбит кэрийбэх дьон өйө-санаата, психологията бүгүҥҥү күҥҥэ баһылаан олорор.
Бу ыраах, хаһан эрэ кэлиэхтээх сыалы-соругу, баар дьону биир кэскиллээх санааҕа түмэр туһуттан "Саха кэскилэ" общество уонна "Ил" партия аһаҕастык туруорбуттара. Ол иһин буолуо, республика салалтатын, барҕарыы фондатын, атын да официальнай тэрилтэлэр өттүлэриттэн өйөбүлү ылбатаҕа. Бу тэрилтэлэргэ уонна саха төрүт культуратын, үгэстэргэ олоҕурбут Айыытын итэҕэлин тарҕатар "Кут-сүр" обществоҕа биир да кэппиэйкэ көмө оноһуллубатаҕа. Хата, ол оннугар, туох да туруктаах үлэни ыыппатах, ыһыллан хаалбыт "Саха омуга" элбэх харчыны матайдаата.
Республикаҕа олохтоох омуктар бары түмсүүлэрэ уонна сэбилэнэн эрэр, Россия империятын былыр-былыргыттан колонизаторскай политиканы ыытарга аналлаах сүүһүнэн омуктар сүһүөхтэрин бокуппут, хааннарын халыппыт казачество кытта өйөбүлү ыллылар (казачество культурнай общество быһыытынан баар буоларын утарбаппын).
"Айыы үөрэҕэ" диэн кинигэни таһаартараары хас да сыл устата онно-манна сыналана сатаан кэбистибит. Туһа суох. "Бичик" диэн кинигэ национальнай издательствотыгар киирэн боотурҕанан, үүрүллэн кэриэтэ таҕыстыбыт. Издательство кылаабынай редактора Н. Винокуров "Мин баарым тухары бу издательствонан Айыы үөрэҕэ тахсыа суоҕа!", - диэн, издательство директора истэн олордоҕуна суоһурҕанан, булгуруйбат бириигэбэрин таһааран кэбистэ. Директор, киһитин уорун-кылынын намыратан, сүбэлэһэн кэпсэтэн көрөн баран быһаарыахха диэн уталыппыта да, Н. Винокуров соҕотоҕун быһаарыыта көтүрүллүбэт күтүр күүстээх эбит.
Айыы үөрэҕин ааҕааччы Н. Винокуровынан бүппэт, үгүс саха дьоно, культура, оскуола, детсад үлэһиттэрэ эдэр көлүөнэни иитиигэ туһанаары ити кинигэ тахсарын кэтэспиттэрэ өр буолла. Дьининэн ити эрэ кинигэ буолуо дуо, Айыы үөрэҕин атын да кинигэлэрэ эмиэ бэлэмнэр.
Дьон-сэргэ эрэлэ-итэҕэлэ эстэн ханнык эмэ дириҥ үөрэххэ, итэҕэлгэ тирэҕириэхтэрин, инникигэ эрэллэниэхтэрин баҕараллара биллэр. Ону бэркэ билэр буолан аан дойду ааттаахтара бэйэлэрин араас итэҕэллэрин, үөрэхтэрин (христианствоны, бахаизмы, мун үөрэҕин, мусульманствоны уо. д. а.)
Саха сиригэр киэнник тарҕатарга дьулуһаллар. Кинигэлэрин сахалар тылбаастыы-тылбаастыы таһаарарга үлэлэһэллэр. Атын омуктар итэҕэлэрин нөнүө саха дьонун кутунсүрүн бэйэлэрин "киэлилэригэр" куудьуйаллар. Тоҕо эрэ онно харчы, сүрэх, бэлэс көстөр. Итинник быһыыны мин ыарыылаахтык ылынабын. Бэйэлээх бэйэбит Айыыбыт итэҕэлин үөрэҕин тарҕатыы өйөммөтө өйдөммөт.
Түмүк
Мин. Мини билии. Минэ биллэр киһи. Миннээх омук диэн баар. Омук дьоһууна (достоинствота), киэн туттуута диэн эмиэ баар. Оҕо төрүөҕүттэн саҕалаан кини кимин-тугун билэргэ, хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин билэргэ уһуйуллуохтаах, кута-сүрэ чөл буолуутун хааччыйыллыахтаах. Үөрэтии кыра. Үөрэтии үрдүк чыпчаала уһуйууга тиийии буолар. "Мини билии" үөрэҕин депутаттарга, президеҥҥэ тиийэ бары куппутугар-сүрбүтүгэр иҥэриннэхпитинэ биирдэ, бүттүүн саха омук минэ, дьоһууна, киэн туттуута баар буолуоҕа. Миннээх, дьоһуннаах, чөл куттаах эрэ омук бэйэтин аатын-суолун тэбистэрбэт, бэйэлээх бэйэтин дьонун-сэргэтин кыһалҕатыттан бас-көс дьонун тот олоҕун оҥостубат. Кини кимин-тугун биллэрэр, орто дойду олоҕор халбаҥнаабат туруктаах сырдык ыралаах бигэ тирэҕин булунар уонна инникитинэн, кэлэр кэскилинэн олорор. Бүтэһикпэр маннык этиилээхпин.
1. Саха омугун омук быһыытынан, төрүт олохтоох быһыытынан (эбэҥкилэри, эбээннэри, юкагирдары этэ да барбаккын, кинилэр төрүт олохтоохтор уонна бэйэлэрин көмүскэтэр министерстволаахтар) араҥаччылыыр тэрилтэ хайаан да наада. Бүттүүн саха омугун съеһин хоһуттан ыытыахха.
2. Саха сиригэр киһи уонна омук ,төрүт олохтоох быраабын харыстыыр комиссия (кэмитиэт) тэриллиэхтээх уонна олохтоох, туруктаах үлэни саҕалыахтаах.
3. Төрүт олохтоохтор гуманитарнай боппуруостарыгар тутулуга суох комиссияны тэрийэн, республика төрүт олохтоохторун олохторун-дьаһахтарын, доруобуйаларын, хаайыылаахтарын, тулаайахтарын, кыамматтарын, ууларын, сирдэрин-уоттарын барытын чинчийтэрэн, үөрэттэрэн баран, төрүт олохтоохтор декларацияларын принцибин оҥорон, ХНТ үлэлиир бөлөҕөр, МОТ-гэр эбэтэр Аан дойдутааҕы төрүт олохтоохтор гуманитарнай боппуруостарыгар тутулуга суох комиссиятыгар түһэриэххэ. Саха сирин уонна кини олохтоохторун бүтүн Аан дойду харыстыыр, араҥаччылыыр кэтээн көрүүлээх регионнарыгар киллэттэриини ситиһиэххэ.
4. Сахаларга төрүт олохтоохтор статустарын биэриини ситиһиэххэ. Уонна төрүт олохтоох саха норуота суверенитеты сүгэр диэн ыстатыйаны Конституцияҕа киллэриэххэ. Саха норуотун национальнай государственноһын тутуу үрдүк сыалын-соругун аһаҕастык туруоруохха.
5. Саха сиригэр барар улахан тутуулар, атын да промышленнай, байыаннай бырайыактар олоххо киириилэрин кытаанах кэтэбилгэ ылыахха уонна төрүт олохтоохтор сөбүлэҥнэрин эрэ кэнниттэн көҥүллүөххэ. Саха сиригэр, урут ыытыллыбыт айылҕаҕа уонна дьоҥҥо куһаҕан дьайыылаах тутуулар содулларын иһин төлөбүрү уруккута ССРС-тан, билигин РФ ирдиэххэ.
6. Саха омуга республикаҕа миэстэтэ быһаарылла илигинэ үөһэттэн соҥнонор араас политическай тэрээһиннэргэ, референдумнарга кыттартан туттунуохха.
7. Былаас бары структураларыгар быыбары хоһуттан ыытыахха.
8. Саха омуга омук быһыытынан чөлүгэр түһүүтүн, барҕарыытын тыын боппуруостарын быһаарыыга государственнай политика ыытыллар туруктаах быһыытын-майгытын олохтуур сыалы-соругу туруорунуохха.
9. Бэйэни салайыныы, дьаһаныы сокуоннарыын аллараттан, үгэскэ кубулуйбут уратыны аахсан оҥорууну ситиһиэххэ.
Эппитим экчи буолуохтун, саҥарбытым чахчынан туолуохтун!
"Сиэркилэ" кинигэ 412-421сс. суруллубута
Category: II-c cаха конгреhа | Added by: uhhan (2007-09-22)
Views: 4270 | Rating: 4.0 /3 |
Уххан. Төрүт олохтоох диэн кимий?
Алтынньы 31 к. Саха театрын кыра саалатыгар, Саха кэнгириэһэ диэн общ. тэрилтэ салайааччыта Егор Жирков ХНТ иһинэн төрүт олохтоохтор былырыын ылыммыт декларацияларын сахалыы тылбаастаан билиһиннэрэр мунньаҕы тэрийдэ. 70-ча киһи кэлбит.
Биллэрин курдук былырыын күһүн Россияны кытта холбоһууну бырааһынньыктааһын чэрчитинэн , саха омук иккис кэнгириэһэ диэн ааттаан, үөһэттэн бэлэмнэммит сценарийынан, “Тиэргэн” диэн саха омугун “сайыннарар” кэнсиэпсийэлээх мунньах тэриллибитэ. Ол мунньах сыалын ситиспэтэҕэ. Үөһэттэн былааска сөп түбэһэр дьонунан “талыллыбыт” эдиинэй састаап “талыллыбыт” курдук буолбута.
Бу кэнгириэскэ улуустартан саха туһун дьиҥнээхтик кыһанар (чиновниктарынан, эдиинэй партия чилиэннэринэн буотах ) делегаттары олохтоохтор талан ыытыахтаах этилэр. Кинилэртэн кэнгириэс салайар састааба талыллыахтааҕа. Ити туһунан элбэх суруллубута.
Билиҥҥи састаап төрүт олохтоох туһугар Россия колониальнай политикатын утаран туох да күттүөннээҕи оҥорор кыаҕа суох. Дьиҥинэн Саха Кэнгириэһэ сахалар тустарыгар кимиэллээхтик киирсэр тэримтэбит буолуохтааҕа.
Былаастан тутулуга суох төрүт олохтоохтор тустарыгар кэмитиэти тэринэрбитигэр кэм кэллэ. Төрүт олохтоохтор декларацияларын киэҥник тарҕатан кэпсэтиини, дьүүллэһиини тэрийии сөптөөх.
Эбии маны көр:
Төрүт олохтоох диэн кимий? 1993 сыллааҕы ыстатыйа
Россия воздержалась при голосовании на Генассамблее ООН по Декларации о правах коренных народов
Саха конгреһын туһунан суруйуулар.
Саха кэнгириэһиттэн санаалар
Анатолий Чомчоев Координационнай Сэбиэттэн тахсарын биллэрдэ
Спиридон Татаринов. После конгресса
Москвич. Жизнь за МКАДом
http://uhhan.ru/publ/86-1-0-55 Төрдүс былаас баар дуо ?
Ытык сир өйдөбүлүн сэһэнэ СИЭРКИЛЭ кинигэ 370 стр. Сүрүн сирэйгэ Үөһээ билэни баттаан кинигэни ас.
КЭСКИЛ эбэтэр КЭП СИЭРКИЛЭ 392 стр
Тугу да сүтэрэрэ суох киһи кэскилгэ наадыйбат СИЭРКИЛЭ 408 стр
ГОСУДАРСТВОЛААХ БУОЛУУ психологията СИЭРКИЛЭ 424 стр
Category: Саха |
Views: 1894 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 14
Ыалдьыттар (гостей): 14
Кыттааччылар (пользователей): 0