Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Ахсынньы » 30 » Саҥа дьыллааҕы саар ыыс - 2
Саҥа дьыллааҕы саар ыыс - 2
20:38
Иннинээ±итэ 1-кы чааґа. манна баттаа

Күннэй

17.http://uhhan.ru/publ/42-1-0-134


Сайыһа сайыһа барбыттаах,
Алҕаһаабыппын дии-дии
Барытын билэ-билэ хаалбыттаах…
Улахан ырыаһыт дьонноох
Ууллар сайаҕас куоластаах
Уһун сырдык суһуохтаах
Улаан кэрэ ньуурдаах
Ыччат эрдэҕиттэн ырыа айааччы
Оҕо эрдэҕиттэн ордон тахсааччы
Күн тыгара, күн күлэрэ
Күҥҥэ көрбүт күндүлэрэ ким этэй?
(Күннэй)

Владимир Заболоцкий

18.
Баҕар баҕарыма ылыннарар
Баҕанаҕа сибэкки да тылыннарар…
Тимир алтан куолас
Көҥдөй көҥкөлөй күөмэй
Эстэрээдэ эргэрбэт сулуһа
Уопара умнуллубат уобараһа
Сатарытан, ньиргитэн
Саала иһин салыннарар, кимий?
(Саабылыскай Болуодьа)

Саха ырыата- саха сүрэҕин тэтимэ

Лэгэнтэй

19.
Көтөр оҕото буолбатах
Кыыл да, сүөл да буолбатах
Ким оҕото эбитэ буолла…
Хотугу хоһуун тыал
Дуулаҕа Дьуһаал тыыннаах.
Кыыһа кэлбит киэһэтигэр
Сайылыкка ыһыахтыыр...
Хоролуу хоһоонноох
Ыыра барар ырыалаах
Кээҕинээбитэ кэҕэлээх
Өҕүнээбитэ өтөннөөх
Халаахтыы көтөр хабырҕалаах
Күүскэ күүрэр күөмэй бэрдэ
Күлүм-чаҕыл эр бэрдэ
Киммит эбитэй?
(Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй)

"Этигэн хомус" маны баттаа


20.
Күн бытархайын тутаары
Күнү ыйы бараабыт
Сибэккилэр түһүүллэрин
Силигин ситэ истибит
Үөмэр-чүөмэр үктэнэн
Тэлээрбэхтээн иһэн
Индигииринэн туундараҕа тийэн
Бардар бар бараммат хаарга
Батыллыбакка эргиллибит.
Чаҕылыҥнас мелодиялаах
Күлүмүрдэс ырыалардаах
Ааттаах-суоллаах айааччы
Арылхай ыраас харахтаах
Аалыы көмүс ачыкыылаах
Ардыгар маҕан халааттаах
Ааптарбыт аата
(Андросов Виталий)

Миитэрэй Уйбаныап

21.
Оһуохай оонньууга
Оҕотуттан орооспут
Орто дойдуга
Ордон тахсыбыт.
Эһиэхэй этиигэ
Эдэриттэн эллэммит
Дархан Этээччи .
Хоростопуор ырыатын
Хоруонатын кэппит.
Дэҥэрэҥ ырыаҕа
Көмүс иҥэһэлээх.
Көннөрү ырыаҕа
Көрдөһүүгэ сылдьар.
Сахалыы саҥаҕа
Санаалаах бэрдэ .
Толору тойуксут
Ситэри ырыаһыт
Ааттаах алгысчыт
Аата суола ким этэй?
(Миитэрэй Уйбаныап!)

Саха буолбут аакка.Уххан

Галина Шахурдина

22.
Ахта эрэ түстэргит
Аймаһыйан ылыаххыт
Санаан эрэ кэллэргит
Саймаарыйан барыаххыт.
Сибэккилээх сыһыыннан
Сиэттиспиттээххит дуо?
Сыллар аастылар,
Сыллар аастылар…
Арай кини тиийэн кэллин?
Билигин да билигин
Эн кинини таптыыгын…
Кини да эйигин таптыыр
Нарыннык уонна намыыннык…
Балыктаахха барыаххайыҥ,
Байааҥҥа олордон аҕалыахайыҥ!
Кими?
(Галина Шахурдинаны!)


23
Тэбэнэттээх баҕайы уол
Тэйэр эбээт мээчиктии
Күлэ сала мичиҥнии
Мичээригэр миинэ иитэлии,
Тиистэрэ килэҥниир…
Үҥкүүлээн тэйиэккэлиир.
Мэник-тэник ырыалары
Мээнэ элбэҕи айталыыр.
Минньигэс дуо диэбиттии
Миэрэтэ суох мичилиҥниир
Мин алаас уолабын- диир.
Ити кимий?
(Мирослав Егоров.)

Тумус Мэхээлэ

24.
Чолбоннору Чорооннору,
Айталлары Дапсылары
Айар суол аартыгар сирдээбит.
Сахалыы доҕуһуол саҕахтарын арыйбыт
Ырыа тойук ылыннарыылааҕын ыйбыт.
Ааптардартан ааттаахтара
Муусукааннар муҥурдара
Толорооччулар толуулара
Удьуору уҺуйбут, Билгэни билбит
Атаҕын тарбаҕынан
Аҕыс мөлүйүөҥҥэ тийэ
Аалгыбыралаан аатырбыт.
Матымаатыкалаан матартаабыт
Сахарал тылынан маатырылаабыт
Тутум үрдүк санаабыт
Тумсута туурата
Өбүгэ өйдөбүлэ саҥалаах
Өрүү саха саҥнаах
Өҥнөөх түүлээх киһибит
Кимий?
(Тумус Мэхээлэ)Маны баттаа

http://www.uhhan.ru/publ/71
Кэнтик - Чолбон
Сахарал билиитэ

Хатылаайаптар

25.

Умнуллубут үйэлэр улаҕаларыттан
Уйаар -кэйээр дойдулар
Унаар- умдаар үһү кэмнэрин
салгыннара
Күпсүүр-сиксиир, Көҥкөлөй-хоҥсуо
Кырыымпа-хомус хобо-чуораан
эҥсилгэннэрэ иһиллэр
Туйах-муос, куйах- батас, кирис-дапсы
Таҥсык-табык, ойдуо-айаан,
Дүҥүр-кыаһаан дьаҕа-барабаан
дуораанаах уораана
Хабырҕа-куолай, күөмэй- нөмөгөй
Таҥалай-хоҥсуо, көтөр-сүүрэр
сатарыыр саҥата
Аан Ийэ дойдум атаана-мөҥүөнэ
Ала таай хайалара, баай күөл
Моҕол ис тибиитэ,
Хоро, саха холбоһуута
Аарыгыра айгыстар,
Оҕус айаатыыр, сылгы кистиир
Аар тайҕа суугуна, Айылҕа муусуката
Этигэн дорҕоон, кэрэ көстүү
Айыы тыына сатыылыыр.
Уратылаах тыын
Ыйыппакка ыйыстар….
Хатыламмат көстүүлээх
Хайҕаллаах дьоммут, кимнээхтэрий?

Маны баттаа:
(Хатылаайаптар хаталаммат дьүһүйүүлэрэ)

Махно

26.
Куобах туһаҕа кыллаах
Хаптаһын кытааралаах
Күлүөс бүрүүкэлээх
Уһун баттах,
Улахан сэлээппэ
Бэйэтин уһуна
Былас кэриҥэ
Сураҕа садьыга
Саха сирин уһуна.
Урут хаһан эрэ, ханна эрэ
Ансаамбыл тэринэн
Аатыран суолуран
Айгыстан тахсыбыта.
Чорооннох кымыска да
Аатын эппэппин.
Билигин даҕаны
Биһирэнэн эрдэҕэ,
Бээрэ, сорутааҕыта
Биэс уон биэһин бэлиэтээбитэ..
Этиҥ эрэ ким этэ?
(Махно)

Хаарыан бэстибээл. Маны баттаа

Сергей Попов

27.
Хоромуоскатыгар хоролуу
Байааныгар бааһынайдыы
Ньуура суох ньууччалыы
Сахатааҕар сахалыы.
Частушкаттан оһуохайга
Попсаттан патриотикаҕа
Барытын баар оҥоруо,
Ыллыа, толоруо, эбиитин сыллыа…
Сиэбит сиригэр сэбиэскэй ырыалаах
Хоммут сиригэр хомсомуол ырыалаах
Ааһар сиригэр аныгы ааптар
Барар сиригэр бараммат бард
Кэлэр сиригэр кэмпэсиитэр
Ама дьоҥҥо үтүөлээх артыыс
Бэйэ дьонугар биллэр бэйиэт
Тыллаах бэрдэ, кириитик.
Үөрүүгэ көтүүгэ, үбүлүөйгэ
Байаныыс, тамадист, солист
Краковьяк уонна тибиис
Танго, вальс, брейк-дан
Тусовка-мустовка, муоска туруохха
Всем вам дам! Сюль-ву-пле мадам!
Туора дьоно суох
Туорайдаһара олох суох.
Сэлэһэн сэҥээрэн, сэргээн
Кэпсээн кимэн, киммит этэй?
(Сэргэй Попов)

Ый Кыыһа

28.
Наҕыл-намчы бэйэтэ
Нарын кэрэ куолаһа
Истиҥи иэтэр иэйиитэ
Иһирэххэ илдьэр ырата
Истэ сэргии сылдьыахха
Имигэһин эбитин.
Сайан киирэр сайаана
Саймаардара, саатыыра
Сайаҕаһын баҕаһын.

Ыллыы-ыллыы
Ыйдаҥалаахха хаамсыахха
Сыллыы-сыллыы
Сыһыыларынан дьаарбайыахха
Күлэ-үөрэ, оонньуу
Күннээххэ көрүлүөххэ
Киэһээлэри киэргэтиэххэ
Кэрэлэрин кэрэхсиэххэ
Кэмчи кэрэ көстүү
Күҥҥэ көстүбүт күөрэгэй
Ыйтан түспү ымыы
Кимий?
(Варя Ларионова-Ый Кыыһа)

Хааттыскалар. маны баттаа

Ваня Трофимов

29.
Элгээйиттэн эйээрбитэ
Элиэнэҕэ иһиллибитэ
Сунтаарыттан туойбута
Сураҕынан туолбута.
Кулунчугун сырсыбытынан
Кулууптары кэрийбитэ
Сахатын атын ыллаан
Санаалары саймаардыбыта.
Дэгэрэҥ сэлии куолаһа
Дьэрэкээннэнэн иһиллэрэ.
Сытыы хатан куолаһа
Сыппаабатар ханнык.
Үөрэнэҥҥин сайдаҥҥын
Үөрдэ сырыт маннык
Өҥнөнөҥҥүн түүлэнэҥҥин
Өрүү тупсан ис, итинник!
Кими эттим ити?
(Ваня Трофимов)

Михаил Семенов

30.
Орто дойдуга көҥүлү
Олох булбатах кини
Халлааҥҥа да көҥүл суоҕун
Хата кини билбит үһү.
Хара тыаҕа киирэн
Хантан булуоҕай көҥүлү.
Кытааратынаан кыттыһан
Дапсылары кытта ыпсыһан
Дабыдалларыттан ылсыһан
Дайан-көтөн тахсыбыт.
Тыыннаахтардыын тыытыһан
Тыллыын өстүүн сөҥүрэн
Тыыппаламмыт киһибит
Хаһыакка араадьымаҕа
Көрбүппүт истибиппит
Хайалара буоллаҕай?
(Михаил Семенов- Миисээмпий)

Маны баттаа. Цензура наада буолсу

Варя Аманатова

31.
Аман ааппыт толуга
Алаас кыыһын тойуга
Амалыйар бугуһуйа.
Баара суоҕа барыта
Кылыһах дэгэрэҥ кымаахтаах
Кыраттан улаатар кылыгырастаах
Кытта ыллаһар быһыыта
Кытай,кыргыыс, тубаа
Кыра кынан баран туруйа
Улаатан истин уруйа!
Кимиэнэ?
(Варя Аманатова)

Чыскыырай

32.
Хардары – таары хайыылаах ырыалар
Хаспахтарын иһиттэн хастанан кэлбит курдук,
Түҥнэри - таары түгэхтээх тойуктар
Түүнүктээх түрмэлэриттэн төлөрүйэн тахсыбыкка дылы,
Кыыс оҕо ханыыта кыыс кыскыйдаана
Дьахтар киэнэ дьаарайа дьарылыкы мэтэйдээнэ.
Ыһыллан тоҕуллан ыллыы тахсан
Ыҥыахтыы - ыҥырана, ыһыытаан барбыта
Иэрийэ-иэрийэ күлэн, илгистэн турбута.
Ыллыыбын диэбитэ, ыһыы буолан иһиллибитэ
Үөрэбин диэбитэ, үөтүү буолан үөгүлээбитэ.
Саҥарабын диэбитэ, сарылааһын буолан сатараабыта
Кэпсиибин диэбитэ, кээлээни буолан кэлэммитэ.
Чаачыгырыы- чаачыгырыы чабырҕайынан көрбүтэ
Часкыйа-чыскыйа чанчыктарын үргэммитэ.
Ол оннук ырыаһыт эмиэ, баар биһиэхэ...
Ыҥырыктан ыҥырыкка ыраахха тийэ сылдьааччы
Аан ийэ дайду аартыктарын арҕаран арбаталааччы
Аатыран суолуран эрэр артыыс атамаана
Ырыаһыт кэскиллээҕэ, эстэрээдэ эрэлэ
Этиҥ эрэ ким этэ?

(Чыскыырай)



Аркадий Алексеев

33.
Мэлэдьииһинэн мэлдьитийбит
Мэлдьэҕэ суох идэтийбит
Күндү көмүс күөмэйинэн
Күнүн уһатан үйэтийбит.

Байаныыһынан баараҕыдыйбыт
Баарбыт-суохпут кини дэппит.
Тоҥ уонна сөҥ куолаһынан
Тойон сүрэхтэри уулларбыт.

Толорооччулартан толуулара
Мэҥэ сириттэн улуулара.
Суруналыыһынан сураҕырбыта
Суола-ииһэ соноотор- сонообута.

Кытыгыраһынан кыайталаабыт
Кыттыгастаахтарын матартаабыт
Саха ырыатын саарына, ірігійі
Көрүҥ, дьүһүн да кіґіІіті.

Атаҕынан эмиэ аатырбыта
Ааптарынан эмиэ аарыгырбыта
Артыыс киэнэ аарымата
Аата суола ким этэ?

(Аркадий Алексеев)



Иван Аргунов

34.

Ырыа ыллаан
Ыыра бараары
Ыраахтан кэлээччи.
Муодунай Муочалары
Муокастаан ылаары
Сэлээппэтин кэтээччи.
Кытааратын кырбаан
Кыра бэйэтэ улаатан
Кыргыттары уматааччы.
Хотуталаан баран
Хорумуокалыын хоонньоһон
Холуочуйдаҕына утуйааччы.
Миэтэрэннэн мичээрдээх
Минньигэс ырыалардаах
Мэлэдьиис уонна сэлиис
Кимий?
(Иван Аргунов)





Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1884 | Added by: uhhan1
Total comments: 1
1 Сэмэн  
Тугун кэрэтэй!!!!! Доруобай буолун, дьоллоох буолун!!!! Сана Дьылынан!!!!

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 104
Ыалдьыттар (гостей): 104
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024