Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Уххан "Саҥа дьыллааҕы Саар Ыыс"


Саҥа дьыллааҕы Саар Ыыс

(шарж)

Уххан анабыл хоһуйуктара:

Ырыаһыт этигэн куолаһа
    музыка доҕуһуолугар
       бигэнэн,
Тыл иэйиитигэр уйдаран
    санаа ситимин устун
       cайа көтөр.
Хайдах эрэ ити,
    кынаттаах дорҕоон
Дайбанан ыла-­ыла
    истигэн салгыҥҥа
       умсаахтыыр.
Онтон,
    өрө кыырайан тахсан
       тайаара дайдарар.
Ити, ыра санаам
    көмүс дорҕоонноро
       көтөллөр…
Ардыгар,
    тэтимнээх ырыа
       дьүрүскэнэ үҥкүүлүүр,
Дьиэрэҥкэйдиир,
    дэгэлдьийэн ыла-ыла
       дэгэрэҥниир,
Кылыһах кылын
    таарыйа дайбана
       кыырайа көтөр…
Ырыа барахсан,
    дьикти да умсулҕаннаах
       уран оҥоһуулааххын,
Иһирэҕи , истини уһугуннарар
    нарын да сайыылааххын.
Хас биирдии истээччи
    өйүгэр-санаатыгар өрүүр
       кутугар­ сүрүгэр кутуллар
Тырымнас иэйии
    тымырын­ сыдьаанын
       булаҥҥын,
Иҥэн киирэр
    имигэс иһирэххин,
       истигэн истиҥҥин.
Айар куттаах ырыаһыт дьоммун
    ырыта сыаналыы,
Анабыл хоһуйуктарынан
    ааттарын таайтара
       аттара наардыы,
Дьүөрэ тылынан дьүһүйэ
    дьүһүн-бодо быһыталыы
       ыһаар-ыыстаталыы
Тылынан уруһуйдаталыы
    олоробун….




Эдьиий Марыына

1.
Хааман наҥнардаан
Төрдүттэн түөрэҥнээн
Төрүт сахалыы майгылаах
Хас хамсаныыта маанылаах
Дэгэрэҥ дэгэттээх
Дьиэрэтии дьиктилээх
Биһирэмнээх бэлэстээх
Күөгэйэр күөмэйдээх
Куттаах­ сүрдээх куоластаах.

Ыллаан бардаҕына
Ытыһыҥ хабыллар
Туойан бардаҕына
Турдаххына табыллар
Эдьийбит бараххан
Этэн-тыынан бардаҕына
Эймэһийэ истэҕин
Эппэт кэлэҕэй буолаҕын

Сахалартан- махалартан
Сайаҕас саймаархай
Саамай, сыымай
Сахалыы ырыалаах
Киириэн инниттэн
Киэн тутта
Кимин билэбит.
Ааһа илигиттэн
Алгыс кэриэтэ
Аатын ааттыыбыт.
Эҕэрдэлиир киһибит
Этиҥ эрэ кимий?
(Э-дьиэй - ­ Ма-­рыы-­на!)

Раиса Захарова

2.
Мытаахтан мыытаралаах
Солоҕонтон солуобалаах
Одьулуунтан олуктаах
Махачкалааннан матайданан
Дьокуускайга дьоһуннаммыт

Испирдиэнэбис диэн
Ииппит аҕалаах
Ырыаҕа убайа Муслим Магомае,
Батыһар киһитэ Батыр Закиров,
Эдьийим диэччитэ Эдита Пьеха,

Сыллыырабаттан сыстан
Сыттаах ырыаламмыт
Аркаадьыйдыын алтыһан
Амтаннаах ааттаммыт

Мэниктээбитэ киинэҕэ уһуллар
Олоҕун оһуора кинигэҕэ суруллар
Сахалыы ырыа саймаархай кута
Абылаҥнаах ураты дорҕоонноох
Сахалыы дьүрүскэн куоластаах
Айыы ырыатын аламаҕай астыга
Аата суола этиҥ эрэ кимий?
(Арайыыса Сахаараба!)

Иван Степанов

3.
Аарыйалардаах арамааныс
Аартыктарын дабайан
Уопаралардаах олоҥхо
Олоҕунан олорон
Сэлээппинтэн сэлээппэтин
Чайкуобускайтан чааккытын
Онно топпокко Барыыс ыраахтааҕытын
Онно сөп буолбакка Эрэнэ хоруолун
Состокуобустан Эдэр уолун
Состоруутугар Өлбөт суолун
Сибириидэптэн Хайатын уолун
Эбиитин Эргиллибит саллаатын
Муусарыскайтан Былахытын
Дарҕамыыскайтан Чиэрбэтин
Бородьуун Ханчаах хаанын
Борокуоппуйап Кутуусабын
Ириимискэйтэн Ыалдьытын
Килииҥкэтттэн Суолдьутун
Кирикирийээнтэн Саха сирин
Ыстаппаанаптан Өлүөнэтин
Онон да атыны
Орто дойду үтүөтүн
Ордорбокко ыллаабыт
Барытын баһыгар батарбыт
Атын дойду ааттаахтарын матарбыт
Балыыҥкалардаах бааспыт
Баарбыт- суохпут
Уруйбут-айхалбыт
(Уйбаан Ыстаппаанап) маны баттаа

Тима хартыыналарын симфония курдук истэбин

Семен Оконешников

4
Ыра тылын
Ымыы кэриэтэ
Ырыата кынаттыыр.
Этии тылын
Этигэн куолаһа
Эймэһитэ эҥсэр.
Уопараттан ордорон
Аарыйаттан аралдьыйан
Аҕатын алааһын
Ахтылҕанын ыллыыр.
Иэйиитигэр уйдаран
Ийэ дойдутун туойар
Санаа ситимигэр дайдаран
Сахатын сирин саныыр
Көтөр дорҕоонноох
Көмүс тиэнэр.
Көстөр үрдүк
Көөчүк күөмэй кимий?
(Сэмэн Оконешников)

Маны баттаа: Көтөр дорҕооннор

Владимир Индигирский

5.
Халлааҥҥа кэмэ суох
Сулустар элбэхтэр да элбэхтэр…
Сиргэ ырыаһыт сулустар
Онооҕор элбэхтэр дии…
Ийээ, сыллаан ылыым дуу,
Ийээ, уоскуйан ылыым дуу…
Муусука солуонугар
Сулустары мунньуталыам
Бэйи муоскутун тоһуталыам,
Муннукка ыгыталыам!
Ийээ, сыллаан ылыым, дуу,
Ийээ, ыллаан ылыым дуу…
Суох, кэбис , хайҕаталыам…
Саҥаттан, саҥа сулуһу арыйталыам!
Ити эпииргэ ким саҥарар?!
(Владимир Корякин –Индигирскэй)

Лэкиэс

6.
Саары этэрбэс саастардаах
Сарыал тыына ырыалардаах
Саха туһа ыралардаах
Дапсы диэн дабыдаллаах
Дуораан диэн кынаттаах
Дорҕоону айааһаабыт
Доҕолдьута дуораппыт
Доҕуһуолдьут дьоһуннааҕа
Дорҕоон уус сорсуннааҕа
Лэкэгэр уонна лискэгэр
Киммит этэй?
(Лэ-киэс!)Маны баттаа

Туллуктар кэлбиттэр. Көс түһүлгэ Горнайга


Саарын

7.
Оһуор ойуу айылҕа
Ортотугар буолуо, баҕар…
Хайахтаах быара хамсыы
Хайгыы көрбүт кыыһын
Харааччы умнан кэбиспит
Хаарыан дэгэрэҥ ырыалаах
Хайалара буоллаҕай?
(Саа-рын!)

Этигэн хомус. маны баттаа

Анатолий Бурнашов

8.
Саамал кымыс кэриэтэ
Сайан киириилээх
Сатабыллаах саймаархай
Сахалыы ырыата
Сайаҕаһа бэрдин.
Дэгиттэр куолаһа
Дэгэрэҥэ кылыһаҕа
Дэлэгэйэ эбитин.
Уурбут туппут курдук
Уол оҕо олоҕун
Аҕыс кырыытын туойбут.
Аан дойду суолларын
Аарыгырар аартыктарын
Алааһыгар аҕалан
Аймаһыйа алҕаабыт
Ааттаах ырыаһыт аата
(Анатолий Бурнашов!)

Өркөн

9.
Үргэл сулустуу үргэҥнээн
Үөмэх балыктыы уллэҥнээн
Сикиэр тыаллыы сирилэтэн
Уонна хайаан, уонна хайаан да
Ааптар ааттааҕа, артыыс бэрдэ
Детсаат оҕото
Тыйаатыр сорҕото
Өрө биэрэн өрүөл бэрдэ
Өйдөөҥ эрэ киммит этэй?
(Өркөн)

Владимир Татаринов

10.
Курууччуттары кутугунаппыт
Хачыгаардара хачыгынаппыт
Туруйалары турууктаппыт
Туора бытыга тойуксут
Сулар бытыга суруксут
Иэхэй-чуохай үҥкүүлээн
Иэмэх талахтыы иэҕиллэн
Кытта кырдьар доҕоро
Кытаара кыбыныылаах
Кытаанах көрүҥнээх кимий?
(Владимир Татаринов)

Аскалон Павлов

11.

Ырыа тойук муоратыгар
Айар үлэ туонатыгар
Айанньыт бэрдэ
Ырыа хоһоон айааччы,
Туйгун толорооччу
Ахтылҕаны аһарааччы.
Кэрдэр тэтим кэрдииһитэ
Этэр тыл эрдииһитэ
Көҥүлүн иһин
Очуоска ыттыаҕа
Өчөстөҕүнэ,өрөлөстөҕүнэ
Бөрөлүү улуйуоҕа.
Сахатын туһун
Саҥара туруоҕа
Ыччаты кэскили
Ыҥыра ыллыаҕа
Артыыс ааттааҕа
Араатар аллааҕа
Аата суола?
(Ас-ка-лон!)

Байбал

12.
Былыттан таммаҕы быыһыыр
Ону көрө-көрө ыллыыр,
Кэрэхсэлиттэн ардыгар ытыыр…
Оһуордаах ыйдаҥаҕа абыламмыт
Күһүнүн эрэ абыраммыт
Күнүстэри түүннэри арбаммыт
Арбыытаҕа айымньылаах.
Сүрэҕи үөрдэр, сүргэни көтөҕөр
Ырыаһыт бэйэлээх тап-тал-быт
Баарбыт суохпут…(Бай-бал-быт!)

"Байбал" маны баттаа

Бүөккэ Бөтүрүөп

13.
Төбө-түөй-кэтин кэппит
Төрөөбүт түөлбэтигэр
Төннүөҕүм диэн эппит.
Мүрүчээнэттэн мүччүрүйбүт
Дьиэтиттэн тэлэһийбит
Дэриэбинэтиттэн илэһийбит.
Сураҕа садьыга сулардаах
Дойдубут иһигэр дуорааннаах
Ырыата-тойуга уорааннаах
Түөскэ-искэ кимиллибэт
Түөккэ-биэскэ бэриллибэт
(Бүөккэ Бөтүрүөп!) маны баттаа:

Көс түһүлгэ Тойон Мүрүгэ

Алексей Егоровhttp://uhhan.ru/news/2008-11-25-413

14.
Элэйбэт эргэрбэт
Элэккэйдиҥи бэйэлээх
Үөрэ-дьүөрэ үөрэккэй
Ырыа-тойук дьиэрэҥкэй
Ааптардар сойуустарын
Атаҕар хаамтарааччы
Мэлэдьиистэри мэлдьэспэт
Хоһоонньуттары хомоппот
Мусукааннары муннарбат
Толорооччулары тумнубат
Сииккэ-хаарга сиэлбэккэ
Ситэрэн-хоторон
Симэһиннээх ситиһиилээх
Ыалынан ырыаһыт
Тоҕустан тойуксут
Толору мэлэдьиис
Ситэри сэлиис кимий?
(Элэккэй Үөрэк- Алексей Егоров)

Маны баттаа: Иэйэр кут дьүрүскэнэ

Василий Еремеев

15.
Бааһынайдыҥы хааннаах
Бааралаһар барааннаах
Бадарааннаах суоллаах
Бүлүү эҥээриттэн
Тойуктаах ырыалаах
Толору дойдута
Тоҕустан тууралаах .
Саа сүгэһэрдээх
Ырыа ыһыктаах
Көтөр тэриэлкэ бултаах
Кынаттаах дорҕоонноох.
Күндү күөмэйдээх
Дэлэй дэгэрэҥнээх
Дэгиттэр ырыаһыт.
Иэйдэхпитинэ ИЭ –диибит
Чэмэлийдэхпитинэ ЧЭЭ - диибит
Этиҥ эрэ кимиэйэп?
( Василий Еремеев -Чээ Бааска-)

"Тыымпылар" маны баттаа


16

Тус хоту тус хоту
Чүмэчи умай да умай…
Ким эрэ ураһаҕа
Ырыа ай да ай…
Ийэ бу сиргэ баарын
Иэйэ куойа ыллаабыт
Сүрэҕин сөрүүккэтээри
Сүрүн кутун өрүккэтээри
Сүүрэн көтөн тахсан
Үрүйэ дьэҥкир уутун
Ырыа матыыба диэн
Ыймахтаа да ыймахтаа буолбут
Ырыаһыппыт аата
(Ыстаппаан Баһылаайап)

http://uhhan.ru/publ/42-1-0-62

http://uhhan.ru/publ/42-1-0-13

салгыыта бэчээттэниэ...  САЛГЫЫТА баттаа...

Category: Муусука | Added by: uhhan (2007-11-25)
Views: 7608 | Comments: 2 | Rating: 5.0/5 |
Total comments: 1
1 Djako  
biggrin астык дьуьуйуулэр диэтэ5ин )))

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 91
Ыалдьыттар (гостей): 91
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024